Татыйааналар күннэринэн тыйаатыр уонна киинэ артыыһа Татьяна Легантьевалыын интервьюну («Саха сирэ» хаһыат, алтынньы 1 күнэ, 2015 сыл) таһаарабыт.
Артыыс сыана кэтэҕинээҕи олоҕо
«…Мин бу олохтон тугу да мүччү туппакка барытын ылыахпын баҕарабын», — диэн «Тыал баарын тухары» сахалыы киинэҕэ оонньуур оруолугар хамначчыт кыыс санаатын аһаҕастык этэр. Ити оруолу итэҕэтиилээхтик оонньообут Саха тыйаатырын артыыһа, тэбэнэттээх харахтардаах Татьяна Легантьева тыйаатыр эйгэтин, баҕа санаа туолуутун уонна олох туһунан тус санааларын үллэһиннэ.
Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
— Киһи эдэр эрдэҕинэ санаатынан барытын кыайар. Кини инникигэ эрэллээх, олоххо көхтөөх. Ол эрээри, киһи олоххо тутуһар санаата күүстээх, иэйиитэ ыраас буоллаҕына, ханнык даҕаны саппах санаа, ааһар тыал киһини баттаабат, курдары үрбэт дии саныыбын.
— Ити санааны тус олоххор сыһыаран кэпсээтэххинэ?
— Үрүҥ да хара да киһи олоҕор өрүү баар. Мин хаһан даҕаны санаабын түһэрэн ытаабатаҕым диир кыаҕым суох. Кэргэммин кытта арахсыбыт бастакы сылбар, чахчы, үгүс ыарахаттары көрсүбүтүм. Уопсай кыараҕас хоһугар олорон сарсыарда ахсын биирбин сиэтэн, биирбин салааскаҕа соһон дьыссааттарыгар илдьэрим. Хаарга охтон түһэн маккыраччы ытыырым. Кыысчааным барахсан үтүлүктээх кырачаан илиитинэн хараҕым уутун соторо. Үлэбиттэн хойутуур кэмнэрбэр, дьыссааппыт иитээччитэ Валентина Викторовна оннооҕор оҕолорбун үлэбэр аҕалан биэрэрэ. «Кэнчээри» оҕо саадын амарах санаалаах иитээччитигэр махталым муҥура суох. Ити сыл ийэм кыра уолгун биһиэхэ ыыт, биһиги көрүөхпүт диэбитэ. Онуоха Валентина Викторовна: «Оҕоҕун эбээлээҕэр ыыттаххына, кини эйигиттэн буолбакка, оҕоҕуттан эн тэйиэҕиҥ, оҕоҕун ыытыма» диэбитэ. Ол иһин оҕобун ыыппатаҕым. Аны санаатахха, миэхэ куруук олохпор үтүө санаалаах, амарах дьон көстөллөр эбит. Мин бэйэбин аһынан ытаан ырааппаппын өйдөөбүтүм. Уопсайынан, бэйэҕин аһынан искиттэн сиэнэн барыаххын сөп. Киһи ыарахаҥҥа кииллийэр эбит.
– Майгыҥ ханнык хаачыстыбата эйиэхэ мэһэйдиир курдугуй?
— Мин хомойдохпуна, кэлэйдэхпинэ төттөрү хаһан даҕаны эргийбэппин. Ити мин куһаҕан хаачыстыбам диэн билинэбин. Таҥара үөрэҕинэн, киһи барытын бырастыы гыныахтаах дииллэр. Оттон мин көннөрү кэпсэтиэхпин, алтыһыахпын сөп. Ол эрээри иккистээн дууһабын, сүрэхпин кыайан арыйбаппын.
— Идэҕит — дьону аралдьытыы. Идэҥ тус олоххор дьайыытын хайдах ылынаҕыҥ?
— Идэм айар үлэ буолан биир хонтуора иһигэр олоруу буолбатах. Үс-түөрт сылтан бэттэх саха тыйаатыра саҥа гастроллаан эрэр. Маннык айаннарга сылдьан киһи-киһини чугастык билэр. Биһиги гастроллуу барарбытыгар үстүү биригээдэҕэ арахсан айанныыбыт. Биһиги биригээдэбитигэр дьүөгэм Ильяна уонна ытыктыыр киһим Анна Ивановна Кузьмина баар. Ааспыт саас Чурапчы, Таатта, Томпо, Өймөкөөн улуустарынан сылдьан кэлбиппит. Бу айанныы сылдьан Анна Ивановна үбүлүөйүн бэлиэтээбиппит. Гастролларга барарбар, икки эбээлэрбит көмөлөһөллөр. Кэргэним ийэтин кытта сыһыаммыт үчүгэй. Төһө да кэргэмминиин арахсыбыппыт иһин, билигин даҕаны ийэм диэн ааттыыбын. Уолум Эрхаан Ленскэйгэ эһэтигэр тиийэн бултааччы. Билигин оҕолорум улаатаннар, үчүгэй. Оҕолорбор аҕаларын туһунан хаһан даҕаны куһаҕаны кэпсээбэппин. Тоҕо бииргэ олорбоппутун биирдэ эмит ыйыттахтарына, быһааран биэрэбин. Аҕалара оҕолоругар харчынан көмөлөһөр. Иккиэн тыйаатыр артыыстара буоламмыт, бииргэ үлэлиибит.
Киинэ уонна тыйаатыр
— Режиссер аныыр оруолларын барытын сөбүлүүгүн дуо? Арай сөбүлээбэт оруолгун биэрдиннэр?
