Таптал таҥарата

29.04.2018
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Надежда Аржакова-Иванова “Таптал таҥарата” кинигэтэ бэчээттэнэн таҕыста.

edersaas.ru

“…Таптал. Сиргэ ким этиэй Таптал таҥарата хайдаҕын, ол дьикти таҥара ханна баарын? Ханнык халлаан кыырай оройугар дуу, муҥурун булларбат дириҥ далай түгэҕэр дуу эбэтэр ийэ сир хайа уһугар олорорун?” – диэн ааптар бу ыйытыыга эппиэт уустугун билинэн туран, ааҕааччыны бэйэтин таптал хонуутугар сиэтэн киллэрэр. Ол киллэрэн баран, бу кинигэни илиитигэр туппут хас биирдии киһи таптал таҥаратын ойуулууругар, алыптаах тылынан хоһуйарыгар, чулуу куолаһынан ыллыырыгар баҕарар. “Таптал таҥаратын айдахха ол буолуо этэ киһи сиппэтэх улуу айымньыта!!!” —диир.

Таптал өйдөбүлэ киэҥин курдук, араас өттүнэн кэрэхсэтэрэ, сэргэтэрэ, бэл, сонньутара, сэрэтэрэ эмиэ элбэх. Ону ааптар хоһуйуулара кэрэһилииллэр.

… Кэрэни кэмчилээн төрөппүт ийэҕин

Хоргутар, хомотор, ытатар буолумаар.

Кэрэмэс эн иэйииҥ, бүгүҥҥү кыһамньыҥ

Эргиллиэ кэнэҕэс үтүөнэн бэйэҕэр.

Аламай күн курдук алгыһа тиийиэҕэ,

Эн ийэҥ махтала, сүрэҕин сылааһа,

Хайаан да төннүөҕэ, эйигин үөрдүөҕэ,

Ол курдук, олохпут эргийэр төлөһө”

(“Ытык иэс”)

Надежда Алексеевна 46 хоһооно киирбит хомуурунньугар ырыа буолбут уонна оҕолорго аналлаах хоһооннор элбэхтэр. Хоһоон строкалара биирдии-иккилии эрэ тылтан тураллара оҕо өйүгэр тиийимтиэлэр, судургулар:

Кустук, кустук

Кустукчаан,

Кэрэ симэх

Талаһачаан,

Кустук, кустук

Кустукчаан,

Сиэттиһэммит

Үҥкүүлүөх,

Кустук, кустук

Кустукчаан”.

(“Кустукчаан”).

Ааптар билиҥҥи тэтимнээх олоххо олорсон, өбүгэ үгэһин умнуохча буолбуппутун санатар:

Күндү сиидэс умнуллан

Кэтиллибэт буолбута.

Мааны таҥас солкоҕо

Сууланара кыахтаах дьон.

Сибэккилээх сиидэһи

Сэнии көрөр этилэр.

Сиидэспит да баҕалаах” –

Кыаммат дьону сонньуйа.

Кыра-хара киһини

Мыына көрөр буолтара.

Сыллар-күннэр аастылар,

Аны сиидэс таҥаһы

Күндүтүүн” – диир саҥаттан

Сонньуйабын ардыгар.

(“Сиидэс ырбаахы”).

Хайа да бэйэлээх сааска тиийбит иһин, орто дойду олоҕо уонна үрүҥ күн күндүтүн маннык строкаларга ааҕабыт:

Кэрэни кэрэхсиир тухары,

Олоххо тардыһыы быстыбат.

Өй-сүрэх сөпсөспөт

Күл буолуон баҕарбат…

Күлтэн көмөр буолтум,

Көмөртөн уот чох буоллум,

Эмиэ чиргэл маспын

Лабааларбын ууннум күҥҥэ!

Үрүҥ күҥҥэ!!!”

(“Үрүҥ күҥҥэ”)

Надежда Аржакова-Иванова хоһоонноругар соһуччу тэҥнэбиллэр, уобарастар хоһооннорун тэтимин күүһүрдэн, дириҥэтэн биэрэллэр. Холобур, “арай мин мөлтөөбүт эбиппин, ытарҕам кытта сылайбыт”, “көҕөн кустуу көтөн тиийэн, көлүччэм тыыннаах уутуттан минньигэстик истэрбиэн”, “төлөн сүрэҕим умайар уотунан” уо.д.а.

Надежда Алексеевна, “Бэлэх тула санаа” диэн хоһооҥҥор эппиккинии:

“Үрүҥ көмүс уруучукаҥ барахсан үрүҥ көмүс сиэмэ ыстын, үөр сылгылыы өрө сүүрэн, сытыы бүрүөҥ сыппаабатын!”

Надежда ЕГОРОВА, Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0