Ый анараа өттүгэр Саха сиригэр коронавируһунан ыалдьыбыт дьон ахсаана күҥҥэ 30-40 иһинэн буолан, үгүспүт “хамсык ааһан эрэр” диэн эрэх-турах буолбуппут. Бу күннэргэ курус сыыппара төттөрү сүүһүнэн ааҕыллар буолан, хааччах миэрэлэрэ төттөрү күүһүрүөх курдуктар. Буулаабыт ыарыы өтөрүнэн арахсыбата эрдэ да биллэр этэ гынан баран, хас саҥа өрө көбүүтэ дьон санаатын улаханнык самнарар. Ама ааспыт сайын курдук, эмиэ дьиэлэрбитигэр хорҕойуохпут дуо? Туспа кыһалҕанан уоппускалаах дьон сынньалаҥҥа былааннара буолар. Бу саас Арассыыйа гражданнара таптаан сылдьар дойдулара “туристары күүтэбит” диэн биллэрбиттэрэ. Ол эрэн, балаһыанньа күн аайы уларыйа турар. Турция, Египет, Таиланд, Кытай, Европа дойдулара туристарга ирдэбиллэрэ хайдаҕын бүгүҥҥү күн чахчыларынан ырытан көрүөҕүҥ.
ЕВРОПА ДОЙДУЛАРА
Греция “Спутник V» вакцинаны билиммит дойдулартан биир маҥнайгылара буолар. Ааспыт сыл күһүнүттэн бу дойдуга Арассыыйа дьоно сынньалаҥҥа тиийэллэрэ көҥүллэммитэ эрээри, ыйга 500 эрэ киһини киллэрэр квота олохтообуттара. Бу күннэргэ бу хааччах көтүрүллүөхтээх этэ — ПЦР-тест, коронавируһу утары быһыы туһунан ыспыраапка туоһулаах дьону барыларын киллэрэр эрэсиим олохтонуохтаах. Итиниэхэ майгынныыр балаһыанньа Кипргэ олохтонон турар — вакциналаах туристары харантыына суох киллэрэргэ бэлэмнэр. Ол эрэн сүрүн моһуога — бу дойдуларга чартернай рейстэр бүгүҥҥү күҥҥэ суохтарын кэриэтэ. Биирдиилээн туристар бэйэлэрэ таҥмыт маршруттарынан тиийиэхтэрин сөп эрээри, Шенген зонатыгар киирсэр дойдулар бүгүн тус туһунан эрэсиими тутуһаллар, онон айан лаппа улахан уустуктардаах буолуон сөп. Арассыыйа вакцинатын билинэр дойдуларга Болгария, Черногория, Хорватия киирэллэр. Атын дойдулар туһунан күннээҕи чахчылар уларыйа тураллар.
ТУРЦИЯ УОННА ЕГИПЕТ
Биллэрин курдук, муус устар 15 күнүттэн Турцияҕа киирии бобуллан турар — ыарыы тарҕаныыта бу дойдуга эмискэ күүһүрбүтэ. Бобуу туһунан быһаарыы ылыллар кэмигэр Турцияҕа күҥҥэ 60 тыһыынчаттан тахса киһи күн аайы ыарыыга сыстарын туһунан биллибитэ. Билигин бу дойдуга ыарыы тэтимэ намтаан, күҥҥэ “баара-суоҕа” 28 тыһыынча кэриҥэ киһи коронавирустуура биллэриллибитэ. Онон бу хайысха хаһан арыллара ыарыы тарҕаныытын туругуттан көстүөҕэ.
Ол оннугар Египет курортара Арассыыйа туристарын күүтэн олороллор. Маҥнай ыам ыйын 15-20 күннэригэр Хургада уонна Шарм-Эль-Шейх арыллыахтара диэн биллэриллибитэ эрээри, бэс ыйыттан саҕаланар быһыылаах. Билигин туристическай зоналар Арассыыйа былаастарын ирдэбиллэригэр сөп түбэһэллэригэр анаан суһал үлэлэр бара тураллар — туризм үлэһиттэрэ бары вакциналанан, сөмөлүөттэр, көрсөр портар харыстанар тэриллэринэн толору хааччынан көрсүөхтээхтэр. Anex Tour, Coral Travel, Pegas Touristik, TUI, Библио-Глобус, Интурист уонна Tez Tour курдук бөдөҥ хампаанньалар Египети кытта үлэлииргэ бэлэмнэрин биллэрдилэр.
