Максим Ксенофонтов сэргэх кэпсээнин ааҕыҥ.
Айыына куорат биир биллэр “эстэр ааныгар” официанткалыыра. Ыйга биэс уон тыһыынча солкуобайы аахсара. Онтон уон тыһыынчата бииргэ үлэлиир дьүөгэтэ Сашалыын (Шура дэттэрбэт) куортамныыр кыбартыыраларын иһин барара. Ордуга бырайыаска, коммунаалкаҕа, аска, кэсимиэтикэҕэ баранара. Ый аайы ордорунан, кэмчилээн кылахтаһан, 4 эбэтэр 5 тыһыынчаны уурунара. Саша эмиэ ордоруна сатыыра. Онтуларынан таҥас ылыналлара, салоҥҥа биитэр киинэҕэ, кэнсиэркэ сылдьаллара. Эбэтэр, сүбэлэһэн, караокеҕа дуу, саунаҕа дуу бараллара.
Үгүс бэйэлэрин саастыылаахтарын кэриэтэ Айыыналаах Саша BTS группа уолаттарыттан “астыналлара”, ырыаларын истэллэрэ. Айыына эркинигэр Чимин, Саша истиэнэтигэр Джей-Хоуп мэтириэттэрэ сыһыарыллан тураллара.
Биир субуота күн, рестораннарыгар технологическай кэллиэс устудьуоннара стажировкаланалларынан сибээстээн, тойонноро “отгуул ылаҕыт” диэбитэ. Кыргыттар үөрбүттэрэ, иллэҥ киэһэлэрин хайдах атаарар туһунан толкуйдаабыттара.
— “Авиаторга” элээриэххэ, саҥа киинэҕэ! – Саша фиолетовайынан кырааскаламмыт чуолкалаах, “сырдаппыт” баттаҕын хаҥас ытыһын синньигэс тарбахтарынан өрө аспыта.
— Бэйэбит рестораммытыгар барыахха! Мэлдьи дьону обслуживайдаан тахсабыт. Аны биһигини тула көттүннэр! – Айыына бэйэтин санаатын эппитэ.
— Хата, оннук гыныахха! – Саша саһархай хараҕа тырымныы түспүтэ, үөрүүнү кытта сөбүлэспитэ.
Кыргыттар баттахтарын суунан, баар-суох мааны былааччыйаларын таһааран, ытарҕа-биһилэх талынан (талар элбэх киэргэллэрэ да суох буоллар), макияжтанан, киэһээҥҥи “похуоттарыгар» оҥостон барбыттара.
…Албан сымнаҕас дьыбааҥҥа олорон, “муора долгуна” дэнэр, киэҥ саала эркинигэр толору ыйанан турар тэлэбиисэргэ сафари туһунан биэриини көрөн бүппүтэ. Түннүгү арыйан, дьиэни салгылатар кэмҥэ, үрэх долгунунуу куталдьыйар, халылдьыйар, чараас таҥас курдук тэлэбиисэрин аллараа уҥа муннугун диэки көрбүтэ. Хараҕа хамсыырын кыраҕытык маныыр тэлэбиисэр веб-камерата сонно тута экрааҥҥа менюну таһаарбыта. Албан “Ехit” диэн устуруоканы булан көрбүтэ.
Алта канаалы тэҥинэн көрдөрө турбут бырагырааматыттан тахсан, “Эл-джи” аны НВК-ны холбообута. Уол хаҥас илиитинэн бакааласпыт курдук экраан диэки сапсыйбыта. Ити аата “off” хамаанданы биэрбитэ. Тэлэбиисэр умуллубута уонна рулон курдук эриллэн, эркиҥҥэ үөһэ, анал хаа иһигэр киирэн, сүтэн хаалбыта.
— Ити далбаатаатахха арахсарыгар кыайан үөрэммэппин, — диэбитэ ийэтэ Изольда уолугар, дьэӊкир таас кырапыынтан декабринатыгар уу кута туран (сибэккилэрин горничнайыгар найылаабат үгэстээх), — пульт да үчүгэй ээ.
