Татьяна Николаева: «Онколог-хирург идэтин талбыппар дьылҕабар махтанабын»
Бүгүн – араагы утары охсуһуу бүтүн аан дойдутааҕы күнэ.
Кэнники хас да сылга онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерыгар онколог-быраастар ахсааннара 4 төгүл кэриэтэ элбээтэ. Бу эрэгийиэннээҕи онкология сулууспатыгар соҕотох уларыйыы буолбатах. Бэйэлэрин мэдиссиинэҕэ аныырга дьулуһар ыччакка онколог идэтэ тоҕо ордук кэрэхсэбиллээҕий? XXI үйэ онкологиятын кыаҕа, 50 сыл анараа өттүнээҕи кэмтэн, туох уратылааҕый?
Бу туһунан Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын кылаабынай бырааһа, үрдүк категориялаах онколог-хирург Татьяна Николаева биэрбит (СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр) интервьютун билиһиннэрэбит.
— Татьяна Ивановна, онкологтар тиийбэттэрэ Саха сирин онкологиятын сулууспатын биир кыһалҕатынан буолара. Кинилэр оройуоҥҥа эрэ буолбакка, бэл, Дьокуускайга тиийбэттэрэ. Онтон эмискэ маннык өрө тахсыы бэлиэтэннэ. Эһиги идэҕитин талар дьону туох көҕүлүүрүй?
— Онкология кэмниэ-кэнэҕэс дьэ, тустаах болҕомтону ситистэ. Онкология сулууспата кэнники сылларга судаарыстыба өйөбүлүнэн ситиспит кыахтарын, мэдиссиинэ науката ыарыыны быһаарарга уонна эмтээһиҥҥэ ньымаларын, олоххо киллэриллэр саҥа арыйыылар тустарынан билигин элбэхтик этэллэр. Онуоха эбии онкология сулууспата иһитиннэрии-биллэрии эйгэтигэр ордук аһаҕас буолла.
1996 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын мэдиссиинискэй факультетын бүтэрбитим кэннэ миигин онколог-бырааһынан анаабыттарыгар онкология туһунан тугу да улаханнык билбэт кэриэтэ этим. Оттон билигин онкология сулууспата хайдах үлэлии-хамсыы олороро барыта аһаҕас: саайтарга, биһиги социальнай ситимнэрбитигэр уо.д.а.
— Онкология сулууспата тэтимнээхтик сайдарын, Онкология киинэ тутулларын эдэрдэр билэ-көрө сылдьаллар. Ол аата идэҕэ үрдээһиҥҥэ эрэл баар. Эһиги баҕалаахтары барыларын үлэҕэ ылаҕыт дуо?
— Этиэм этэ: биһиэхэ түбэһиэх киһи кэллэҕинэ, кини өр тардыллыбат, үлэлээбэт. Онколог – ураты идэ. Бу идэҕэ элбэх боппуруоска көнөтүнэн сыһыаннаһыахха уонна билиилээх буолуохха наада. Эмтэнээччи араактаах эрэ буолбакка, араас олоҕурбут ыарыылаах буолуон сөп, ол аата эмтээһин биир кэлим буолуохтаах. Ол да иһин онкология – түмсүүлээх үлэ, хирургия, терапия, неврология уо.д.а. курдук мэдиссиинискэй идэлэр бииргэ буолуулара. Оттон үчүгэй онколог итини барытын учуоттуур эбээһинэстээх. Ону тэҥэ, биллэн тутар, эмтэнээччини кытары санаа үллэстэр, ыарыыны утары охсуһарга кинини уонна аймахтарын кытары сөпкө кэпсэтэр үчүгэй психолог буолуохтаах. Оттон ити куруук чэпчэки буолбат. Өскөтүн кини онколог-хирург буоллаҕына, эт-хаан өттүнэн эмиэ тулуурдаах буолара ирдэниллэр. Тоҕо диэтэххэ, эпэрээссийэлэр ардыгар 8-10 чаас устата оҥоһуллаллар… Онкологияны хирургиянан эмтээһин уопсай профилтан уратылаах. Итинник улахан ноҕуруусканы түбэһиэх киһи тулуйбат. Ким сүрэҕэ күүскэ тэбэр, чахчы көмөлөһүөн баҕарар дьон хаалар. Итинниктэр аҕыйаҕа суохтар. Хас да сыллааҕыта биһиги диспансербыт базатыгар М.Аммосов аатынан ХИФУ мэдиссиинискэй институтун кытта онкологияҕа базовай кафедраны арыйбыппыт – каадырдары үүннэрэбит. Онон, бу сылларга кинилэртэн көҕүрээһин суоҕун кэриэтэ. Ол аата, онкологияҕа сыал-сорук туруорунан кэлэллэр.
