Таптал уонна дьылҕа (КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
23.03.2017
Бөлөххө киир:

Мин оҕо сааспын түһээбитим. Ыраах хайа уҥуор уу урсуна уонна халлаан чээлэй күөх өҥүнэн силбэһэн күн көмүс толбонугар сууралла сүтэллэрэ. Ол киэҥ да киэҥ өрүс кытыытыгар мин убайбынаан күөгүнэн балыктыы сылдьарбыт. Эмискэ ыраах уу кырсыгар түспүт чаҕыл күн уотугар сүтэ-сүтэ күөрэйэн тыы устан сундулуйан иһэрэ көстүбүтэ, тоҕо эрэ чуо биһиги диэки салаллыбыта. Онно  эйэҕэс, ис-киирбэх эдэркээн киһи олороро. Мичээриттэн сирэйэ сырдыырга дылыта. Кытылга  анньыллаат кини уба­йым биһиккини биирдии-биирдии көтөҕөн ылан ­тыыга олорпута, итиэннэ олус чэпчэкитик ууга дьулуруйан устан барбыппыт. Тунал суһумунан сандаарар үрүҥ көмүс хатыҥнардаах үрдүк биэрэк оргууй халтарыйан ааһара. Ол кэрэтийэн, долгураҥтан  иэйэ сырдаан, убайым чаҕаарыйа күлбүт дорҕооно чуо­раан тыаһыныы чугдаарыйа көтөрө. edersaas.ru

“Дьоллоох да түүл, ыраас, кэрэ уонна көҥүл”, — үөрэ уһуктубуппун өйдүүбүн. Ол түүлбэр көстүбүт эдэркээн киһи эн этиҥ.

Мин эйигин көрөөт да таптаабытым. Сүрэҕим эн эрэ миигин дьолго тиэрдиэххин, олохпор, дьылҕабар бүтүннүү дьайыаххын сэрэйбитэ, ол иһин күүскэ, бүтэҥитик тиҥиргии тэппитэ. Эн иһэриҥ, хайдах эрэ тулаҕар сырдык утахтары, олох утахтарын сандаарда ыһар курдугуҥ. Ол иһин туох барыта тиллэн, күлүмнээн, сырдаан кэлбитэ.

Бырастыы гын миигин, эйигин умнубаппын, ку­руук саныырым иһин. Эн да миигин умнуоххун сатаммат. О, арай, көрсүһэр буолуох, сэрэйэбин, үөрүүгүттэн кууһан ылыаҥ этэ. Эн биһикки олохпутун холбообокко, таптал дьолун билбэккэ соһуччу арахсан хаалбыппытыгар ким да буруйа суох. Кырдьык, сороҕор саныыбын, аал уоту оттон, алаһа дьиэни тэринэн, оҕо-уруу төрөтөн олох олорбут буолуох. Төһөлөөх үрдүккэ көтүөх этибитий? Суох, суох курутуйар дии санаама. Мин дьоллоохпун. Билигин да тыыннаах, дууһабар сырдык иэйии! Эдэр сааспын өйдөөн кэллэхпинэ, нарын музыка тыаһыгар тэлээрэ эргийэр уоллаах кыыс көстөн ааһаллар. Чахчы, эйигин көрсүбүт, эйигин таптаабыт дьоллоохпун.

Уончалаах эрдэхпинэ миэхэ Сындыыс диэн ыт­таах этим. Бэйэм талан ылбытым, бэйэм бүөбэйдээбитим. Күнү быһа оонньуурбут. Ол ыппын суохпуна, биир булчут киһи сөҕө көрөн, сөбүлээн аҕабыттан винчестер сааҕа атастаһан ылбыта. Мин ыппын аһы­йан уһун сайыны быһа мунчаарбытым. Миэхэ хас да ыт оҕотун сыҥалаабыттара да, түҥнэри хайыһарым.

Биирдэ аҕам: “Оҕом эрэйдээх улааттаҕына биири эрэ таптаан муҥнанара буолуо”, — диэбитэ.

Һы, ама олоххо иккис-үһүс-төрдүс таптал диэн баар дуо? Баар арай олох олоро, дьолго, тапталга дьулуһа сатааһын. Ол сороҕор кыаллар, сороҕор ­кыаллыбат. Онтон сүрэххэ, дууһаҕа өтөн киирбит таптал биир. Киһи сүрэҕин кистэлин далайын ким  мээрэйдээн билбит үһүө? Баҕар сыыһарым буолуо.

Кырдьык да Таптал диэн тугуй? Сүрэхтиин-дууһалыын, өйдүүн-санаалыын хараҕыҥ уута ыгыллан тахсыар диэри курдаттыы тартарыы. Онтон туох да ­быыһаабат.

Эмиэ түүл. Мин эйигин түһээбитим. Төбөҕүн курустук  куоҕатан туос тыыга туран эрэ киэҥ да киэҥ өрүс устун сүүрүккэ оҕустаран устан бара турбутуҥ. Хайдах эрэ бу кэрэттэн, киэҥтэн, чуумпуттан уоскуйбут, холкутуйбут көрүҥнээҕиҥ. Тыыҥ тунаара көтөр хопто курдук долгуҥҥа түөрэҥэлии хамсыыра. Эккирэтэ, хаһыытыы, далбаатыы сатабытым да, тохтоо­ботоҕуҥ… Хайа кытылга тиксибиккин, дьоллооххун дуу, сордооххун дуу, мин билбэппин. Арай биири билэбин, олус ыарахан этэ, тапталы сүтэрэр…

* * *

Мин хаһан да харахтаан көрбөтөх дьикти, кэрэ дойдуга баарым. Иннибэр киэҥ муора нэлэһийэрэ, ыраах хаар төбөлөөх хайалар көстөллөрө. Салгына, ырааһа бэрдиттэн, лыҥкыныы тыаһыыра. Күн сырдык утахтара тулабар ардах буолан саккырыыллара. Онно, суһумнас халлаан кырсын дохсуннук тыаҕа көтөн хотой тэлээрэ дайара. Чаҥыргыы саҥарбыта, ты­ҥаан турар чуумпуга хатылана-хатылана хайалар кэтэхтэригэр симэлийэ сүтэрэ. О, тылым тиийбэт, кини модун көтүүтүн сатаан кэпсиэхпин. Хас куорсунун, түүтүн-өҥүн, тумсун быыһынан күн сардаҥалара суһумнаан ааһаллара. Мин сүүрэн тиийэн киниэхэ чэлгийэ үүммүт лаглаҕар талахтан кыһыл көмүс отоннору үргээн ууммутум. Ону көрөн аттыбар кылыйан түспүтэ уонна тоҥсуйан тобугураппыта. Тоҥсуйдаҕын аайы ытыһым кычыгыланара, ол иһин күлэн саһыгырыырым.

Ол хотойу хаста да түһээбитим… Кини миигин ыҥырара.

Оҕом сыыһаа, өйдүүгүн дуо, эн муораны? Тоҕо саҥарбаккын? Суох, суох, умнуоххун сатаммат. Кини эйигин олус тардар, угуйар буолуохтаах. Миигин эмиэ… Билэҕин дуо, эн тоҕо маннык кэрэҕин? Эн муора оҕотоҕун, ол иһин.

О, олох кэмсиммэппин, ол дойдуга олорон ааспыппыттан. Чыычааҕыам, хаһан эмит биһиги онно тии­йиэхпит. Кыыралдьыһа көтөр үрүҥ хоптолор ахтыл­ҕан аргыстаах санньыар тойуктарын истиэхпит. Эмиэ долгуннар тыастарыгар бигэнэн утуйуохпут, сар­сыарда ол ырыаттан уһуктуохпут. Биллэн турар, киэһэ аайы күн барахсан утуйаары муораҕа умсарын батыһа көрүөхпүт. Ол кэмҥэ баҕар, оҕом сыыһаа, мин эйиэхэ биир кистэлэҥи арыйыам.

* * *

Тугу барытын тобулута түһүөхтүү күүстээх ардах түһэрэ. Сытыы тыал сэллээн кэлэ-кэлэ хайыта хаппыт таастар быыстарынан иһиирэн ааһара. Өлгөм оттоох хайа тэллэҕэр ыраах айантан сылайан кэлбит табаһыт дьон түргэн үлүгэрдик хомуна охсоот, ураһаларыгар кирийбиттэрэ. Тэйиччи, умуллубатын диэн, хаппыт мас силиһин кутааҕа бырахпыттара нэһиилэ сыыгыныы сытара, дөрүн-дөрүн онтон хойуу буруо бургучуйан тахсан тыал хайа диэки үрэр да, ол хоту буралла көтөрө.