— Хата, “тумблеры эрийэн таһырҕатан атын ханаалы холбуур үчүгэй этэ” диэбэтиҥ дии. Мантыкайыҥ муодунай тэрил эбээт. Хоспутугар плазмаҕын дистанционканан талкыйарыҥ да сөп ини. Оҕолор голособуой бырабылыанньалаах, сенсордаах, хараҕынан салайар девайстары тутталлара ордук буоллаҕа дии, аныгы дьон, — уолун аттыгар олорон, ноутбукка улахан хампаанньалар аахсыйалара хамсыырын кэтиир аҕалара, Арастаал Осипович, элэктээбиттии эппитэ уонна уӊа диэки хайыһан, тимир атахтаах сибэкки иһитигэр турар хараҥа күөх алоэны сыллаан ылбыта.
Сидоровтар иллэрээ сыллаахха туттан киирбит үс этээстээх коттеджтара Пекарскай уулусса чааһынай дьиэлэриттэн биир көстүүлээхтэрэ этэ. Аҕалара ытыктанар, кыахтаах бизнесмен, инвестор буолан, онно сөптөөх статустаах дьиэлэммиттэрэ. Улахан квартираларыгар, сыантырга, гостиница курдук, биирдэ эмэ ким эмит хоноро. Кыра, икки хостоох хрущевкалара куортамҥа турара. Марталара туһунан дьиэлээх эрээри, күнүс оҕолорунаан дьонугар кэлэн эбиэттиирэ.
Изольда сибэккилэрин бэрийэн баран, эркин чаһытын диэки хайыста. Бириэмэ бэлиэр ыраата охсубут. Сотору кыыһын Марта игирэлэрэ Лина уонна Эрчим оскуолаттан кэлиэхтэрэ. Сиэннэрэ кэлэллэригэр эбиэт буһа охсуон наада. Аллара, бастакы этээскэ түһүөн сүрэҕэлдьээн, кухааркатыгар суотабайынан эрийэн, миин, торуой төһөлөспүттэрин ыйытта. Гутя хотунугар: “Ас буһан турар”, — диэтэ. Кинилэргэ үлэлээбитэ хайы-үйэ биэс сыл буолбут эбит. “Сыл – хонук” диэн итини этэн эрдэхтэрэ.
Изольда күөх фланель халаатын сиэбигэр саҥардыы уктубут айфона тыҥкынаан мессенджергэ биллэриилэр кэлбиттэрин иһитиннэрдэ. Өс киирбэх гаджетын таһааран, арыйан аахта.
“Эбээ, еду”. Лина суруйбут.
«Иза, бырааһынньыгынан! Колян». Туох бырааһынньыга эбитэй? Николай Герасимович (однокурсницаларыгар, ол иһигэр, Изольдаҕа, кини – Колян) эмиэ дьээбэлэммит. Туох эрэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ буолла?
Хотун телефонугар микрофон бэлиэтин холбоон доргуччу ыйытта:
-Еду – это еду приготовить или едешь?
Саҥаран бүппүтүгэр, этиитэ сурук буолан, устуруока устун тахсан дьиримнээн кэлбитин бассаап куйаарынан Линатыгар утаарда, кэнниттэн күлүм аллайбыт смайлигы сырыһыннарда.
Онтон Колянтан: “Что за праздник?” — диэн ыйытта. Айфона бэчээттиир массыыҥка тыаһынан чабырҕаан баран, ыйытыгы адресакка улгумнук атаарда.
Утаакы буолаат, хаста да тыҥкынаан харда дуу, саҥа сурук дуу кэлбитэ билиннэ.
Лина: “Да, да, кнешно”, — диэбит. Ол аата, “едет и думает про еду” уонна аһаҕас дорҕоону көтүппүт. Ол биирдии буукубаны көтүтэн, төһө бэйэлээх бириэмэтин кэмчилиир үһү?
Колянтан быһаарыы кэллэ: “День Цветовода”. Өссө букет ойуутун туруорбут.
“Бу уол даҕаны! Цветоводпун дуо, ол?” — Изольда хардата өр кэтэһиннэрбэтэ, куйаар устун куугунуу турда.
