Күн Сандаара: «Көрдөһөн ылбыт дьылҕам буолбатах — ыйыллыбыт ыйааҕым»
Саргы дьонтон уратылааҕа кыра эрдэҕиттэн көстөрө. Кыысчаан бэйэтэ бэйэтигэр бүгэн, куруук санааҕа ылларан, элбэҕи эргитэ, толкуйдуу сылдьар курдуга. Кинини бу ыарахан бириэмэҕэ өйдүүр-өйүүр, санаатын курдаттыы билэр күүһэ – төрөөбүт айылҕата этэ. Чугас доҕор, иккис ийэ кэриэтэ оҥостубут айылҕата — дьонтон ураты дьоҕурдаах, күүстээх санаалаах кыыһы оҕолуу бүөбэйдээн, уһааран, дьоҥҥо көмөлөһөр сүдү күүһү анаабыта. Кини — айылҕаттан айдарыылаах өтө көрөөччү, билгэһит, эмчит Саргылаана Винокурова-Күн Сандаара.
Арыллыы
— Саргылаана Викторовна, эйигин дьон-сэргэ билэр, махтанар, ытыктыыр киһилэрэ буолаҕын. Айылҕаттан айдарыыҥ, аһыллыыҥ, дьону-сэргэни арчылыы-араҥаччылыы сылдьар сүдү күүһүҥ туһунан кистэлэҥҥин арыйан, биһиэхэ сэһэргии түс эрэ.
— Кыра эрдэхпиттэн саҕалаан, саас-сааһынан ууран кэпсээтэххэ, бу курдук… Ойор-тэбэр оҕо сааһым төрөөбүт төрүт дойдубар, Нам улууһун Салбаҥ нэһилиэгэр ааспыта. 4 бииргэ төрөөбүттэрбиттэн үһүс оҕо буолабын. Төрөппүттэрбит бииргэ буолбат аналларынан, икки оҕо ийэбитин кытта, биһиги икки кыыс аҕабытын кытта олоро хаалбыппыт. Ийэм икки оҕотунуун Сунтаарга көһөн барыахтарыттан, олох ыараханын билэн саҕалаабытым. Түүнүн сүгүн утуйбакка, үлүгүнүйэн, баттатан, ыалдьан, бэйэм-бэйэбэр бүгэн хаалбытым.
Мин кып-кыра эрдэхпиттэн саамай сөбүлүүр дьарыгым — уруһуйдааһын. Алааска тахсан хатыҥ маска өйөнөн олорон, айылҕа кэрэ көстүүтүн тохтоло суох уруһуйдуурум. Бу сылдьаммын, элбэҕи көрөрүм-истэрим, түһүүрүм даҕаны. Билигин санаатахха, бэлиэ биэрэ сатыылларын, оҕо буоламмын билэ да сатаабат, ылыммат да буоллаҕым.
18 сааспын туолуубар, ийэбин батыһан, турар бэйэм Сунтаарга айаннаабытым. Дьонум аадырыстарын да, ханна олороллорун да билбэппин. «Кэллибит, ким ханна түһэр», — диэн таксист ыйытааччы буолла, арай, ол олороммун, Партизанская уулусса диэни иһиттим эрэ, истибэтим эрэ, «мин манна түһэбин», — диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Икки этээстээх уопсай дьиэ иннигэр кэлэн турабын. Арааһа, манна баар быһыылаах диэммин, үһүс кыбартыыра аанын тоҥсуйааччы буоллум. Кыбартыырабын эрэ сыыспыт этим, тоҥсуйбут дьиэм үөһээ этээһигэр ийэм аах олороллоро.
Бу билигин кэлэн өйдөөтөхпүнэ, дьоммун кытта көрсөрбөр көмөлөһөннөр, тиийиэхтээх аадырыспын кулгаахпар сибигинэйэн, “кинилэр” эппиттэр эбит. Сунтаарга тиийбит сылбар, сайын наһаа улаханнык ыалдьан, орон-тэллэх киһитэ буолан, букатын сытынан кэбиспитим. Дьонум муҥура ыалдьыбыт дии саныыллара, ол эрээри сотору буолан баран, туох да буолбатаҕын курдук, ыарыым ааһан, сүтэн хаалбыта.