Арай, айылҕа араас кубулҕаттарыгар кыһаммакка, үөһэ хайа үрдүгэр биир киһи турара. Кини хотойдуу уоттаах харахтарынан кыраҕытык аллара килэри­йэр киэҥ туундараны одуулаһара. Өстүйбүт тыйыс сирэ­йигэр үөрүү да, хомолто да сибикитэ биллибэт этэ. Кини турара, көмүс тарбахтаах мындыр уус киһи ­таастан чочуйан оҥорбут улуу айымньытын санатан.

Санныгар диэри сабырыйан түспүт намылхай хара баттаҕыттан ардах былларыттаҕас былчыҥнардаах, күн уотугар хараарчы сиэппит сыгынньах этигэр быыстала суох сүүрүк буолан түһэрэ. Бу киһи, чахчы, олус кэрэ этэ. О, эһиги кинини көрбүккүт, кини дьоллоох ырыатын истибиккит эбитэ буоллар! Ама, кини көҥүл, кини дохсун олоҕун айхаллаан, үйэттэн үйэҕэ, сырдык номох оҥостон, кэрэ кэпсэл гынан аҕалыаххыт суоҕа дуо?

Модун хайалар, кыырыктыйбыт төбөлөөх муударай күөх хайалар, этиҥ даа, миэхэ, ханнаный кини билигин? Кини күлүмнэс уот сардаҥаҕа кубулуйан, сырдык төлөн буруоҕа суураллан үөһээ дойдуга көтөн тахсыбытын мин көрбөтөҕүм.

Суох, ытык хайалар саҥата суох сөҥөн туруохтара, кинилэр миэхэ хаһан да Повекко олоҕун кистэлэҥин арыйыахтара суоҕа.

— Чэ, мин кырачаан доҕорум, быраһаай, дьонуҥ ситэн кэлбиттэр.

— Повекко, мин… мин эйигин таптыыбын. Умнуом суоҕа. Хаһан эмит көрсүөхпүт буолбат дуо?

— Суох, аны көрсөрбүт биллибэт. Сүрэххэр саатар ырыа буолан хааларым буоллар. Хаһан да аллара көрүмэ, үөһэ көр, Таҥара үөһэ баар. Быраһаай, мин кырачаан доҕорум!

— Быраһаай! – мин сотору-сотору кэннибин хайыһан көрөрүм, окко, үөһэ, кини турара, мындыр уус киһи чочуйан оҥорбут улуу айымньытын санатан…

Санаабар куруук тыһыынчанан көмүс таммахтары күндээрдэ ыһа муора ыллыыр. Ыллыыр эн тускунан, аны мин эйигин хаһан да көрбөппүн… Күһүҥҥү халлааҥҥа саһарҕалаах ый сырдык толбонноруттан сандаара кыыспыт халҕаһа былыттар хаһан да халбарыйыа суохтуу таала сөҥмүттэр. Бириэмэ тохтоон хаалбыт курдук. О, тохтуо дуо кини бэйэлээх! Түүн күнүһүнэн, хараҥа сырдыгынан, кыһын сайынынан солбуллар. Бииртэн биир хонуктар субуллан ааһаллар. Хатыҥ мас хагдарыйан сэбирдэҕи тамныыр, сааскы тыа кэтэҕэр кэҕэ этэн чоргуйар, күн сырал­ҕана күүһүрэр, ардах-хаар таммалыыр. Ааспыт ахтылҕаҥҥа кубулуйар, кэлэр кэм ыраҕа сандаарар. Олох салҕанар. Оттон эн суоххун. Өлбүт киһи өрүттүбэт, кэхтибит сибэкки тиллибэт. Барыта ааһар уонна төннүбэт. Аны мин эйигин хаһан да кууспаппын, эн кэрэ ырыаҕын истибэппин. Эн биһикки олоробут олох икки тус-туспа сүүрээнигэр. Хантан эрэ кыраман ыраахтан бэйэ-бэйэбитигэр күөх  толбон, тунаархай уот буолан туналыйа сырдыыбыт, музыка, ырыа эрэ буолан дьиэрэһийэн ааһабыт…

Махтал буоллун эйиэхэ, биир кэрэ сибэтиэй киһиэхэ!

* * *

Чуҥкук да этэ ол киэһэ! Аарыма долгуннар сырсан кэлэн сымара тааска охсуллаллара. Оччоҕо үрүҥ көмүс таммахтар бытарыс гынаат күндээрэ ыһыллаллара. Ол курдук долгуннары одуулаан төһө өр олорбуппун өйдөөбөппүн. Мин эдэркээн күндү доҕорбун ахтан айманарым. Кинини эргиппэппин, төһөнөн дириҥник иҥэн-тоҥон өйдөөтөҕүм аайы сүрэҕим бааһа нүөлүйэ ыалдьара. Уоскулаҥы көрдөөн бу дойдуга кэлбитим эбээт. Оннооҕор бу улуутуйар дьикти айыл­ҕа, нэлэһийэр күөх муора, тулалыыр модун хайалар саатаппатылар. Син-биир тулам кураанах, чуҥкук. Төттөрүтүн, ахтылҕаным өссө күүһүрбүт. Санаам-­оноом быста-быста силлиһэрэ, эмиэ да төрдө-түмүгэ көстүбэккэ эрэйдиирэ. “Барыта бүттэ!” – ыар санаа чаҕылҕанныы быһа курбуулаабыта. Олоҕум суолтатын сүтэрбит курдуга. Эмискэ кэннибэр атах тыаһа иһиллибитэ.

— Мин кырачаан доҕорум, акаары буолан олохтон сылайбыт, — диэн сөҕүмэр холку-эйэҕэс куолас иһиллибитэ.

Дьиктиргээн кэннибин хайыспытым, бүтүннүү таба тириитэ таҥастаах биир киһи турара.

— Эн… эн кимҥиний?

— Повеккобын.

— Ха… хантан кэллиҥ? — мин чахчы муодарҕаабытым. Бу киһи үөйбэтэх-ахтыбатах ыраах сиригэр ким да кэлбэт-барбат этэ.

— Оол хайалартан…— мичээрэ сылааһыан! Киниттэн тыал, үрүччэ, сибэкки сыта кэлбитэ. Сарсыардааҥҥы сиик таммах кэриэтэ ып-ырааһынан илгийбитэ, — эн ыраахтан сылдьаҕын быһыылаах.

— Соннук. Саха сириттэн.

— Куотан кэлбиккин да, бэйэттэн куоппаккын.

— Оннук эбит. Муора күүс эбэр.

— Манна дьиктилэр элбэхтэр. Эн өссө да элбэҕи көрө иликкин.

— Ама, мантан ордук кэрэ сирдэр бааллар үһүө?

— Биллэн турар, мин үйэм тухары хайаларга олорбут киһибин. Дьонуҥ уонча хонугунан ситэн кэлиэхтэрэ. Эйигин тэһийбэт-тулуйбат, илдьэ бар диэбиттэрэ.

— Оннук ээ, мин айылҕаҕа олоро үөрэммэтэх киһибин. Илдьэр буоллаххына барабын.

Сындалҕаннаах айан этэ. Туундаранан, хайанан,  маардарынан хаама үөрэммэтэх киһи дэлби сыла­йарым. Оччоҕо Повекко сэргэхситэ сатыыра, элбэх киһи үөйбэтэх-ахтыбатах түгэннэрин кэпсиирэ. Хаһан да, ким да миигин итинник  бүөбэйдээбэтэҕэ. Миэхэ оҕо курдук сыһыаннаһара, суулаан утутара, астаан аһатара, санныгар сүгэрэ. Тоҕо эрэ миигин эйэҕэстик, “мин кырачаан доҕорум”, — диэн ааттыыра.

— Повекко, эн хас саастааххыный?

— Бэйэм да билбэппин, арааһа элбэх буолуо. Дьоллоох дьон эбиппит, хата ардах, тыал түспэтэ. Өссө да уонча хонук бу маннык туруо.

— Биһиги ханна баран иһэбитий?

— Дьээ-рэ, мин ити ыйытыыны үһүс күммүн күүтэбин. Олох да ыйытымаары гынна дии санаабытым. Мин “арҕахпар”.

— Арҕахпар даа?

— Соннук. Мин эһэ курдук арҕахха олоробун. Билигин илдьэммин эйигин сиэҕим. Куттаныма, оонньоон этэбин. Эн сынньаныаҥ, туох баар мунаах санааларгыттан босхолонуоҥ, итиэннэ сүүс төгүл күүһүрэн бу иирээки олоххо төннүөҥ.

