Таптал, ыал буолуу туһунан хоһооннор

14.02.2021
Бөлөххө киир:

Бүгүн Тапталлаахтар күннэрэ бэлиэтэнэр. Бу күнүнэн сибээстээн, биһиги эрэллээх ааҕааччыбыт, Уус Алдантан Полина Находкина-Победа хоһооннорун таһаарабыт.   «Таптал диэн дьол! Бииргэ буолбатах да буоллаххына, ыраас үйэлээх тапталы билэр дьол!
Мин бүгүҥҥү хоһооннорум олоххо таптал баарын кэпсииллэр», — диэн Полина-Победа этэр.

УРУУ ИЛДЬИТЭ

Уоллаах кыыс мөссүөнэ
Ыал аайы тарҕанар:
Ыскаапка анньыллар,
Остуолга ууруллар.

Эдэрдэр дьоллорун
Сылыктыыр кэриэтэ
Сыныйа көрөллөр
Ыҥырыы туппуттар.

Дьоллоро, сордоро
Кэпсэммэт, биллибэт.
Сыстыспыт төбөлөр
Бу бүгүн дьоллоохтор.

Сарсын туох киннэри
Күүтэрэ биллибэт,
Бу лоскуй хаартыска
Бэйэтэ да билбэт.

Одуулуу көрөбүн
Уоллаах кыыс мөссүөнүн
Бүгүҥҥү бу дьолгут
Үйэлээх буоллун дуу!

Кыыс оҕо иэйиитэ,
Уол оҕо эрэлэ
Арахсыы, таҥнарыы
Амтанын билбэтин.

КЫҺЫЛ КӨМҮС КӨЛӨӨСКӨ

Кыһыл көмүс көлөөскө
Күүстээх таптал туоһута,
Икки киһи биир суолу
Тэлиэх буолбут мэктиэтэ.

Уҥа-хаҥас сүүрбэккэ
Уйа туттар санаалаах,
Кэнчээритин иитиэхтиир
Кэтэригэр аналлаах.

Көлөөскөлөөх тарбаҕы
Көрө эрэ түстэрбин
«Дьоллоох буолуо дуо?» санаа
Күлүм гынар төбөбөр.

Икки сүрэх биир буолтун
Бигэргэтэр биһилэх
Бигэ буоллун бэлиэтэ,
Дьолу эрэ тосхойдун!

СААХСА ДЬИЭТЭ

Орто сиргэ кэлбиккин,
Аатыҥ-суолуҥ ким диэнин,
Хаһан кимниин ыал буолкун
Сапка тиһэр саахса баар.

Саахса дьиэтин тумнубут
Суоҕа биллэр бу сиргэ,
Аакка-суолга наадыйбат
Арай баар дии үөн-көйүүр.

Саамай кэрэ бу дьиэҕэ
Уруу буолар түгэнэ,
Уолбут кыыһын көтөҕөн
Саахса дьиэттэн тахсара.

Ити дьиэни таһынан
Арыт ааһан иһэммин
Сыбаайбаны көрдөрбүн
Оргууй үөһэ тыынабын.

Тапталлаахпын кытары
Тиийбэтэҕим ол дьиэҕэ,
Дьылҕа хааммыь ыйааҕа
Дьаһайбыта атыннык.

Олох атын киһилиин
Сиэттиспитим мин онно,
Адьас туолбат тыллары
Андаҕайтым аат хара.

Тапталлаахтар булгуччу
Тиийиҥ саахса дьиэтигэр,
Дьолу түстүүр дьоннорго
Дьылҕаҕытын эрэниҥ.

Полина Находкина-Победа, Уус Алдан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0