Саас биир үөрэтэр оҕом тымныйан, олус өр ыалдьан үөрэҕин куоттарбытыгар ыксаан бара сылдьарга быһаарынным. Дэриэбинэттэн тахсан, ойуур быыһынан ойуччу турар сабыс-саҥа дьиэҕэ балачча хааман тиийдим.
Тиийбитим кыыс эбэтиниин иккиэн эрэ бааллар эбит. Эмээхсин тута чаанньыгын үрдүгэр түстэ. Сааскылаанаҕа саҥа тиэмэлэри быһааран, тута сорудахтары толорторон дьарыктаан киирэн бардым. Кыыс үөрэҕэр кыһамньылаах буолан бэйэтэ ааҕа, оҕолортон сорудах ыла олорбутун хайҕаатым.
Балачча өр дьарыктанныбыт. Бүтэн бараары гыммыппар, эбэтэ остуолга ыҥырда.
Намыһах уҥуохтаах, түргэн-тарҕан туттунуулаах, элбэх кэпсээннээх кырдьаҕас хаһаайкалыын хаһааҥҥыттан эрэ билсэр дьоннуу олус тапсан сэһэргэһэн барбыппыт.
Сэттэ уон хаарын санныгар уулларбыт, сытыы-хотуу, үлэһит бэрдэ, уон оҕолоох Герой-ийэ кыыһыгар Бүлүү эҥээриттэн кыстыы кэлэн олороро. Сонун сиргэ кэлээт, хайыы-үйэҕэ түүлээҕи иистэнэринэн, элэккэй майгытынан дьоҥҥо-сэргэҕэ сөбүлэтэрин истэрим. Кини сэрии кэмигэр балтыныын тулаайах хаалбыттарын, тыыннаах хаалар инниттэн элбэх сору-муҥу көрсүбүттэрин сэһэргээбитэ. Буолумуна, оччолорго тулаайах оҕолордооҕор буолуох, бэл, эр дьонноох ыал ыалынан быстарар этилэр буоллаҕа… «Балтыбын хайаан да иитиэхтээхпин, киһи гыныахтаахпын» диэн күүстээх санаанан салайтарбытым уонна сытыым-хотуум быыһаабыта диэн бэйэтигэр махтанарын биллэрбитэ. Сэрииттэн кэлбит, бэйэтиттэн хас да сыл аҕа фронтовик ыйыттарбытыгар, түргэнник атахпар туруохтаахпын диэн, уһаппакка эргэ тахсыбыт.
-Балтыбыныын хаһааҥҥа диэри дьиэтэ-уота суох, ыал муннугун кэрийэ сылдьыахпытый диэн сүөһүлээх-астаах киһиэхэ дуруусканан эргэ бардым. Онтум майгыта үтүө, үчүгэй киһи эбит. Биир куһаҕаннаах — кэччэгэй. Аны саҥа аҕа ууһугар киирбитим кэннэ дьахтар аймах өттүттэн үтэн-анньан көрүү ханна барыай, баар этэ. Кимиэхэ да атаҕастаппатаҕым, тугу саныырбын сирэйгэ этэ- бин, билигин да оннукпун…
Арай дьэ ыал буолан олорон бардыбыт, биир кыһын ааста, иккис кыстык кэллэ, бастакы уолбут төрөөтө. Ол тухары киһим идэһэлэммэт. Көр, оҕоломмуппар даҕаны сүөһү туттубата. Булт этинэн олоробут. Этэн көрдөхпүнэ, наар «кэлин» диир, сүөһүтүн элбэтэр айдааннаах. Испэр, хотон муҥунан сүөһүлээх олорон, киһилии миин испэппиттэн, сыалаах эт сиэбэппиттэн кыһыйабын. Эмиэ да тэбис-тэҥҥэ үлэлиир курдукпун, эдэрбэр эр киһи үлэтин тулутааччым суох.
Биирдэ кыстык хаар түспүтүн кэннэ, ыраах үүтээнигэр бултуу барда. Бараатын кытта, мин биир байтаһын ынаҕы уонна үчүгэйкээн тыйдаах этэ, ону сүүскэ бэрдэрдим. Эппиттэн ыалларбар бэристим, улаханын хаһаанным, ордугун атыылаан, куоракка сыарҕалаах атынан киирэммин сэпэрээтэр, иһит-хомуос, таҥас-сап атыыластым.
Ый аҥаарынан киһим хара тыатыттан эргийдэ. Хараҕын муҥунан көрбүт, киирэн кэллэ. Идэһэлэрбит тириилэрэ таһырдьа ыйанан турдахтара дии.
«Хайа, бу тугуй?» — диир. Онуоха «Хотон муҥунан хороҕордоох олорон биир кырбас сыалаах эти айахпытыгар укпаппыт, аны таҥас-сап, иһит-хомуос да эргэрэр — сөбүнэн көрөн, киһи кэмигэр саҥардыахтаах, дьаһаныахтаах», — диэн холкутук быһаардым. Киһим сирэйбин көрөр, сэпэрээтэри көрөр. Хас да күн тыйын аһыйда. Таах даҕаны аһыылаах сылгы этэ, барахсан…
Бүттэ: итинтэн ыла бары бытархай, улахан боппуруостары барытын бэйэм быһаарар буолбутум. Бэл, ыалларбыт киирэн ону-маны ыйыттахтарына, итини эмээхсин быһаарар, малы-салы уларсаары гыннахтарына, ону эмээхсинтэн ыйыт диэн буолан иһэрэ. Ардыгар киһи даҕаны күлэр… Сыл аайы ыал ыал курдук идэһэлэнэр буолбуппут. Бэйэбит даҕаны элбээн барбыппыт: уон оҕону төрөттүбүт, атахтарыгар туруордубут. Оҕонньорум барахсанныын биирдэ да улаханнык кыыһырсыбыт аньыыбыт суох.
Бу Сааскылаана ийэтэ, үһүс кыыһым Марыына, Куолатыныын Москваҕа устудьуоннуу сылдьан билсэн ыал буолбуттара. Биһиэхэ тиийдилэр, күтүөт билиһиннэрэ. Кыыспыттан бүөмнээн ыйытабын ханна сайылыылларын, Куола туох диирэ буолла диир; онтон үөрэхтэрин кэннэ ханна олохсуйар былааннаахтарын ыйытабын, эмиэ Куола быһаардын диир. «Куола да Куола буолаҥҥын, оттон бэйэҥ төбөҥ суох дуо?» — диэн кыыспын сэмэлээтим… Эр киһини атаахтаппат куолу. Кэтэххэ ытыардахха, онтон аны түспэт…
Сааскы киэһэ хараҥаран барбыта. Мин киһи киирэн баран тахсыан баҕарбат ыалдьытымсах ыалтан барар түгэним үүммүтэ. Эмээхсиним быраһаайдаһа туран арай эттэ:
Дьэ, бу Орто дойдуга баары барытын көрүстүм, — чочумча саҥата суох тура түстэ, сирэйигэр курус толбоно түстэ: — Арай… таптал диэни билбэккэ баран эрэрбиттэн хомойобун.
Мин испэр соһуйбутум — дьылҕа араас уустук тургутуутун этэҥҥэ ааһан, бачча уһун эриэ-дэхси олоҕу олорон, уон оҕону күн сиригэр аҕалан, киһи-хара оҥортоон баран, бэйэтин быһаҕас дьоллооҕунан ааҕынар эбит буоллаҕа диэн. Онтон кэлин өйдөөбүтүм — ол аата киһи барахсан тыыннааҕын тухары тапталга тардыһар, ол аата бу сир үрдүгэр таптал диэн баар эбит!.. Таптала суох — дьол суох.
Сыкына.
***
Бу уонна да атын дьиҥ олохтон сүһэн ылан суруллубут кэпсээннэри Сыкына “Үрүҥ түүн имэҥэ” кинигэтигэр ааҕыҥ. Кинигэ “Бичик” кинигэ кыһатын маҕаһыынарыгар атыыланар.