Мин билигин кинини көрсүбүппэр таҥараҕа махтанабын. Билигин харчы, баай өрө тутуллар кэмигэр муна-тэнэ, буккулла сылдьыах эбиппин. Айылҕа ыраастыыр, араҥаччылыыр аналлаах. Бу кэпсээн сорох түгэннэрин сорохтор итэҕэйиэххит суоҕа. Мин онтон хомойо барбаппын.

— Повекко, эн ийэҥ-аҕаҥ кимнээхтэрий?

— Мин ийэбин-аҕабын түүл-бит курдук өйдүүбүн. Оҕо сааспыттан биир эмээхсини умнубаппын. Биирдэ улахан тирии тыыга олорон аҕам аах муораҕа бултуу барбыттара. Ол кэмҥэ буурҕа түспүтэ. Ол ­эмээхсин уоту тула үҥкүүлүү сылдьан түүнү быһа кутурбута. Дүҥүрүн тыаһа сарсыарда биирдэ тохтообута. Киэһэлик, күн кытаран эрдэҕинэ, дэлби илистибит, сылайбыт аҕам аах тиийэн кэлбиттэрэ. Миэхэ ийэм: “Аҕаҕын эмээхсин быыһаата”, — диэбитэ. Кэпсиибин дуо, мин атах-балай, бырадьаага олоҕум туохтан саҕаламмытын?

— Кэпсээ.

Биир түгэни олох бэҕэһээ буолбутун курдук өйдүүбүн. Оччоҕо саас этэ. Мин эмиэ оҕо-оҕо курдук атах-балай барар идэлээҕим. Биһигини ирдэспэттэр этэ. Сороҕор сарсыарда тахсан баран киэһэлик биирдэ дьиэбитигэр төннөрбүт. Биирдэ тыаҕа тахсан кедр талаҕын анныгар саҥа быкпыт чоруун оттору булан сии сылдьыбытым. Ол сылдьан ким эрэ киһи аһыныах ньааҕыныырын истибитим. Оҕо буолан, алдьархай баарын сэрэйбэккэ ол диэки сүүрэн тиийбитим. Көрбүтүм, эһэ оҕотун маһынан баттаппыттар этэ. Оччоҕо хантан билиэмий, эһэ бэрт кылгас кэм­ҥэ барарыгар оҕотун маһынан баттатарын. Олох чугас сылдьар буолуон сөп. Мин чугаһаан  кэлэн маһы түҥнэри анньыбытым. Эһэчээним ойон турбута, кугас түү мээчиктии ойуолаан кэлэн миигин сытырҕалаабыта. Онтон эр ылан имэрийээри гыммыппар ыарыылаах баҕайытык илиибэр хатаммыта. Соһу­йан, хаһыытыы түспүтүм. Ол түгэҥҥэ ынырык ырдьыгыныыр саҥа иһиллибитэ, уун-утары аарыма улахан эһэ барыс гыммыта. Мин кутталбыттан часкыйа түһээт, олоро биэрбитим. Билигин да өйдөөбөппүн, кини хайдах эмискэ баар буолбутун. Биир хара ыт саҕынньахтаах, толуу улахан көрүүлээх киһи миигин харбаан ылан элитэн кэбиспитэ. Мин сымнаҕас муохха тиэрэ таһыллыбытым, аттаан туран иһэн кэннибин хайыһан көрбүтүм, били киһим мас эбитэ дуу, сүгэ эбитэ дуу, таас эбитэ дуу, тута  сылдьар тэрилинэн эһэни охсубута. Эһэ төбөтө эһиллэн хаалбыта, быһа барбыт тымырдарынан хаана ыһылла түспүтэ. Ол түгэҥҥэ мин дьылҕам быһаарыллыбыта. Киһим кулахачыс гыммыта, биирдэ-иккитэ ойон кэлэн эһэ оҕотун уонна миигин харбаан ылбыта, итиэннэ туундара устун сүүрэн ойуолуу турбута. Хайа хаспаҕар аҕалан иккиэммитин хаайан кээспитэ, бэйэтэ ханна эрэ элэс гыммыта. Биһиги эһэ оҕотунуун ытаһа хаалбыппыт. Мин хайаларга барбыт дуу, муммут дуу дьоннор тустарынан истэрим. Ким эмит сүттэҕинэ “барбыт дьоннор” илдьибиттэрэ буолуо дииллэрэ. Оннукка түбэстэҕим дии санаабытым. Эһэчээним ньааҕыныы түһэн баран атаҕым анныгар кирийэн, утуйан хаалбыта. Олорбохтуу түһэн баран мин эмиэ таба тириитигэр сууланан утуйбутум. Ол киһилиин балай да уһуннук олорбутум. Чопчу бачча сыл диэн этэр кыаҕым суох. Биирдэ кини бултуу барбыта. Ыраахтан: “Өллүм, дьоҥҥор төнүн”, — диэн илдьит ыыппыта. Мин кинини хас да күн күүппүтүм. Кэлбэтин билэн, ытыы-ытыы таах мээнэ баран истэхпинэ дьоннор булан ылбыттара.

Ол кэмтэн үтүмэн үгүс сыл ааста. Мин таҥараны, айылҕаны, сири, халлааны, иччилэри кытта алтыһа үөрэммитим. Эн кэлбиккин билбитим, ыҥырар куоласкын эмиэ  истибитим.

— Эн ойуун эбиккин…

Ойууттар диэн атыттар. Мин көннөрү “чараас” киһибин. Эйиэхэ  көмөлөһүөх тустаахпын. Эн тапталтан ыалдьыбыккын. Эйигин эмтиир кини эрэ баар. Оттон мин сүрэҕиҥ уотун арыый мүлүрүтүөм, дууһаҥ аймал­ҕанын уоскутуом, өйүҥ-санааҥ мучумаанын көннөрүөм. Бу орто дойдуга Таптал олус сэдэх. Дьоннор тапталтан куттаналлар. Тоҕо диэтэххэ, таптал та­йаннаҕына олох олорорго олус ыарахан. Ол иһин ыалдьаҕын. Таптал эрэ дьоллуурун Дьоннор билбэттэр. Кинилэр атыны сырсаллар: харчыны, баайы, албан ааты, көрүнньүк көрү. Дьоло суохтарын билбэттэр. Эр киһи уонна дьахтар таптала бу куйаартан, таҥараттан сибээстээх. Кэрэҕэ-сырдыкка, ­ырааска, айылҕаҕа, киһи аймахха таптал онтон саҕаланар. Киһи уйана-хатана бу кэмҥэ биллэр. Киһи бу тапталга хайдах сыһыаннаспытыттан киһи эбэтэр кии буолар. Эн куруук кинини саныыгын. Хайдах саныаҥ суоҕай, сүрэххин умаппыт мохсоҕолу. Тапталы билбит дьоллоох киһигин. Ама, онтон ордук үрдүк дьол баар үһүө? Кытаат, сүрэҕиҥ уотун умулларыма. Билигин эн уйаныҥ-хатаныҥ биллэр кэмэ. Сүрэҕиҥ суоһуттан дьоҥҥо бэлэхтээ. Оччоҕо дьол­лоох буолуоҥ.

— Повекко, эн наһаа муударайгын, наһаа эйэҕэскин! Сүтүкпүн булбуттуу чэпчии түспүтүм.

— Мин эйиэхэ таптал туһунан хайаан да кэпсиэм. Таптал киһини дьоллоох уонна муударай оҥорор,— Повекко миигин төбөбүттэн имэрийбитэ.

Сүрэҕин суоһун кэччэйбэккэ кини курдук дьоҥҥо бэлэхтиир киһини мин хаһан да көрсүбэтэҕим. Сэрэйэбин, оннук дьоннор элбэхтэрин. Олохпор өссө да көрсүөхтэрин.

* * *

Биһиги муораттан тэйэн маҥнай ким эрэ тыырбыт кыракый ыллыгын батыһан үөһэ тахсыбыппыт. Сотору ыллык сүтэн хаалбыта. Төһөнөн үөһэ тахсаҕын да, айылҕа уларыйан иһэрэ. Тулаҕар таастар, таастар, таастар. Сылаас, тымныы, тыыннаах таастар. Манна олорор норуоттар дэлэҕэ даҕаны таастарга сүгүрүйүөхтэрэ дуо? Иннибэр хаһан да харахтаан көрбөтөх үрдүк хайаларым, көҥүл, сырдык күөннэрин күҥҥэ көөчүктүү, улуутуйа, дьоһумсуйа туттан, туналыһан тураллара.

— Мин кырачаан доҕорум,  бу көстүүнү хаһан да умнуоҥ суоҕа.

Биһиги күрүлгэн аттыгар тохтообуппут. Мин сэрэнэн аллара, өрүһү одууласпытым. Манан өрүс күрүлгэҥҥэ  кубулуйан аллара тохтор. Ону дабайаары үөмэхтэс балык үөрэ күн уотугар кылбачыйа, кыы­райа  ойо сатыыр. Имигэс баҕайытык эриллэ түһээт ыстанан кэбиһэллэр. Ким өрө көтөн тахсыбыт дьоллоох айанын салгыыр. Сорох кыаммат, сылайбыт өттө күүс ылаары сымара таастар күлүктэригэр тохтоон сынньанан ылар. Төһө сынньалаҥ кэлиэй, күрүлэс күрүлгэн  төрдүгэр? Төрөөбүт сир  тардыста, төрүүр-ууһуур, олоҕу салгыыр баҕа күүстээх да эбит. Бу көмүс хатырыктаах уу маанылаах харамайдарын олохторун тиһэх айана. Һрдүгэр, түгэҕэр таастара кырылаан көстөр дьэҥкир уулаах улуу күөл баар, онно тиийэн төрөөн-ууһаан, искэхтэрин хаалларан баран, олох олорон бүтүөхтээхтэр. Ким онно тиийбэтэх кэннигэр кэскилэ суох кэхтэр, аара өлөр. Ол иһин, ол иһин өрүскэлэһэ, өчөһө бу үрдүк күрүлгэни, бу күүстээх сүүрүгү өрө дабайа сатыыллар. Күүстээхтэн күүстээх үөскэҕэ хаалыа буоллаҕа. Ол сырдык уулаах күөл хомотугар тиийбиттэр  олоҕу бэлэхтиир олохтуун бырастыылаһар тиһэх таптал үҥкүүтүн үҥкүүлүөхтэрэ. Онно дьоллоох үҥкүүттэн уу ньуура бурулуйа оонньуо…

— Повекко, балыктар тоҕо  өлүөхтээхтэрий?

— Олоҕу салҕаары. Сайыны быһа сүүһүнэн балык үөрэ хас эмэ мөлүйүөнүнэн искэх хаалларар. Ол ыамалар тугунан  аһыахтарай, өлбүт ийэлэрин-аҕаларын сииллэр. Эн онтон хараастыма. Һөр! Олох сал­ҕанар, бу кэрэ көстүү хатыланар. Мин кинилэри көрдөхпүнэ күүспэр күүс эбиллэр. Эн күүһүрдүҥ дуо? – Повекко тэбэнэттээхтик ыйыппыта.

— Күүһүрэн!

— Оччоҕо барыах, айаммытын салгыах.

Ол киэһэ, күн киириитэ, Повекко “арҕаҕар” кэлбиппит.

—  Киир, — кини хаспах аанын тэлэччи бырахпыта. Мас киллэрэн уот оттубутугар хаспах иһэ сырдыы түспүтэ эркинэ үчүгэй баҕайытык үрүҥ, кыһыл туо­йунан сыбаммыт. Биһиги көмүлүөкпүтүгэр майгынныыр уот оттор  сирдээх. Сиргэ эһэ, таба тириитэ тэлгэммит. Утуйарга атын талаҕынан наара орон оҥоһуллубут, онно от үрдүгэр эмиэ кыыл тириилэрэ кыстаммыттар. Хаспах биир эркинигэр аарыма та­йах  муоһа баар, онно хас да аатырбыт Парень быһахтара, эһэ тиистэриттэн, тыҥырахтарыттан, муостан, уҥуохтан чочуллубут уран киэргэллэр ыйаммыттар. Барыта орун оннугар, уурбут-туппут курдук. Мин хаспах иһигэр туран бу айылҕаны, улуу куйаары кытта биир буоларбын өйдөөбүтүм. Манна түҥ былыргы уонна кэлэр кэм  хатыһа түспүттэрэ.

— Хайа, мин “арҕаҕым” хайдаҕый?

— Һчүгэй!

— Хайдахтаах да аныгы дьиэтээҕэр ордуга буолуо ээ. Суунуоххун баҕараҕын дуо?

— Наһаа баҕарабын  баанньык баар диэбиттэрэ.

— Кэл эрэ манна, — Повекко төгүрүк тааһы тэлэ тарпыта. Бэйэтэ  аттаан хорооҥҥо дьылыс гыммыта. Мин кини кэнниттэн тилэх баттаспытым. Миэхэ барыта сонун, интэриэһинэй этэ. Ол аттаан холлоҕос устун сыыллан иһэн күлэн тоҕо барбытым.

— Маладьыас, киһи остуоруйа дойдутугар сыыллан киирэн иһэн үөрүөх тустаах, — Повекко эмиэ күлбүтэ.

Эмиэ хаспахха тахсан кэлбиппит. Хаһан да маннык кэрэни, дьиктини мин көрбөтөҕүм. Бу хаспах ыраах ханна эрэ иһирдьэ киирэн бара турара. Ол былаһын тухары үөһэ, эркиҥҥэ, оҕуруо курдук уот­таах таастар ыйаммыттар. Онтон-мантан сир аннынааҕы сыккыстар тэбэ сыталлар. Сиик сыта уонна туох эрэ ыарахан сыт кэлэр.

— Манна өр сылдьар сатаммат. Ити туохтар ума­йалларын билэҕин дуо?

— Таастар дии.

— Илиигин тоһуй, мэ,— кини биир уоттаах тааһы ылан илиибэр уурбута.

— А! – мин соһуйан хаһыытыы түспүтүм. Улахан кумаарга майгынныыр үөн эбии ытыспар  сил курдук биһиллибит.

— Хаспах үөннэрэ. Олус сииктээх, сылаас сиргэ үөскээччилэр. Көр эрэ, хайдахтаах кэрэний? Маннык элбэхтик сырдыылларын хаһан да көрө илигим. Чэ, түргэнник суун мыыла-той наадата суох. Атаххар сытар кири сыбанан, ньалҕаарытан баран сайҕанан кэбис. Ити барыта хайа туустара, олус туһалаахтар. Куруук итинник суунарыҥ буоллар кырдьар диэни билиэҥ суоҕа этэ. Тахсар холлоҕоскун умнан атын сиргэ бараайаҕын, бу турар.

Мин суунан, аһаан, сылаам киирэн кытаанах баҕайытык утуйан хаалбытым.

Сарсыарда уһуктан кэлбитим Повекко суоҕа. Мин таҥнан таһырдьа тахсыбытым, кулуһун уматан ас астыы сылдьар эбит. Сыгынньах, синньигэс биилин таба тириитинэн бобо баайыммыт . Сииктээх буолан  бырдах, оҥоойук дып-дыыгынас. Арыый да ­тыаллаах, тымныы.

— Миигин сыгынньах диэн кыбыстыма. Мин таҥаһы  кыһын уонна дьоҥҥо барарбар эрэ кэтэбин. Киһи тыынын-быарын хаайар.

— Эс, тоҕо кыбыстыамый? Эйиэхэ таҥас барбат, маннык сылдьарыҥ быдан ордук, — мин кумаартан сапсына-сапсына чугаһаан кэлбитим. — Хайыа-а, ­эйиэхэ үөн-көйүүр чугаһаабат эбит дуу?

Бырдахтар биир ытыс курдук тэйэ көтө сылдьаллар.

— Билигин эйиэхэ эмиэ чугаһыахтара суоҕа, — кини холкутук хардарбыта. — Аһаҕас халлаан анныгар хонон-өрөөн кэлбитиҥ дии, биир эмэ үөн ытырбыта дуо?

Чахчы даҕаны!.. Туох дьикти киһиний?

— Дьиктиргээмэ, киһи бараммат күүстээх. Билигин арыый акаары, мөлтөх буолан үһүс кыаҕын билбэт, туһаммат.

— Онтон мин туһаныам дуу? – ымсыыран ыйыппытым.

— Суох. Онтон санаарҕаама. Кэм кэлиэ, эйиэхэ да үһүс талаан арыллыа.

— Ол хаһан? Сотору кырдьыам, өлүөм дии.

Повекко  күлэн тоҕо барбыта.

— Киһи өлбөт. Дьоннор ону билэллэр эрээри, итэҕэйбэттэр. Өлбөт куттаах буолан холкулар.

— Ол аата хайдах? Мин иккистээн төрүүбүн дуо?

— Эн куккун таҥара дьаһайар. Мин тугу да билбэппин. Арай, киһи өлбөтүн уонна бу олорор олоҕо сүҥкэн суолталааҕын билэбин.

— Туох суолталааҕый киһи олоҕо?

— Улуу суолталаах! Куйаар дьонноро киһиэхэ сүгүрүйэллэр, киһи аймаҕы олус ытыктыыллар.

— Куйаар дьонноро?..

— Хаһан да бу куйаарга биһиги эрэ баарбыт диэмэ. Сыыһа буолуо. Оттон киһи олоҕун суолтатын кистэлэҥин кэмэ кэллэҕинэ арыйыахтара Хата эн олох олороргуттан үөр. Ыллаа, таптаа, ай, тут, оҕото-уруу­та төрөт. Олох ыарахаттарыттан куттаныма, киһи кыай­бата, сатаабата диэн суох. Мэнээк көмө көрдөһүмэ. Эн кыһалҕаҕын өйдөөн көмөлөһүөх киһи баар буоллаҕына, ону дьылҕаҥ бэлэҕин курдук сыаналаар, харыстаар, күндүтүк санаар. Киһи дьоло бэрт судургу. Олохтон элбэҕи ирдээмэ. Барытын хайдах баарынан ылын уонна салгыы ай, тут.

— Кырдьык даҕаны, олох онто да суох уустук.

— Бүгүн күн киириитэ мин эйиэхэ ырыа ыллыам. Билигин тыалы сырса сүүрүөм. Эн хаал. Тулалыыр эйгэҕин кытта билис. Бэйэҕин билиһиннэр. Айылҕа тыыннаах.

Ыра санаа курдук кэрэ айылҕа. Тулам хайалар! Һөһэ өксөкү кыыл тайаара көтөр. Онтон мин бу сир, халлаан, хайалар ортолоругар соҕотохпун. Һөһэттэн тулабын эргиччи көрөбүн, тоҕо эрэ бэйэбин Таҥара курдук сананабын. Өйдүүбүн, мин Повекконы өйдүүбүн. Кини Таҥара! Билэбин тоҕо кини дьоҥҥо чугаһыан салларын уонна тоҕо ис сүрэҕиттэн кинилэргэ дьулуһарын. Суох, суох мин тугу да билбэппин. Повекко – таабырын, сир-халлаан кистэлэҥэ. Оттон мин кимминий? Мөлтөх, акаары сир чиэрбэтэбин. Маннык кэрэни көрбөккө өлө сыстым. Мин бэйэбиттэн кэлэйэн сиргэ силлиибин. Сүрэхпин саба кууспут өрүкүйүү ааһан биэрбэт. Дьоллоох да киһибин. Тулабын чинчийэ, кэрийэ сылдьан күн ааспытын билбэккэ хааллым. Повекко иһэрин көрөн утары сүүрбүтүм.

— Мин эйиэхэ тугу эрэ аҕаллым. Нэһиилэ буллум, — кини тарын мөһөөччүктэн үүнээйи силиһин хос­тообута.

— Эмтээх от даа?

— Суох, эн “көрүөҥ”.

— Тугу?

— Хаһан да көрбөтөххүн.

— Мин күн аайы хаһан да көрбөтөхпүн көрөбүн.

— Эн тас эйгэни көрөҕүн.

— ?!

Кини илиитигэр күрэҥ өҥнөөх тааһы ылбыта.

— Бу тугуй?

— Һы, таас дии…

— Көрдөххүнэ күрэҥ өҥнөөх боростуой таас, — Повекко тааһы үлтү бырахпыта. Таас ис өттө дьэрэкээн өҥүнэн күлүмүрдүү оонньообута. — Билигин бу тааһы сиэркилэҥ иннигэр уурдаххына киһи барыта кэрэхсии көрүө. Эн көрөр эйгэҥ ис өттө олох атын. Биһиги олохпут ол ис сокуоннарга олоҕуран сайдар.

— Сөп, өйдөөтүм. Быһата, суобас, сүрэх, таптал сокуоннарыгар олоҕуран олоробут.

— Сөпкө өйдөөбүккүн. Чэ, бээ, ити туһунан кэнники кэпсэтиэхпит. Билбэт эйгэҕин туруулаһан, хасыһан билэргэ дьулуһума. Билии бэйэтэ кэлиэ. Билии диэн өй мээрэйэ буолбатах. Мин эһиги курдук оскуо­лаҕа, улахан куораттарга үөрэммэтэҕим да, эһигиннээҕэр элбэҕи билэбин.

— Эн кырдьык үөрэммэтэҕиҥ дуо?

— Кырдьык. Күн-түүн олох, киһи, айылҕа уларыйа турар, биир сиргэ туох да турбат.

Онон бүгүн  ылбыт билииҥ сарсын туһата суох умнууга хаалыан сөп. Эбэтэр ол билиигэр олоҕуран атыны айарга күһэллэҕин. Онон хаһан да, туохтан да кытаахтаһа сылдьыма, сэргэхтик инниҥ хоту баран ис. Билиэхтээххин билиэҥ, көрүөхтээххин көрүөҥ, хаалбыт ситиэ, куоппут күүтүө. Сүрэххин эрэ иһит.

Биһиги аһаан баран кулуһун аттыгар саҥата суох олорбуппут. О, ханна даҕаны сарыал бу курдук хаар­даах хайалар арҕастарыттан тэйэ-тэйэ, халлааны иилии эрийэ кыыһа умайбат. Повекко маҥнай симиктик, оттон улам-улам эрчимнээхтик ыллаан дьиэ­рэппитэ. Кинини кытта хайалар ыллаһан эрэргэ дылылара. Чахчы, аан-маҥнай дорҕоон улуу куйаары дьигиһиппитэ. Оттон туманнар, сулустар үөскээбиттэрэ. Бэйэлэрин күөннэригэр бу биһиги курдук дьоннору бүөбэйдээн үөскэтээри… Ол дорҕооннор сып-сылааһынан дууһабын таарыйбыттара. Хараҕым уута  иэдэспинэн сүүрбүтэ. Повекко үөһэ халлааны көрөр, былыт быыһынан симик уотун ыһар ыйы одуулуур. Баттаҕын тыал үрэйэр. Ити хантан киниэхэ улуу күүс кутуллар? Мин үрүт үөһэ дьирибинэйэр, хатылана-хатылана доллоһуйар иэйиилээх дорҕооннорго суураллан көтөн эрэрим. Тыл сымсах, дьадаҥы даҕаны, хайдах мин эһиэхэ тиэрдиэмий ол ырыа долгураҥ кутун истибиппин.

— Ити эн ырыаҥ дуо?

Манна хас биирдии киһи ырыалаах буолуохтаах.

— Миэнэ.

— Хайдах, хаһан үөскээбитэй?

— Сайын этэ. Мин муора хомотугар балыктаан баран төннөн испитим. Күөх халлааҥҥа күөрэгэй дьурулуура, от-мас көҕөрөн нусхайан саамай кэрэ кэмнэр үүммүттэрэ. Билэҕин дуо, мин сайыны олус таптыыбын. Ол иһэн ардахха баттаппытым. Син тэ­йиччи киһи хорҕойор сирэ баара. Онтубун нэһиилэ булбутум. Киирэн уот оттон, аһаан баран утуйан ­хаалбытым. Түүн алдьархайдаах улахан тыал түспүтэ. Һөһэттэн таас бөҕө саккыраабыта. Маннык кэмҥэ хайа быыһыгар кыбыллан олорор олус кутталлаах. Кыра таастар көөрөттөннөр улахан таастар түһэллэр. Ол иннинэ мин куотарга быһаарыммытым. Чыпчылҕан түгэнэ  лүһүгүрэс тыас иһиллибитэ да, кыбычааммын сымара таастар бүөлүү түспүттэрэ. Мин ол хайа быыһыгар кэлин санаатахха ыйтан ордук кэм хаайтаран сыппыппын. Ардах түстэҕинэ тэстэр этэ. Ону мунньан иһэрим. Тугу-тугу гымматаҕым баарай. Сороҕор түүннэри-күннэри тобуктаан олорон улуу күүстэртэн “быыһааҥ” диэн көрдөһөрүм. Сэниэм эстэн, бүтэр уһукпар тиийэн сыттахпына, кини кэлбитэ. Олох умнубаппын. Кини харахтарын. Харахтарыгар — ааттабыл! Аһыныы! Таптал!

