Өрөспүүбүлүкэҕэ «Выезды за рубеж: учеба, туризм, трудоустройство» иһитиннэрэр-сырдатар дэкээдэни СӨ Тас сибээскэ департамена тэрийэн ыытта. Онон тас дойдуга сынньана, көрө-истэ, үөрэнэ барыан баҕалаахтар туһалаах сүбэлэри-амалары ыллылар.
Тас дойдуга этэҥҥэ сылдьар туһугар тугу билиэхтээхпитий? Бу туһунан СӨ Тас сибээскэ департаменын салайааччытын солбуйааччы Валерий Николаевич Протопопов ааҕааччыларбытыгар анаан быһаарыылары биэрдэ.
Үөрэххэ барар буоллахха
—Дьон үлэлээн, ыччат үөрэнэн бүтэн сынньана, кылгас сайыҥҥы куурустарга үөрэнэ, үрдүк үөрэххэ киирээри, эбэтэр үлэлии, эмтэнэ барыы кэмэ ордук сааскыттан саҕалаан сайын саамай үгэнниир.
Кэнники сылларга дьон ордук Кэриэйэҕэ, Японияҕа, Кытайга барара элбээтэ. Холобур, Кэриэйэҕэ визата суох буолан күүлэйдии, сынньана, эмтэнэ, үлэлии барааччы элбэх. Онтон Кытайга ордук хото атыынан-эргиэнинэн дьарыктанааччылар, эмтэниэн, үөрэниэн баҕалаахтар элбэхтэр.
Оҕолор тас дойдуга үөрэниэхтэрин баҕарар буоллахтарына, аан бастаан туруоруммут сыалларын-соруктарын ымпыктаан-чымпыктаан, сыымайдаан көрүөхтэрин наада. Өскөтүн тас дойдуга баран үрдүк үөрэххэ үөрэнэн баран, дойдуларыгар төттөрү кэлэн үлэлиир баҕалаах буоллахтарына, үөрэниэхтэрин баҕарар кыһаларыттан саҕалаан, хайдах-туох диплому ылалларыгар тиийэ билэллэрэ ордук.
Тоҕо диэтэххэ биһиэхэ, Россияҕа, омук сирин 200-тэн тахса үрдүк үөрэҕин кыһатын диплома билиниллэр. Олор испииһэктэрин РФ үөрэх уонна наука министиэристибэтэ 2015 сыллаахха таһааран турар. Туох ханнык иннинэ бу испииһэги киирэн көрүөххэ наада. Бу ханнык баҕарар тас дойдуга үөрэниэн баҕалаахтарга туһаайыллар.
Холобур, улахан университеттар испииһэктэригэр Японияттант — 11, Кэриэйэттэн — 9 эрэ үрдүк үөрэх кыһалара испииһэккэ бааллар. Наһаа элбэх куурустар бааллар. Олор үрдүк үөрэҕи биэрэр лицензиялара суохтар. Рекламаланан оҕолору үөрэххэ ыҥыраллар. Үөрэх бүтүүтэ сэртипикээт туттаран баран ыытан кэбиһэллэр. Ол сэртипикээттэри Россия билиммэт. Түмүгэр оҕолор түөрт-биэс сылларын таах сүтэрбит буолан тахсаллар. Өссө эбиитин төрөппүттэрэ харчы бөҕөтүн төлөөн үөрэттэрэллэр. Биллэн турар, оннук үөрэммит оҕолор манна кэлэн үлэни кыайан булбаттар.
Аны туран, тас дойдуга үрдүк үөрэҕи бүтэрэн кэлэн бараннар, үөрэммит кыһалара ол ирдэнэр испииһэккэ суох буоллаҕына, уһун унньуктаах процедура бараллар. Нострификация (государственное признание в чужой стране диплома, учёной степени, звания, полученных в другой стране) диэн баар. Ону РФ үөрэх, наука министиэристибэтэ ыытар. Бу процедура сыл аҥарын да, сылы быһа да барыан сөп. Үөрэммит үрдүк үөрэҕин кыһатын лицензиятын, тугу үөрэппиттэрин, ирдэбилгэ төһө толору эппиэттиирин о.д.а. барытын бэрэбиэркэлииллэр.
Онон тас дойдуга үөрэнэн ылбыт дипломнара Россияҕа, Саха сиригэр ханнык баҕарар куоракка баран үлэлииллэригэр эппиэттэһэр буолуохтааҕын өйдүүллэрэ наада.
Үлэлиир буоллахха
—Үөрэммит сирдэригэр үлэлии хаалааччылар бааллар. Ордук Кытайга элбэхтэр. Дьэ манныкка, бастатан туран, сокуону тутуһуохтарын наада. Аны туран, үлэҕэ ылбыт тэрилтэлэрэ хайаан да үлэ визатын оҥоруохтаах. Тылынан буолбакка, докумуонунан.
Эбэтэр дуогабарынан үөрэнэ барбыттар, үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ дойдуларыгар кэлэн үлэлиэхтээхтэр. Ону тутуспатахтарына, үөрэммит харчыларын барытын төттөрү төлүүллэр.