— Онкология сулууспата эһигини тугунан тутарый?
— Ону икки тылынан быһаарар уустук. Миигин СГУ мэдиссиинискэй факультетын бүтэрбитим кэннэ оҕо онкологынан анаабыттара. Бу туох идэтин, тугу көрсүөхтээхпин мин улаханнык билбэт этим. Ити кэмҥэ Саха сирин доруобуйатын харыстабылыгар оҕо онкологията саҥа идэ этэ, дьиҥэр, оҕо онкологтарыгар наадыйыы уруккуттан баара. Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын хирургияҕа отделениетыгар үлэбин сэргэ, онкология ыарыылаах оҕолору кытары үлэлээбитим. Ол олоххо дьоһуннаах уопут эбит этэ. Улахан киһи ыалдьара – хомолтолоох устуоруйа. Оттон араактан оҕо эмсэҕэлиирэ – кини аймахтарын барыларын иэдээнэ. Ону уйулҕа тулуйара чэпчэкитэ суох.
Бу идэттэн барыаххын баҕарар харса суох кэмнэри үгүс онкологтар билэн ааһалларын билигин дьэ, өйдүүбүн. Ордук номнуо олохсуйбут ыарыылаах эмтэнээччи элбэҕин көрдөххүнэ уонна итинник ыарыһахтарга хайдах да көмөлөһүллүбэтин өйдөөтөххүнэ, итинник турукка киирэн ылаҕын. Оччоҕо барытын быраҕан барыаххын уонна атын тугунан эмэ дьарыктаныаххын баҕараҕын. Ол эрэн, онкология диспансерыгар үлэлээбитим хас да сыл буолбутун кэннэ миэхэ хас да бэлиэ көрсүһүүлэр буолбуттара. Кинилэр — үтүөрбүт мин бастакы ыарыһахтарым этилэр. Үтүөрбүт эрэ буолбакка, толору олоҕунан олорор кыахтаммыт дьон. Кинилэр миэхэ үөрэ-көтө кэлэллэр, кууһан-уураан ылаллар, махтаналлар. Мин салҕыы үлэлиэххэ наадатын өйдөөбүтүм. Барыларыгар көмөлөһөр кыаллыбатаҕын да иһин, ол гынан баран ким эрэ ону оҥоруохтаах! Мин хаалбытым.
— Онкология диспансерыгар 1996 сыллаахха кэлэн, 1990-с сыллардааҕы саамай ыарахан түһүмэҕи биллэххит. Эмп-том, үнүстүрүмүөннэр тиийбэттэрэ.
