«Тапталга билинии» куонкурус түмүктэннэ

Ааптар: 
14.02.2017
Бөлөххө киир:
Valentine background of red roses and card on wood. Space for copy.

Ааспыт ый бүтүүтэ «YaWoman» бырайыак уонна edersaas.ru сайт тапталга билинии куонкуруһун биллэрбиппит.

Куонкуруспутугар нууччалыы уонна сахалыы истиҥ иэйиигэ билиниилэр киирбиттэриттэн, икки саамай бастыҥы таллыбыт. «Саха сирэ», «Якутия» хаһыаттар уонна ysia.ru сайт суруналыыстарын тэҥ сүбэлэринэн, кыайыылаахтары быһаардыбыт. Ол курдук, саха тылынан тапталга билиниигэ Индиана Феофанова олоҕун аргыһыгар, кэргэнигэр анаан хомоҕой тыллардаах хоһоонунан тапталга билиммитин бары биһирээтибит. Онон бу бөлөххө Индиана Феофанова кыайыылаах буолла.  Хоһоонун бэчээттиибит:

       Арай, эбит диэтэххэ,

Арыый эбэн эттэххэ,

Ааспыт сыллары

Ахта-саныы түстэххэ,

Хоһуун бэрдэ уоланы

Ханыы көртүм сэрэнэн,

Хатан уоттаах хараҕым

Хайҕаабыта сэрэйэн.

Сүрэх түөспэр тэппитэ,

Сүдү күүскэ аспыта,

Сирим кытта эргийтэ,

Силлиэ түһэн ааспыта.

Утуйбатах түүннэрим

Уйгуурпута мин куппун,

Умнуом эбит иннигэр

Уолуппута олуһун…

Онтон бэттэх отут сыл

Олордохпут өйдөһөн,

Олох уһун суолугар

Орох тэбэн, өйөһөн.

Эн- аналым бааргыттан

Элбээн уруу кэҥиибит,

Эн аттыбар бааргыттан

Эбээ, эһээ дэттибит.

Саха симик дьахтара

Сэмэй таһаам баһыйан,

Сэмээр эппэт тылларбын

Сэгээр, тиэртим хоһуйан.

Таптал тыына өрүү баар,

Таппыт таба тайаннын,

Таптал тыла барҕа баай

Талбыт таба туһаннын.


Оттон нуучча тылынан тапталга билиниигэ СӨ үтүөлээх бырааһа Валентин Егоров кыайыылаах таҕыста. Кыайыылаахпыт үс хоһоону ыыппыт:

Анна уонна Валентин Егоровтар

В День Святого Валентина

На нити строк нанизав ожерелья,

Своей любимой поднесу их в дар —

На Празднике влюблённых, без сомненья,

Войдёшь ты королевой в тронный зал!

Склонившаяся челядь, окружая,

Почтительно ведёт тебя ко мне…

Под сводами, божественно-живая,

Рождается «Элегия» Маснэ,

А с образов Святого Валентина

По радуге в оконных витражах

Струится вниз поток ультрамарина,

Меняя его облик на глазах

-Он снизойдёт до наших откровений,

Рукой скрепляя чувственный союз.

Рассыпавшийся жемчуг ожерелий

Расстроил хор сочувствующих муз…

             Накануне перемен

Отразились в окне небеса голубые,

Облака задевают верхушки антенн…

В нашей жизни возможны сюжеты любые

-Я живу накануне больших перемен!

Слава Богу, они очень мною желанны:

Я устал жить затворником старых обид

-Белый снег для меня как подобие манны,

Он надеждой печали мои окропит…

Без неё я плутал в этом суетном мире,

От несчастной любви безутешно страдал

-Откровенность мою никогда не любили,

Проповедовать ложь я, увы, не желал!

Было трудно порой оставаться собою,

Но менять по рублю своё чувство не стал

-Я предчувствием жил скорой встречи с тобою

И такую, как ты, столько времени ждал!

                  Анне…

Когда спокойно на душе,

То сразу хочется влюбиться

Опять в жену свою, что мне

Судьбой дарована – как птица,

Раскинув руки, я лечу

По жизни доброй и желанной,

Крича восторженно «Люблю!»

Той, что зовётся просто Анной!


Куонкуруспутугар көхтөөх кыттыыны ылбыт дьоҥҥо махтанабыт, тапталга билиниилэрин билиһиннэрэбит.

Василий уонна Ангелина Софроновтар

ВАСИЛИЙ СОФРОНОВ кэргэнин Ангелинаны ыал буолбуттара төрдүс сылынан эҕэрдэлиир уонна бу хоһооннору аныыр:

Мин сүрэҕим, тоҕо эн эмискэ чуумпу бэйэҕэр кинини киллэрэҥҥин аймаатыҥ?

Мин санаам, тоҕо эн кими даҕаны билиммэт бэйэтэ киниэхэ иннигин биэрдиҥ?

Мин харахтарым, бу күҥҥэ диэри олох кэрэтин кыайан көрбөт бэйэҕит көрбүккүт барыта сырдыгынан сыдьаайар буолла?

Мин уостарым, хаhааҥҥыттан истиҥ тыллары, ырааhы, үтүөну этэр буоллугут?

Мин дууhам, хаhааҥҥыттан эн олоҕу таптыыр буоллуҥ?

Мин олоҕум, хайа күнтэн эн маннык кэрэ буоллуҥ?

Эйигин билиэм иннинэ билбэтэх санаабын билэммин,

Эйигин көрсүөм иннинэ эппэтэх тылларбын этэммин,

Эйигин мин үйэ саас тухары сүрэхпэр илдьэ сылдьыам,

Эйигин мин устар олоҕум тухары санаабар тута сылдьыам,

Эйигин мин баарым тухары харыстыам,

Эйигинниин мин дьоллоохпун дии сананыам!

Таптыыбын — итэҕэй, бу истиҥ тыллар!

Таптыыбын — эрэн, эн наар мин аттыбар!

Таптыыбын — кэтэс, уустуктары аахайбакка аhардыахпыт!

Таптыыбын — харыстаа, эн биhикки уостубат тапталбытын!

Таптыыбын — бу дьиҥнээх, бу чахчы, бу истиҥ!

Таптыыбын, таптыыбын мин эйигин!!!

АНГЕЛИНА, СЫРДЫК ДА ААТТААХХЫН,

АНГЕЛИНА, КЭРЭ ДА ДЬҮҺҮННЭЭХХИН,

АНГЕЛИНА, ИСТИҤ ДА МАЙГЫЛААХХЫН,

АНГЕЛИНА, НАРЫН ДА КУОЛАСТААХХЫН,

АНГЕЛИНА, ЭН МИЭХЭ КҮНДҮГҮН!!!

Төһө да ыраах буолларбын, хас да сыл-хонук аастын,

Биһиги истиҥ дьолбутун туохха да атастаспаппын,

Сэрэнэн, дьонтон кистээн илдьэ сылдьыам сүрэҕим түгэҕэр,

Тапталбыт кута өрүүтүн умайыа диэн дууһам эрэнэр,

Хас биир этэр тылбар эн эмиэ эрэн доҕоруом,

Баарбынан-суохпунан эһиги тускутугар мин турунуом,

Уйунуом суолбар барытын эн миигин кынаттыырын тухары,

Эн эрэ уоскутаҕын мин санаам түгэҕэр баар сиэмэх кыыллары,

Аттыгар суох күннэрбэр санаабынан мин эн таскар,

Суолгун сырдатар аргыс буолуом эн ханна да буолларгар,

Ардах да буолан, хаар да буолан түһүөм эн ытыскар,

Санаабынан бу олорон бүтүннүү сууланабын эн сылааскар,

Куттаныма туохтан даҕаны эн соҕотох буолбатаххын,

Бааллар дурда-хахха буолар эн икки бухатыырдарын,

Биһигини көрөр-истэр тыыннаах Аанньалбыт эбиккин,

Күүспэр күүс эбэҕин санаам сиппэтэҕин ситэрэҥҥин,

Киһи сиэринэн эйэ дэмнээхтик олоруохха олохпутун,

Ытыспытыгар тута сылдьыахха соһуччу булбут дьолбутун,

Махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын Үрдүк Айыыларбар,

Мин күндү дьоллорум мин аттыбар баалларыгар!!!


Александр уонна Оксана

АЛЕКСАНДР МАКАРОВ таптыыр кыысчааныгар Оксанаҕа маннык истиҥ тыллары аныыр:

Эрэл, итэҕэл, өйдөһүү — бу барыта таптал иэйиитэ, дьикти күүһэ. Таптал туһунан төһө ырыа суруллубутай? Төһө хоһоон хоһуллубутай? Төһө кэрэ тыл этиллибитэй?.. Оттон мин төһө да суруйар дьоҕурум суох буоллар, бу кэрэ иэйииттэн санаам көтөҕүллэн, олохпор баар күндү киһибэр, кырачаан кыысчааммар, тапталым тыыннаах тылларын ис сүрэхтэн анаан, сурукка тиһэн суруйарга сананным.

Сэгэриэм, өйдүүбүн куруук тэйиччи сылдьарбытын, санаатаҕым аайы аттыгар баар буолбаппын, сүрэхпитин куруук ахтылҕан баайарын. Ол эрээри, тулуйар, кэтэһэр, ахтар диэн бэйэтэ туспа ДЬОЛ буоллаҕа! Чыычааҕым, куруук этэҕин “хомойор түгэҥҥэр туох эмэ үчүгэйи санаа” диэн.

Мин куруук эйигин көрсүбүт түгэммин саныыбын. Ол кэмҥэ сэрэнэн кууһан туран кистэлэҥ санаабын арыйбыппар, эн оҕолуу истиҥ мичээргинэн, чоҕулуйбут хараххынан мин сүрэхпин уорбутуҥ. Бу күҥҥэ диэри таптал диэҥҥэ итэҕэйбэт бэйэм, маҥнайгыбын икки сүрэх биир тэҥҥэ тэбэрин истибитим. Ол күнтэн ыла эн сылааскар арахсыбакка сууланаммын, саҥа олоххо үктэммитим. Эн бааргын доҕоруом, мин тыыннаах сибэкким, мин күндү көмүһүм, олохпун байытар соҕотох сулуһум.

Күндү киһим, Оксанчигым, мин эйигин олус күүскэ таптыыбын! Кэлэн иһэр тапталлаахтар күннэринэн итиитик-истиҥник ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Эн эрэ мин олоҕум суолтата, эн эрэ мин дьылҕам бэлэҕэ, эн эрэ мин эрэлим, саарбаҕа суох эрэнэр киһим буолаҕын. Баһыыба аттыбар бааргар, куруук үөрдэ сылдьаргар. Уонна туох да буолбутун иһин биири умнумуох: эн уонна мин сыһыаммытыттан күндү туох даҕаны суох.

Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит уонна «Love story» жанрга хаартыскаҕа түһэргэ сертификаттарынан наҕараадалыыбыт, yawoman@sakhamedia.ru эбэтэр edersaas@mail.ru электроннай почталарга, Whatsapp-таах нүөмэрдэрбитигэр +79142736206; +79142722409 биллиҥ. Куонкуруспутугар көхтөөх кыттыыны ылбыккытыгар махтанабыт!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0