Таптаан эбэтэр үөҕэн хос ааттыыллар

Бөлөххө киир:

XX-с үйэ саҥата. Тыа сирэ. Саҥа-иҥэ маннык: «Кукаакылар сүөһүлэрин кыстатар отторун номнуо булбуттар үһү», «Тоҕуллай Миитэрэй кыыһа соҕуруу үөрэххэ киирбит дэһэллэр». Билигин: «Дмитриевтар саҥа даачаларыгар киирбиттэр», «Семеновтар сүөһүлэрин эспиттэр үһү». Урут киһи дьүһүнүттэн, идэтиттэн, дьарыгыттан, төрүттэриттэн о.д.а көрөн хос ааттааһын саха геныгар иҥэ сылдьара. Хас биирдии хос аат историята интэриэһинэй.

Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр

Ааспыт үйэ 60-c, 70-c сылларыгар икки өҥүнэн көстөр улахан телевизор саҥа кэлбитэ. Дэриэбинэҕэ биир-икки эрэ ыалга баара. Ол саҕана дьон ол ыалга баран саҥа малы көрөллөрө. Телевизордаах ыал аҕатыгар «Тэлэбиисэр Бииктэр» диэн ааты иҥэрэ охсоллор. Телевизор кэнниттэн улахан кассетанан киинэ көрдөрөр видеопроигрыватель кэлэр. «Тэлэбиисэр Бииктэр» уолун «Биидьик …» диэн ааттыыллар. Оттон билигин оскуолаҕа сиэнин дьээбэлээн, «mp-3» дииллэр.

Иккис түгэн. Бүөтүр оҕонньор эдэр-сэнэх эрдэҕинэ, хараҕа үчүгэйэ бэрдиттэн Харачаан диэн таптаан ааттаабыттар. Билигин Бүөтүр оҕолоро, сиэннэрэ бары талбыт курдук кыраһыабай харахтаахтар, бары Харачааннар диэннэр.

Билигин хайдаҕый?

Тыа сиригэр саастаах эрэ дьон хос ааттаахтар дуу, аныгы «новороченнай» ааттар эмиэ бааллар дуу?

Ыйыттахха, сорох киһи «биһиэхэ ыаллары араспаанньаларынан эрэ ааттыыллар» дииллэр. Ол эрээри аныгы хос ааттар эмиэ бааллар эбит. Биир дэриэбинэҕэ электригы Высоковольт дииллэр. Өссө маннык ааттар бааллар: Гирлянда Марыыҥка — хараҕын саҥа дьыллааҕы гирлянда курдук чыпчылыҥнатар. Ксерокс чүөчэтэ — Копиртехсервис үлэһитэ, куһаҕан майгылаах дьахтар. Букин Гена — Гена диэн ааттаах «Счастливы вместе» киинэ геройугар дьүһүнүнэн майгынныыр. Шапокляк — сэбиэскэй мультик геройун курдук соппуоскалаах. Калямбур — Толянбур диэн таптал ааты алҕас истэн кэбиһииттэн тахсыбыт хос аат. Ааттары кылгатыы эмиэ баар: ККК — Кононов Конон Кононович, ОБЖ — «очень большая ж…», ХБ — «Хара Баанньа», Кларик Коликка — кылар эр киһи. Ламбада — тустарын сөбүлүүр киһи. Утарылаһааччытын кыайдаҕына, хайаан даҕаны ламбаданы үҥкүүлүүр үһү.

Онон билигин даҕаны аныгылы кылгаабыт, нууччатымсыйбыт хос да, таптал да ааттар эмиэ бааллар эбит.

Дьүһүнү-бодону бэлиэтиир ааттар:

  • Тэллэйдэр, Тэллэй Куочук — кыра уҥуохтаах дьон;
  • Кыһыл Гуруунньа — тэтэркэй иэдэстээх дьахтар;
  • Шампан төбө
  • Баҕа Маайа;
  • Нуучча Марыыҥка — кэлии дьахтар;
  • Баҕалар;
  • Чохулар;
  • Кутуйах Былаадьык — кыра уҥуохтаах киһи;
  • Ньохчойдор
  • Хахайдар — эмис, хойуу баттахтаах дьиэ кэргэн;
  • Кырааска Маайа — хараҕын куруук харанан кырааскаланар дьахтар;
  • Дамкрат Оппуонньа — олох кыра уҥуохтаах киһи;
  • Төгүрүктэр — кыра уҥуохтаах дьон;
  • Ахсаат — («Ас хаата» диэнтэн) иһэ улахан;
  • Нууччакаас — бааһынай киһи;
  • Быччай — быччаҕар харахтаах;
  • Абааһыллай — игирэлэртэн кыра уҥуохтааҕа, мөкү дьүһүннээҕэ;
  • Тордуох Оппуонньа — тордуохха майгынныыр бытыыктаах эр киһи;
  • Үчэһэлэр — уһун-синньигэс уҥуохтаах ыал;