“Квартираҥ адьас цветник, оранжерея. Ол аата, Эн – цветоводкун”, — биэс уон сэттэлээх “уол” тута, ымайбыт Каспер стикердээн, суруйда.
“О, дьэ!” – “цветовод” саңа аллайыытын хараҕыттан уу-хаар тахсыар диэри күлбүт смайликтаан ыытта уонна перилаттан тутуһа-тутуһа бастакы этээскэ түстэ.
Олбуор домофона “лыҥкыр” гынна, дисплейгэ Лина сирэйэ көһүннэ, кэннигэр Эрчим турар. Ити аата, Лина күлүүһүн тылын атын үрүссээгэр умнубут, онон домофоннуу турар. Эбэлэрэ домофон кунуопкатын килэркэй лаахтаах, уһун тыҥырахтаах сөмүйэтинэн баттаата.
Онтон сотору буолаат күө–дьаа кэпсэппитинэн, игирэлэр моторуһан киирдилэр.
Эбиэттээри олордохторуна аһыыр хоско эһэлэрэ киирдэ.
— Хайа, оскуолаҕытыгар туох сонун баар? — эбэлэрэ үөрэхтэрин ыйытта.
— География уруогар учууталбыт модератордаан, пединститут практиканнара экспертээн, уруокпут ток–шоу курдук ааста, — Эрчим кэпсээн чомолуйда, саӊа форматтаах уруоктан астыммыта көстөр.
— Оттон алгебраҕа бүччүм үлэ толордубут. Ону учууталбыт кастомизацияламмыт планшетынан хаартыскаҕа түһэрэн бэрэбиэркэлиир. Хас баалга суоттаабыккын онтукайа таһааран биэрэр. Ол эрэн, хас баалга толорбуппутун барыбытыгар ситэри эппэтэ. “Сетевой куоракка” көрөөрүҥ диэтэ. Эбээ, хаһы ылбыппытын көрөн баран, дьиэҕэ үлэбитин этээр дуу? – Лина эбэтин диэки тэбэнэттик эрээри, албыннаспыттыы көрдө.
— Түөрт уонча сыллааҕыта, биһиги оскуолаҕа үөрэнэрбитигэр, дьиэҕэ үлэни кумааҕы дневниккэ сурунар этибит, — эһэлэрэ Арастаал ымайан ылла.
— Нуу даа, чернильницаҕа бөрүөлээх уруучуканы уган ылан баран, килээксэ түһэрэ -түһэрэ, — сиэн кыыстара күлэн ылла, — онтон чэрэниилэҕитин прокомашканан оботторор этигит дуо?
— Прокомашка буолбатах, промокашка дэнэр этэ, оботторор кумааҕы. Хас чараас тэтэрээт аайы, иннигэр угулла сылдьар буолааччы, — эбэтэ уруккуну санаан, тэтэрээт илииһин арыйар курдук салгыҥҥа илиитин хамсатта.
— Сарсын МХК уруогар Италия 19-ус үйэтээҕи архитектурнай пааматынньыктарыгар презентация бэлэмниэхтээхпин. Киэһэ онно бэлэмнэнэн «облачнай технологияны» ноҕуруускалыам, — Лина былаанын кэпсээтэ.
Эбиэт кэннэ суоппардара Марат Линаны спортивнай оскуолаҕа, ох саанан ытыы сиэксийэтигэр, Эрчими Оҕо саас Дыбарыаһыгар, астрономия куруһуогар илдьэттээтэ.
Эбэлэрэ дьыбааҥҥа олорон, эркиҥҥэ ыйаммыт Николай Рязанцев “Көмүс күһүн” хартыынатын репродукциятын одууласта. Ойууга саһарбыт тыа, түөрт хатыҥ, икки көлүкэ көстөр. Изольда төрөөбүт Бордоңугар эмиэ маннык түөрт хатыҥ үүммүт сирэ баара.
Оскуолаҕа үөрэнэригэр ол мастар аттыларынан ааһааччы. Оччолорго, девайстар, гаджеттар суохтарына, учуутал бэйэтэ уруогу кэпсээччи, оҕолор тэтэрээккэ сурунааччылар уонна кумааҕы кинигэни ааҕааччылар. Хас биирдии үөрэнээччи промокашканан туттара.
Билигин сиэннэр чэрэниилэ иһитин, бөрүөлээх уруучуканы, промокашканы, арай, түмэлгэ эрэ көрүөхтэрин сөп. Хайыаҥый, олох сайдан иһэр.
Эһэлэрэ чугастааҕы маркетыгар үлэһиттэрин хонтуруоллуу таҕыста. Ити кини хоббита этэ.
Арастаал Осипович маҕаһыыҥҥа киирэн, стеллажтар икки ардыларынан аа-дьуо хаамыталыы сырытта. Мерчендайзер кыргыттар толору тэлиэскэттэн табаары долбуурдарга саталлаахтык ууран кэчигирэтэллэрин көрөттөөтө. Онтон түгэх хоско фасовщиктарга киирдэ. Аҕыйах тылынан смена ыстаарсайын кытта ону-маны кэпсэтэн баран, заалга төттөрү таҕыста.
Тимир корзинка түгэҕэр бааҥкалаах фасоль уонна биир хаа “Юбилейнай” бэчиэнньэ тутуурдаах, эргэрбит сиэрэй плащтаах эмээхсин, симиктик туттан каассаҕа чугаһаан эрэрэ. Кинини Сидоров билэрэ. Ити Людмила Егоровна, Рязанцев лүөччүк огдообото этэ. Соҕотох уоллааҕа соҕуруу олороро. Ийэтин илдьэ барыан баҕарара да, Людмила Егоровна Дьокуускайтан көһүөн баҕарбат этэ. Кини үс хостоох кыбартыыраҕа соҕотоҕун олороро. Пиэнсийэтиттэн квартплата кэнниттэн дуона суох ордоро. Онон аһылыгар кэмчилиирин Арастаал Осипович билэрэ.
Людмила Егоровна уочарата кэлбитэ. Кассир кыыс, Лена, эмээхсин атыыласпытын ааҕан, чиэгин таһааран көрбүтэ уонна:
— Бабушка, эһиги бүгүн “тысячный покупатель” акция кыайыылаҕа буоллугут! Ол иһин тыһыынча солкуобайга талбыт табааргытын ылар бырааптанаҕыт, -диэбитэ.
Людмила Егоровна сүрдээҕин долгуйбута, махтаммыта уонна төттөрү баран, толору астаах долбуурдары кэрийэ сылдьан, сиэбэтэҕэ ырааппыт астарын талан барбыта. Харахтара үөрүүтүттэн кылабачыйаллара ыраахтан көстөрө.
Итини барытын көрөн турбут Арастаал Осипович Ленаҕа чугаһаабыта уонна ботугураан:
— Дорообо. Ити акцияны мин тоҕо билбэппиний? – диэн ыйыппыта.
— Оо, драсьте Арастал Осипыч! Ханнык да акция суох. Ити баабысканы аһынан, итинник эттим. Тугу атыыласпытын бэйэм хамнаспыттан төлүөҕүм, — диэбитэ өмүттэн хаалбыт кассир кыыс.
— Төлөөмүнэ. Каассаҕа итэҕэс тахсыа суохтаах, — тойоно холкутук эппитэ. Онтон:
— Үтүө санааҥ, булугас өйүҥ иһин уон тыһыынча солкуобайынан бириэмийэлэнэҕин. Ыстаарсай менеджер бирикээс таһаарыаҕа. Бэркэ сатаатыҥ, маладьыас! Көннөрү биэрэ сатаатахха, Людмила Егоровна аккаастанара чуолкай этэ, — диэн баран, Арастаал Осипович, мичээрдээбитэ уонна таһырдьа тахсыбыта. Лена, каассатыгар олорон, иэдэстэрэ дөлүһүөн сибэккитинии тэтэрэн, кэнниттэн ис киирбэхтик ымайа хаалбыта.
…Изольда тэлэбиисэрин холбоон сонуннары иһиттэ. Новосибирскайга саӊа метро ыстаансыйата үлэҕэ киирбит. Бэрт эбит.
