Сибэтиэй Валентин күнүгэр сахабыт дьоно тапталлаахтарын хайдах үөрдүбүттэрин, хайдах кэргэн кэпсэппиттэрин, истиҥ иэйиилэрин бэлэхтээбиттэрин туһунан кэпсиибит.
Иллэрээ сыл сэтинньигэ Покровскай куоракка баһаарынай чаас үлэһитэ Алексей бииргэ үлэлиир коллегаларын көмөлөрүнэн тапталын билиммит. Кини тапталлааҕа оскуолаҕа уруок ыытар кэмигэр, үлэһиттэрин кытары баһаарынай массыынанан кэлэн, кирилиэһинэн ыттан тахсан, сибэкки дьөрбөтө, биһилэх бэлэхтээбит. Ол да буоллар, эдэр киһи үлэ бэрээдэгин кэспитин иһин эппиэтинэскэ тардыллыбыт.Дьокуускай куорат олохтооҕо Сергей Пономарев кэргэнигэр Аннаҕа тапталын уратытык билиммит. Тугу да сэрэйбэккэ үлэтигэр бараары туран, Анна массыынатын көрөн улаханнык соһуйбут: «Массыынабын ыраахтан көрөн баран сүрдээҕин соһуйбутум уонна куттаммытым. Онтон чугаһаан көрбүтүм, массыынабын бүтүннүү тапталга билиниилээх сүрэхтэринэн, кыһыл саарыктарынан килиэйдээбиттэр эбит. Аан бастаан манныгы көрөммүн ис сүрэхпиттэн үөрбүтүм уонна долгуйбутум» — диир. Кэргэнниилэр билигин үс оҕолоохтор.Уопсайга устудьуоннар ортолоругар маннык буолбуттаах. Геолого-разведочнай факультет устудьуона Афоня Аргунов сөбүлүүр кыыһыгар Сахаяҕа 67-c уопсай иннигэр 300-тэн тахса чүмэчинэн сүрэх быһыытын оҥорон «бииргэ буолуохха» диэн эппит. Ол бириэмэҕэ тугу да сэрэйбэккэ сууна сылдьыбыт кыыс ыһыы-хаһыы, соһуйуу-өмүрүү буолбутугар, балкоҥҥа тахсан көрөн олус сөхпүт. Эдэр ыал билигин биир оҕолоохтор.Бииргэ буолбуттара 4-c сылыгар, Айаал Охлопков аармыйаттан эргиллээт, таптыыр кыыһыгар Айта Черкашинаҕа тапталга билиммитэ уонна «кэргэн таҕыс» диэбитэ. Кини табаарыстарын көмөтүнэн кумааҕыга «Выходи за меня» диэн сурук суруйбута уонна ол сурук ортотугар сибэкки дьөрбөтүн уонна биһилэҕи утары ууммута. Эдэрдэр ааспыт сылга уруу киэһэтин тэрийбиттэрэ.Богдан Ордахов таптыыр кэрэ аҥарыгар Айыына Вензельгэ аан-бастаан күүлэйдээбит, бииргэ сылдьыбыт миэстэлэригэр квест-оонньуу курдук толкуйдаан суруктары хаалларбыта. Ол суруктарынан сирдэтэн кыыс бүтэһик миэстэҕэ тиийбитэ. Онно кини таптыыр уола хас да массыынаны төгүрүччү мунньан баран үрдүлэригэр «Мarry me» (кэргэн таҕыс) диэн суруктаах чүмэчилэринэн оҥоһуллубут сүрэх ортотугар кэтэһэн турара. Кыһыл дорожканан кыыһы сиэтэн киллэрэр уонна ис сүрэҕиттэн тахсар тыллары аныыр.«ДЕТСАТ» айар бөлөх 2015 с. «Таптал» киинэтэ сүрэхтэниитигэр «Лена» киинэ театрыгар Петр Попов тапталлааҕар Айта Алексееваҕа «Айта, эн миэхэ кэргэн тахсыаҥ этэ дуо?» диэн этии оҥорбут. «Мин олус соһуйбутум. Туох диэн саҥарыахпын билбэт буолуохпар дылы долгуйбутум.Чаҕылхай күннээх саамай дьоллоох күнүм этэ», — диэн Айта санаатын үллэстэр. Оттон Петя: «Киинэ трейлерин көрөн баран бу күн кыыспар этии оҥорорго санаммытым. Тоҕо диэтэххэ, биһиги бастакы сибидээнньэбит манна ааспыта. Иккиһинэн, этии оҥорорго олус сөптөөх, табыгастаах киинэ дии санаабытым. Көмө буолбут доҕотторбор, чугас дьоммор улахан махтал», — диэн кэпсиир.