— Николай Неустроев «Тиэтэйбит» пьесатыгар мин Даайыс диэн кыыс оруолун толоробун. Арай режиссербут кумааҕыга саҥарар тылбытын түҥэттэ. Мин саҥарыахтаах тылбын көрбүтүм, биир этии эбит. Мин тута: «Ээ, мин тылбын биллим» диэн чап гыннардым. Бииргэ үлэлиир дьонум күлэн тоҕо бардылар. Чахчы, тылым олус кылгас. Төһө да уһатыахпын баҕарбытым иһин, суруйааччы айымьытын уларытар кыаҕым суох. Ол иһин ийэм тугу этэрин кэнниттэн хатылаа да хатылаа буолабын. Онон саҥарар саҥам букатын элбээн тахсыбыта. Режиссер бэйэтэ көрөн аныыр. Анаабыт оруолу сирбэккин. Ханнык да оруолу артыыс киһи арыйарга дьулуһуохтаах. Оруолу эн бэйэҥ төрөтөн таһаараҕын. Ийэ таптаабат оҕото суоҕун курдук, артыыска сөбүлээбэт оруола суох буолуохтаах. Аны бу санаан көрдөххө, хас испэктээк аайы мин күүһүлэнэбин эбэтэр күүһүлэнэ сыһабын. Оруолум оннук. Анна Ивановна Кузьмина: «Абыраммыт да дьахтар, партнердарын уларыта сылдьар», — диэн барыбытын күллэрэн турардаах.
— Испэктээги таһынан сахалыы киинэлэргэ эмиэ оонньуугун. Хайатын ордороҕуҥ?
— Миэхэ иккиэннэрэ ордуктар.Ол эрээри испэктээккэ оонньооһун — тыыннаах. Артыыһы субу тутан олорон көрөҕүҥ. Аны хас сырыы аайы саҥалыы арыллан оонньуугун. Оттон киинэ биирдэ уһуллар уонна ону хаһан баҕарар, хаста баҕарар көрөҕүн.
— Испэктээк ахсын саҥарыахтаах оруолуҥ тылын нойосуус үөрэт да үөрэт буолар уустук дуо?
— Биһиги испэктээк ахсын тэтэрээттээхпит. Хас биирдии артыыска оруолун түҥэтэллэригэр кумааҕыга ксерокстаан бэриллэр. Ону артыыс бэйэтин буочарынан сурунар, оччоҕо тылын үөрэтэригэр, оруолугар киирэригэр судургу буолар. Аны ол тэтэрээппит сотору-сотору бэлэмнэнии кэмигэр сыанаҕа хаалан хаалар. Оччоҕо реквизитор Галина Петровнаттан ыйытабыт. Сыананы хомуйарыгар кини хас биирдиибит тэтэрээтин хомуйан уурбут буолааччы.
— Испэктээги кириитикэлиир, сыыһаҕытын-халтыгытын ыйар анал дьон баар дуо?
— Саамай үчүгэй кириитиктэр — сыанаҕа көстүбэт үлэһиттэр. Испэктээк хайдах үөскээн тахсарын барытын кинилэр көрөллөр. Парикмахердар, гримердар, уоту-күөһү оҥорор тутаах дьоммут. Онон кинилэр санааларын истэбит, ылынабыт.
Баҕа санаа туолуута…
— Миигиттэн биирдэ сулус ыарыытынан ыалдьыбаккын дуо диэн ыйыппыттара. Онуоха мин: «Уопсайга олорон тугу сулустаныахпыный» диэбитим. Щепкини бүтэрэн кэлиэхпиттэн күн бүгүнүгэр диэри уопсайга олоробун. Ол эрээри, бу ааспыт сыл бүтэһик ыйыгар соһуччу үөрүү, этэргэ дылы, баҕа санаа туолуута буолан турар. Ол мин икки хостоох дьиэни ипотека нөҥүө ылыым буолар. Дьиэбит билигин тутулла турар. Мин хаһан даҕаны дьиэ, буолаары буолан икки хостоох дьиэни кирэдьииккэ ылыам дии санаабат этим. Хамнаһым кыра, син биир биэрбэттэр диэн санаммат да этим. Саҥа дьыл саҕана ийэбин кытта бааҥҥа киирэн мээнэ аахтаран көрдүбүт. Кэтэспэккэ сырыттахпына бааннарым эрийэннэр, кирэдьиит ылыахпын сөбүн туһунан иһитиннэрбиттэрэ. Мин куоракка киэҥник биллэр «Сэттэ» диэн тутуу тэрилтэтигэр дьиэ сыанатын билсэн икки хостооҕу талбытым. Дьиэ ыларбар төрөппүттэрим, аймахтарым төһүү күүс буолбуттара. Билигин даҕаны көмөлөһөллөр. Баҕар, кимиэхэ эрэ дьиэ атыылаһыы муораҕа хааппыла, баҕа санаа ымыыта буолбатаҕа буолуо. Ол эрээри, мин саныахпар бэйэ бас билэр дьиэлэниитэ саха киһитигэр баҕа санаа ымыыта буолуон сөп. Киһи баҕа санаатыттан куттаныа суохтаах эбит. Баҕа санаа ыра санаа буолан хаалбакка өрүү туолуохтаах. Киһи ол туһугар бэйэтэ эмиэ кыһаныахтаах…
Кэпсэттэ Ульяна ЗАХАРОВА.
«Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru