Буойун-суруйааччы Алексей Бродников төрөөбүтэ 100 сылынан быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ 11 тэрээһин ыытылынна, 3 кинигэ сүрэхтэннэ.
Бэйиэт, учуутал Алексей Спиридонович Бродников төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтээһин түмүктүүр тэрээһиннэрэ суруйааччы дойдутугар Төлөйгө ыытылыннылар. Ол курдук, бэйиэт биир дойдулаахтара, Чурапчы улууһун Төлөй нэһилиэгин олохтоохторо ахсынньы 15 күнүгэр А.С. Бродников аатын сүгэр Норуот айымньытын киинин (дириэктэр М.В.Смирников, уус-уран сал.К.В.Пестерев) иннигэр суруйааччыга үйэлээх өйдөбүнньүк — бюст астылар. Бу өйдөбүнньүгү оҥорууну былырыын оччолорго Төлөй баһылыга Николай Аммосов көҕүлээн, саҕалаабыта, оттон билиҥҥи баһылык э.т. Дмитрий Захаров ситэрэн-хоторон биэрдэ. Алексей Бродников талааныгар сүгүрүйээччилэр, нэһилиэк олохтоохторо, бэйиэт аймахтара, бу бэлиэ күнүнэн, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Күннэригэр кытта сылдьан Москваттан Эҕэрдэ тэлэгирээмэ ыыппытын махтана иһиттилэр. Тэрээһиҥҥэ СӨ норуодунай артыыһа Владимир Татаринов, СӨ үтүөлээх артыыһа Куприян Михайлов, суруйааччы П.П.Федоров-Сомоҕо, өрөспүүбүлүкэ, улуус култууратын үлэһиттэрэ кытыннылар.
Бэйиэт кыыһа, Дьокуускай куорат 2 N-дээх политехническэй оскуолатын завуһа Саргылаана Алексеевна Бродникова, “Алексей Бродников. Таптыыр эбээт, сүрэҕим” диэн, бэйиэт ырыа буолбут хоһооннорунан бэртээхэй үчүгэй ырыанньыгы таһаарда. Саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ үрдүк таһымҥа ааста.
Бу күн Саргылаана Алексеевна аҕатын дойдутугар Төлөйгө “Саҥа хаар” диэн бэйиэт А.Бродников айымньыларынан I Өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа куонкуруһун көҕүлээн, ыытыста. Манна Саха сирин араас улуустарыттан уопсайа 47 ырыаһыт, мелодист кытынна.
Куонкуруска Гран-при ылары ситистилэр: улахан дьоҥҥо Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгиттэн “Саһарҕа” трио — Күннэй мелодиятыгар, Алексей Бродников тылларыгар “Чурапчыга” ырыатынан уонна оҕолорго Уус Алдан улууһун Мүрү орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Сааскылаана Черноградская – Станислав Луковцев мелодиятыгар, Алексей Бродников тылларыгар “Саҥалыы ыллыам дуо?” ырыатынан.
Ити курдук, таптыыр, сүгүрүйэр бэйиэппит сырдык аата ааттана турарыттан бары үөрэбит, махтанабыт.
Татьяна МАРКОВА.