Татьяна Голикова өрөбүл күннэри уһатар туһунан этии киллэрдэ
02.04.2020
РФ вице-премьерэ Татьяна Голикова уонна Роспотребнадзор салайааччыта Анна Попова уһун өрөбүл нэдиэлэни уһатар туһунан этии киллэрдилэр. Голикова туһааннаах эрэгийиэннэргэ олохтоох быһыыны-майгыны учуоттаан, өрөбүл күннэри уһатыы туһунан чопчулаан бэлиэтээтэ.
edersaas.ru
Ол курдук коронавирус эпидемиятын кэмигэр муҥутуур ыксаллаах быһыыга-майгыга бэлэмнэниинэн сибээстээн, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин кулун тутар 30 күнүттэн муус устар 5 күнүгэр диэри дойду үрдүнэн өрөбүл күнүнэн биллэрбитэ.
Вице-премьер Татьяна Голикова Владимир Путин ыыппыт сүбэ мунньаҕар өрөбүл күннэри уһатар туһунан этии киллэрдэ. Онон Арассыыйа сорох эрэгийиэннэригэр өрөбүл күннэр уһуур чинчилээхтэр. Бу барыта коронавирус ыарыыта салгыы тарҕамматын кытары сибээстээх.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1