Таптал таҥнарыыны билиммэт

Ааптар:  Айталина Никифорова- Шадрина
07.05.2023
Бөлөххө киир:
Катя ийэ таптала диэн тугун билбэккэ улааппыта. Ийэлээх, аҕалаах эрээри, ийэтин кытта сылаас сыһыан суоҕа. Арай аҕата ийэ да, аҕа да оруолун толору солбуйбута. Кини аҕата – сэрии бэтэрээнэ. Кыра сылдьан, оҕолор аҕатын “эһээҥ” диэтэхтэринэ, кыбыста саныыра.

Дьиҥэр, аҕата Уйбаан сааһынан атын бэтэрээннэртэн эдэр этэ, кини фроҥҥа сэрии бүтэһик сылларыгар ыҥырыллыбыта. Японияны кытта уоттаах кыргыһыыга түбэһэн, сэрии бүппүтүн кэннэ түөрт сыл буолан баран, Сахатын сирин булбута. Сэрии хонуутуттан аҥаар атаҕын сүтэрэн икки баттыкка өйөнөн кэлбит киһини чугас дьонуттан ким даҕаны көрсүбэтэҕэ. Ийэтэ Кэтириис муҥнаах кэргэнин, үс уолун сэриигэ сүтэрэн, ыар санаа баттыга буолан уһаабатах этэ. Онон Уйбаан, чороҥ соҕотох да хааллар, бу эйэлээх олоххо оло­руон наада. Аҥаар атаҕын тобугуттан аллараа өттүн маһынан солбу­йан, үлэһит илии­-атах тиийбэт сэрии кэннинээҕи кэмҥэ доруобай киһиттэн улахан итэҕэһэ суох сананан сылдьыбыта.

Ханнык үлэ көстөрүнэн дьону кытта бииргэ үлэлээн барбыта. Биир да киһи Уйбаан атаҕа киэһэ сүллэччи иһэн хаалан эрэйдиирин, наар биир атаҕар тирэнэн аны икки өттүгүн уҥуохтара бу хайа барыахтык хас хамсаннаҕын аайы ыалдьарын билбэт. Ыарахан үлэ аҥаар атахтаах киһиэхэ кыаллыбат сорук ээ. Хата, хол­­куос бэрэссэдээтэлэ, кини ааҕарга-суоттуурга дьоҕур­дааҕын санаан, сотору буҕаалтырынан анаабыта. Онон хонтуора үлэһитэ буолан, доруобуйатын туруга сыыйа көнөн барбыта. Кинини хара сарсыардаттан им сүтүөр диэри мас суотунан үбү-харчыны ааҕан лачырҕата олорорун биир дойдулаахтара үчүгэйдик өйдүүллэр. Кыракый холкуос үбэ да биллэрэ буолуо эрээри, Уйбаан майгыта оннук, сүүстэ бэрэбиэркэлиэ, ол оннугар үлэтин түмүгэр саарбахтыа суохтаах.

Сэрии обургу үгүс эр киһини имири сотон ааһан, сир-сир аайы эр киһи тиийбэт. Онон Уйбаан Дураайап дэриэбинэ огдообо уонна эргэ бара илик саастарын сиппит дьахталларын болҕомтолорун киинигэр сылдьыбыта. Мас атаҕын аахсыбатахха, бэрт ис киирбэх көрүҥнээх. Үрдүк көнө дьылыгыр уҥуохтаах, хара хойуу баттахтаах, бөлтөйбүт киэҥ хара харахтаах, улахан тоҥсоҕор муруннаах, кыаһаан хааннаах эр бэрдэ элбэх кыыс-дьахтар хайҕахтаах хара быарын хамсаппыта. Аны Уйбааныҥ – хол­­куос хара үлэһиттэрин кытта тэҥнээтэххэ, ыраас, чэнчис.

Арай биир күн дэриэбинэ иһэ улаханнык долгуйбута. Элбэх дьахтар сүрэҕэ алдьаммыта. Киһи үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн Уйбааннара “сиэн түһэрбитэ”. Кимиэхэ даҕаны иэмин-дьаамын биэрбэккэ сылдьан, эмискэччи оскуоланы аҕыйах сыл­лааҕыта бүтэрбит, сүүрбэтин саҥа ааспыт кыыһы кэргэн ылбыта иһиллибитэ.

– Хотуой, Агааша, иһиттиҥ ини? Уйбааммыт ойохтоммутун? – дэриэбинэлэрин сытыы тыллаахтара Огдооччуйа обургу биир сарсыарда, оскуолаҕа саабыстыыр Мария Петровна дьиэтигэр киирээт, аан боруогуттан чоргуйбута.

– Истиминэ. Буолар да эбит! Уйбаантан итинник быһыыны күүппэтэхпит! Буолаары буолан, бээһээҥҥи оскуола оҕотун ойох ыллаҕа үһү! Ол Нина кыыс тоҕо даҕаны бэйэтиттэн лаппа аҕа, аҥаар атахтаах киһиэхэ эргэ барбыта буолла? Бэйэтин саастыылаахтара аҕы­йахтарыгар дылы!

