Татьяна Эверстова: «Күтүөтүм Виктор Лебедев туһунан киинэ устуоҕум»

Ааптар: 
09.09.2016
Бөлөххө киир:

Режиссер Татьяна Эверстова күтүөтэ, аан дойду көҥүл тустууга хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ Виктор Лебедев туһунан киинэ оҥоруох буолла.

«Ыраах, кыра бөһүөлэктэр сылдьар уолчаан чемпион буолар баҕатын, дьаныардаах дьарыгын туһунан үчүгэй киинэ тахсыа дии саныыбын», — диэн ykt.news сайтка кэпсээбит.

Санатан эттэххэ, Татьяна Эверстова «Его дочь» киинэтэ «Окно в Европу» диэн Арассыыйа киинэтин фестивалын сүрүн бирииһин ылбыта. Тэрээһин Выборг куоракка атырдьах ыйын 6-12 күннэригэр ыытыллыбыта. Киинэни Екатеринбурга уонна Берлиҥҥа көрдөрүөхтэрэ. Эверстова «Таҥ Хатыыта» и «Алаас» диэн кылгас киинэлэрдээх.

Билигин режиссер кэргэниниин Михаил Эверстовтыын сайыҥҥы Олимпиада куората Рио-де-Жанейроҕа (Бразилия) сылдьаллар. Атырдьах ыйын 19 күнүгэр көҥүл тустууга (57 кг.) Арассыыйа аатыттан киирсиэхтээх Виктор Лебедевкэ ыалдьаллар.

lebedev
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0