Онтон киинэ көрдө. Италияҕа 81 саастаах киһи төбөтүн арааран ылан, матасыыкыл саахалыгар дэӊнэммит, баһын хампы түспүт эдэр киһи этигэр көһөрөн олордоллоро көһүннэ. Эппэрээссийэни Италия, Германия микрохирурдара оӊороллор. Пациент өйдөнөр. Бу трансплантацияламмыт төбөлөөх “саӊа” киһи докумуонун хайдах толорору юристар толкуйдууллара көстөр.
“Тыый! Доуэль бэрэпиэссэр төбөтүн туһунан арамааҥҥа курдук дии!” — хаһаайка кэрэхсээн көрдө, хаастарын икки ардынааҕы туруору сурааһын дьураа буолан көһүннэ.
Киинэ кэнниттэн тэлэбиисэригэр интэриниэти холбоото. Аттыларынааҕы, бэйэлэрин маркеттарын саайтыгар киирдэ. Киви, йогурт, фунчеза сакаастаата.
Хамсалаах табах быстыӊа эрэ буолаат, курьер уол астаах суумканы аҕалан биэрдэ. Ити аата, кэргэниттэн кистээн, уолугар Албаҥҥа ылар. Арастаал Осипович оҕолоро, сиэннэрэ йогурду, чиипсыны, дошираагы сииллэрин ончу сөбүлээбэт, бобор.
Изольда саала хоско киирэн, сырдык тирии тастаах киэҥ, кэтит дьыбааҥҥа олордо. Ытыһын иккитэ охсунан «муора долгуна» тэлэбиисэрин холбоору гынан баран, таас остуол сирэйигэр баар көмпүүтэрин холбоон, «Эдэр саас» саайтыгар киирэн, сонуннары, тэттик кэпсээннэри ааҕан барда.
Ол кэмӊэ “Элвин” пылесос-робот от күөх лаампата умайан кэллэ: ити аата, дьиэтээҕи көмпүүтэр бэйэтин кыраапыгынан кинини холбоото.
“Элвин” аа-дьуо кыыгынаан, муоста устун сыҕарыйан, быылы оборон, ыраастаан барда.
“Аныгы таӊас сууйар, өтүүктүүр массыыналар, пылесостар, кофеваркалар, скороваркалар, куукуна камбаайыннара эҥин бэйэлэрэ, киһитэ суох, компьютер салайарынан үлэлииллэрэ табыгастаах даҕаны”, — дии санаата хотун. Онтон Албаны санаата: «Били уол ханна барбыта буолла?»
Ити кэмҥэ Албан тиэргэннэрин харбыыр, олбуорга олордуллубут бэрт элбэх талахтары, үөттэри, хатыҥнары бэрийэр Никодим халлаан күөх спецовкатын кэтэн, уулуссаҕа тахсыбыта. Олбуор тулатыгар нэдиэлэ устата мунньуллубут, тыал аҕалбыт кумааҕыларын сыыһын, утах кутулла сылдьыбыт былаастык бытыылкаларын куулга хомуйан, бөх кутар контейнерга илдьэн бырахпыта.
Ити сылдьан, биир киэҥник биллэр, улахан баай артыыс тырыттыбыт таҥастаах уулуссаҕа сылдьарын көрөн билбиттэрин туһунан мааҕыын эдьиийэ Марта кэпсээбитин санаан кэлбитэ.
Онон кини эмиэ дьээбэлэнэр санааланан, күһүҥҥү боруҥуйан эрэр уулусса устун, оробуочай спецовкалаах, сыала-соруга суох, дьиэтиттэн тэйэ хаампыта, маннык таҥастаах дьаарбайа түһэр санааламмыта. Остуолбалар банаардара холбонон тыһырҕаабыттара, уулусса сырдаабыта.
Ити кэмҥэ чугас часкыйар саҥа иһиллибитэ. Ити Айыыналаах Саша этэ. Кинилэр оптуобустан түһэн, эрэстэрээннэригэр сатыы баран испиттэрэ. Эмискэччи кэннилэриттэн чэпчэки атах тыаһа битигирэйбитэ уонна биир, сирэйигэр күөх мэдиссиинискэй мааскалаах киһи, Айыына тоҥолоҕор кэтэн иһэр дольче-габбана (дьиҥэр, имитация) суумачыкатын туура тардан ылаат, сүүрэ турбута.
