Чараас устуорам тыал сипсиэригэр оргууй хамсыыр. Түүл курдук көстөн ааспыт минньигэсчэй сэгэрбин санаан сүрэҕим хамсаамахтыыр. Уҥа-таала таптаһыыттан, килбиэн кэрэ бэйэҕин маанылаан манньыйбыппын санаан, субу аттыбар баардыы санаан сыттыкпын кууспахтыыбын. Оччолорго этэ, эдэркээн этиргэн бэйэҕин умсугуйа кууһан, таптал дуу имэҥ дуу абылаҥар ылларбытым сүрэ бэрт этэ. Тоҕо эрэ нуктуон, нухарыйыан баҕарбат айаас аттыы хамсыыр иэйииттэн уйуһуйбут уйулҕабын тохтотор кыаҕым суоҕуттан, бас бэриммит көҥүл санаабын эйиэхэ эрэ анаабытым. Тоҕо эбитэ буолла, сааһырыы да боруогар ыллардарбын, эн эдэркээн бэйэҕэр ымсыырбыт хаҥыл тойон сүрэҕим имэрийэ көрөр таптыыр күөрэгэйбэр тардыһыым күүстээх этэ. Аҕам сааһым кырыа хаара чанчыктарбар биллэр. Имэҥ таарымтата тапталга кубулуйан, били сырдык түүннэргэ түүл курдук көрсүспүт түгэннэрбит аны хатыламматтар. Саастаах диэн сирбэккэ, толору эккин-сииҥҥин миэхэ анаан, тапталга угуйбут сэгэрбэр махтанабын. Талба талыы таһааҕын таптаан имэрийэн, имэҥ истиҥ иэйиитинэн илбистэрэ илиилэрим. Ибир итии уостаргын имэҥирэн эмэрим, уоскуйбакка уурууртан, салгыбакка сыллыыртан сылаанньыйар буоларым. Дьикти сылаас сүүрээн сүһүөхтэрбин хамсатан, туолбут ыйдыы томтоҕоркоон түөстэргин имэрийэн, киэҥ арылхай харахтарыҥ чүөмпэтигэр саһан, мин умсубутум эн угуйар имэҥҥэр, эн эдэркээн сибиэһэй бэйэҕэр. Кэмчи кэрэ тылларыҥ, наҕыл, холку куолаһыҥ билигин да иһиллэргэ дылы… Ласпаҕаркаан самыыҥ, сымнаҕас илииҥ, имэрийэ көрөр сэмэй бэйэҥ сулус курдук өрүү, дьиэ кэргэммиттэн тэйитэн, ыҥырар миигин билигин да….
Таҕылым таарымтатыгар оҕустаран, эйигин таптаан дьолломмутум. Ханна эмит таба тутан, уоран уураан, таптаан илбиһириэхпин, оҕонньор диэн аны кэлэн чугаһытыаҥ дуо? Эр киһилии ылынан, толору эккэр-сииҥҥэр сыһыары тутуоҥ дуо? Арай илдьэ сылдьаҕын кырачаан оҕобутун, сибэкки курдук улаатыннаран, бэйэбэр майгынныыр кыракый чыычааҕым… Имэҥнээх түүннэрим туоһулара буолан, таҕылым таарымтата ууммут бүтэһик бэлэҕэ эн биһиги кыысчааммыт буолар. Мин буурҕа буолбатахпын, эр киһи сааһыттан ааһан, тайахха тэптэрэн да сырыттарбын, ааспыт сыллар умуннарбаттар эбит эн биһикки кистэлэҥмитин…Эн миэхэ бүк эрэнэн, мин сыттыкпар суһуоххун тэлгэтэн, арылхай хараххынан эрэммиттии, кэтэспиттии имэҥирэ сытарыҥ, оо, ама да ааспытын иһин, билигин да миигин уйуһутар. Көрсөр түгэммитигэр оҕонньор диэн тиэрэ хайыһан ааһымаар, ахтылҕаннаах түүннэрбитин умнумаар… Хаарыаннаахай ханыылааҕым ыраах курдуккун, бу курдук буолар дьылҕаны, оннук түстээх олоҕу кэмсиммэппин отой да… Буруйдаах эн биһикки буолбатах. Эн биһиккини ситимнээбит оччотооҕу уустук сыллар, оччотооҕу эн эдэр кэрэ бэйэҥ…
Хараҥаччы.