Таптал 7 түһүмэҕэ

26.09.2018
Бөлөххө киир:

Бары да тапталы кэтэһээхтиибит, үйэбит-сааспыт тухары биир күүстээх тапталы өрө тутан, дьоллонон олоруохпут дии саныыбыт. Ол эрээри, статистика көрдөрөрүнэн, холбоспут пааралар аҥардара тоҕо арахсарый?

Мин, иккитэ арахсыбыт киһи, ити боппуруо­һу орто сааспар кэлэн син удумаҕалаттым дии саныыбын. Таптал, таптал барахсан, көстөрүн курдук судургу буолбатах эбит ээ. Үөрэхтээхтэр этэллэринэн, таптал 7 түһүмэхтээх үһү. Ким биһигини таптаһарга, сыһыаны бөҕөргөтөргө үөрэппит үһүө, ол иһин 2-3-с түһүмэхтэргэ тэпсэҥнэһэ түһэн баран, арахсан хаалар буоллахпыт. Таптал диэн кэрэ иэйии, эдэр эрдэххэ бэйэтэ кэлэр, ол бэлэми ылыахтаахпыт диэн өйдөбүллээх этибит. Онтубут баара, таптал туһугар туруулаһыахтаах, ыарахаттары туоруохтаах, үлэлиэхтээх, үөрэниэхтээх эбиппит.

Дьэ эрэ, ол туох түһүмэхтэрэ эбитий?

1 түһүмэх: уоттаах таптал.

Аан бастаан кыыстаах уол көрсүһээт, харахтарыттан уот саҕылларга дылы гынар, сүрэх­тэрэ эппэҥнии түһэр. Бэйэ-бэйэлэригэр курдаттыы тардыһан, өр кэтэмэҕэйдээбэккэ уохтаахтык уураһан, сырылаччы сыллаһан, кинилэр саҕа дьоллоох дьон суох курдук буолар! Онтубут баара-суоҕа гормоннар үлэлэрэ эбит. Эндорфин, окситоцин диэн үөрүүнү, дьоллонууну төрүттүүр гормоннар бу кэмҥэ былааһы ылаллар. Ол иһин букатын өрө көтө сылдьаллар, эйфория бөҕө, кинилэр саҕа таптаһар, дьоллонор дьон суохтарын кэриэтэ. Партнердарын “оруосабай ачыкы” нөҥүө, үчүгэй эрэ хаачыстыбаларын булан көрөллөр. Ол иһин таптал туһунан хоһоон, ырыа бөҕө төрөөн эрдэҕэ.

Пахай, ол гормоннарбыт үйэ-саас тухары итинник күүскэ үлэлээбэт буоллахтара, сыл-балтараа сыл эрэ устата барар эбит. Бүттэхпит.

2-с түһүмэх: уостуу.

Бу дьоммут бииргэ олорон бардахтарына, уоттаах таптал уоста быһыытыйар. Тапталлааҕыҥ күн аайы көрөр, көннөрү киһиэхэ кубулуйар. “Оруосабай ачыкыбыт” хампарыйдаҕа ол. Олох-дьаһах араас кыһалҕата үтүрүйэн барар. “Ким иһити сууйар?”, “Тоҕо мин эрэ дьиэни сууйабын?”, “Дьахтар үлэтин мин толорбоппун”, о.д.а. киҥир-хаҥыр саҥарсыылар саҕаланаллар.

Арай, өйдөөн көрбүттэрэ: аанньал курдук сибэтиэй тапталлааҕа олох да көннөрү киһи эбит, хайдыбыт наскытын орон анныгар быраҕар, бэлиэ даатаны умнан кэбиһэр, оҕо көрөргө көмөлөспөт, уо.д.а. Икки киһи майгылара атын-атын буоллаҕа, бэйэ-бэйэлэригэр үөрэниэхтэригэр диэри, этиһии, бэрт былдьаһыы саҕаланыан сөп. Бу кэмҥэ оҕолоннох­торуна, 2-с түһүмэх уһуур кэриҥнээх.

3-с түһүмэх: абааһы көрүү.

Бу түһүмэх — саамай ыарахан кэрчик кэм. Таптал уота ааспыт курдук буолар. Киһиҥ үчүгэй өрүтүн көрүөхтээҕэр, төттөрүтүн, куһаҕан өрүт­тэригэр болҕомтоҕун хатыыгын. Этиһии, бэйэм­сэх буолууну өрө тутуу, ким сөбү эппитин быһаарсыы, кыыһырсыы, өһүргэнсии…

“Мин бу киһини сөпкө талбыппын дуо?” диэн санаалар элэҥнииллэр. “Кини миигин өйдөөбөт, иккиэн наһаа атыттар эбиппит, маннык эрэйдэниэх кэриэтэ, арахсыбыт ордук” диэн санааҕа кэлэллэр. Ол иһин бу түһүмэххэ арахсыы элбэх. Сорохтор арахсан баран, саҥа киһини көрсөн, эмиэ 3-с түһүмэхтэригэр тиийэн иҥнэллэр, ити курдук өйдөнүөхтэригэр диэри, саҥаттан саҥаҕа сонумсахтана сылдьаллар.

Ол эрээри, 3-с түһүмэҕи бары ааһаллар. Бу түһүмэҕэ суох дьиҥнээх, дириҥ тапталга тиийбэккин. Онон тулуйуохха, убаастаһыахха, биир тылы була сатыахха наада. Ол иһин сорохтор чэпчэкитик аһараллар.