— Эн кимҥиний? — мин нэһиилэ ботугураан ­ыйыппытым.

— Таҥара уолабын. Бу талба кэрэ дойдуну эһиги, айылҕа оҕолоро, эрэ быыһыыр кыахтааххыт. Инньэ диэн дьоҥҥор кэпсээр, — диэбитэ.

— Мин сотору өлүөм, — хараҕым уута ыгыллан тахсыбыта.

Кини илиитин төбөбөр даҕайбыта. Итиэннэ ар­гыый долгуйа устан сүтэн хаалбыта. Мин уйаара-кэ­йээрэ суох ытаабытым. Ол кэмҥэ бу ырыа төрөөбүтэ. Ырыа­лаах өлөр буоллум диэн үөрэ санаабытым. Эмискэ сир хамсаабыта. Эмиэ таас бөҕө саккыраабыта. Онтон тымныы, ыраас салгын ил гыммыта. Мин нэһиилэ аттаан таһырдьа тахсыбытым. Быыһаммыппын итэҕэ­йиэх санаам кэлбэтэҕэ. Син-биир им-дьим хараҥа этэ. Арай  сулустар, түүҥҥү халлааҥҥа суһумнас сулустар мичиҥнии оонньууллар. Сарсыарда, им сырдыыта, көрбүтүм, мастар бары хагдарыйан араҕас сэбирдэҕинэн тамныы тураллара. Сүрэхпин кутурҕан куус­пута, ол эрээри ол лабаалартан чэпчэкитик арахсан тэлээрэ көтөр араҕас сэбирдэхтэр билигин да харахпар көстөн кэлэллэр, — Повекко сонньуйбуттуу хараҥаран хаалбыт саҕаҕы одууласпыта.

* * *

Хас да күн биллибэккэ ааспыта. Мин Повеккоҕа олус  убаммытым. Сотору арахсабыт, итиэннэ кинини хаһан да көрүөм суоҕа дии санаатахпына санаам түһэрэ.

— Повекко, миэхэ таптал туһунан кэпсиэх буолбутуҥ дии.

Мин сороҕор Повекко ыраас харахтарын кыайан утары көрбөппүн. Дириҥэ бэрт. Кини эмиэ тургутардыы миигин одууласпыта.

— Мин кырачаан доҕорум, тулуйан  кэпсиэм дуо? — кини ытыстарынан сирэйин саба туттан саҥата суох олорбута, дьэ онтон кэпсээнин аргыый саҕа­лаабыта:

— Миигин бу күн анныгар тыла суох ыытар, хараҕым уутун ыган таһаарар, сүрэхпин аалар, дууһабын аймыыр, өйбүн-санаабын тууйар ааспат-арахпат үрдүк иэйии баар. Ол мин биир кэрэ дьахтарга тапталым. Бу олорбут олоҕум эрэйэ, эрэлэ, суолтата, төрдө — түмүгэр ол тапталга кэлэн түмүллэр. Таҥара  кинини көрүстүн, кинини таптаатын диэн киһи гынан айан күн сирин көрдөрбүт эбит буоллаҕа дуу дии саныыбын. Билигин да түүлбэр көрөбүн. Дьыл-хонук ааһыа, сүрэҕим ыарыытын эмтиэ, барытын умнуом дии санаабытым да, олоҕум бүтэр уһуга чугаһаатаҕын аайы сүрэҕим өссө күүскэ нүөлүйэн ыал­дьар, дууһам өссө күүскэ кутаалана умайар. Бу күн анныгар киниэхэ тэҥнээх, кинини солбуйуох туох да суох. Төһөлөөх элбэхтэ доҕорбун суохтаан кэлэр сирим кэлии үүтэ, барар сирим баҕана үүтэ буолан хаайтаран, тууйуллан, бобуллан атах балай хаампытым буолуой? Хаста-хаста өлүү көрдөөн ардахха-хаарга сиэлбитим буолуой?

— Сугун буһан, минньийэн, ситэн турар кэмэ этэ. Туундара күөх, кыһыл өҥүнэн киэргэммитэ. Мин эдэр эрдэхпиттэн үөһэттэн долгуйар муораны, хаар төбөлөөх хайалары, киэҥ сыһыылары көрөн туран ырыа ыл­лыыр идэлээҕим. Биирдэ тойукпун ой дуораана хабан ылан ырыых-ыраах илдьибитэ. Мин ону иһиллээн таалан турбутум. Соһуччу иннибэр талахтар быыс­тарыттан биир кыыс оҕо тахсан кэлбитэ. Олус оҕотук көрүҥнээҕэ, тугут  курдук дьиктиргээбиттии көрбүт киэҥ, арылхай харахтааҕа, отон сиэн уостара күп-күөх этилэрэ. Мин кинини наһаа сөбүлүү көрбүтүм, кэпсэтиэхпин баҕаран,  оҕорҕотон, эйэҕэс­тик:

— Сыллыый, эн хантан кэллиҥ? — диэн ыйыппытым.

— Олус да үчүгэйдик ыллыыгыын! — кыысчаан истиҥник унаарыппыта. – Маннык эбиккин дуу?

Тоҕо эрэ сүрэҕим нүөлүйэн ылбыта, сыгынньах сылдьарбыттан кыбыста быһыытыйбытым.

— Эн кимҥиний? — мин кини аатын билиэхпин баҕарбытым.

— Аайабын. Эйигиттэн тоҕо куттаналлара буолла?

— Ол ким миигиттэн куттанарый? — мин күлбүтүм.

— Дьоннор. Эйигин “хайа иччитэ” диэн ааттыыллар. Оттон мин эйигин көрүөхпүн наһаа баҕарар этим. Кырдьык, кыраһыабай эбиккин. Оннооҕор ­эйиэхэ бу тикпитим, — Аайа миэхэ оҕуруо киэргэллээх сутурук саҕа тирии мөһөөччүгү ууммута. — Көрүстэхпинэ биэриэм диэн куруук илдьэ сыл­дьааччыбын.

Мин титириэхпэр диэри долгуйбутум. Ким да миэ­хэ итинник судургутук бэйэтин ис санаатын тиэрдэ уонна миигин ким даҕаны “кыраһыабай” дии илигэ. Долгуйбуппун кистии сатаан эбитэ дуу, эбэтэр киһиргээн күүспүн-уохпун, хайдах курдук эрэппин көрдөрөөрү дуу, мин кинини оҕо курдук көтөҕөн ылан санныбар олордон кэбиспитим, итиэннэ:

— Кытаанахтык тутус! — диэн хаһыытыы түһээт ха­йаны таҥнары сүүрбүтүм.

Аайа кыракый илиилэринэн сүүспүттэн тутуспута, куттанан, эмиэ да астынан хаһыытыы-хаһыытыы күлэн саһыгыраабыта. Аллара тиийэн туруоран кэбиспитим:

— Сыллыый, дьоҥҥор этээр, миигиттэн куттамматыннар, кыһын  таба манаһа тиийиэм, быраһаай, — диэт, сүүрэн элэстэммитим.

— Мин эйигин күүтүөм, кэлээр, — кыысчаан ха­һыытыы хаалбыта.

Мин кыһын дьоҥҥо таба манаһарым. Ол да буоллар дьон олоҕун ситэ өйдөөбөт, сыаналаабат этим. Кырдьаҕастар:

— Киһи буол, кэргэннэн, олохто олор, — диэн сүбэлииллэрэ. Ону тыал тыаһын курдук истэрим. Тоҕо эрэ кыргыттар, дьахталлар миигин сөбүлүүр, аһынар курдуктара. Саас барарбар таҥаспын-саппын тигэн, бэлэмнээн, бэрийэн атаараллара.

Оттон Аайа санаабыттан арахсыбатаҕа. Мин тапталы күүппэтэҕим. Таптал бэйэтэ кэлбитэ. Тугут курдук харахтаах кыыс буолан иннибэр-кэннибэр ирбин­ньэхтэнэ элэҥнээбитэ. Аата нарын дорҕоон буолан уоспуттан төлө көтөрө. Дьоллоох, сырдык, кэрэ да түгэннэр ааспыттар. Таптал диэн таҥара табатын курдук. Ыраахтан да сүүрэн тамайан иһэрин көрдөххүнэ сүрэҕиҥ сүҥкэн үөрүүнэн туолар. Мин тулуйбат-тэһийбэт буолбутум. Аайаны ир суолун ирдээн буллахпына сатанар диэн түмүккэ кэлбитим. Һс ыал кыттыһан таба маныыра. Оҕом барахсан миигин көрөн  кэмчиэрийэн таһырдьа ыстаммыта. Ол кыһын кинилэргэ хаалбытым. Аайа уол оҕо курдук наһаа мэнигэ. Хайдах эрэ түбэһэн куруук бииргэ сылдьарбыт. Муора кытыытыгар кэрэ таастары хомуйарбыт, тоҥуу хаарга сырсарбыт, ыйдаҥаҕа хаамсарбыт. Һксүгэр мэниктээн тахсарбыт. Аайаны бары таптыыллара, бары атаахтаталлара. Биирдэ иккиэйэх хаалбыппыт. Ол түүн им сырдыар диэри таптаспыппыт.

