Хатаска «Тапталбынан арыаллыам» диэн тэрээһин буолла

22.02.2019
Бөлөххө киир:

“Тускул’’ култуура киинэ (Т. Г. Окорокова) “Тапталбынан арыаллыам” диэн тэрээһин иннинэ биирдиилээн кыттааччылары кытта сирэй кэпсэтэн, кэккэ сыллардааҕы баҕа санаабытын толорор үлэни саҕалаабыта.

edersaas.ru

Биир сүрүн сорукпутунан урут сыанаҕа тахсыбатах «атын сирэйи’» булуу, саҥа дьону кытта алтыһыы, сонун дьону кытта сэһэргэһии этэ. Ол да буоллар, сүрүн оруол — таптал этэ буоллаҕа. Инньэ гынан, тэрээһиммитигэр хайаан даҕаны кэргэнниилэр кытталларын ситистибит.

Манна 6 сылтан саҕалаан 54 сылга диэри бииргэ олорбут “ыстаастаах” кэргэнниилэр баалларыттан үлэлииргэ олус интэриэһинэй, умсугутуулаах этэ. Хас биирдии дьиэ кэргэн суруллубатах сокуоннаах, кэһиллибэт кэс тыллаах, кимиэнигэр да маарыннаабат историялаах, мүччүргэннээх түгэннэрдээх буолла.

Ырыаны толоруу, дьоҥҥо тиэрдии таһыма, ырыа уобараһыгар сөп түбэһии, таба тайаныы болҕомтоҕо ылылыннылар. Бу бэлиэтээһиннэр хас биирдии кыттыбыт дьиэ кэргэҥҥэ сыһыаннаахтар.

Сыанаҕа аан маҥнай Клавдия уонна Анатолий Баишевтар, Зинаида уонна Борис Петровтар бэрт холкутук, дьоһуннук, көҥүллүк тыынан таҕыстылар.

Дьэ, манна буолла — ырыа нөҥүө тапталга билинии, истиҥ сыһыаҥҥа саҥа сүүрээни киллэрии. Сорох ырыаҕа көрөөччүлэр толорооччуну кытта тэҥҥэ уйадыйа сырыттылар. Бу буоллаҕа — ырыа сомоҕолуур, түмэр күүһэ.

Кэнсиэри эҕэрдэ үҥкүүтүнэн биэс дьиэ кэргэн саҕалаата. Маны таһынан “Айхал’’ ансаамбыл дьиэ кэргэннии пааралара Татьяна уонна Константин Жирковтар, Александра уонна Алексей Мокрощуповтар чахчы даҕаны кырдьыбат дьылҕалаах “Кырдьыбат вальсы” үҥкүүлээтилэр. Хоһоон хонуутугар, сырдык иэйии биһигэр Николай Иванов киллэрдэ.

Көрөөччүлэр тэрээһини ууларыгар-хаардарыгар киирэн көрө олордохторуна, оонньуу ыытыллан, кыайыылаах ‘’Тот ас’’ диэн дьоҕус тэрилтэттэн уонна тэрийээччилэр ааттарыттан минньигэс туорду тутан үөрдэ-көттө.

Тэрээһиммит өйгө хаалар өрөгөй түгэнинэн “кыһыл көмүс сыбаайбаларын” хас да сыл аһарбыт тумус дьоммут, дьоһун ыалбыт Людмила уонна Азот Чепаловтар, Дагмара уонна Василий Гоголевтар дьоҥҥо-сэргэҕэ көстөн, билигин да кэрэ сэбэрэлэрин ыһыкта иликтэрин, олоххо интэриэстээхтэрин, истиҥ сыһыан иһирэх салгыныгар уйдара сылдьалларын илэ-чахчы дакаастаатылар. Кинилэр ону сэргэ тэрээһиҥҥэ кыттыбыт бары ыалларга ‘’Дьоллоох олох сүбэлэрэ’’ диэн өйдөбүнньүк суругу туттардылар.


Дьэ ити курдук, «Тапталбынан арыаллыам» диэн бэрт сырдык, сылаас, истиҥ тэрээһин кыттааччыларга да, көрөөччүлэргэ да Орто дойду олоҕун биир саамай дьикти бэлэҕин — тапталы уруйдуур киэһэни бэлэхтээтэ.

Сыанаҕа тахсарга сөбүлэммит хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ бириэмэ булан, суолта биэрэн кэлбиттэригэр тэрийээччилэр ааттарыттан ис сүрэхтэн махталбытын биллэрэбит. Махтал — Айталина, Садот Нестеровтарга; Айталина, Петр Михайловтарга; Светлана, Тимур Харитоновтарга; Лилия, Станислав Федоровтарга; Татьяна, Михаил Окороковтарга; Вилена, Виктор Константиновтарга; Зинаида, Борис Петровтарга; Клавдия Анатолий Баишевтарга; Евдокия, Харитон Семёновтарга; Агафья, Петр Баишевтарга; Татьяна, Константин Жирковтарга; Александра, Алексей Мокрощуповтарга; Елена, Роман Обоюкиннарга; Надежда, Николай Ивановтарга; Мария, Филипп Сергеевтэргэ; Александра, Алексей Осиповтарга; Василий, Туйаара Копыриннарга.


Наталья РУФОВА, edersaas.ru сайтка анаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0