Тапталы харыстааҥ (сүрэх кистэлэҥэ)

28.01.2019
Бөлөххө киир:

Мин сааспынан отуппар чугаһаан эрэбин, үрдүк үөрэхтээхпин, биир улахан тэрилтэ үлэһитэбин. Кэргэним, оҕом суох. Бииргэ төрөөбүттэр биэспит. Миигиттэн уратылар бары ыал дьон. Төрөппүттэрим мин ыал буоларбын күүтэ сатаан баран, аны мөҕөн-этэн барыах курдук буолан эрэллэр. Кырдьыгын эттэххэ, билигин тус бэйэм олохпор туох да интэриэһиргэппэт. Көргө-нарга, үҥкүүгэ сылдьыбатаҕым олох ыраатта.

Ааспыт өттүгэр мин да таптаабытым, миигин да таптаабыттара диэхпин баҕарабын. Уон сыллааҕыта орто оскуоланы бүтэрбитим. Оскуоланы бүтэрбиппит иккис сылыгар уолаттарбытын аармыйаҕа атаарбыппыт. Онно биир уол миигин таптыырын туһунан барыбыт ортобутугар билиммитэ уонна сулууспалаан кэлэрбин күүтээр диэн көрдөспүтэ. Ол уол миигин сөбүлүүрүн уруккуттан сэрэйэр этим да, улахан суолтаны биэрбэтэҕим. Өссө доҕотторум ортолоругар билиммититтэн хайдах эрэ күлэ санаабытым. Кэлин аармыйаҕа сылдьан суруйбут истиҥ тыллардаах суруктарыгар эппиэттээбэтэҕим.

Бэйэм оскуолаҕа сылдьан биир уолу таптаабытым. Кини да миигин сөбүлүүрэ. Уол миигиннээҕэр арыый сааһынан эдэриттэн уонна көстөр дьүһүнүнэн миэхэ тэҥэ суох ис-киирбэҕиттэн эбитэ дуу, араастаан күнүүлээн сордуур этим. Кэлин дойдубар кэлэн баран ыыппыт суруктарыгар тута эппиэттээбэт буоларым. Хайаан даҕаны иккис, сороҕор үһүс сурук ирдээн кэллэҕинэ дьэ эппиэттээн “абырыырым”. Аны санаатахха, ыраас да дууһалаах, үтүө киһини муҥнаан, тулуйбатыгар тиэрдибит эбиппин.

Кэлин биһиги суолбут арахсыбыта. Мин саатар буруйдаах курдук санамматаҕым. Баҕар, кини миэхэ истиҥ сыһыаныгар үчүгэйинэн хардарбытым, муҥ саатар бэйэм сыыһа быһыыбын өйдөөн бырастыы гынарыгар көрдөспүтүм буоллар, биһиги тапталбыт умуллуо суох этэ. Билигин мин төһө да курутуйдарбын, сороҕор тапталы син балачча билэн хаалбыппыттан эмиэ да астына саныыбын.

Итинэн сибээстээн, мин олоххо саҥа үктэнэн эрэр кыргыттарга сүбэлиэм этэ: уолаттар тапталларыгар сиэрдээхтик сыһыаннаһыҥ, уол куруук үҥэ-сүктэ, көрдөһө-ааттаһа сылдьыахтааҕын курдук өйдөөмөҥ, кинилэргэ ирдэбили олус күүскэ туруоруоххут иннинэ аан маҥнай бэйэҕитин көрүнүҥ диэн.

Кырдьыга, мин даҕаны бииргэ үөрэммит уолум тапталыгар үтүөнэн хардарыахтааҕым тоҕо сатамматаҕай? Ол биричиинэтин ити үөһээ эппитим. Кини билигин даҕаны санаата миэхэ чугаһын билэбин, ол гынан баран, этэргэ дылы, маҥнайгы сырдык тапталын тэпсэн, сирэн баран, билигин кэлэн барар-кэлэр сирим “кыараабытын” эрэ кэннэ бэрт буола сатыырым табыллыбат курдук.

Августа П.

Орто Халыма.

*  *  *

Урут мин эмиэ билиҥҥи сорох ыччаттар курдук, киһи олоҕор дьиҥнээх таптал диэн баарын соччо итэҕэйбэт этим.

Кэлин биирдэ Саша диэн уолу көрөөт, тута хайдах эрэ улары­йан, өйдүүн-санаалыын киниэхэ курдаттыы таттара сылдьар буолан хаалбытым. Чэ, быһата, суругунан кыайан кэпсээбэт гына күүскэ таптаабытым. Хомойуох иһин, бастаан кини миигин сөбүлээбэт этэ, куота сылдьара, көрүстэхпитинэ да, куду-хады туттара. Онтон мин наһаа хомойорум. Ол да буоллар, кытаанах санааны ылынан, тапталбын билинэн сурук суруйбутум, ис санаабын арыйбытым… Онуоха диэри кини хас туттара-хаптара, саҥарара-иҥэрэрэ барыта миэхэ олус күндүтүн бэйэтэ олох сэрэйбэт быһыылааҕа.

Бастаан утаа мин да атыттар курдук: кыыс тапталы маҥнай билинэрин түктэри, сыыһа быһыынан ааҕарым, олус кыбыста санаабытым…

Суох, кини мин тапталбын сиргэ-буорга тэпсибэтэҕэ. Үтүө сыһыанынан, дириҥ убаастабылынан хардарбыта.

Билигин Сашабынаан бииргэбит, олохпут устатын тухары бэ­­йэ-бэйэбитин өйөһөн, куруук дьол-соргу аргыстаахпыт диэн олус эрэнэбит.

Кини миигин таптыыр. Ол иһин мин бэйэбин муҥура суох дьоллооҕунан ааҕынабын уонна ыраас тапталбар истиҥ сыһыанынан хардарбытын, миигин өйдөөбүтүн иһин күндү киһибэр, кэргэммэр, хайдах махтаныахпын билбэппин.

Таптал киһи олоҕор улахан оруоллаах. Онон таптал, дьол иһин туохтан да толлубакка, кыбыстыбакка, туох баар күүскүтүнэн охсуһуҥ. Тапталгытын хараххыт харатын курдук харыстааҥ.

Натана.

Хаҥалас.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0