– Дьэ, этимэ даҕаны! Кыймаҥ­наан кыыс оҕото этэ уруккуттан даҕаны! Ийэтэ кимтэн оҕоломмута биллибэт ээ, ити кыыһы. Тыыннаах эрдээх эрээри, киһиттэн булбут сурахтааҕа ол Палаша. Сураҕа, өйдөөх, кырасыабай оҕолоноору, үс кыыһын үһүөннэрин булаттаабыт.

– Эс, Огдооччуйа, аһары барыма! Ама даҕаны кыргыттара бары булумньу буоллахтарай! Сүрэ да бэрт дии! Оҕонньордоох буолбат дуо?

– Билэр буолан этэбин! Эн мин албыннаабыппын хаһан истибиккиний? Оҕолорун барыларын үөрэтэҕин дии, бары атын-атыттар буолбат дуо?! Маарыннаспаттар төрүкү! Палаша бэйэтэ да, оҕонньоро да хара бараан дьон, оттон ити кыргыттарын көр ээ! Куба курдук кылбаа маҥаннар, кырасыабайдар, эбиитин өйдөөхтөр! Ол эрэн, баҕар Палашаҥ сөпкө дьаһаммыта буолуо. Буор иһээччи эриттэн буолбакка, үөрэхтээх-хамыһаар дьонтон төрөөн, кыргыттара билигин бары үөрэх мааны дьоно буолан эрэллэр.

– Нината эрэ ити таах сылдьар. Оскуола кэнниттэн үөрэххэ да киирбэтэ, аанньа үлэтэ да суох олорор. Тугу да гынара суох буолан, саатыы сатаан, Уйбааҥҥа эргэ барда дуу, хайдах. Уйбааны аһынабын.

– Аһыныахха сөп эрээри, чуумпу күөл абааһылаах диэбиккэ дылы, киһибит иһэ эриэн буолан биэрдэ буолбат дуо? Эдэргэ ымсыырбыта оччо буоллаҕа! Чэ, мин бардым! Киэһэ киирэ сылдьыам, атын учууталлар тугу дииллэрин кэпсээр эрэ! – диэн баран, Огдооччуйа киирэр ааны лип сабан, улахан соруктаах киһилии туттан-хаптан тахсан барбыта.

Үүнэн турар оту тосту үктээбэт курдук намыыннык тутта сылдьар, чачархай баттахтаах, ыйаастыгас харахтаах, сырдык сэбэрэлээх Нина дэриэбинэҕэ аатырбыта. Дьахталлар тута кыыс Уйбааҥҥа эргэ барбыт төрүөтүн булбуттара. Таптыыр уола соҕуруу куоракка үөрэнэ барбытын бырастыы гыммакка, соруйан, Уйбааҥҥа эргэ барбыт диэн быһаарыы баар буолбута.

Хайдаҕын да иһин, Уйбаан кыыһы ис сүрэҕиттэн таптаабыта. Эдэр кэргэнин хайдах маанылыан билбэт. Сотору холкуос саҥа туттарбыт уопсай дьиэтиттэн биир кыбартыыратын туруорсан ылбыта. Эдэр ыал оҕоломмуттарыгар дьахтар аймах тыла тута уҕараабыта, дьэ, ыалынан билиммит курдук буолбуттара. Кыыстарын Уйбаан ийэтин аатынан Кэтириис диэбиттэрэ.

Уйбаан күнэ-ыйа оҕотуттан тахсар. Төрөппөтөх эрэ буруйдаах курдук, оҕотун таҥаһын сууйар, өтүүктүүр, түүн уһугуннаҕына көтөҕөн ылан бүөбэйдиир. Ийэтэ нэһиилэ үс ый эмтэрэн баран тохтоппута.

– Эйиэхэ мин ыанар ынах буол­батахпын! Фигурабын харыс­тыахпын наада! – диэн буолбута, Уйбаан, саатар, алта ыйыгар диэри эмтэр диэн көрдөспүтүгэр.

Онон аны оҕотун аһылыгын булуу кини түбүгэ буолбута. Хата, оҕону аһатар бэлэм бороһуок астар кэлэннэр абыраабыттара, ол быыһыгар убаҕас хааһы, сыата суох миин буһаран оҕотун бэйэтэ көрөн-истэн улаатыннарбыта. Эдэр кэргэнэ баарыгар баһыыба этэ. Ыал аҕата, кырдьыга даҕаны, икки оҕолоох курдуга. Кэргэнин иннигэр-кэннигэр түһэн, хаппырыһыын барытын толорорго кыһаллара.

– Мин үөрэниэхпин баҕарабын, – биир киэһэ аһыы олорон, Нина атаах оҕолуу унаарытта.

– Оҕобут арыый улаата түстэҕинэ үөрэниэҥ этэ. Биир үһүгэр эҥин.

– Билигин үөрэммэтим даҕаны үөрэҕэ суох хаалабын! Хайдах, кырдьан баран, эдэр оҕолору кытта үөрэниэмий? Эбэтэр эн миигин отой үөрэттэримээри гынаҕын дуу? Бэрт киһи, хотоҥҥо анньыый өссө!

– Нинаа… Чыычаах, мин үөрүү­нэн үөрэттэриэм эйигин. Баҕарар буоллаххына быйыл сайын куоракка баран туттарсаар. Ама, хайаан, эйигин хотон ыарахан үлэтигэр киллэриэмий. Олох даҕаны үлэлээбэккэ оҕоҕун көрөн олоруоҥ этэ, өссө эбиллиэ этибит дии.

– Суох! Уонна оҕоломмоппун! Айакка!

Нина, сайын үөрэххэ туттарсан, университекка киирбитэ. Кини бииргэ үөрэнэр, оҕото-уруута суох эдэркээн устудьуон кыргыттартан туох да уратыта суох көҥүллүк сылдьыбыта. Нинаны кэргэннээх, оҕолоох буолуо да диэбэттэрэ. Уйбаан устудьуон оҕолоох киһилии сыһыаннаһан, хамнаһын бүтүннүү кэргэнигэр куоракка ыытан, биэс сылы быһа үөрэттэрбитэ. Ийэлэрэ сылга иккитэ каникулугар кэлэн барара. Дэриэбинэ иһигэр эмиэ араас хоп-сип, кэпсэтии барбыта даҕаны, хата, Уйбаан кулгааҕа бүөлээх, хараҕа сабыылаах. Нинатыгар бүк эрэнэр да – бүттэ. Кэргэнэ биир сайын дипломнаах үлэһит буолан кэлбитигэр киниттэн ордук дьоллоох киһи суоҕа. Бэйэтэ үрдүк үөрэҕи бүтэрбит саҕа санаммыта. Көрсүбүт дьонугар барыларыгар Нината хайдах курдук дьаныһан туран үрдүк үөрэхтэммитин туһунан кэпсиирэ.

“Биһиэхэ үрдүк үөрэхтээх киһи суох. Хата, кэргэним үөрэхтэннэ. Оо, маны ийэм көрбүтэ буоллар, төһө эрэ үөрэр этэ! Кини наар уолаттарым үөрэхтээх дьон буолуохтара диэхтиирэ. Ханна баарый, сэрии обургу кэскилбитин сарбыйбыта. Мин, дьиҥэр, ахсаан учуутала буолар баҕалаах этим. Адьарай сэрии­тэ ааҥнаабатаҕа буоллар, убайдарбыныын араас идэҕэ үөрэнэн, толору дьоллонон олоруо этибит. Ол ханна баарый… Сэриини ымыччы умнуох­пун баҕарабын. Бачча көҥүл олоххо олорор аныгы көлүөнэ дьон дьоллоох­тор даҕаны. Ону бэ­­йэлэрэ билбэттэр. Оҥоро сатаан олоҕу уустугурдаллар. Үөрэниэххин баҕар­даххына – үөрэн, үлэ диэтэххэ – үлэ. Ас-үөл – талбытыҥ. Нинам барахсан, хата, сөбүлүүр идэтин баһылаата. Аны үлэлиэн наада. Олохпор ылбыт охсуум иһин, араа­һа, дьылҕа бу дьолу миэхэ анаатаҕа. Айыыһыттарбар-иэйиэхситтэрбэр махтанабын!”

Уйбаан сарсыарда, оҕотун саадыгар туттаран баран, үлэтигэр содьороҥноон иһэн, ити курдук эргитэ саныыр.

– Уйбаан, дорообо! Эдэр кэргэниҥ үөрэхтэнэн кылбаарыйда дуу? Саха тылын учуутала идэтин бүтэрбит дииллэр. Булан-булан үөрэммит үөрэҕэ баар! Саамай аҕыйах чаас­таах, аанньа ахтыллыбат биридимиэти талбыт дии кырасаабысса! Эбэтэр миигин биэнсийэҕэ ыытаары үөрэттэрдиҥ дуу? Тохтуургут буолуо! – Кыыдаана Егоровна диэн ытыктыыр учуутала буолан-хаалан турбутугар эр киһи улаханнык соһуйбута.

– Нина идэтин бэйэтэ талбыта. Саха тылыгар оттон эн үөрэппитиҥ дии, ол иһин билиилээх буолан, тута киирдэҕэ. Ким даҕаны эн оннугар дураһыйбат. Оскуола салалтата туох дииринэн буолара буолуо, сэрэйдэххэ!

– Бэркэ сэрэйэн үөрэммиккит, дьэ! Кырасаабысса куоракка эриллэҥнээн хаалара буолуо диэбитим, хайа баар! – диэн часкыйан баран, дьахтар, кынчарыйан ылаат, модьу бэйэтэ кыыһырбыт уоҕар сыыдамнык хаама турбута.

(Салгыыта бэчээттэниэ)

+1
10
+1
0
+1
5
+1
0
+1
4
+1
1
+1
2