Кэриэйэҕэ сынньана, эмтэнэ барарга икки ый устатыгар виза ирдэммэт буолан, онон туһанан үлэлии барааччылар бааллар. Сынньана бардыбыт диэн ааттаан бараллар уонна үлэлииллэр. Оттон үлэлии барар буоллаххына, үлэ визатын ылар ирдэнэр.
Итинник албастанан баран үлэлээһин, Кэриэйэ сокуонун кэһии курдук буолан тахсар. Ол дойду эппиэтинэстээх сулууспалара тутан ылыахтарын уонна өссө хаайыахтарын да сөп. Биллэн турар, ыстарааптыыллар, бу киһи бэйэтин харчытынан билиэт ылаллар уонна департациялыыллар. Өссө бу киһи улахан кыһалҕаны көрсүөн сөп. Система иһинээҕи сибээс диэн баар. Холобур, маннык киһи сокуону кэһэн тутуллубута диэн Кэриэйэттэн Японияҕа биллэриэхтэрин сөп. Аны Кэриэйэҕэ кэлин даҕаны кыайан киирбэт буолар. Быһата хара испииһэккэ киллэриллэр.
Аны туран, посольство сокуону кэспит киһиэхэ хайдах да көмөлөһөр кыаҕа суох. Тоҕо диэтэххэ, бу киһи кэлбит дойдутун сокуонугар эппиэттиир.
Страховка тоҕо нааданый?
—Сынньана барарга дьон үксэ страховка оҥотторбот. Дьиҥэр, страховка сыаната удамыр. Хас күн сынньана, күүлэйдии бараҕын да, соччо күҥҥэ страховкаланар ордук.
Страховка туохха нааданый? Төрөөбүт дойдуттан тэлэһийэн, ыраах тас дойдуга күүлэйдии сылдьан туох эмэ буоллаҕына, ыарыйдаҕына, тугун эмэ өлөрдөҕүнэ, эмтэнэригэр, балыыһаҕа киирдэҕинэ страховка наада буолан турар. Өйдөөн кэбиһиҥ, онно балыыһаҕа киирии, медицина өҥөтүнэн туһаныы балачча сыаналаах. Страховкаламматах киһи ону бэйэтэ төлүүрүгэр тиийэр.
Мантан күүлэйдии барыах иннинэ страховканы оҥотторуохтааххын. Онно дуогабар усулуобуйатын үчүгэйдик билиэххэ, ааҕыахха, ыйыталаһыахха, чопчулаһыахха наада.
Турист туохха болҕомтотун ууруохтааҕый?
—Тас дойдуга тиийбит киһи туох-ханнык иннинэ гостиницатын аадырыһын, төлөпүөнүн сурунуохтаах, гостиница визиткатын көрдөөн ылыахтаах.
Гид төлөпүөнүн нүөмэрин ылыахтаах.
Посольство, консульство нүөмэрдэрин билиэхтээх.
СӨ Тас сибээскэ департаменын төлөпүөнүн сурунан илдьэ сылдьыахтаах.
Саха сириттэн тиийэн олохсуйбут дьон түмсүүлэрин кытта сибээһи тутуһуохтаах.
Тиийэн баран хаһыстан хаһыс чыыһылаҕа диэри сынньана, эмтэнэ, күүлэйдии кэлбитин суруйан Посольство электроннай почтатыгар ыытыан сөп.
Тас дойдуга эмтэнэ, сынньана сылдьар киһи туохха эмэ түбэстэҕинэ хайдах буолар? Кимиэхэ тиийэн тыллыахтааҕый? Тугу гыныахтааҕый?
—Араас бары буолуон сөп. Холобур, харчылаах, докумуоннаах, суотабайдаах суумканы былдьатыы, уордарыы, сүтэрии.
Тута полицейскайдарга хайдах сатанарынан быһаарыахха, тыллыахха наада буолар. Онтон Посольствоҕа тиийэн барытын быһаарар наада. Посольство быстах кэмҥэ туһаныллар докумуон биэрэр. Ол докумуонунан турист төттөрү айанныыр бырааптаах.
Бөлөҕүнэн айаннаан барбыт киһиэхэ бииргэ сылдьар дьоно суотабайдарын уларсан дьонугар биллэрэригэр кыаҕы биэриэхтэрин, тугу эмэ быһаарсан өйөбүл, көмө буолуохтарын сөп. Оттон, арай, бу киһи собус-соҕотоҕун сылдьар буоллун. Оччотугар, эмиэ полицейскайдарга тыллаан, Посольствоҕа сылдьан баран, тас дойдуга олорор биир дойдулаахтарбыт түмсүүлэрэ диэн баар, олору булара наада.
Түгэнинэн туһанан эттэхпинэ, тас дойдуларга олорор биир дойдулаахтарбытын түмэн сибээс олохтуу сылдьабыт. Холобур, Кытайга, Латвияҕа, Сербияҕа, Канадаҕа, Америкаҕа, о.д.а. дойдуларга сибээстэр олохтоммуттара.
Биһиги корр., “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru