Тас дойдуга олорор дойдулаахтарбыт «Sakha Open World» саайтаннылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха диаспоратын бэрэстэбиитэллэрэ тас дойдуга «Sakha Open World» («Sakha Open World») саайтаннылар.

СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтин саайтыгар иһитиннэрбиттэринэн, Арассыыйа тас өттүгэр олорор дьоҥҥо анаан саҥардыллыбыт саайт үлэтин саҕалаабыт.
Тас дойдуга олорор Саха сирин дьоно («Sakha Open World») дойдулаахтарын түмэр, сомоҕолуур, сибээһи хаҥатар, бииргэ үлэлээһини сайыннарар сыаллаах итиэннэ иһитиннэриилэри, сонуннары киэҥник тарҕатар, тапталлаах Сахаларын сирин олохтоохторун устуоруйаҕа, култуураҕа уонна норуот айымньытыгар аналлаах бырайыактарын өйүүр соруктаах тэрийбиттэр. Санатар буоллахха, бу 2003 сыллаахха тэриллибит «Саха Диаспора» бырайыак үлэтин салгыыр. Манна даҕатан эттэххэ, тас дойдуга олорор дойдулаахтар ааттарын, төлөпүөннэрин түмэр «Саха Диаспора» страницатын тэрийэр туһунан санааны Галина Уильямс (АХШ) киллэрбитэ. Биир дойдулааҕа Вера Соловьева страницанан тохтообокко, толору саайты тэрийэр туһунан этии киллэрбитэ. Онтон салгыы сүрүннээччинэн уонна «Саха диаспора» саайты төрүттэһээччилэртэн биирдэстэринэн буолбута.
Бу санааны сахпыт уонна олоххо киллэрбит ааптардар иһитиннэрбиттэринэн, саҥа саайтка сонун, сэргэх рубрикалар, ыстатыйалар, устуоруйалар, чинчийиилэр уонна репортажтар баар буолаллар. «Саха Диаспора» чилиэннэрэ аан дойду араас муннугар олорор биир дойдулаахтарын сибээстээччинэн уонна ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр интэриэһинэй, сэргэх, болҕомтону тардар, туһалаах ситимнээччинэн буоларыгар эрэнэллэр.
Хаартыска: nergb.ru ылылынна
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0