— Повекко, маны биллэхтэринэ дьонум эйигин үүрэллэрэ буолуо, — Аайа хайдах эрэ курус гыммыта.

— Тоҕо?

— Кинилэр миигин эйиэхэ кэргэн биэриэхтэрэ суоҕа. Аҕам: “Кини сырыытын ситиэҥ суоҕа”, — диир. Оттон мин эйигин эрэ таптыыбын. Мин ити тыллартан олус соһуйбутум. Оннооҕор эр дьоннору уйаҕас, мөлтөх курдук көрөрүм. Оттон бу аттыбар сытар кыракый кыысчаан мин олоҕум хас күнүн тулуйуой? Арыт хайа тааһын тобулу үүнэн тахсар кыракый сибэккитээҕэр да нарын, уйан эбээт!

— Аайа, чыычаах, — мин киниэхэ эргийбитим, харахтарын өҥөйөн туран сылаастык сипсийбитим, — аҕаҥ сөпкө этэр эбит. Кырдьык, сырыыбын ситиэҥ суоҕа. Мин дьону кытары сатаан өр олорбоппун, сотору хайаларбар төннүөм.

Аайа  сымыһаҕын быһа ытырбыта.

— Мин тугутчааным, кыыһырыма, ытаама, көрдөһөбүн. Хайалар диэн таастар. Таастар олус  тымныылар, кытаанахтар. Аһынар, арчылыыр диэни билбэттэр. Ол эрээри үрдүктэр, ыраастар, модуннар.

— Ол иһин эйигин угуйаллар, — Аайа миигин ыга кууспута, — биллэн турар, бу биһиги сирдээҕи олохпут эйиэхэ кирдээх, хараҥа, чуҥкук. Ол эрээри, биһиги сылааспыт, аһынабыт, таптыыбыт. Тэбэр сүрэхтээх, итии хааннаах буолаҥҥын аҕыйах кэмҥэ сы­лааспытыгар, тапталбытыгар угуттанан ааһаҕын. ­Буолуо, мин сылааспын, тапталбын харыһыйбаппын. Эйигин, хайа иччитин, көҥүл хотойу, итиэрэн, сүрэххин уулларан ылбыппыттан да дьоллоохпун. Хаһан да кэмсиниэм суоҕа.

Билигин санаатахха, Аайа айылҕа курдук муударай, өйдөөх да эбит, олох оҕо эрээри. Ол саас мин барбытым.  Аайаны умна сатыырым. Сүрэҕим син-биир курдаттыы тартарара. Күн-түүн көрүөхпүн, көрсүөхпүн, кэпсэтиэхпин баҕарарым күүһүрэн иһэрэ. Ол эрээри миигин умуннун, олоҕун оҥоһуннун диэн көрсүөхпүн туттунарым. Биир күн олох өйө-төйө суох барбытым. Кини миигин ыҥырар курдуга. Мин ол хоту сүүрбүтүм. Ыраах ураһалары көрөн тохтуу түспүтүм. Сүрэҕим бөп-бөтүөхтэс. Олорго арыый чугаһаан уоран одууласпытым, арай биир кыыһы көтөҕөн таһааран муора кытыытыгар тааска өйөннөрө олортулар. Һчүгэйдик болҕойон көрбүтүм, Аайа эбит. Сүрэҕим хайда сыста. Хайдах онно сүүрэн тиийбиппин өйдөөбөппүн. Оҕом эрэйдээх, миигин көрөн олус үөрдэ. Оттон харахтарыттан хараҕын уута быыстала суох субуруйар.

— Аайа, хайдах буоллуҥ? — мин тобуктуу түһээт кинини кууһан ылбытым.

— Кэллиҥ дии, кэллиҥ. Өлүөм иннинэ көрүөм дии санаабытым, — кини оргууй сибигинэйбитэ. — Көр эрэ, муора киэҥ, көҥүл, модун, кэрэ даҕаны. Муора эн курдук. Онтон хайалары абааһы көрөбүн. Кинилэр эн куккун дьоннортон уоран ылбыттар. Ол иһин эйигин кытары алтыспыт дьон дьоло суох буолаллар. Ол иһин дьоннор эйигиттэн куттаналлар. Эн… эн киһи буолбатаххын.

— Аайа, инньэ диэмэ. Мин эйигин таптыыбын. Көрдөһөбүн, өлүмэ. Тоҕо күүппэтиҥ? Мин акаары, хоҥ мэйии, син өйбүн тутан, төннөн кэлиэм этэ буоллаҕа дии. Хайдах эйигинэ суох олоруохпунуй?

— Тыыннаах да хаалан туһа суох… Повекко, эн сөпкө этэҕин, күүтүөхтээх этим… Эн барбыккар олоҕум бүппүт курдуга. Наһаа кураанахЇ, чуҥкук этэ…

— Өлүмэ эрэ, миигин хаалларыма, соххор, доҕолоҥ, хайдах да буол! Аны хаһан да арахсыахпыт суоҕа, — киһи эрэ буоллар хараҕым уута иэдэспинэн сүүрбүтэ.

Аайа сарсыарда күн тахсыыта миигиттэн барбыта. Өлөөрү сытан:

— Повекко, миигин уматымаҥ. Мин куттанабын. Миигин муораҕа ыытаар. Мин улуу кит балык буолан устуом. Маҥан дьүһүннээх буолуом, — диэбитэ.

“Билигин мин үрүҥ балыкчааным ханна эрэ уста сырыттаҕа. Ол кытылга мин кинини иккитэ эрэ көрбүтүм. Кэлин истибитим, Аайа мин барбытым кэнниттэн олус соҕотохсуйбут, тулаайахсыйбыт, аанньа аһаабат-сиэбэт буолбут. Биир киэһэ тахсан сүтэн хаалбыт. Ыраах баран үөһэттэн сууллубутун булан ылбыттар. Онно улаханнык эмсэҕэлээбит, тоноҕоһун тоһуппут, — эмискэ Повекко миигин батары көрбүтэ. —  Эн… эн эмиэ муораҕа…”

Суох, суох, мин өлүү туһунан хаһан даҕаны санаабаппын.

— Акаарычаан, хайдах да буолтун иһин олох кэрэ! Мин эйигиттэн биири көрдөһөбүн, толоруоҥ дуо?

— Тугу?

— Кыыстаннаххына, Аайа диэн ааттаар.

* * *

Эмиэ дьикти киэһэ үүммүтэ. Биһиги кулуһуҥҥа иттэн саҥата суох олорбуппут. Айылҕаҕа киһи аҕыйахтык саҥарар. Санааҥ-онооҥ, өйүҥ-дууһаҥ ырааһырар. Чопчу тугу этиэхтээххин этэҕин, истиҥ-иһирэх санааларгын үллэстэҕин.

— Хайа, мин кырачаан доҕорум “көрөргө” бэлэм дуо? – Повекко куолутунан эйэҕэстик ыйыппыта.

— Бэлэммин, — диэбитим эрээри, испэр салла санаабытым.

— Мин эйигин тоҕо “көрдөрө” сатыырбын билигин быһаарыам. Бу тулалыыр эйгэбит хас да өрүт­тээх. Олор бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса ситимнээхтэр. Эн ону өйдөөтөххүнэ олоххо олох атыннык сы­һыаннаһыаҥ.

— Дьикти дии, тугу көрүөхпүн сөбүй? Сөп, “көрөбүн”, — сэргэхсийэ, үөрэ түспүтүм.

Повекко миэхэ сырдык кугас өҥнөөх убаҕас утаҕы ууммута:

— Ис!

Эмп амтаннаах эрээри, иһэргэ үчүгэй. Иһэн бүтэрбитим кэннэ били хатарыллыбыт үүнээйи силиһин ууммута.

