Бээтинсэ. Киэһэ 7 чаас. Интервьюлаһааччыбын кэтэһэбин. Көмөлөһөөччүтэ, айар интэлигиэнсийэни кытта көрсүһэ сылдьарын туһунан сэрэппитэ. Смартфоммун хасыһа олорон, аан хоско аргыый киирбитин көрбөккө да хаалбытым. Аҕыйах мүнүүтэнэн сэкирэтээр тахсан кэбиниэккэ ыҥырбыта.
Аан аттыгар кини – өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччу Андрей Тарасенко миигин көрсөр.
ЭЛБЭХ ХААН БУЛКУСПУТ
— Аҕам байыаннай моряк, подводник. Уһук Илиҥҥэ, Камчаткаҕа сулууспалаабыта. Оттон биһиги Владивостокка ийэбитинэн эбээбитигэр олорбуппут. Кини Астрахантан төрүттээх, омугунан калмычка.
— Дьэ, интэриэһинэй.
— Кини үйэлэрин тухары арбуһу үүннэрбит, өссө ыраахтааҕы саҕана Уһук Илиҥҥэ көһөн кэлбит кыахтаах ыалтан төрүттээх этэ. Эбээм бөҕө-таҕа быһыылааҕа, үчүгэйдик харбыыра уонна сааһыран да баран биһиэхэ, сиэннэригэр, киһи мыына көрбөт үрэхтэрин харбаан, сөхтөрөрө.
Кини 12 (!) оҕолооҕо. Онон Приморьеҕа төһө элбэх аймахтаахпын ааҕан да ситиэххит суоҕа. Оҕо сааһым умнуллубат өйдөбүлэ – эбээбит остуолун тула олорор сиэннэр.
— Дьиэҕит да улахан буолуо.
— Суох, кыра уонна өссө биир хостоох дьиэ.
— Итиччэ элбэх буолан хайдах батан олорбуккутуй?
— Син хайдах эрэ батан олорбуппут. Атын оҕолоро эмиэ оҕолорун хаалларан баран, үлэлии бараллара. Онон күнү быһа эбээбитиниин олорорбут.
— Аҕаҥ өттүнэн туох төрдүлээххин?
— Эһээм Одессаттан төрүттээх украинец, эбээм – испанка.
— Бээрэ, ыраас хааннаах испанка дуо?
— Оннук, 1936 сыллаахха Испанияҕа гражданскай сэрии саҕаламмытыгар Сэбиэскэй Сойуус онтон куотан кэлбит дьону ылбытын өйдүүргүт буолуо, онно Одессаҕа испанецтары тиэммит хараабыллартан биирдэстэринэн эбээм кэлбитэ. Кини нуучча тылын учуутала буолан, эвакуацияламмыт оҕолору арыаллаабыта.
Эһээм кэрэ мөссүөннээх кыыһы таптаан, ыал буолбуттара уонна сотору кэминэн уол оҕоломмуттара. Сэрии буолбатаҕа буоллар, уһуннук, дьоллоохтук олоруо этилэр дии саныыбын.
Эһээм тута фроҥҥа барбыта, оттон эбээм Одессаҕа хаалан, Испания тылын үөрэппитэ. Куораты ылбыт фашистар бастакы уочарат еврейдэри, цыганнары уонна испанецтары ытыалаабыттар. Эбээм онно түбэспит. Аҕам хайдах эрэ гынан тыыннаах хаалбыт. Сэрии кэнниттэн эһээм дьиэтигэр төннөн кэлэн, уолун булбут уонна бэйэтэ көрөн-истэн улаатыннарбыт.
Төрөппүттэрим туһунан кэпсээтэххэ, аҕам Владивостокка суһал сулууспаҕа кэлбитэ, ол кэнниттэн ТОВМУ-га (Чуумпу Акыйааннааҕы байыаннай-муоратааҕы училище) туттарсан киирбитэ уонна ийэбиниин билсибитэ.
— Испанияҕа аймахтаргытын көрдөөбөтөххүт дуо?
— Холоммуппут да, булбатахпыт. Эһээм, кини тулаайах этэ диирэ. Төрөппүттэрин эмиэ фашистар өлөрбүттэр.
— Оттон Украинатааҕы уонна Калмыкиятааҕы аймахтаргытын кытта билсэҕит дуо?
— Билсэн бөҕө. Үгүстүк Астрахаҥҥа сылдьабыт, Одессаҕа да түһэр дьонноохпут… Көрөргүт курдук, элбэх хаан булкуспут киһитэбин.
— Кырдьык даҕаны, судургута суох төрүттээх эбиккин. Төрүччүгүн толору үөрэтэргэр идэтийбит биограбы булууһугун.
ЧЫМАДААН – БАКСААЛ – СУЛУУСПАЛЫЫР МИЭСТЭ
— Аны дьиэ кэргэниҥ туһунан. Приморьеҕа күбүрүнээтэрдиириҥ саҕана суруллубутунан, кэргэҥҥин кытта устудьуоннар дискэтиэкэлэригэр билсибиккин. Оттон оҕолоруҥ туһунан туох да этиллибэтэх этэ.
— Кыыспыт Ксюша – таҥас дизайнера, кэргэннээх. Сакаас ылаары, аан дойдуну барытын кэрийэр, бэйэтэ ательелаах. Дьиҥнээх биисинэһинэн дьарыктанар.
— Сиэннэр?
— Бэлэхтии иликтэр. Эдэрдэр билигин хайдахтарын бэйэҕит билэҕит. Бары биисинэстииллэр, оттон биһиги кэтэһэрбитигэр эрэ тиийэбит.
— Өлүөнэ очуостарыгар бииргэ түспүт хаартыскаҕыт соцситимҥэ тахсыбытын кэннэ, премьер ойоҕо Саха сиригэр кэлэр дуу, суох дуу диэн боппуруос бэбиэскэттэн уһуллубута. Куруук бииргэҕит дуо?
— Оннук, Светлана эписиэр дьиҥнээх кэргэнэ, өрүү миигин кытта. Бэрэсидьиэн Приморье кыраайын салайарбар сорудахтаабыта миэхэ да, кэргэммэр да соһуччу этэ. Владимир Владимировиһы кытта кэпсэтэн баран, биһиги, туох да омуна суох, аҕыйах чааһынан сөмөлүөккэ олорон, Владивостокка көппүппүт.
Онон Саха сиригэр бииргэ көтөбүт дуу эбэтэр кэргэним Москваҕа хааларын ордоруо дуу диэн боппуруос турбатаҕа. Биллэн турар, биһиги бииргэбит.
НАХИМОВКАТТАН КАПЕРРАҤҤА ДИЭРИ
— Эписиэр күнүнэн эҕэрдэлиибин (биһиги атырдьах ыйын 21 күнүгэр көрсүбүппүт) уонна байыаннай дьиэ кэргэн дьылҕатын туһунан ахтыбыт буоллахпытына, тоҕо байыаннай моряк буоларга быһаарыммыккыный?
— Эппитим курдук, эбээбиниин олорбутум уонна оҕо сааһым дьоллоох эрээри, наһаа үөрүүлээх буолбатах этэ. Кыараҕастык олорбуппут, кыра эрдэхпититтэн дьиэҕэ эрэ буолбакка, харыбыт күүһүнэн үлэлээн, хамнас аахсар этибит. Олохпут чэпчэки буолбатах этэ. Итинник олордохпуна, Ленинградка Нахимовскай училищеҕа кубуота көстөн, холонорго быһаарыммытым.
— Ол аата, 15 сааскыттан дьоҥҥуттан тэйдэҕиҥ дии?
— Оннук. Нахимовка кэнниттэн Ленинскэй хомсомуол аатынан подводнай устуу Үрдүкү байыаннай-муоратааҕы училищетыгар киирбитим. Бу подводниктары бэлэмниир дойдуга соҕотох үөрэх кыһата этэ.
— Бу идэни тоҕо баһылаабыккыный? Подлодкаҕа сулууспалааһын диэн олус сэрэхтээҕэ биллэр.
— Бастатан туран, аҕабыттан итэҕэһэ суохпун дакаастаары. Иккиһинэн, ханнык баҕарар сэбиэскэй эдэр киһиэхэ курдук, төһөнөн ыарахан да, соччонон интэриэһинэй диэн өйдөбүл баара. Ити өйдөбүлү билиҥҥэ диэри тута сылдьабын.