— Кырдьык, урут үлэлээбит кэммитин санаатахпына, ардыгар бэйэм бэйэбин итэҕэйбэппин. Мин саамай кыра 5,5 кээмэйдээх бэрчээккилээхпин. Мин санаабар, кимиэхэ да итинник суоҕа. Онтон 90-с сылларга биһиэхэ үксүгэр 8-с кээмэйдээх эрэ бэрчээккилэр тиксээччилэр. Бэрчээккилэрбит тарбахтарбытыттан түспэттэрин курдук, хонноҕум анныгар диэри тардан баран биинтэнэн баайаллара. Ол түмүгэр эпэрээссийэ бүттэҕинэ тарбахтарым икки ардыларын билбэт курдук буолааччыбын. Мэдиссиинискэй тэрил суоҕун кэриэтэ этэ. Эпэрээссийэлиир саалаҕа механическайдык салаллар эпэрээссийэлиир остуол, РО-6 норкуос-тыынар аппараат, муостаҕа турар лаампа уонна ЭХВЧ-100 электрохирургия аппараата бааллара. Бүттэ! Бу тэриллэринэн тыҥаҕа, куртахха, оһоҕоско, бүөргэ, эмиийгэ, таас уҥуоҕар, уҥуохтарга уонна сымнаҕас тканнарга эпэрээссийэлэр оҥоһуллаллара… «Ткани» маҕаһыынтан атыылаһыллыбыт хулуопак сабынан тигэллэрэ, ол кэнниттэн стерилизациялыыллара. Биир тылынан эттэххэ, барыта хирург сатабылыттан уонна маастарыстыбатыттан тутулуктаах илии үлэтэ этэ.
— Эпэрээссийэлэр ыараханнык ааһар этилэр дуо?
— Биллэн турар. Тустаах тэрил суоҕуттан эпэрээссийэ кэмигэр улахан бааһырыыттан куота сатыырбыт, хаанын сүтэрбэтин курдук салайан биэриэхпитин наада буолара. Ол гынан баран, биһиги айылҕаттан айдарыылаах хирурдарбыт, мин идэбэр уонна олохпор учууталларым — Георгий Петрович Упхолов, Татьяна Афанасьевна Мигалкина сэдэх эпэрээссийэлэри, кыаллыбаты да оҥороллоро. Биһиги үлэлиирбитигэр элбэх тиийбэтэҕин да иһин, ол оннугар биһиги элбэххэ үөрэммиппит. Эпэрээссийэ кэмигэр дириҥник олохсуйбут искэни көрөр кыаҕа суох буолан, мин пальпация кэмигэр тарбахтарым төбөлөрүнэн «көрө» үөрэммитим -– тактильнай билгэҥ оннук сайдар. Онон, ити барыта тугунан да сыаналаммат оскуоланан буолбута. Бу уруоктар миэхэ кэлин: онкология диспансерын хирургияҕа отделениетын салайарбар уонна диспансер кылаабынай бырааһын эмтиир чааска солбуйааччынан үлэлиирбэр олус көмөлөспүттэрэ. Итинник үөрүйэҕи учебниктарга булбаккын.
— Өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерга киллэриллибит ханнык хайысхалары кэскиллээҕинэн ааҕаҕын?
— Биһиэхэ кэнники сылларга биир сүрүн өрө көтөн тахсыыбытынан кутталлаах искэни (злокачественный) хирургиянан эмтээһин буолла. Ол кэнники сылларга ылбыт тиэхиньикэбит көмөтүнэн ситиһилиннэ. Ханнык баҕарар уустук үрдүк технологиялаах эпэрээссийэлэри оҥорорго саҥа үнүстүрүмүөннэрбит, тэриллэрбит көмөлөһөллөр. Бастатан туран, дьоҕус бааһырыыга видеоэндоскопическай эпэрээссийэлэргэ үнүстүрүмүөнү кыра хайа быһыы нөҥүө түөскэ эбэтэр ис көҥдөйүгэр, таас уҥуоҕун уобалаһыгар уо.д.