— Ыксаама, үчүгэйдик илдьиритэн, ыстаан сиэ, — эмиэ аһыы амтаннаах, ол эрээри тылым амтаны билбэт курдук. Чочумча буолаат күөмэйим кууран хаалбыта, сүрэҕим эриллибитэ. Повекко ону көрөн уу биэрбитэ.

— Кыра-кыралаан, аа-дьуо ис.

— Бу тугуй? – көрбүтүм, куруускаҕа сүлүүдэ курдук өҥнөөх хойуу убаҕас дьалкыҥныыр.

— Уу, ис!

Испитим, тимир амтаннаах.

— Тимир курдук амтаннаах, — саҥам нэһиилэ булдьугураан тахсыбыта. Мин онтон күлэн тоҕо барбытым. Күлүүм айахпыттан уу курдук тохтубута.

— Эчи, дьиктитиэн! – саҥа аллайбытым туох да ис хоһооно суох “дьалкыйбыта”. Ити “дьалкыйбыта” диэн кырдьык этэбин.

Тулам уларыйан хаалбыт. Халлаан дьэп-дьэҥкир таас курдук. Ып-ыраас, эҥин араас өҥүнэн толбоннурар. Күн уота онно тэйэ-тэйэ дьиэрэҥкэйдиир. Салгын хоп-хойуу. Мин онно күөгэҥнии хамсыыбын. Хаһан да бу курдук дьоллоох буола илигим.

— Повекко, эн ханнаҕыный? – Сирим күөрэ-лаҥкы барбыта.

— Бу баарбын, куттаныма. – Сымыыт курдук дьэҥкир уот сандаарар.

— Повекко, эн уот эбиккин дии.

— Киһи — уот! — кини саҥата долгун курдук түмүл­лэн кэлэн түөспэр кэтиллибитэ.

Мин онно тугу көрбүппүн, тугу билбиппин эһиэхэ кэпсиир кыаҕым суох. Бу маннык диэн тиэрдэргэ олус ыарахан. Ол, кырдьык, олох атын эйгэ этэ. Арай биир түгэн өйбөр хатанан хаалан хаалбыта.

Мин эмискэ оҕо сааһым чараҥар баар буолбутум. Сүрэҕим күүстээх ахтылҕанынан туолбут этэ. Хоп-хойуу сэбирдэхтээх хатыҥ лабааларын силэйэн кини тиийэн кэлбитэ. Биһиги куустуһа түспүппүт. Оттон өөр да өр оҕо курдук оонньообуппут. Сылайан эрбэммит чөҥөчөккө олорбуппут. Кини миигин кууспута, сүрэҕин туһунан кып-кыра, ытыс саҕа оҕону хостообута. Оҕо  көрүдьүөс баҕайытык кып-кыра илиилэринэн сирэйин саба туттубута, итиэннэ атахтарын биэтэҥнэппитэ.

— Биһиги оҕобут үчүгэй даҕаны дии… —  кини ытыспар оҕону олордон кэбиспитэ.

Оҕо сардаҥа уокка кубулуйан ытыспар кутуллан симэлийэн хаалбыта…

Уһуктан кэлбитим, күн аҥара буолбут. Повекко аттыбар олорор эбит. Сонно тута куруускалаах ууну ууммута. Кырдьык, дэлби утаппыппын.

— Олох кэрэ! Акаарытык да олорбуппун. Урут сөп диэбит хардыыларым сыыһа эбиттэр.

— Таптал эрэ сыыспат.

Повекко иҥэн-тоҥон тугу көрбүппүн ыйыталаспыта. Мин төһө тылым тиийэринэн барытын кэпсии сатаабытым. Оттон олорбохтуу түһэн баран:

— Һчүгэй, кини эйиэхэ эргиллиэ. Оҕолонууһуккут. Кини оҕотун кута эйиэхэ баар эбит, — диэбитэ.

— Суох. Мин киниэхэ олох чугаһыам суоҕа. Ол кэриэтин соҕотох сылдьыам.

— Чугаһыаҥ. Таптыыр буоллаххына, чугаһыаҥ.

— Повекко, мин эйигинэ суох хайдах олоруохпунуй? Эн курдук киһи бу аан-дойдуга суох. Мин эйигин таптыыбын.

— Кэбис, мин кырачаан доҕорум, инньэ диэмэ. Манна кини тиийэн кэлэрэ буоллар, тугу барытын умнан туран утары сүүрүөҥ этэ.

— Эн ону билэҕин?

— Билэн. Биир үчүгэйкээн уолчаанныын холбо­һоору сылдьыбыккын. Онуоха биир сааскы ылааҥы күн Кини тиийэн кэлбитэ. Эһиги көрсүбүккүт. Хо­йукка диэри күүлэйдээн бөһүөлэк устун хаамсыбыккыт. Оттон эн, ол уолчааны хаалларан, улахан куоракка төннүбүтүҥ.

— Тоҕо барбытым буолуой, тоҕо суруйбатаҕым ­буолуой? Барыта киниттэн! Билигин үйэм-сааһым тухары дьоло суох соҕотох сылдьыам.

— Уоскуй! Өйдөө, эн олоххор, эн сыыһаҕар-халтыгар ким да буруйа суох. Эйиэхэ барыта иннигэр. Көрөөр даҕаны.

— Эн эмиэ биири эрэ таптыыгын буолбат дуо?

— Мин сыыспыппын. Дьонтон тэйбитим сыыһа эбит. Биир кыыһы сөбүлүү көрбүтүм да, чугаһаабатаҕым. Кэһэйбитим, куттаммытым, саллыбытым бэрт этэ. Дьиҥинэн, дьахтары таптаан, оҕо-уруу төрөтөн, кыһалҕаны-эрэйи муннубунан тыыран олох олорбутум буоллар быдан ордук буолуо этэ. Аны кэлэн кэмсинэн туох туһа кэлиэй?

— Ол аата хаһан да дьоллоох буолбаккын даа…аа? — мин ытаан тоҕо барбытым.

— Ытаама! Мин олоҕум көҥүл, кэрэ, сырдык! Мин дьоллоохпун. Эн миигин күндүтүк саныаҥ, умнуоҥ суоҕа буолбат дуо?

— Суох, умнуом суоҕа.

— Ол аата мин өссө төгүл дьоллоохпун, — Повекко миигин түөһүгэр сыһыары тутан уоскутан төбөбүттэн имэрийбитэ.

* * *

Көрсүһүү мин дьылҕабын быһаарбыта. Мин ол остуоруйа курдук кэрэ дойдуга олохсуйан хаалбытым. Биирдэ сааһыары миэхэ үс табаһыт уолаттар тии­йэн кэлбиттэрэ. Чээйдии олорон Повекконы сураспытым. Уолаттар маҥнай «кэпсиибит дуу, кэпсээбэппит дуу» диэбиттии бэйэ-бэйэлэрин көрсүбүттэрэ. Оттон:

— Күһүн Повекко биһиэхэ кэлэ сылдьыбыта. Тоҕо эрэ бараары туран: “Эһиги миигин аны биирдэ эрэ “көрүөххүт”, — диэбитэ. Тоҕо инньэ диэбитин ким да туоралаһа барбатаҕа. Биир күн көһөн иһэн сирдьит табабыт туора  ойон тыаҕа сүүрбүтэ. Бу, Слава, ону эккирэппитэ. Тоҥуу хаары кэһэ-кэһэ сүүрэн иһэн көрбүтэ, арай, маска киһи өйөнөн олороро. Ол Повекко этэ. Өлбүтэ ырааппыт быһыылааҕа. Һөһэ, халлааны көрөн олороро. Дьиктитэ диэн, кинини биир да көтөр, кыыл да тыыппатах этэ. Дьону түмэн ытык сиргэ аҕалан умаппыппыт…

Мин саҥата суох турбутум. Болкуоҥҥа тахсан суһуктуйан эрэр халлааҥҥа биир эрэ чаҕылхай сулус тыган турарын одууласпытым. Сир, халлаан, олох кураанахсыйан хаалбыт курдуга. Эмискэ оҕом уһуктан ытыыр саҥатын истибитим. Сып-сылаас, сып-сымнаҕас оҕобун түөспэр ыга кууспутум.

— Олох салҕанар, бу кэрэ көстүү хатыланар, — кулгаахпар Повекко холку куолаһа иһиллэн ааспыта.

— Чыычаах, эн биһикки дьоллоох буолуохпут. —  Туман эмиэ сырдаан кэлбитэ. — Эн тускар мин барытын тулу­йуом, барытын уйуом. Көрөөр даҕаны, ха­йаан да дьоллоох буо­луохпут!

Лариса Айаар, «Чолбон» сурунаал.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0