Соторутааҕыта “Татаар аныгы поэзиятын антологията” сахалыы тылынан бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэҕэ татаар бэйиэттэрин хоһоонноро сахалыы тылбаастаммыттар.
edersaas.ru
Бу бырайыак 2015 сыллаахха ыытыллыбыт “Үрүҥ хаар алгыһа” бэстибээлтэн саҕаламмыта. Ол сыл Татарстантан эдэр бэйиэттэр Рустем Галиуллин, Ленар Шаех кэлбиттэрэ. Кэпсэтии баран, эһиилигэр Наталья Харлампьева кинигэтин татаардыы тылбаастаан таһаарбыттара. Хардарыта үлэлэһии түмүгэр, бу татаардар кинигэлэрэ тылбаастанна. Кинигэни Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет өйөбүлүнэн, Саха сирин суруйааччыларын сойууһа бэлэмнээн таһаарда. Манна тылбааска Наталья Харлампьева, Куорсуннаах, Сэмэн Тумат, Урсун, Рустам Каженкин, Аита Шапошникова, Гаврил Андросов үлэлэстилэр.
Антологияҕа татаар улуу суруйааччыта, классига Габдулла Тукай хоһооннорун сэргэ, сүрүннээн аныгы кэм бэйиэттэрин хоһоонноро киирбиттэр.
Татаар поэзиятын кэрдиис кэмнэрэ
Татаар норуотун литературата дириҥ силистээх-мутуктаах. Кинилэргэ ислам нөҥүө арабтыы сурук-бичик киирэн, илиҥҥи поэзия аартыга арыллыбыта. Перс, араб, турок поэзиятын чугастык ылыммыттара. Татаар литературатын бастакы бөдөҥ сурукка киирбит пааматынньыгынан Кул Гали диэн бэйиэт XIII үйэ саҥатыгар суруйбут “Кысса-и Йузуф” поэмата буолар.
Ортоку үйэлэргэ татаар поэзията саамай күүскэ сайдыбыт кэрдиис кэминэн Кыһыл көмүс Орда кэмэ (XIII-XV үйэлэр) буолар. Казаннааҕы хааныстыба туругурбут кэрдиис кэмэ (1440-1552) эмиэ саамай кэрэ, бастыҥ айымньылары биэрбитэ. Мухамадьяр, Умми Камал, Кул Шариф ааттарын татаардар эрэ буолбакка, атын түүр тыллаах омуктар аныгы көлүөнэлэрэ билэллэр.
XVIII үйэ бүтүүтүттэн поэзияҕа сырдатыы идиэйэлэрэ улам кимиилээхтик өтөн киирэллэр. Оттон ХХ үйэ саҥатыгар олорбут Габдулла Тукайы генийинэн, дьиҥнээх норуот бэйиэтинэн ааҕаллар. Кини баара-суоҕа сэттэ-аҕыс сыл айбыт кэмин иһигэр национальнай поэзияны сөҕүмэр үрдүккэ таһаарбыта, кинини ол кэм бастыҥ талааннаах күүстэрэ батыспыттара. Дьэ, ол иһин ХХ үйэ саҕаланыыта татаар литературатын сайдыытыгар иккис чыпчаал кэминэн биллэр.
Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии кэмигэр Муса Джалиль поэтическай саҥата аан дойду таһымыгар ньиргийбитэ. Улуу Кыайыы алтаарыгар барыта 33 татаар бэйиэтэ уонна суруйааччыта төбөлөрүн уурбуттара. Холобур, разведчиктар взводтарын хамандыыра Фатих Карим олох уонна өлүү биитигэр сылдьан, 8 поэманы, 150 хоһоону, биир балладаны, икки сэһэни, биир драманы суруйбута…
ХХl үйэ саҕаланыытыгар уларыта тутуу кэмигэр улааппыт, дьикти талааннаах эдэр бэйиэттэр бөлөхтөрө үөскээтэ. Кинилэр социальнай-кылаассабай хааччахтары билбэттэр, бобуулаах тиэмэлэр, кыһалҕалар диэни өйдөөбөттөр. Онон номнуо бэйэлэрин ааҕааччыларын буллулар, литературнай бириэмийэлэринэн биһирэннилэр.
“Татаар аныгы поэзиятын антологиятыгар” ханнык бэйиэттэр киирдилэр? Габдулла Тукай, Клара Булатова, Гарай Рахим, Ренат Харис, Радиф Гаташ, Равиль Файзуллин, Разиль Валеев, Роберт Миннуллин, Зиннур Мансуров, Мухаммат Мирза, Газинур Мурат, Ркаиль Зайдулла, Ленар Шаех, Лилия Гибадуллина, Рифат Салах, Рузаль Мухаметшин хоһоонноро бэчээттэммиттэр.
“Биир тирэхтээхпит”
Гаврил Андросов, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, “Чолбон” сурунаал эрэдээктэрин солбуйааччы:
– Сэбиэскэй кэмҥэ норуоттар доҕордоһууларын бөҕөргөтөр Литературалар, култууралар күннэрэ тиһигин быспакка ыытыллаллара. Ол түмүгэр биһиэхэ казахтар, кыргызтар, хакастар, тувинецтар, уо.д.а. суруйааччыларын айымньылара тылбаастанан, кинигэ буолан тахсыбыттара. Кэнники кэмҥэ ол үгэһи сөргүтэн, кылгас кэм иһигэр Польша литературатын антологията, кыргыз суруйааччыларын хомуурунньуга тахсыбыттара. Онон бу татаардар антологияларын таһаарыы эмиэ ол үгэһи салҕааһын буолар.
Биир хааннаах, уруулуу норуот култуурунай, духуобунай баайын билсии литератураттан саҕаланар. Баҕар-баҕарыма, түүр тыллаах норуоттарга киирэрбитин, литератураларбыт биир тирэхтээхтэрин умнуо суохтаахпыт. Ол иһин баарбытын биллэриэхтээхпит, хардарыта алтыһан, норуоттар чугасыһыыларын, доҕордоһууларын төрүттүөхтээхпит. Култуурунай сыһыаннаһыыны олохтооһун – дипломатияҕа биир хардыы диэн этии оруннаах. Итини биһиги классик суруйааччыларбыт үчүгэйдик өйдүүллэрэ. Семен Данилов уонна татаар бэйиэтэ Михаил Львов доҕордоспуттарын билэбит. Наталья Харлампьева Ренат Хариһы кытары доҕордуу сыһыаннаах.
Биир регион иһигэр, национальнай араамкаҕа хаайтаран хаалыы сыыһа, ол сайдыыны бытаардара биллэр. Бары да нууччалыы тыллаах литератураттан тирэҕирэн сайдыбыппыт. Онон уопсай төрүттээх литературалар сибээстэрин салгыы сайыннарар наадалаах.
Сотору Саха сиригэр олорор татаардар түмсүүлэрэ кыттыылаах бу антологиябыт сүрэхтэниитин тэрийэн ыытыахпыт. Бииргэ үлэлэһии салҕанан барар. Холобур, Рустем Галиуллин Саха сиригэр кэлэ сылдьан, Боссоойкону интэриэһиргээн, кэпсээн суруйан таһаарбыт. Ону тылбаастаан, сурунаалбытыгар таһаарыахпытын баҕарабыт. Ити курдук интэриэһинэй арыйыылар, хардарыта сибээстэр салҕана тураллар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru