Олоххо араас буолар. Сороҕор эмсэҕэлээччи киниэхэ куһаҕаны оҥорбут буруйдаах киһини кистиир, уган биэрбэт, уорганнарга эппэт түгэнэ эмиэ баар буолааччы. Өлүөхүмэҕэ биир оннук буруйу арыйдылар.
СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, олохтоох полиция дьуһуурунай чааһыгар «суһал көмө» үлэһиттэриттэн суһал иһитиннэрии киирбит. Кинилэргэ быһаҕынан анньыллыбыт эр киһи эрийбитин туһунан.
Эмсэҕэлээбит эр киһи полицейскайдарга кубарыччы сымыйалаабыт — билбэт дьонум саба түстүлэр диэн.
Ол да буоллар, уорбаланааччы дьиҥнээҕэ кимин оперативниктар сотору кэминэн быһаарбыттар, ол — Самара уобалаһыттан төрүттээх, 40 саастаах, бу киһи бииргэ олорор таптыыр дьахтара эбит.
Буоларын курдук, бииргэ арыгылыы олорон кыыһырсыбыттар, онтон сылтаан, дьахтар куукуна быһаҕынан киһитин түөскэ анньыбыт. Ыар буруйу оҥорон баран, дьахтар атахха биллэрбит, оттон «суһал көмөнү» бааһырбыт эр киһи бэйэтэ ыҥырбыт.
Бу чахчынан РФ Холуобунай кодексатын 111-с ыст. 2-с чааһынан, ол эбэтэр, доруобуйаҕа ыарахан эмсэҕэлээһини соруйан оҥоруу бэлиэтэ баарынан, холуобунай дьыала тэриллибит. Бу ыстатыйанан көрүллэр накаастабыл миэрэ — 5 сылга диэри болдьоххо көҥүлү быһыы.
Биһиги корр., edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.