Таҥха сэтэ

Ааптар:  Акулина Егасова-Дьохсоҕон Кыыһа
21.01.2024
Бөлөххө киир:
Pixabay

(Салгыыта)

Ол курдук, балайда олоро түһээт, түүн үөһэ буолуута чугас ыалларыгар субустулар. Кыра Маайа, баҕарбатар да, батыста. «Хата, сэрэбиэйдэниэҕиҥ», — дэһэн, өтөх сэргэтин таһыгар тохтоон, боччумуран туран хаар сиидэлээтилэр. Бу миэнэ, оттон бу эйиэнэ дэһэн баран, дьоннорун эккирэттилэр. «Сарсыарда эрдэ дьоммут иннинэ көрүөхпүт», — дэһэн сү­­бэлэстилэр. Баран иһэн Даайа кыыс, сылгы сааҕыттан иҥнэн, умса туруйалаан ылла да, хата охтубата. Онтуттан халлааны сатарытан алларастаан иһэн, эмискэ соһуйан айаҕын саба тутунна.

Бөтө бэрдэрдилэр, куттаннылар: арба бүгүн чуумпутук иһийэн сылдьыллыахтааҕын умнубуттар. Ханна эрэ мутук тостон ылла, тымныы салгын сирэйдэрин хаарыйталаата.

«Уччаа-а!» диэбитинэн Сэмэннээх балаҕаннарыгар көтөн түстүлэр. Аан аһыллан баран, сабыллыбат үлүгэрэ буолла, ону кытары тымныы салгын кииристэ ахан. Саастаах өттө: «Күйгүөрэн бүтүҥ!» — дэстилэр. Итиччэ буойуллан баран, хайыахтарай, миэстэлэрин булан олордулар. Сөдүөччүйэ сахалыы сайбаччы таҥныбыт. Көмүлүөк оһоҕун күөдьүтэн, хардаҕас мас эбэн биэрээт, «Дьэ!» диэбиттии Сэмэнин диэки тоҥхох гынна. Сэмэн кырдьаҕас тута таһырдьа дьөгдьөрүс гынан хаалла. Сотору буолаат, тоһугураччы тоҥмут үс атахтаах остуолу сэрэнэн киллэрэн, оһох иннигэр сирэйинэн сытыарда. Сөдүөччүйэ эмээхсин иһиккэ уулларбыт ынах арыытын ууммутун ылан, остуол сирэйэ ирбитин кэннэ, ньалҕаарыччы сотон кэбистэ. Ортотун диэки кириэс оҥордо. Балаҕан иһэ чуумпу да чуумпу. Арай оһох тыаһа тыс-тас умайа оонньуу турда. Арааһа, сөп буолла диэбиттии, Сэмэн остуолу эргитэн, дьаһайардыы ботугураата. Кини саҥатын ким да өйдөөн истибэтэ. Эмискэ остуоллара, арай, түөрэҥнээн иҥнэх гынна уонна балаҕан ортотугар аҥаар атаҕын көтөҕөн иһэн, тохтоон хаалла. Маайа кыыс, сөбүлээбэтэр даҕаны, дьону кытта ыга симсэн турда. «Аны туох буолар?» диэбиттии дьон суугунаһан ыллылар. Сэмэн оҕонньор көрдөһөрдүү: «Сөбүлээбэт киһиҥ баар буоллаҕына, онно тии­йэн тохтоо», — диэтэ. Остуоллара иҥнэх гынан хамсаан барда уонна кыра Маайа иннигэр, лоһугу­раан тиийэн, турунан кэбистэ. Дьулаан көстүү! Кыыс куттанан, этэ салаһан ылла. Сиргэ тими­риэҕин, сирэ кы­­таанах буолан биэрдэ. Сэмэн оҕонньор кэлэн: «Тукаам, Маайа, таҕыс, дьиэлээ, сөбүлээбэтэ», — диэн эрдэҕинэ, кыыс хап-сабар таһырдьа ойон хаалла. Кыл тиэтэлинэн балаҕанын диэки хааман хоочугуруу турда. Халлаан сырдыгын, толору ыйы сөбүлүү көрдө. Иһигэр: «Остуоруйа курдук дии, дьэ дьикти, остуол хайдах итинник буолуон сөбүй?» — диэн эдэркээн өйүгэр баппат толкуйу толкуйдаатар даҕаны, хоруйун кыайан тобулбата.

