Тараҕай буолумаары (КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
09.01.2018
Бөлөххө киир:

Биир сарсыарда Баанчык куукунаҕа сэпэрээтэр дыыгыныырыттан, ийэтэ кимниин эрэ күө-дьаа кэпсэтэриттэн уһуктан кэллэ. Илиитин өрө уунан суорҕан анныгар тыыллаҥнаамахтаан ылла. Онтон түннүгүнэн тэлгэһэҕэ тиийэ үтэн кэлбит мастар ортолоругар үүнэн турар, кылаан чыпчаалыгар эрэ будьурхай хойуу мутуктаах, уһун дьулугур тиит умнаһыгар күн көмүс сардаҥалара сыдьаайбытын көрөн сыта түстэ. Ити тиит кини уһуктаат, хайдах күн үүммүтүн быһаарар бэлиэтэ. Ыраас, чаҕылхай күн үүммүт буоллаҕына тиит уһун дьулурҕа умнаһа чүмэчи курдук саһаран турар буолааччы. Онон бүгүн үтүөкэн күн үүммүт эбит диэн сылыктаата.

£ссө төгүл сүһүөхтэрэ лычыгырыар диэри тыыллаҥнаан баран, суорҕанын сыҥааҕар диэри тардынан бүгүн тугу гыныахтааҕын саныы сытта. ¥өрэх дьыла бүппүтэ ыраатта. Окко киирэр кэм чугаһаан эрэр. Сарсын Ыарҕаҕа ыанньыксыттыыр эдьиийигэр өйүө илдьэ барыахтаах. Таарыйа сайылыкка хонон кэлиэҕэ. Онон бүгүн арагаайка буулдьата оҥоһуннахха сатанар эбит дии санаата. Арагаайка буулдьатыгар анаан бадараантан чыычаах сымыытын саҕа сүүһүнэн төгүрүктэри оҥорон хатараллар. Ол адьас халыйбат, сүрдээх үчүгэй буулдьа буолар. Баанчык оннук буулдьанан отучча хаамыыттан сыалы хас ыттаҕын аайы табыан сөп.

Ити сытан күн уотугар умнаһа саһаран турар тииттэн бэрт чугас, киһи ыттан тахсарыгар анаммыт курдук хойуу лабаалаах тииккэ, чаччыгыныардар уйаламмыттарын саныы түстэ. ¥нүрүүн ыттан тахсан көрбүтэ биэс сымыыттаахтар этэ. Чаччыгыныардар уйаларыттан көҥөөн аймалҕан бөҕөнү тарпыттара. Тииккэ ыттан истэҕинэ ньиэмэс сөмөлүөттэрин курдук сиирэ-халты түһүтэлээбиттэрэ. Баанчык бэл куйахата күүрэн, этин сааһа аһыллан ылыталаабыта. Ол эрээри утуйар хоһун түннүгүттэн көстөр сиргэ уйаламмыт чаччыгыныардары арагаайкатынан ытыалыы сатаабатаҕа. Хата атын сиэмэх көтөр кэллэҕинэ көмүскэһэр санаалааҕа.

Арааһа чаччыгыныардар сымыыттара тэстэн оҕолоро таҕыстахтара буолуо дии санаан суорҕанын киэр тэбээт, ойон турда. Ырбаахытын кэтэн баран, уҥа атаҕын ыстаанын буутугар булларбакка кылыыҥкайдыы сырытта. Онтон син ыстаанын кэтэн, аны наскытын булаары орон анныгар дьылыс гынна. Хараҥаҕа балачча өр илиитин иминэн харбыалаһан наскыларын булан муостаҕа олорон кэтитэлээн кэбистэ. Хаҥас атаҕар кэппит наскыта тилэҕинэн тэстибитин көрөн, сирэйин сөрүөччү туттан баран хайдах гынабын диэбиттии сөмүйэтин төбөтүнэн тилэҕин тарбаамахтаан ылла, онтон сапсыйан кэбиһээт, ойон туран хостон тахсан барда.

Ийэтэ куукунаҕа ыала дьахтары кытары кэпсэтэ-кэпсэтэ биир кэмник дыыгыныыр сэпэрээтэригэр үүт кутан биэрэ турар, оттон куоракка үөрэнэр эдьиийдэрэ икки өттө аһаҕас киэҥ күүлэҕэ остуол тарда сылдьаллар эбит. Улахан эдьиийэ үлэлии-үлэлии кэтэхтэн университекка, биир эдьиийэ музыкальнай училищеҕа, биирэ иистэҥньэҥ идэтигэр үөрэнэллэр. Бары биир кэмҥэ мустаннар кэпсэтии-ипсэтии бөҕөлөр. Аҕата кыргыттара кэпсэтэллэрин истэ-истэ хаһыат көрө олорор. Улахан убайа кинигэ ааҕа олорон, Баанчык тахсыбытын ачыкытын үрдүнэн көрөн ылла.

Баанчык остуол тардыллыар диэри чаччыгыныар оҕолоро тахсыбыттарын көрө охсон кэлээри, сууммакка да дьиэ кэннин диэки элэс гынан хаалла. Чаччыгыныардар уйаламмыт мастарыгар тиийэн ыттан истэҕинэ анарааҥылара өй-мэйдээх тулуйбат аймалҕанын тартылар. Хаста даҕаны төбөтүн чуут сиирэ-халты түһүтэлээн аастылар. Баанчык ол ахсын этин сааһа дьар гына-гына ыттыбытын кубулуппата. Уйаларыгар чугаһыырын саҕана чаччыгыныардара адьас үрдүгэр түһүөх курдук буолуталаатылар. Ыксаан икки илиитинэн олбу-солбу уҥа-хаҥас далбаатанан ылла. Уйаны өҥөс гыммыта түүлэнэ да илик, сыбыс-сыгынньах биэс оҕоломмуттар эбит. Отон курдук бөлтөрүспүт харахтара дьэп-дьэҥкир тириинэн бүрүллүбүт, өссө да тэстэ илик эбит, ыыс араҕас хаймыылаах айахтарын аппаҥната-аппаҥната ас көрдөөн өрүтэ үөмэхтэһэллэр. Ол аайы сатала суох улахан төбөлөрө сип-синньигэс моонньуларыгар уҥа-хаҥас илибириир. Чаччыгыныар оҕолорун көрө охсоот, Баанчык төттөрү түспүтүнэн барда. Уйалаах көтөрдөр эмиэ хаста да сиирэ-халты көтүтэлээн аастылар. Сиргэ үктэнээт, сиирэ-халты түһүтэлиир чаччыгыныардартан куттанан ньыкыччы туттан баран, дьиэтин диэки сүүрэн истэҕинэ төбөтүн оройугар сып-сылааһынан, ибис-инчэҕэйинэн «чалк» гыннаран кэбистилэр. Баанчык сонно уҥа илиитинэн оройун харбаан көрбүтэ — бүтүннүү чаччыгыныар сааҕа эбит. Тута убайдара чыычаах, чаччыгыныар оройгор саахтаатаҕына тараҕай буолаҕын диэбиттэрин саныы түстэ!!! Сүрэҕэ «парк» гынаат, буута быстарынан дьиэтин диэки ойдо.

Эдьиийдэрэ остуолларын тардан бүтэн ыалдьыттыын, дьиэлээхтэрдиин чэй иһээри олороотторун кытта, дьиэ кэнниттэн нөрүйүөҕүнэн нөрүйэн баран Баанчык сүүрэн кэлэн, буочукалаах ууттан икки ытыһынан баһа-баһа, төбөтүн суунан булумахтаммытынан барда. Күүлэҕэ олорооччулар соһуйан хаалан тугу да саҥарбакка көрөн олордулар. Онтон уоллара баҕанаҕа сааллан турар урукумуонньукка ойон тиийэн илии суунар мыыланы сулбу тардан ылан төбөтүн мыылаланан мулукуччутта. Таалан олорон дьонтон ким хайа иннинэ ийэтэ өйдөннө.

— Хайа, нохоо, бу туох буолан кэллиҥ?! – диэтэ.

Баанчык хараҕар мыыла киирэн олоп-чолоп көрө-көрө:

— О-оо-ооройбор чаччыгыныар саахтаата. Таа-таа-тараҕай буолумаары… — диэбитигэр күүлэҕэ олорооччулар бары күлэн ньиргиһэ түстүлэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0