Киһи майгытын-сигилитин, идэтин бэлиэтиир ааттар:

  • Араадьыйа Тиэхээн — олус улахан куоластаах киһи;
  • Пекарь Таанньа
  • Радист Бааска
  • Э Эдьик — электрик идэлээх;
  • Ядро — этиитин бүтүүтэ куолаһа улаата-улаата кыччыыр;
  • Тоҥ Кириисэ эбэтэр Институт Мерзлотоведения — тоҥуй майгылаах киһи;
  • Чылыкылар — элбэх тыллаах киһи дьиэ кэргэнэ;
  • Сундуук — уус киһи, оҕолоро эмиэ уустар;
  • Киинэ Ольга — былыр кулуупка киномотористаабыт;
  • БАМ Толя, БАМ Барыыһап — БАМ-ҥа үлэлээбиттэр;
  • Күлэ сылдьар — куруук үөрэ, мичээрдии сылдьар дьахтар;
  • Элээрэрдэр — киирбит-тахсыбыт дьон;
  • Түүлээх уллуҥах — тыаһа суохтук хаамар, баара-суоҕа биллибэт киһи;
  • Ыраас Ылдьаана

Атын ис хоһоонноох ааттар:

  • Кумахтар — Бүлүүттэн көһөн кэлбит ыал;
  • Маадьым Дуунньа — хотуттан сылдьар кэргэннээх дьахтар, истэҕинэ-аһаатаҕына, «Маадьым!» диэбитинэн быһаҕы остуолга саайар үһү;
  • Наһаа ынырык Биэрэ — «Наһаа ынырык» дии-дии күлэр дьахтар;
  • Ньиэмэс Кириисэ — кыра сылдьан ньиэмэс буолан оонньуур киһи;
  • Миэлкэйдэр — элбэх оҕолоох ыал;
  • Балтараа — балтараа сааһыгар ыалга ииттэрэ биэрбиттэр;
  • Пугачев — истэҕинэ-аһаатаҕына куруук Алла Пугачева ырыатын ыллыыр;

Түмүктээн эттэххэ

Билигин даҕаны аныгылы кылгаабыт, нууччатымсыйбыт хос да, таптал да ааттар эмиэ бааллар эбит. Аны туран, араас сирдэргэ, нэһилиэктэргэ тэҥ ааттар хойуутук көстөллөр. Холобур, баҕалар, нууччалар, киинэлэр, кутуйахтар, куобахтар о.д.а Сахабыт сиригэр уутуйан үҥскээбиттэр, киэҥник тарҕаммыттар.

Саха тоҕо киһиэхэ хос аат биэрэр үгэстээҕий? Бу «кыдьык» биһиги геммыт таһымыгар иҥэ-тоҥо сылдьар. Тоҕо диэтэххэ, былыр өбүгэлэрбит православнай араспаанньалаах ааттара суох кэмнэригэр бэйэ-бэйэлэрин араастаан ааттыыллара. Онно ким эмэ өһүргэммитэ биллибэт, буолуохтааҕын курдук ылыналлара буолуо. Ойуур маһа кылгастааҕар-уһуннааҕар дылы, киһи дьүһүнэ-бодото, сатабыла, сөбүлүүр дьарыга, олорор сирэ атын-атын. Ону таба көрөн, аат иҥэрэн кэбиһэллэр. Аны хос аат уот харахха эрэ этиллибит буоллаҕына, олоҕуҥ устата арахпат, өссө көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр. Уопсастыба ылымматах аата хаһан даҕаны иҥпэт, тарҕаммат.

Хос ааттааһын иккис өрүтүн Кындыл Уйбаан «Хара кыталык» романыгар көрөбүт. Ол — оҕону «абааһыттан куоттарыы», «абааһыны бутуйуу» үгэһэ. Төрөппүт оҕотун таптаан эмиэ ааттыыр, ол аата үксүгэр үйэтин тухары арахсыспат. Нуучча баачыкалара кэлэн сахалары сүрэхтиэхтэрин иннинэ «Чыркы уола Чыычаах», «Сис кыыһа Сыркыстаан» диэһин эмиэ баара. Сорох түүр, монгол омуктара бу үгэһи (уола — оглы, кыыһа — ол) күн бүгүнүгэр диэри илдьэ сылдьаллар. Билигин биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр сахалыы ааты эмиэ ылыныахха сөп.

Надежда САМСОНОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0