Балаҕан айаҕар турар маһынан атаҕын тэбэнэн, ыарахан халҕаны аһан иһирдьэ киирэн сыгынньахтанаат, мас кыстыыр сиртэн оһоҕор хардаҕас эптэ. Көмүлүөк оһох барахсан, үөрбүттүү, балаҕан иһин сырдаппытынан барда. Холумтаҥҥа турар чаанньыктан итии чэй кутунна. «Иһиттэххэ, ыал аайыттан хаарыан дьоммут эргиллибэттии симэлийдэхтэрэ…» — диэн улахан киһи курдук толкуйдаан ылла. Илиитин тарбахтарын көрүннэ. Төһө өр маннык олорбута буолла, сыыйа кыргыттара, дьоно кэллилэр. Саастаах өттө, истибиттэрин ырытан, олоро түстүлэр. Оҕолор ороннорун оҥостон, утуйарга бардылар. Маайа эдьиийин Дуунньа төбөтүгэр сытар. Арай иһиттэҕинэ, улахан дьон: «Барахсаттар куруутун сүүр­дэллэр, адьас дьарык оҥоһуннулар. Ити соччото суох ээ. Остуол куһаҕаҥҥа сүүрэр. Соҕотох уоллара сэриигэ өлбүтүн туһунан биллэрии кэлбитин итэҕэйээхтээбэттэр. Ону күүтэн, билгэлээн тахсаллар», — эҥин диэн кэпсэтэллэрэ иһиллэр. Итинник дьон кэпсэтэллэрин истэ сытан, утуйан хаалла. Сарсыарда ким эрэ тардыалыырыттан уһуктан кэлбитэ кыргыттара:

— Тур, тур, көрүөххэйиҥ хаарбытын, — дииллэр эбит. Даайа кыыс сылбырҕа, киирэн-тахсан олорор киһи буоллаҕа:

— Кытаатыҥ, үлтү тэпсэ иликтэринэ… — диэт, таһырдьа ойдо.

— Арба даҕаны… бэҕэһээ, — дэһээт, атыттара кэнниттэн сырыстылар.

Халлаан биллэ тымныйбыт. Тиийэн, оттомноохтук туттан, биирдии бэйэлэрин хаардарын көрдүлэр. Онно кыра Маайа хаарыгар, соруйан баттаабыт курдук, оҕо, ньирэй атахтарын суоллара хаалбыт. Маны көрөн, Маайа иһигэр олус үөрдэ. Биир кыыс­тарын хаара ып-ыраас. Бииргэ оҕо атаҕын суола түспүт. Ойуу түспэтэх кыыстарын аһынан: «Арааһата, ити Захар дьээбэлээбитигэр сөп», — дэстилэр. «Оннук эбит», — дэһэн баран, хотоннорун диэки сүүрэ турдулар. Тымныы обургу чараас таҥастаах кыргыттары хамсаныыларын эбэн эрэ биэрдэ. Биир үлэ күнэ саҕаланнаҕа. Кыргыттар хаһан да тоҥнубут-хаттыбыт дэспэттэрэ. Арай, олохпут көнөрө күн-түүн чугаһаан иһэр диэн эрэл санаалара күүстэригэр күүс эбэрэ.

Күн-дьыл биир сиргэ турбат буоллаҕа. Сол курдук, ылааҥы күннэр чугаһаан тиийэн кэллилэр. Сүөһүлэр төрөөн, үлэ-хамнас биллэрдик эбилиннэ. Аны Дуунньа барахсан, ыарытыйан, сытан хаалла. Кини сүөһүлэрин балта Маайа көрө сырытта. Кыыстарыгар: «Дэриэбинэҕэ киир», — диэтэхтэринэ, ити туруом, бу үтүөрүөм диэн төрүт буолуммат. Эрэл кыымнаах сыттаҕа.

Биир күн күнүскү үлэ кэннэ, аһаан бүтэн олордохторуна, арай, Дуунньа мал уурар кыра остуола, киһи соһу­йуох, малын үрэл гына ыһан силбиэ­тэнэн кэбистэ да, балаҕан ортотун диэки сыҕарыҥнаан тиийэн, тэбиэлэнэн киирэн барда. Соһуйаннар, балайда айахтарын атан, сыҥаахтара түһэ сыһан олордулар. Ким эрэ «Сэмэҥҥэ…» диэн эрдэҕинэ, быһый кыыс Даайа таһырдьа ыстанна. Остуоллара дьигиһийии бөҕө, тохтуур аата суох. Хайалара даҕаны хайдах, тугу гыныахтарын билбэттэр. Арай, Захар уол саха быһаҕын ылаат, ыстанан тиийэн, остуол үрдүгэр түһэн иһэн, сыыһа туттан, умса барда. Дьиҥэр, манныкка кыахтаах киһи эрэ туттуохтаах эбит. Былыргы дьон кэпсииринэн, остуол хабыллар хаба ортотугар саха быһаҕын батары саайыллыахтаах, оччотугар эрэ аһары сүүрэн барбыт остуол тохтоон, турунан кэбиһиэхтээх. Захар ону өйдөөн кэллэҕэ буолуо. Онто табыллыбата.