4 түһүмэх: хайдах баарынан ылыныы.

Бу кэмҥэ син уоскуйбут курдук буолаллар. Этиһии аҕыйыыр. Бу киһи үчүгэй да, куһаҕан да өрүттээх эбит диэн, хайдах баарынан ылыныы кэлэр. Бэйэ-бэйэни кытта сэриилэспэккэ, эйэ-дэмнээхтик кэпсэтэргэ, дуогабардаһарга үөрэнэллэр. Бу – дьиҥнээх тапталга бэлэмнэнии кэмэ.

Хас биирдии киһи өйдүүр – сыһыаны бөҕөргөтөргө барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах. Ол эбэтэр, бэйэҥ уларыйдаххына, кэргэниҥ эмиэ уларыйар. Бырастыы гынарга, өйдүүргэ, тулуйарга, ылынарга үөрэнэҕин. Соҕотоҕун буолбакка, иккиэ буоллахпытына, ордук күүс­тээх эбиппит диэн өйдөбүл кэлэр. Бу киһи мин дьылҕабар мээнэҕэ кэлбэтэх эбит диэн санаа үөскүүр.

5-с түһүмэх: сыаналааһын.

Урукку түһүмэхтэргэ туох эрэ үчүгэйи оҥорон баран, хардатын эмиэ үчүгэй быһыыны күүтэр эбит буоллахтарына, бу кэмҥэ ол уларыйар. “Бу киһи баара миэхэ наһаа күндү эбит” диэн өйдөөн, туох да хардатын эрэйбэккэ, үчүгэйи эрэ оҥоруон баҕарар. Ол аата дууһата тапталга бэлэм буолбут. Онон кэргэнниилэр бу кэмҥэ ордук өйдөһөллөр, бэйэ-бэйэлэрин сыһыаннарыттан астыналлар. Сыһыаннарын харыстыырга үөрэнэллэр.

6-с түһүмэх: доҕордоһуу.

Бу кэмҥэ пааралар бэйэ-бэйэлэрин олус ытыктаһаллар, өйдөһөллөр, сыаналыыллар. Элбэҕи бииргэ ааспыт буолан, бүтүн биир киһи курдук буолан хаалаллар. Бииргэ сырыттахтарына, хаһан да чуҥкуйбаттар, тапсаллар, биир интэриэстээхтэр. Бэйэ-бэйэлэрин майгыларын үчүгэй-куһаҕан өрүттэрин, үөрүйэхтэрин олус үчүгэйдик билэллэр, күчүмэҕэй түгэнтэн кыыһырсыбакка, тахсар суолу булаллар.

Кэргэнниилэр доҕордоһуулара уонунан сылларга уһуон сөп. Ордук оҕолоро улааппыттарын кэннэ, бэйэ-бэйэлэригэр болҕомтолоро күүһүрэр. Бу кэмҥэ кэргэнэ атын сиргэ бардаҕына, биирэ аһаабат да, утуйбат да, олох туга эрэ тиийбэт буолан хаалыан сөп. Ыраах сылдьан тугу саныырын, тугу гынарын сүрэҕинэн сэрэйэн билэр. Ол иһин “сүрэҕим аҥара” диэн эрдэхтэрэ…

7-с түһүмэх: дьиҥнээх таптал.

Дьэ, бу эрэ кэнниттэн кэтэһиилээх, дириҥ таптал иэйиитэ кэлэр. Кинилэр биир киһи курдук буолан хаалаллар, ордук духуобунай өттүнэн бииргэ буолаллар. Бу түһүмэххэ аҕы­йах паара тиийэр.

Кэргэниҥ эйиэхэ үөһэттэн ананан кэлбит, олох суолун устун эн үөрүүгүн, кыһалҕаҕын тэҥҥэ үллэстибит, тапталынан маанылаабыт, киһи быһыытынан арыйбыт, бэйэ-бэйэни ситэр­сэн биэрбит киһи буоларынан, махталыҥ муҥура суох. Чахчы, бэйэҥ аҥарыҥ курдук буолар. Бу күлүбүрүү умайа сылдьар таптал эбэтэр бэйэ-бэйэҕэ үөрэнсии  буолбатах, быдан дириҥ уонна күүстээх таптал. Иккиэннэрин мөкү өрүттэрэ суураллаллар, онтон үтүө өрүттэрэ күүһүрэн кэлэллэр. Бу түһүмэххэ тиийбит дьон хаһан да таҥнарбаттар, түһэн биэрбэттэр.

Маннык дьиҥнээх күүстээх иэйии чэпчэкитик кэлбэт. Тапталы үүннэрэллэр, харыстыыллар. Киһи бэйэмсэх быһыытын умуннаҕына, майгытын куһаҕан өрүттэрин сүтэрэргэ үлэлээтэҕинэ, бырастыы гынары сатаатаҕына, атын киһи туһугар тугун да кэрэйбэт буоллаҕына эрэ, наҕараада курдук дьиҥ таптал кэлэр. Маннык таптал түһүмэҕэр тиийбит дьон духуобунас өттүнэн ситэллэр-хотоллор, муударайдар, олоххо аналларын өйдүүллэр, толороллор.

Онон, дьэ, таптал 7 түһүмэҕин ааһарга биһиэхэ бириэмэ баар. Бэйэҕитин хаһыс түһү­мэххэ сылдьабыт дии санаатыгыт?

Сылаанньыйа Сыллыыраба.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0