Эдэр-сэнэх эрдэхпитинэ, төһө да атын-атын сирдэргэ олордорбут, аармыйаҕа бииргэ сулууспалыахпытыттан сүтэрсибэккэ “эн-мин” дэһэн, хам-түм хардарыта ыалдьыттаһан, наада тирээтэҕинэ син өйөнсөн-көмөлөсүһэн сааспытын моҥоон эрэр үөлээннээҕим уола, сыыҥын соһо сылдьыаҕыттан билэр, уоһа тэллэгэрин аанньа таптаан Тэллээскиттэн атыннык ааттаабат оҕом кэриэтэ, 40-чалаах эдэрчи киһи хоноһолоон сытан кыһалҕаҕа түбэспитин кэпсээн дэлби ньиэрбинэйдэттэ, кэлэттэ.
Дьэ, буолар да эбит. Эрэйдээҕим сыыһа, ааспыт нэдиэлэҕэ дойдутуттан Харыйалаахтан улуус киинигэр айаннаан иһэн балтараа көһү бараат, илин көлүөһэтэ туура ыстанан моһуогуран саппаас чаас ыла төннүбүт. Икки чаас курдугунан эргиллибитэ, массыыната аһаҕас аҥайан турар. Кэлин аанын устан илдьэ барбыттар! Эбиитин эмэһэҕэ тэп, диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Аныгы дьон, араас омук массыынатын талбыттарынан тутар-хабар, уларытар эрэттэр, аан сыыһын өр гыныахтара дуо, ааһан иһэн уһулу тардан бардахтара.
Тэллээски муҥнаах кыһыйан, абаран да тугу гынаахтыай. “Бырастыы гын, алҕас ылбыппыт” диэн төттөрү аҕалан биэрэллэрэ саарбах. Инникитин илин муораҕа тириэрдиэхтээх бэдэрээлинэй суолунан, таһырдьа арыый ылааҥыран, сырыы-айан хойуннаҕа. Нуучча-саха, омук-омук ырааҕынан-чугаһынан сыбыытаан аҕай эрдэхтэрэ. Быыстарыгар араас “бөрөлөр” сундулустахтара.
Сайдыылаах олох сабыдыала буоллаҕа, эриэкэттээһин-күлүгээннээһин. Алдьанан турар массыынаттан ааһан иһэн аанын устан барыы улахан буоллаҕай, бэтэрээнэн дьыала буоллаҕа… Хапытаал, ырыынак дьалхааннаах үйэтин тыйыс сокуона буолаахтаатаҕа…
Биһиги саҕана, омук массыыналарын сыттара да суоҕуна, оҕуспутун сиэтэ, аппытын миинэ сырыттарбыт, эрэйи эҥэрбитинэн да тэллэрбит, суобас, бэрээдэк, ис култуура диэн өйдөбүллэр үрдүктүк тутуллар этилэр. Ийэлэр-аҕалар оҕолорун олох муударастарыгар үөрэтэллэрэ-такайаллара. Уорар диэни билбэт, дьиэбит аанын сиппииринэн баттатан баран санаа баттыга суох сылдьарбыт, үлэлиирбит-хамсыырбыт.
Икки үйэни силбэһиннэрбит оҕонньор ааспыты, билиҥҥини тэҥнээн көрөн ньиэрбинэйдиибин, кыйаханабын. Эчи, сууппут-сокуоммут аһыныгаһа, гумааннайа да сүрдээх. Күлүгээннэр, өлөрүөхсүттэр, уоруйахтар-хоруупсуйаһыттар сууттанаары гыннахтарына, кинилэртэн ордук көрсүө-чиэһинэй күн киһитэ суоҕун курдук дуйдаан- көмүскээн, сыһан-соһон, суолтатыгар сууттаабыта буолан, нууччалыы ханарыттахха ууттан кураанах таһаараллара баар ээ, кыһыыта. Хапытаал, ырыынак хабыр үйэтигэр олоробут диибит. Сокуоннарбыт-ыйаахтарбыт да оннук буолуохтаахтар. Улуу кытайдар курдук, уоруйах тутулунна, түбэстэ – тарбаҕын сытыы сүгэнэн “лэп” гыннаран кэбиһиэххэ. Дьон-сэргэ кэлэйэ, сэрэхэдийэ сылдьарын курдук.
Биэтэс Билээхэп