Сотору аҕылаабытынан, нэһии­лэ бөтүөхтээн, Даайа киирэн, аан ороҥҥо лах гына олоро түстэ уонна: «Иһэр, кэллэ», — диэтэ. Аан аһыллан, Сэмэн ыксаан-бохсоон киирэн кэллэ. Тугу эрэ ботугураабытынан сөһүргэстии түһээт, оһоххо сиэл, ас илдьэ кэлбитин утары уунна. Көр, ону эрэ көһүппүт курдук, остуоллара сүүрэрэ тохтоон, турунан кэбистэ. Дьэ бу кэннэ остуолу Захар сэрэнэн илдьэн, миэстэтигэр уурда. Маайа малын-салын бэрээдэктээн барда. Муодарҕаабыттыы, куттанан төгүрүйбүт харахтарынан, эдьиийин диэки көрөн кэбистэ. Саҥа-иҥэ мэлийдэ. Улахан өттө кэпсэппитэ буола сатаа­тылар да, туох эрэ куһаҕан буоларын сэрэйбит курдук, тыл-өс тахсыбата. Кэри-куру түгэн буолла. Бу алдьархайы барытын көрө сытар Дуунньа балтын: «Тоойуом, Маайа, эн бүгүн кыргыттаргын кытта сытаар», — диэбитин, биирэ истиэ баара дуо. «Тоҕо? Суох», — диэтэ уонна эдьиийин төбөтүгэр, буоларын курдук, тиийэн сытан, утуйан хаалла.

Арай, түүн уһуктан кэлэн иһиттэҕинэ, эдьиийэ баллыгырыы-баллыгырыы киирии-тахсыы бөҕө буола сылдьар эбит. Кыыс ону улахаҥҥа уурбата, салгыы утуйан хаалла. Сарсыарда уһуктубута: саастаах өттө турбуттара ырааппыт. Тугу эрэ сүбэлэһэн кэпсэтэ олороллор. Эдьиийин хантайан көрбүтэ — арай, төбөтө былаатынан баайыллыбыт. Миитэрэй эмээхсинэ: «Маайа, эдьиийиҥ “айаннаата”. Оҕонньорум дэриэбинэҕэ тыллыы барда», — диэтэ. Маайа маҥнай өйдөөбөккө: «Хайдах, ханна айаннаатаҕай?», — дии санаан ылла. Дьэ, онтон өйдөөн, ытаан санна ыгдаҥныы олороохтоото. Хайыай, аһыннар даҕаны, ынахтарыгар уку-суку туттан тахсыста: «Көр, остуолбут ол иһин куһаҕаны биттэнэн сүүрбүт эбит».

«Кыйаханнарбын да, хайыам баарай? Хампы сыспат буоллаҕым», — диэн Маайа, кырдьан олорон, кэп­сээбитэ. Аны ити саас, харалдьык тахсыыта, Сөдүөччүйэлээх Сэмэн утуу-субуу батысыһан бараахтаабыттар. Көмүс уҥуохтарын холкуос дьоно олохторун үрдүгэр баар томторго кистээбиттэр. Маайа битэ-билгэтэ туолбута: оҕо-уруу, сүөһү-ас ииттэн, сиэн бөҕөнөн бэлэхтэнэн, нэһилиэгэр биир бастыҥнар ааттарыгар киирэн, толору дьоллоох олоҕу олорон бараахтаабыта. Сыанаттан түспэт ырыаһыт, тойуксут, оһуохайдьыт аатырыан аатырбыта. Үйэтин тухары үрүҥ илгэни үрүлүтэн, бороос­ку бөҕөнү төлөһүтэн, бочуоттаах сынньалаҥҥа атаарыллан да баран, ыччат дьоҥҥо настаабынньык буолан, Булгунньахтаах сайылык хаһаайката аатырыан аатырбыта.

Акулина Егасова-Дьохсоҕон Кыыһа.

«Таайыллыбат дьикти күүс» (“Айар”, 2022) кинигэттэн

быһа тардан.

Кинигэ «Айар» бары маҕаһыыннарыгар атыыланар.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1