— Ханна сулууспалаабыккыный? Бу туһунан аһаҕас источниктарга эмиэ сиһилии иһитиннэрии суох.
— Училище кэнниттэн тута Балаклаваҕа ыыппыттара, Севастопольтан чугас баар дизелинэн үлэлиир подводнай ааллар баазаларыгар. Бастакы рангалаах хапытаан чыыннаах подводнай хараабыл хамандыырыгар тиийэ үүммүтүм. Ленинградка хамандыырдар кылаастарын бүтэрбитим уонна анал салааҕа ыытыллыбытым. Хараабылбыт бэйэтин туһугар судургута суох, ураты этэ.
— Гражданкаҕа тоҕо барбыккыный?
Сэбиэскэй Сойуус үрэллиитигэр ыраах сулууспалыы сылдьарым. 1994 сыллаахха дьиэ кэргэммин санаан, кыыспын улаатыннарыахха диэн толкуйдаан, уурайар туһунан араапар суруйбутум.
КҮҮСПҮТ КЫАЙАРЫНАН ТУППУППУТ. СОЧИГА ЭРЭ БУОЛБАТАХ
— Бикипиэдьийэҕэ страницаҕар А.А.А. кэнниттэн ускуопкаҕа салайааччы диэн ыйыллыбыт. Сүүрбэттэн тахса сыл үгүс эйгэҕэ үлэлээтиҥ – урбаантан, логистикаттан уонна баан дьыалатыттан саҕалаан күбүрүнээтэргэ тиийэ. Ханнык салайар үлэҕиттэн үчүгэй өйдөбүл хаалбытый?
— Күбүрүнээтэрдээбит уонна Арассыыйаҕа саамай улахан суудуна хампаанньатынан буолар “Росморпортка” үлэлээбит кэмнэрбиттэн. Аҥаардас ледоколун ахсаана — 40, онно эбии — 475 хараабыл, балары 12 тыһыынча киһи хааччыйара. Маны таһынан, “Росморпорт” – бу логистика эрэ буолбатах, муора пуортарын эмиэ тутуу. Холобур, Сочига Олимпиадаҕа бэрэсидьиэн саҥа биричээли тутар соругу туруорбута. Үлэһиттэр сорудаҕы толорор туһугар үлэҕэ хорсун быһыылары көрдөрбүттэрэ.
Олимпиада кэмигэр биһиги биричээлбитигэр акыйаанынан устар сэттэ лайнер тиксибитэ, баларга 25 тыһыынча киһи баара. Ону сэргэ, Сабетта диэн муора пуордун туппуппут, ити убатыллыбыт гааһы уонна атын таһаҕаһы тиэйиигэ Арктикаҕа бөдөҥ аартыгынан буолбута.
ПУТИҤҤА САЙАБЫЛЫАННЬА УОННА НИКОЛАЕВКА ЭРИЙЭН ТИИЙИИ
— Күбүрүнээтэрдээбитиҥ туһунан үтүө өйдөбүл хаалбыт. Дьиҥэ, онно барыта эриэ-дэхси буолбатаҕа. Приморье күбүрүнээтэрин быыбарын иккис түһүмэҕин кэнниттэн күүскэ хомойбутуҥ дуо?
— Киһиргээбэппин эрээри, барарбар махтанан ытыстарын таһыммыттара. Сэтэрээбэтэхтэрэ, махтаммыттара.
Быыбар хампаанньатын иннинээҕи кэмҥэ Приморьеҕа иэдээн ааҥнаабыта – үс алдьатыылаах тайфун утуу-субуу кэлэн ааспыта. Дьон наһаа элбэх сүтүктэммитэ. Онон мин хамаандам аҕытаассыйанан буолбакка, алдьаммыт-кээһэммит хаһаайыстыбалары, суоллары, ходуһалары уо.д.а. чөлүгэр түһэриинэн дьарыктаммыта.
Маннык балаһыанньанан атын күүстэр хото туһаммыттара уонна куолаһы ааҕыыга айдаан буолбутугар, мин үһүс түһүмэххэ кыттыбаппын диэн иһитиннэрбитим.
— Бу быһаарыныы хайдах этэй? Бэрэсидьиэни кытта сөбүлэһиннэриллибитэ дуо?
— Биллэн турар. Мин хотторботоҕум, ол эрээри салгыы кыттыы приморьелары кыынньыа этэ. Быһаарыныыбар сөпсөспүтэ.
— Үгүстүк көрөрбүт курдук, атын киһи эбитэ буоллар, былаас туһугар тутуһа сытыа этэ, оттон эн судургута суох быһаарыныыны ылыммыккын. Ити эписиэр чиэһэ диэн өйдөбүлгэ киирсэр дуо?
— Быһаарыныыны олох бэйэтэ ыйбыта. Ол эрээри эрэгийиэҥҥэ хаһаайыстыбанньык быһыытынан үлэҕэ интэриэс хаалбыта, ол иһин Айсен Сергеевичкэ үлэҕэ ыларыгар көрдөспүтүм.
— Тыый, оннук эбит дуу? Сиһилии кэпсиэҥ дуо?
— Үчүгэйдик билэр киһим Владимир Солодов үрдээн барбытыгар, Айсен Сергеевичкэ эрийбитим. Кини интэриэһинэй этии диэн сэргээбитэ уонна хамсык балаһыанньатын кэнниттэн кэпсэтиигэ төннүөхпүт диэбитэ. Икки хас ыйынан хаттаан кэпсэппиппит уонна бары сөбүлэһиннэриини ааспытым кэннэ өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана быһаарыы ылыммыта.
— Кэргэниҥ туох диэбитэй?
— Туох диэҕэй? Хаһан барарбытын эрэ ыйыппыта уонна хомунан барбыта.
ТЫА СИРЭ, БАЛЫК УОННА КЫҺЫЛ КӨМҮС
— Үс нэдиэлэ – экэниэмикэни сиһилии үөрэтиигэ кылгас болдьох, ол эрээри кырата суох. Федеральнай таһымы кытта тэҥнээтэххэ, маннааҕы соруктар хайдахтарый?
— Биир өттүнэн – кээмэй улахана оттон атын өттүнэн – дьон интэриэһэ диэн. Эдэрдэр туох тиийбэтин туһунан эппэккэ, олоҕу тупсарар туһугар тугу оҥоруохха диэн харахтара уоттанар. Бу кэм устата тыа сирин олохтоохторун кытта элбэхтик кэпсэттим уонна Приморьены кытта тэҥнээтэххэ, манна балаһыанньа атын. Дьон хаһаайыстыбалаах, сүөһүлээх, туох барыта үлэлиир, онон биһиги сайдыыга усулуобуйа тэрийиэхтээхпит.
— Андрей Владимирович, Эн – РФ балык хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэҕин уонна балык салаатыгар аҕыйаҕа суох сыл үлэлээбитиҥ. Биһиги үрүҥ балыкпытын күрэстэһэр уонна идэтийбит балык ырыынагар таһаарыыга туох санаалааххын?
— Баар. Олохтоох балык амтанын уонна туһатын туһунан научнай үлэ суруйуохха сөп. Бу балык Саха сирин олохтоохторун остуолугар баар, сөптөөх сыаналаах буолуохтаах. Ол эрээри бултааһын, астааһын таһынан, үөскэтии соруга турар.
Саха сирин сүрүн биэс өрүһүгэр биир эрэ балык собуота баарын көрөбүт. Үөскэтиинэн дьарыктаммакка эрэ аҥаардастыы балыктааһын кээмэйин үрдэтиинэн эрэ муҥурданар табыллыбат. Оччоҕо бырамыысыланнай бултааһыҥҥа балыга суох Волга курдук буолуоҕа.
— Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бэйэ аффинажнай собуотун тутууга көҕүлээһиҥҥин сөбүлүү иһиттилэр. Дьиҥэ, бу боппуруос турбута ыраата. Бэл, Бырамыысыланнас министиэристибэтигэр бырайыак кытта бэлэмнии сылдьыбыттаахтара. Бу санаа хайдах киирдэ?
— Кыһыл көмүһү хостуур эрэгийиэн ыаллыы Красноярскайга шлиховай кыһыл көмүһү ыытыа суохтаах, ити сыанаҕа турбат уонна аффинажнай собуокка силиитэктэри оҥордоххо эрэ ырыынакка сыаналанар.
Биллэн турар, бу боппуруос дириҥник толкуйданыахтаах — үп-харчы, тырааныспар, энергетика өттүнэн. Ювелирнай дьыаланы сайыннарыыга бэйэбит кыһыл көмүстээх буолуохтаахпыт диэн быһаарыныахтаахпыт.
Магадан күбүрүнээтэрэ бэйэтин кэмигэр тугу гыммытай? Сылга 10 туонна кээмэйдээх кыһыл көмүһү хостууругар кини 15 туоннаҕа диэри кыамталаах дьоҕус аффинажнай собуоту туппута. Бүддьүөккэ тута нолуок киирэн барбыта, тоҕо диэтэххэ, кыһыл көмүһү хостооччулар киллэрэр үптэрэ эрэгийиэҥҥэ хаалбыта.
Тэҥнээн көрөргө эттэххэ, Саха сиригэр былырыын 34 туонна кыһыл көмүс хостоммута. Экэниэмикэттэн тэйиччи да киһи хомпуоту дьиэҕэ өрөр ордугун өйдүөҕэ.
КИИТЭРЭЙ ХАРДЫЫНЫ ОҤОРБОППУН
— Үс нэдиэлэ устата эн тылгын-өскүн кэтээччи элбээтэ. Маннык болҕомтоҕо хайдах сыһыаннаһаҕын?
— Холкутук. Приморьеҕа күбүрүнээтэринэн кылгас кэмҥэ да буоллар, күүскэ үлэлээбит киһи аһаҕас буолууга үөрэммитим ырааттаҕа дии.
Үлэ-дьыала киһитэбин уонна дьону кытта хайдах баарынан, тэҥҥэ кэпсэтэрбин сөбүлүүбүн. Кэпсэтэргэ куруук аһаҕаспын, ол эрээри оҥорон көрөн этээччилэри сөбүлээбэппин.
— 401-с кэбиниэккэ бастакы мунньахтарга президиумҥа уонна остуол баһыгар буолбакка, мунньах кыттыылаахтары кытта бииргэ олорон, миниистирдэри сөхтөрбүтүҥ. Бу тугуй – уйулҕа наукатын дуоктарын ураты хардыыта дуу эбэтэр олохтоммут истиилиҥ дуу?
— Суох. Ханнык да киитэрэй хардыы буолбатах. Мин подводникпын дии. Бары аттыбар баалларын, биир идэлээхтэрбин кытта тоҥолох-тоҥолоххо олорорбун сөбүлүүбүн.
— Тугунан үлүһүйэҕин? Кинигэ ааҕар бириэмэ ордор дуо? Булка уонна балыктааһыҥҥа хайдах сыһыаннаһаҕын?
— Күөгүлээх олоруохпун син, ол эрээри онто суох табыллыбаппын диир кэрэгэй. Соторутааҕыта устуоруйа түгэнин сиһилии ырытар Пикулю үлүһүйэн аахтым.
— Устуоруйаны таарыйбычча маннык ыйытыы. Хас күн аайы Саха сирин бырабыыталыстыбатын бары бэрэссэдээтэллэрин мэтириэттэрин галереятын таһынан ааһаҕын. Маныаха туох санаа киирэр?
— Туох-ханнык иннинэ, сүҥкэн эппиэтинэһи өйдүүбүн. Кинилэр миигин көрөн олорон ыйытар курдуктар: “Дьыала хайдаҕый? Тугу оҥороору гынаҕын?” Онуоха испэр маннык хардарабын: “Барыта этэҥҥэ буолуо. Кыһаллыам”.
— Тоҕо мааската суох сылдьаҕын? Ыалдьан бүппүтүҥ дуо?
— Оннук. Чэпчэки көрүҥүнэн. Ыалдьыбытым кэннэ быраастар миэхэ “антитела” үгүс ахсааннааҕын булбуттара уонна Москва биир балыыһатыгар хаан биэрэрбэр эппиттэрэ. Мин 200 мл лиитирэ хааным кимиэхэ эмэ бу ыарыыттан көмөлөстө ини диэн эрэнэбин.
— Эн, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын саҥа хапытаанын быһыытынан өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтигэр ковид кэннинээҕи кириисиһи кыра сүтүктээх ааһарбытыгар көмөлөһүөҥ диэн бары эрэнэбит. Кэпсэтииҥ иһин махтанабын.
Федор ГРИГОРЬЕВ.
Хаартыскалар — дьоруой архыыбыттан.