а. киллэрэллэр, ол кэнниттэн искэни эбэтэр саамай ыраах сытар сиртэн эмсэҕэлээбит уорганы олус сэрэнэн суох оҥороллор. Саха сиригэр биһиги тыҥа, куолай араактарыгар торакоспическай эпэрээссийэлэри, ис көҥдөйүгэр, куртах-оһоҕос трагар, таас уҥуоҕун уорганнарыгар лапароскопическай эпэрээссийэлэри аан бастаан оҥорон саҕалаатыбыт. Өссө биир улахан хардыыбыт искэни утары эминэн терапия тэтимнээх сайдыытын, бэйэ патоморфологическай уонна молекулярнай-генетическай лабораториятын арыйыын кытары сибээстээх. Билигин атыннык дьайар механизмнаах саҥа көлүөнэ препараттара бааллар. Радиология куорпуһун материальнай-тэхиньиичэскэй базата толору модернизацияланна: иэнин 2,5 төгүл улаатыннаран саҥардыллан оҥоһулунна уонна аныгы мэдиссиинискэй ыарахан тэрилинэн сэбилэннэ. Ыарыыны быһаарар сулууспа КТ, МРТ, УЗИ аныгы аппарааттарынан, эндоскопическай уонна лаборатория тэриллэринэн сэбилэннэ. Ону таһынан, биллэн турар, бу сыллар тухары тиһигин быспакка үөрэнэр биһиги доктордарбыт таһымнара үрдээтэ. Кинилэр Арассыыйа бастыҥ профильнай кииннэригэр эрэ буолбакка, омук сирдэригэр — Японияҕа, Францияҕа, Кытайга, Кореяҕа, АХШ-ка стажировкаламмыттара. Ол түмүгэр кутталлаах искэннэр бары кэриэтэ локализацияларыгар көмөнү бэйэбит өрөспүүбүлүкэбитигэр оҥорор кыахтаахпыт.
— Оттон ханнык түгэннэргэ эмтэнээччилэри киин килииникэлэргэ ыытаҕытый?
— Ураты ыарахан эбэтэр сэдэх түгэннэр баар буолаллар. Ону таһынан эмтэнээччи бэйэтэ баҕарар буоллаҕына. Ол гынан баран, үксүгэр бэйэбит кыайабыт.
— Пандемия диспансер үлэтигэр дьайда дуо?
— Дьайан, сүрүннээн тэрээһин үлэтигэр. Икки сыллааҕыта уонна 2021 сыллаахха диспансер биир да эпэрээссийэ күнүн көтүппэтэҕэ. Биһиги сабыллар бырааппыт суоҕа. Онкология өрөспүүбүлэкэтээҕи диспансера – ыарыһахтар онкология анал көмөтүн ылар Саха сиригэр соҕотох мэдиссиинискэй тэрилтэлэрэ. Ол иһин, оччолорго диспансеры салайбыт уонна диспансер сайдарыгар элбэҕи оҥорбут Лена Николаевна Афанасьева салалтатынан ыарыһахтарбытыгар эпэрээссийэ оҥорорбут тэҥэ, ковидтан эмиэ эмтээбиппит. Санатан эттэххэ, Арассыыйа онкодиспансердарыттан биһиги бастакынан ПЦР уонна ИФА ньымаларынан ковидка лабораторнай чинчийиини саҕалаабыппыт. Онуоха 2020 сыл кулун тутарыгар диспансерга саҥа сулууспа – молекулярнай-генетика отдела аһыллыбыта тирэх буолбута. Бу сулууспаҕа ордук көдьүүстээх эмтэри талар туһугар эмтэнээччи организмыгар генетическай мутациялары быһаараллар. Сотору биһиги уопуппутун дойду атын эрэгийиэннэригэр үлэлиир биир идэлээхтэрбит интэриэһиргээбиттэрэ. Ону таһынан диспансер бу икки сылга номнуо федеральнай таһымҥа дьоһуннаахтык сыаналаммыт кэккэ интэриэһинэй бырайыактары көҕүлээбитэ. Бу – араак 6 көрүҥүн эрдэ быһаарарга туһуламмыт «Онкопоисксаха.рф» скрининговай бырагыраама, «3«О» бырайыак.
