Тапталлаахтар күннэригэр дьиэ кэргэн кэнсиэрэ

Бөлөххө киир:

Тапталлаахтар күннэригэр Сунтаарбыт улууһун араас нэһилиэктэриттэн талааннаах кэргэнниилэрэ мустан улахан кэнсиэр тэрийдилэр.

edersaas.ru

Толору көрөөччүлээх саалаҕа Сунтаар, Тойбохой, Дьаархан, Элгээйи, Кутана, Күндэйэ, Бордоҥ нэһилиэктэриттэн кэлбит кэргэнниилэр долгуйа кыттыыны ыллылар. Бордоҥтон «Дьүөгэлэр» эбээлэр үҥкүү ансаамбыллара араас омук үҥкүүлэрин толорон көрөөччү сэҥээриитин ыллылар. Киирии билиэтинэн бэртээхэй бириистэр оонньоннулар, бриллианы сүүйбүт дьоллоох көрөөччү үөрүүтэ үгүс буолла.

Тэрийээччилэр СӨ култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Мария, Василий Спиридоновтар салайааччылаах Бордоҥнооҕу «Айыллаан» култуура дьиэтин киинэ.

Мария Кобельянова-Тускулаана, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0