Таҥха туһунан дьиҥнээх түбэлтэлэр

10.01.2021
Бөлөххө киир:

Кириэс мас сэтэ

Бу түбэлтэ ааспыт үйэ 50- с сылларыгар буолбут. Эргэ Саҥа дьыл бырааһынньыгар оскуола оҕолоро ферма үлэһиттэрин солбуйа үлэлии тахсыбыттар. Оччотооҕу онус кылаас оҕолоро инникини билээри, үлэлээн бүтэн, дьэ, таҥхалыырга санаммыттар. Түүннэри бүлүүһэ сүүрдүбүттэр. Биир уоллара пионер бэрдэ, сэбиэскэй былаас патриота Алеша: ‘’Абааһыны, иччини адьас итэҕэйбэппин, барыта сымыйа, ким эрэ ити бүлүүһэни анньар’’ — дии дии, күл да күл буолбут. Ол курдук ааһар. Арай Алеша 19-с күн, били сүллүкүүттэр ойбоҥҥо төттөрү киирэр кэмнэригэр, хантан истибитэ буолла, абааһы тэтиҥ мастан куттанар диэни билэн, фермаҕа сүөһү уулуур күөлүгэр киирэн, тэтиҥ маһынан кириэс оҥорон, сүөһү уулуур ойбонун үрдүгэр ууран кэбиһэр. Саҥа дьыллааҕы сүпсүлгэн бүтэр, үлэ, олох салҕанар. Арай, күн тура-тура ферма хотонун ынахтара биир-биир өлүтэлээн барбыттар. Куораттан бэтэринээрдэри аҕалан көрдөрө сатаабыттар даҕаны, туһа тахсыбатах. Биир түүн ферма сайылыгын олохтооҕо Сергей диэн саас ортолоох киһи түһээтэҕинэ, түү курдук дьон кэлэн этэллэр үһү: ‘’Айыы дьоно сиэри-туому тутуспат буолбуккут, сыл ахсын таҥха кэмигэр аллараа дойдуттан тахсан, Орто дойду дьоно хайдах олороргутун, инники дьылҕаҕытын өтө көрө, кэпсии кэлбиппитин аанньа ахтыбаккаҕыт, киирэр күммүт кэлбитигэр киирэр ааммытын тэтиҥ маһынан кириэстии бүөлээҥҥит, сир-дойду икки ардыгар хаалларан кэбистигит. Аһыыр аспыт суох буолан, сүөһүлэргитин сиибит. Утуйар уубут көтөн, оҕолорбут, урууларбыт айманан, бу эйиэхэ көрдөһүүлээх кэлэн турабыт’’. Ол үлүгэрдээҕи түһээн Сергей уһуктан кэлэр уонна сарсыҥҥы күнүгэр дьоҥҥо кэпсээбитэ сайылыгы биир гына тарҕанар. Били Алеша тэтиҥ маһынан сүөһү уулуур ойбонун бүөлээбитэ биллэн тахсар. Кырдьаҕас оҕонньору ыҥыран, ойбон аттыгар кутаа уоту отуннаран уонна ферматтан кулун оҕуһу аҕалтаран хаан тохторор, уоту аһатар, айах тутан ааттаһар. Сүөһү өлүүтэ тохтообут. Ол эрээри, ити сыл күһүнүгэр били Алеша ол күөлгэ ууга түһэн былдьаммыт…

«Хаһан даҕаны таҥхалаама!»

Чурапчы улууһун биир түгэх турар нэһилиэгэр доҕордуулар мустан таҥхалыырга санаммыттар. Кыргыттар: “хаартылыахха, кинигэнэн ааҕыахха” диэн уолаттарын бүлүүһэ сүүрдэртэн тохтото сатаабыттар. Уолаттар ону ылыныахтара дуо, хап-сабар кумааҕыга буукубалары суруйан, уруһуйдаан барбыттар. Төһө даҕаны куттанналлар, дэриэбинэлэригэр соторутааҕыта бэйэтигэр тиийинэн өлбүт эр киһини ыҥырбыттар. “Киһилэрэ” кэлэн, интэриэһиргиир ыйытыктарыгар хоруйдаан испит, онтон биир уолга кэлэн: “эн аны хаһан даҕаны таҥхалаамаар, таҥхалыаҥ даҕаны бэйэҥ бэйэҕиттэн кэмсиниэҥ” диэн буукубалары кэчигирэтэн кэбиспит. Уҥуохтара халыр босхо барыар диэри куттаммыт оҕолор онон таҥхалаан бүппүттэр. Кэлин бу уол: “Ол кэмтэн ыла хаһан даҕаны таҥхалаабатаҕым, сэтэ-сэлээнэ ынырыга буолуо, оонньообуппут оҕус буолуо, куттанабын”, — диэн кэпсээн турардаах.

Баанньык умайбыта

Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан дьүөгэбит баанньыгар түүн ортото мустан бүлүүһэ сүүрдүбүппүт. Мээнэ-мээнэ бокуонньуктары, былыр үйэҕэ «айаннаабыт» суруйааччылары ыҥыртаатыбыт. Аны аанньа «үүрбэккэ» үрүт- үөһэ ыҥыртыыбыт. Ким ханнык үөрэххэ киирэрин, хас оҕолонорун ыйыталаһабыт. Бүлүүһэбит сүүрэр да сүүрэр. Түүн ортото бүтэммит ол курдук, тарҕастыбыт. Кулун тутарга ол баанньыкпыт умайан хаалла. Онтон ыла туох эрэ көстүбэт эйгэ баарыгар итэҕэйиэх курдукпун…

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0