Албан часкыыр хоту ыстаммыта. Куотан иһэр киһини, далбаатаһар кыргыттары көрөөт, тута халабырдьыт кэнниттэн түһүммүтэ. Уол фит-студияҕа «сүүрэр суолга» дьарыктанара туһалаабыта дуу, халабырдьыт көлөөк соҕуһа дуу, бэрт сотору Албан ситэн кэлбитэ. Мааскалаах киһи, суумканы быраҕаат, дьиэлэр быыстарынан бугуйбута.
Албан Сидоров суумканы сиртэн ылан, сыстыбыт буорун-быылын ытыһынан соппута уонна кыргыттарга төннүбүтэ. Айыыналаах Саша олус үөрбүттэрэ.
— Салют, кыргыттар! Бу кимиэнэй? – суумачыканы ууна-ууна, уол аҕылыырын быыһыгар ыйыппыта.
— Привет! Миэнэ. Махтал, — диэбитэ Айыына уонна дольче-габаана дублетын ылан эргим-ургум туппута, арыйан көрбүтэ. Иһинээҕитэ барыта баар курдуга.
— Ити талабырдьыт бу ридик сыанатын билэрэ буоллар! – Саша хараҕа чаҕылыҥнаабыта. – Маннык багет икки иномарка саҕа сыаналаах эбээт!
— Ама?! – Албан наһаа сөхпүт курдук туттубута. Оробуочай таҥас кэтэ сылдьарын быһыытынан, люмпен буолан кубулуммута.
Айыына дьүөгэтин диэки өйдөөбөтөхтүү көрбүтэ. Саша киниэхэ имнэммитэ уонна:
— Аина, бодигарда не надо было отпустить! – диэн ботугураабыта. Саша бу курбуу курдук таһаалаах, кылгас баттахтаах, бука, дьадаҥы уолга баай, телохранителлээх кыыс курдук көстүөн баҕарбыта. Төһө да дьүөгэтигэр эрэ анаан сибигинэйэр курдук туттубутун иһин, бу боростой таҥастаах ис киирбэх уол кини саҥатын истэригэр эрэммитэ. Оннук да буолбута: кыыс тылларын Албан чуолкайдык истибитэ.
— Аа! Ну да, – дьүөгэтин “оонньуутун” өйдөөн, Айыына саҥа аллайбыта.
— Молодой челк! Ол рестораҥҥа киириэххэ. Махталбыт бэлиэтин эйигин минньигэс ужинынан күндүлүүрбүтүн көҥүллээ! Кстати, мин Сашабын, дьүөгэм Аина. Оттон эн? – Саша баай кыыс оруолугар киирэн, нууччалыы-сахалыы эрчимнээхтик куппута-симпитэ.
— Мин Албан диэммин. Маннык таҥастаах киллэрбэттэрэ буолуо ээ, — диэбитэ уол килбигийбиттии мичээрдээн баран уонна спецовкатын өҥөнөн көрбүтэ.
— Ничуо. Киллэриэхпит, — кыргыттар уолу сиэтэн дэллэриппиттэрэ. Киирэн, миэстэ булан, олорбуттара.
Саша туалекка барбыта. Төннөн иһэн кэллиэгэтэ Раух Наташаттан: “Биһиги остуолбутун, бука баһаалыста, пырынсыассалары обслуживайдыыр курдук хааччый эрэ. Иэскэ хаалыаҥ суоҕа”, — диэн көрдөспүтэ.
Албан: “Кыргыттар, мин соторутааҕыта эрэ аһаабытым. Онон уу эрэ иһиэм этэ”, — диэбитэ.
Сотору “Наташа” диэн бейджиктээх официантка кэлэн сакаас ылбыта. Ити Раух этэ.
— Таак. Салат “Черепашка”. Оегос “Ураса”. К нему рис с овощами гриль. Тортик с кремом мастикой. Мороженое с шоколадом и грецкими орехами. Ну, и бокал вина “Совиньон” 1989 года, — Саша сэҥийэтин туттан олорон түргэн-түргэнник эппитэ. Онтон моонньун хаҥас өттүгэр кэриэйдии иероглиф татутун имэриммитэ.