Ону таһынан биһиги 2023 сылга үлэҕэ киллэриллэрэ былааннанар Онкология киинин аһыллыытыгар салҕыы бэлэмнэнэбит. Онно ыарыыны быһаарар уонна эмтиир технологиялар, саҥа подразделениеларга каадырдары үөрэтии эмиэ киирэллэр. Онон, саҥа Онкология киинигэр ыаллыы эрэгийиэннэргэ үчүгэй күрэстэһиини оҥорор күүстээх хамаандалаах киириэхпит дии саныыбын.
— Эһиги сулууспаҕытыгар тахсар уларыйыылар биллэллэр: саҥа дьиэ-уот, саҥа тиэхиньикэ… Ол да буоллар, ХХI үйэ онкологията диэн тугуй? Биһиэхэ номнуо кэллэ дуо?
— Кэнники сылларга аан дойдутааҕы онкология тэтимнээхтик сайдар. Ити хирургияҕа саҥа быраактыкалары олоххо киллэриигэ уонна саҥа эмтэри -– генетическэй маркердары арыйыыга сыһыаннаах. Түмүгэр эмтэнии көдьүүһэ, 20-30 сыллааҕыны кытта тэҥнээтэххэ, быдан улахан. Ол кэмнэргэ номнуо олоҕурбут искэннээх киирэр дьон элбэх, сорохторго аккаастыырга күһэллэр буоллахпытына, наадалаах препараттар, көмөлөһөр атын кыахтар суохтара. Билигин биһиги хас биирдии ыарыһах туһугар охсуһабыт! Ыарыы олохсуйбута төһө ырааппытыттан тутулуга суох. Тоҕо диэтэххэ, күүстээх тэриллэр, технологиялар, препараттар бааллар. Өскөтүн киһи туруга ыарахан эмтэниини тулуйар кыахтаах буоллаҕына, биһиги көмөлөһөргө кыһаллыахпыт. Бу барыта -– ХХI үйэ онкологията. Мин билигин 25 сыл анараа өттүгэр, саҥа быраактыкаланар кэммэр эмтээбит ыарыһахтарбын, ордук өйбөр-санаабар дириҥник иҥэн хаалбыт дьоммун элбэхтик саныыбын… Билиҥҥи ким эбитэ буоллар, кинилэри үгүстэрин быыһыахха сөп этэ.
— Соторутааҕыта Онкология өрөспүүбүлэкэтээҕи диспансерын кылаабынай бырааһынан ананныҥ. Эпэрээссийэҕэ кыттар былааннааххыт дуо?
— Булгуччу. Ол халыыптан туоруо суохтаахпын эбэтэр олох үөһүгэр сылдьыахтаахпын диэн өйдөбүлтэн буолбатах. Эпэрэссиийэлиир -– мин олоҕум.
— Дьахтарга сөп түбэспэт идэни талбыккыттан хаһан да кэмсиммэтэҕиҥ дуо?
— Төттөрүтүн, онколог-хирург буолбуппар дьылҕабар махтанабын. Мин биһиэхэ үлэлии кэлэр устудьуоннары, эдэр ординатордары кытары куруук кэпсэтэбин. Кинилэргэ биири сылайбакка хатылыыбын: «Өскөтүн эһиги онкологияны сүрэххит эрэ этэринэн талбыт буоллаххытына, ол аата тугун ситэри өйдөөбөккүт. Бу идэ эппиэтинэһин уонна бэйэ кыаҕын билэн эрэ туран, өй-санаа этэринэн талыахха наада». Онтон билигин ХХ үйэ онкологиятыттан ХХI үйэ онкологиятыгар тиийэ 25 сыл үлэлээн баран, онкология киһиттэн элбэҕи ирдиирин уонна элбэҕи биэрэрин чопчу билэбин. Манна хас биирдии кыайыы уонна хотторуу биһиги духуобунай хаачыстыбабытын сайыннаран, биһиги хайдах буолуохтаахпытын оҥорон таһаарар.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru