Таптал холууптара

Ааптар:  Сыкына
07.08.2024
Бөлөххө киир:

Наастыкка үөрүүтүттэн көтүөн кыната эрэ суох: кэргэнигэр Антоҥҥа үлэтинэн муораҕа оҕотун кытта сынньанарыгар путевка биэрбиттэр! Онон аҕыстаах Маайыс аҕатын кытта барсар буолла. Ийэлэрэ кыра игирэ уолаттарыныын хаалыахтара, чэ туох буолуой, кэнники кинилэр да барыахтара турдаҕа.

Хас да күн инниттэн бэлэмнэнэн кэтэһиилээх сарсыарда дьэ үүннэ. Сырылатан куйаас да куйаас. Кыырпаҕа суох күп-күөх халлааҥҥа чэмэлкэй күн күлэр.

Ууларыгар аҥаарыйа сылдьар уолаттары эбээлэрин аахха хааллартаан баран, Наастыкка эринээн, кыыһынаан ааттаах эрдэ улуус киинигэр киирдэ. Дьокуускайдыыр рейси биллэрбиттэрин кэннэ, иккиэннэрин хардары-таары кууһан-сыллаан атаартаата, ол кэннэ сөмөлүөт сүүрэр кумах балаһатын устун дьоно иккиэн, бэйэ-бэйэлэрин астына көрсө-көрсө, сиэттиһэн барбыттарын кэннилэриттэн имэрийэ көрө турда. Кини киһитэ, Антона, дьонтон төбөнөн үрдүк, сырдык сиэх быһаҕас ырбаахылаах, мап-мааны Маайыстара-Ыннаайыстара тэлээркэй былааччыйатынан ыраахтан кэрэчээн лыаҕы санатан, кырдьык даҕаны, киһи эрэ таптыах дьоно буоллахтара эбээт! О-ол Антон чымадаанын бэрт чэпчэкитик сөмөлүөт кутуругар багажка уурда, атыттарга эмиэ көмөлөстө. Онтон кыыһынаан сиэттиспитинэн тыраабынан таҕыстылар. Сөмөлүөккэ киириэхтэрин эрэ иннинэ эргиллэн, киниэхэ мичээрдээн илиилэринэн далбаатаатылар.

Наастыкка хантан сэрэйиэй, ити Антон кинилиин буолбакка, дьоллоох кэргэннии олоҕунуун быраһаайдаспытын…Кэнники бу салгын тиийбэт итии күнүн, ити эркин курдук эрэнэр эрин илиитинэн далбаатаабытын соҕотохсуйуу хобдох уһун хараҥа түүннэригэр тымныы оронугар утуйа сытан Наастыкка элбэхтик түһээн көрүөҕэ…

Кинилэр күһүн төннүбүттэрэ. Хас да күн ардах түһэн сөмөлүөт көппөтөҕө, өтөрүнэн кэлиэ да биллибэтэ. Наастыкка сарсыарда эрдэ туран чугастааҕы ойууруттан сыа тэллэй бөҕө хомуйан киллэрэн сибиэһэйдии хортуоппуйу кытта ыһаарылаары ыраастыы олордо. Тэллэй салыҥыттан быһаҕын мүччү тутта, хап-сабар төҥкөйөн саҥа өрөмүөн кэнниттэн лааҕа кылабачыйар муостатыттан ылан иһэн, түннүк диэки көрө түспүтэ, арай, бадарааннаах уһун уулуссанан били күүппүт аҕай оҕолоох кэргэнэ бэйэ-бэйэлэригэр туора дьон курдук туттан бу иһэллэр эбит. Дьахтар таайыгас сүрэҕэ туох эрэ куһаҕан буолбутун сэрэйдэ. Кыыстара Маайыс саҥа суумкатын түөһүгэр туппут уонна аргыыйдык чалбахтары кыйа хааман иһэрэ. Оттон Антон киниттэн лаппа хаалан, эмиэ саҥа бүрүүкэтин бадараан оҥорумаары ыраах-ыраах үктэтэлээн бытааннык, аат харата хааман иһэр эбит. Илиитигэр туох да тутуура суох. Наастыкка утары сүүрэн тахсыбата, дьонун түннүгүнэн көрөн баран турда.

Маайыс киирээт, ийэтин кууһа түстэ, оҕо барахсан дьиэтин-уотун олус да күүскэ ахтыбыт. Кэнниттэн аҕата киирэн саҥата суох сэлээппэтин, былааһын уһулла. Наастыкка кэргэнигэр чугаһаан иһэн арыгы сытын ылан чинэрис гынна. Антон мээнэ испэт этэ ээ! Күнүстэри буола-буола…

Кыысчааннара сыыһа-халты аһаан баран эбээлээҕэр, онно баар бырааттарыгар сүүрдэ. Маайыс кэлииккэ аанын тыастаахтык сабар тыаһыныын Антон уустук кэпсэтиитин дьэ саҕалаата. Кини бүтэҥи куолаһынан соҕуруу баран атын дьахтары көрсүбүтүн, дьиэтиттэн букатын барарын, Дьокуускайга көһөрүн, Наастыкка сөбүлэһэрэ-сөбүлэспэтэ туох да оруолу оонньооботун, барыта быһаарыллыбытын сорунуулаах аҕайдык, утары тугу да эттэрбэттии саҥарда. Дьахтар эрэйдээх мэктиэтигэр кулгааҕа «чуҥ» гынна, уҥуоҕа сап-салыбырас буолла уонна кубарыйан хаалбыт уоһунан нэһиилэ: “Оттон оҕолор?”—диэн ыйытан хаалла…Киһитэ буолуохсут тугу да хоруйдаабакка, тахсан барда.

Наастыкка батыһан тахсан терраса инчэҕэй түннүгүнэн Антон уһун атахтарынан үөм-чүөм үктэтэлээн хонтуора диэки эмиэ күүһүрэн кэлбит ардах аннынан соруктаах аҕайдык бара турбутун уу-хаар баспыт харахтарынан көрдө. “Туруйа” диэн киһитин хос аатын эмискэ санаан кэллэ уонна дьик гынна—бэлиэр туора киһи курдук буола охсубут дуу?

ххх

Кэнники кыыһын кэмчи кэпсээниттэн билбитэ Антон курортааҕы арамаана муораҕа тиийээтин кытта саҕаламмыт эбит. Анараа дьахтар үс саастаах уолун илдьэ кэлбит. Бастакы күннэриттэн билсэ охсон, маҥнай наар төрдүөн сылдьыбыттар, онтон Маайыска оҕону хааллара-хааллара, аҕата чүөчэ Светалыын киинэҕэ, пляжка, рестораҥҥа тиэстибиттэр. Кыыс ол “сынньалаҥ” кэнниттэн майгыта-сигилитэ тосту уларыйбыта, саҥата-иҥэтэ аҕыйаан, ийэтин иннигэр буруйдаах курдук сананаахтыыра.

Оттон Наастыкка ытыы-соҥуу сылдьыбатаҕа эрээри, чугас дьоно эрэ билэллэрэ, тоҕо анньан кэлбит тоҕус уонус сылларга сыл аҥаардыынан кэлбэт хамнастаах соҕотох дьахтарга үс оҕону иитэр-аһатар хайдахтаах курдук кытаанаҕын! Саатар оҕолоро оруобуна уҥуохтарынан эмискэ уһуур кэмнэрэ түбэспитэ: үһүөннэригэр сааскы-кыһыҥҥы таҥас-сап, оскуолаҕа күннэтэ кэтэр таҥастарын, атахтарын таҥастарын сылга иккитэ уларытар кыһалҕата тирээбитэ. Наастыкка төрөппүттэригэр, халыҥ аймахтарыгар махтанара аһынан-үөлүнэн көмөлөһөллөрүн, куруук аттыларыгар баалларын, санаатын көтөҕөллөрүн иһин. Дьолго, кини удьуорунан утумнанар дьоҕурдааҕа. Хос эһээтэ улахан уус эбитэ үһү, оттон эбээтэ иистэнньэҥ этэ, кыыһы быыкаа эрдэҕиттэн массыына тутааҕын эрийэртэн саҕалаан иистэнэргэ, күрүчүөгүнэн уонна испииссэнэн баайарга уһуйбута Наастыккаҕа күчүмэҕэй кэмҥэ улахан көмө буолбута. «Бурда моден” диэн сурунаал бэлэм киэптэринэн дьонтон сакаас ылан түүннэри иистэнэрэ, сакаас суоҕар оччолорго сонун астары—минньигэс тортары, бөрүөктэри буһаран, киэргэтэн атыылыыра. Кэнники минньигэс амтаннаахтарын, тупсаҕай көстүүлээхтэрин иһин дьон сэҥээрэн үбүлүөйдэргэ, урууларга анаан сакаастыыр буолбуттара.

ххх

Куоракка олохсуйбут биир дойдулаахтара Антон дьахтарын уларыта сылдьарын кэпсииллэрэ. Били, «чүөчэ Светалыын» ситэ үс сыл буолбакка арахсыбыттар этэ, ол эрээри Антон дьиэ кэргэнигэр төннүбэтэҕэ. Бу тухары оҕолордоохпун диэн биирдэ даҕаны охсуллан ааспатаҕа, саатар Саҥа дьылынан диэн кэһии сыыһа ыыппатаҕа…

Күн-дьыл элэстэнэн ааһан иһэрэ. Бэҕэһээ аҕай үүттээх суоскаларын эмэ-эмэ, остуол анныгар сүүрэ сылдьыбыт быыкаа оҕолоруҥ улаатан эйиигин куотан ааспыттарыттан, биитэр эдэр кырасыабай дии саныы сылдьыбыт дьонуҥ бэлиэр кыырыктыйбыттарыттан, баараҕадыйбыттарыттан көстөөччү. Настаа да оҕолоро аҕаларын батан уһун курбуу уҥуохтаммыттара, ийэлэринии ис киирбэхтэрэ. Ийэлэрэ такайбытынан, туох да үлэттэн иҥнэн турбаттара уонна иллээхтэрэ-эйэлээхтэрэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыаннара эмиэ үчүгэйэ. Маайыс үөрэҕэр туйгуна, онон СГУ-га саамай куонкурустаах үөрэххэ судургу баҕайытык киирбитигэр ким даҕаны соһуйбатаҕа. Ол эрээри, үөрэххэ киирии дьыала аҥаара эрэ эбит этэ: кыыска уопсай биэрбэккэ бэркэ эрэйдээбиттэрэ. Маайыс мээнэ үҥсэргээбэт бэйэтэ, дьүөгэлэригэр көҥүлэ суох олорорун, хаһан баҕарар үүрүөхтэрин сөбүн ийэтигэр ытыы сыһа-сыһа төлөпүөнүнэн этэрэ.

Наастаа түүнүн утуйбакка, оҕобор хайдах көмөлөһөбүн диэн сыта-олоро толкуйдаата уонна Антону булан көрсөргө быһаарынна. Үлэтигэр солбук булан, уталыппакка сотору Дьокуускайга көттө. Маайыһа көрсө киирбит. Кыыс уһун суһуоҕун сарбыйтаран, муодунай аҕай бүрүчүөскэлэммитин ийэ тута атыҥырыы көрдө. Ону баара Маайыс кыһалҕаттан, вахтер атын кыргыттартан араарбатын диэн кырыйтараахтаабыт эбит. Настаа оҕотун аһынан сүрэҕэ ытырбахтаата… Онно-манна аралдьыйбакка, Антон тэрилтэтин буларга сүбэлэстилэр. Хата, эрэйэ суох буллулар. Уонна каадыр хотунуттан, болҕомтолоохтук, барытын өйдүүрдүү көрөр эйэҕэс нуучча дьахтарыттан, Антон билигин үлэлии сылдьар сирин ыйдардылар.

Төлөпүөннээн били дьахтар сэрэппит быһыылаах. Арай уһун боруҥуй көрүдүөр устун киһилэрэ утары иһэр эбит. Настаа сүүс да, тыһыынча да дьонтон кинини сүрэҕин иминэн булуо этэ…Дэлби долгуйдулар, үөрдүлэр. Настаа көрдөҕүнэ, Антон сааһырбыт, нүксүйбүт, урукку мап-маҕан сирэйэ хараарбыт, баттаҕа кыырыктыйбыт, хараҕа сабыччы түспүт, көнө мунна кыратык ханньары барбыт, иһээччи дьоҥҥо баар буолар уһун дириҥ мырчыстаҕастар иэдэстэринэн, аллараа уоһун икки кытыытынан түспүттэр. Олох барахсан имиппитэ биллэр. Таҥаһа-саба хата ыраас, бэл, өтүүктээх. Итини барытын дьахтар кыраҕы хараҕынан бэлиэтии көрө оҕуста.

Тутатына Антон тойонуттан көҥүллэтэн, кини дьиэтигэр бардылар. Аара ас ыллылар. 15-с нүөмэрдээх автобуска олорсон, хата үлэ-үөрэх үгэнэ буолан киһитэ аҕыйах эбит, чаас аҥаара айаннаан Сайсарыга тиийдилэр. «Ильменскай» остонуопкаҕа түһэн баран, балачча хааман быыл-буор уулуссанан, сорох сиринэн ус сайыҥҥа куурбакка көҕөрө сытыйбыт бырыылары тумна-тумна, хараара самнайбыт олбуордаах эргэ дьиэҕэ тиийэн кэллилэр.

Кырдьаҕас ыт ардырҕаабытынан, сыаба кылырдаабытынан уйатыттан тахсан кэллэ, онтон хаһаайына буойбутугар, кыбыстыбыт курдук, төттөрү киирэн хаалла. Иҥнэйбит кирилиэстээх терраса аанын, онтон дьиэ аанын аһан иһирдьэ киирдилэр. Олохсуйан хаалбыт ньиксик сыт муннуларыгар саба биэрдэ.Аны болдьообут курдук, икки быыкаайык кутуйах оҕолоро, сырсыаккалаһа оонньуу сылдьыбыттар быһыылаах, кинилэр киирбиттэриттэн соһуйан, куукунаттан саала ортотунан чыбыгыраспытынан дьыбаан анныгар субурус гынан хааллылар. Ити көрүдьүөһү көрөн, үһүөн сирэй-сирэйдэрин көрөн баран, күлсэн тоҕу бардылар. Бэйэ-бэйэлэриттэн симиттибиттэрэ ааспыкка дылы буолла, кэпсэтэн-ипсэтэн бардылар.

Настаа, сэрэйбитин курдук, Антон чороҥ соҕотоҕун олорор эбит. Дьиэтэ хоп курдук эрээри, киһи кута-сүрэ тохтообот, дьахтар сылаас илиитэ сыстыбатаҕа ырааппыта биллэр.

Настаа эмискэ бу долгуйарын кистии сатаан тугу эрэ мээнэ, суолтата суоҕу төтөлө суох кэпсиирин быыһыгар килиэбин хос-хос быһа сатыы турар сааһырбыт киһини сытыытык аһынна. Сүрэҕэ нүөлүйүөр диэри… Ама маннык тосту уларыйбыт киһини кини, былыр үйэҕэ бырастыы гынан баран, сылтан сыл күүппүтэ буолуо да, маннык — киһини утары көрбөт сүүрэлэс харахтаммыт, салыбырас илиилэммит, бэл саҥарарыгар кытта кэтэҕэ ибигириир киһини көрсө кэлбитэ дуо?! Куорат таһыгар хаарбах дьиэ сыыһа—бу да кини саарбах олоҕор ситиспит ситиһиитэ?..

Настаа өр сылларга мунньуллубут аһыытыттан-абатыттан халыйан кэлбит хараҕын уутун тоҕумаары, чыпчылыйбакка түннүгүнэн кырдьаҕас рябина тыалга хагдарыйбыт сэбирдэхтэрэ, кыһыл отонноро иэҕэһэ туралларын одуулаата. Чочумча уу чуумпу бүрүүкээтэ. Арай тыал күүһүрдэҕинэ, ыстаабыннар дьиэ эркинигэр охсуллаллара иһиллэр…

Онтон олоруохтара да, Настаа кыыһынаан кэлбит соруктарын этэргэ күһэлиннилэр. Антон холкутуйа түстэ, Маайыһын үөрүүнэн олордуох буолла, дьиэтэ икки киһиэхэ кэҥэһин эттэ, кыыс дьүөгэтин илдьэ олоруон сөбүн эттэ. Онон бары да «һуу» гыннылар, күө-дьаа буоллулар.

ххх

Ити кэннэ нэһиилэ сыл ааһыа, Антон дьиэ кэргэнигэр букатыннаахтык төннүө. Уруккуларыныы сүрдээх эйэлээхтик быр бааччы олорон иһэн, Антон массыына саахалыгар түбэһэн киһи аатыттан ааһыа.Төбөтүн да сатаан өндөппөт буолбут киһини Настаа уу кыһыл оҕолуу бүөбэйдиэ, киниэхэҕэ эмиэ күнүстэри-түүннэри эрэй-муҥ, киэҥ көҕүс кыарыыр түгэннэрэ эргийиэхтэрэ. Дьахтар кимиэхэ да тугу да үҥсэргээбэккэ, дьылҕата тугу тургуппутун баарынан ылынан иннин диэки дьүккүйүө.

Маайыс үөрэҕин этэҥҥэ түмүктээн, тарбахха баттанар бэртээхэй үлэһит буола үүнүө, сурдьулара атахтарыгар туралларыгар төһүү күүс буолуо. Ол эрээри тус олоҕун оҥостубакка үөрэхтээх сулумах дьахталлар халыҥ кэккэлэрин хаҥатыһыаҕа. Тоҕо диэтэххэ, аҕатынан охсон, биир да эр киһини эрэммэт…

Сыкына

* * *

Сыкына «Үрүҥ түүн имэҥэ» кинигэтиттэн. Кинигэ “Бичик” бары маҕаһыыннарыгар.

+1
4
+1
2
+1
2
+1
1
+1
2
+1
3
+1
2