Айыына Наташаҕа мичээрдээн, үрүҥ тиистэрэ кэчигирээбитэ:
— То же самое, кроме вина. Мне рюмочку текилы с солью и кусочком лимона.
Албан уу сакаастаабыта уонна аны официантка Наташа уҥа харытыгар русалка татуировкалааҕын одууласпыта. “Кырыйдахтарына, ити татулара, мырчыстан, соччото суох ойуу буолара дуу?” — дии санаабыта, иһигэр.
Официантка сакаастарын телефон диктофонугар суруйтаран ылбыта. Имигэстик тоҥхох гынаат, минньигэс ас сытынан тунуйар куукуна диэки дьоруолаабыта.
Сакаастара кэлэрин кэтэһэ таарыйа, эдэр дьон кэпсэтэн барбыттара.
Саша Айыынаны улахан олигарх кыыһа диэбитэ, дьүөгэтэ бас билэр яхтата олус кыраһыабайын ахтыбыта. Айыынаҕа холоотоххо, кини “боростой миллионер” оҕото буоларын эппитэ.
— Тугу үлэлиигиний, Аина? – уол утары олорор кыыс хара харахтарын, хойуу кыламаннарын кэрэхсии көрө олорон ыйыппыта. Уонна кыыс көстөр сиригэр: илиитигэр, моонньугар биир да татута суоҕун бэлиэтии санаабыта.
— Элбэх буоллаҕаа… 500 миллилиитир обуйуомнаах “Кавасакинан” хатааһылыыр үлэлээхпин. Билэҕин? Шлем курдат кулгааххар тыал куугунуур… ускуорас… шоссе утары сыыйыллар болотуната (Айыына бэҕэһээ рокер кыргыттар тустарынан киинэ көрбүтэ). Ол быыһыгар кулууптар, приёмнар, араас элбэх тэрээһиннэр. Барытыгар кытыннахха сатанар, — Айыына сылаарҕаабыттыы унаарыппыта.
Саша лыҥкыначчы күлбүтэ:
— Мы очень заняты. Статус обязывает. Оттон эн тугу үлэлиигин?
Албан ити ыйытыыга хайы-үйэ хоруйдуурга бэлэм олороро:
— “Автозапчасти” маҕаһыыҥҥа атыыһыттыыбын.
— Наадалаах идэлээх эбиккин. Двухсотайбар саппаас чаас наада буоллаҕына эйигин булуом, — Саша үөрдэ.
Сакаастарын Наташа аҕалтаан барбыта. Албан биир ыстакаан сөрүүн, дьэҥкир ууну иһэн, махтанан, бакаалаһан баран дьиэлээбитэ. «Баай» кыргыттар күө-дьаа кэпсэтэ, аһыы хаалбыттара.
— Няшка баи уол дии! – Саша дьүөгэтин диэки хайыспыта. – дьадаҥы буолбатаҕа буоллаар…
— Мда, — эрэ диэбитэ Айыына.
… Албан дьиэтигэр кэлбитигэр ийэтэ:
— Ханна бара сырыттыҥ? Саатар, телефоҥҥун ылбатаххын! Туох сүрдээх таҥаһын кэтэ сылдьаҕын?! Бар, уһула оҕус! – диэн күүскэ эппитэ.
— Маамуо, сөп, сибилигин, — Албан ымайбыта. – Этэбин дуо?
— Тугу? – Изольда уолун диэки көрбүтэ.
— Бу киэһэ икки кэрэчээн кыргыттардыын билистим. Ол эрэн кинилэр баайдар оҕолоро буолан, өйдөрө-санаалара тутах. Инфантильнайдар. Мин ыал буоларбар үлэһит уонна татута суох кыыһы кэргэн ылыам, — Албан хараҕын симпитэ. Айыына нарын сирэйин санаан кэлбитэ. Оргууй үөһэ тыынан ылбыта уонна: “Аина… татута суох кыыс…” — диэн сибигинэйбитэ.
Максим Ксенофонтов
Хаартыска: pinterest.ru ылылынна