КУБА, МАЛЬДИВА АРЫЫЛАРА
Бу арыыларга сынньалаҥ биһиги дойдубут гражданнарыгар арыллыбыта ыраатта, ол эрэн, сүрүн мэһэйинэн эмиэ сырыы мөлтөҕө буолар. Ону таһынан, балай да ыраах сытар дойдуларга айан уһуна уонна сыаната ыарахана дьону тохтотор. Ити курдук санааттан быдан үйэҕэ арыллыбыт Мексикаҕа туристар бара сатаабаттар — Америка континеныгар диэри хас да сиргэ түһэн, сууккаттан ордук айаннаан тиийиэххэ сөп.
ТАИЛАНД, КЫТАЙ
Элбэх саха сүрэҕин сүүйбүт Таиланд сылаас курортара билигин даҕаны сабыылаах кэриэтэ тураллар. Дьиҥэр, туристар бу дойдуга киирэллэригэр бобуу суох эрээри, киирии усулуобуйата көнө бобууттан улахан уратыта суох. Сүрүн ирдэбил — 14 хонуктаах харантыын. Харантыын кэмигэр гостиницаттан тахсыбакка икки нэдиэлэ олорорго сыаналара ыараханын таһынан, уоппускатын улахан аҥаарын атын дойдуга түөрт эркиҥҥэ хааллан олорон атаарарга аҕыйах киһи сөбүлэһэрэ буолуо. Онон, турист кэлбэтэх сыла Таиланд былаастарын улахан толкуйга түһэрбит быһыылаах. Төһө даҕаны бу дойдуга соторутааҕыта ыарыы туруута эмискэ күүһүрдэр, Таиланд курортарын арыйыы былаана уларыйыыта суох хаалбыт. Бу былаан хоту, алта курорт зоналара — Пхукет, Краби, Пханг Нга, Самуи, Паттайя уонна Чиангмай от ыйыттан вакциналаммыт туристары харантыына суох киллэриэхтээхтэр. Бу эрэгийиэннэргэ олохтоох нэһилиэнньэни олоччу вакциналааһын тэрээһинэ суһаллык ыытылла турар. Биир саарбах түгэн баар — Таилаҥҥа бигэргэммит эрэ вакциналар сөптөөҕүнэн ааҕыллаллар. Ол эрэн, соторутааҕыта Таиланд бырабыыталыстыбата “Спутник V” вакцинаны атыылаһар туһунан кэпсэтиини саҕалаабыта, онон Арассыыйа вакцината сөп түбэһиэх курдук. Алтынньыттан 10 курорт туристары ылара былааннанар.
Кытайга сынньана барыы туһунан туох даҕаны чопчу сонун суох. Ыам ыйын 8 күнүттэн Кытай бэйэтин гражданнарыгар дойдуга киирии быраабылатын кытаатыннарбыта биллэр — коронавирус суоҕун туһунан ыспыраапка 120 чаас иһигэр ылыллыбыт буолуохтаах. Атын дойду дьоно анал ыҥырыынан эрэ Кытайга киириэхтэрин сөп.
ТҮМҮККЭ
Бүгүн күн кумааҕыга сурулларынан, 109 дойдуга турист киириэн сөп. Ол эрэн, ис дьиҥэр, ыарыы иннинээҕи курдук көҥүл ханна даҕаны суох, бары дойдуларга кытаанах хааччахтар бааллар, визаны ылыы уустук, сөмөлүөттэр, аһаҕас аэропортар ахсааннара аҕыйах. Туризмынан дьарыктанар хампаанньалар үгүстэрэ хамсык содулун уйуммакка эстибиттэр, логистика урукку схемалара үрэллибиттэр. Аан дойду үрдүнэн вакциналааһын уопсай иммунитеты күүһүрдэрин күүтүү эрэсиимэ олохтоммут. Хайыахпытый, эрэнэрбитигэр эрэ тиийэбит.
Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
vkpress.ru хаартыската.