Миигин бу түгэҥҥэ аҕам ийэтэ, эбэм Аграфена Местникова араҥаччылаабыта. Кини дьоҥҥо-сэргэҕэ улаханнык биллибэккэ, бэйэтин чугас дьонун эрэ арчылыыр, араҥаччылыыр эмчит буолар. Ийэм тэҥэ саныыр киһим, эбэм, 89 хаарын санныгар уулларар. Кини миэхэ сүбэлээн-амалаан, ыйан-кэрдэн, бу олоххо ыарахаттары туоруурбар күүс-көмө буолбута. Маны тэҥэ, мин эмчит буолан үүнэн тахсарбар, сүбэһитим-амаһытым, дьоҥҥо-сэргэҕэ улаханнык ытыктанар, убаастыыр киһим, уһуйааччым диэн мунаарбакка этэр киһим – Александр ПЕТРОВ-Аар Саарын этэ. Кини миигин кус оҕотунуу батыһыннара сылдьан, олус элбэххэ үөрэппитэ-такайбыта.
Үһүс эттэнии
— Ол аата, кыра сааскыттан дьоҕурдааххын бэйэҥ да итэҕэйбэккэ сылдьыбыккын?
— Төһө эмэ бэлиэ биэрэллэрин, түүллэнэрим үрдүнэн, итэҕэйбэккэ сылдьыбытым. Ол эрэн, этэллэр дии, «бүргэһи хааһахха хаайбаккын» диэн. Төһө эмэ утарыласпытым, ылына сатаабатаҕым үрдүнэн, айылҕаттан бэриллибит өтөр буоллаҕа. Сунтаарга кэргэн тахсан, оҕо-уруу тэнитэн олорор кэммэр, Дьылҕа Хаан биэрэрин ылыммаппыттан, кыһалҕа биирдэ тоҕо анньан киирбитэ. Мин онно өйдөөбүтүм, утары барар кыаҕым суоҕун. Биһиги дьиэ кэргэн ити үлүгэрдээх охсуу кэнниттэн, бииргэ буоларбыт табыллыбатаҕа…
Хайыамый, дойдубар Намҥа төннөн кэлэн, салгыы олох олорон бардаҕым. Илбийээччи (массажист) идэтин баһылаан, үлэлээн саҕалаабытым. Үлэлиирим быыһыгар, чугас сытар улуустарга тахсан эмтэниэн, илбийтэриэн баҕалаахтары эмтиирим. Бу маннык үлэлии сылдьаммын, үһүс эттэниибин Амма сиригэр-уотугар ааспытым.
Эрдэтээҥҥи икки эттэниибэр иккиэннэригэр тыатааҕы, хотой кыыл буоларым. Бу да сырыыга хотой кыыл буоламмын, Амма өрүс үрдүнэн көтөн, сөҕүмэр кэрэ айылҕатын одуулуу сырыттахпына, хантан да кэлэн хаалбыта биллибэт, мап-маҥан бытыктаах, үрүҥ таас кэриэтэ ыраас харахтаах оҕонньор баар буолан хаалла. Бу диэн төһө бириэмэ ааспытын, түүлбэр тугу гыммыппын өйдөөбөппүн. Арай, түүлүм бүтүүтэ, оҕонньорум үрүҥ таас харахтарыгар киирэн хааллым. Бу дойду ытык сирэ-уота миигин бу курдук көрсүбүтэ.
Амма күүстээх санаалаах, үлэһит дьонунан-сэргэтинэн, айылҕата кэрэтинэн аатырар. Билигин да, үлэбинэн онно тиийдэрбин эрэ, күөх налыы кырдалларыгар астына күөлэһийэн, Кыыс Амма кылыгырас, ыраас уутугар дуоһуйа сөтүөлээн, эттиин-хаанныын сынньанан, чэпчээн, ыраастанан кэлэбин.
“УЗИ” курдук курдары көрөбүн”
— Эйиэхэ эмтэнээччилэртэн, ордук туох кыһалҕаны көрсүбүт дьон кэлэрий?
— Кыһалҕалаах элбэх бөҕө буоллаҕа эбээт. Хондуруос, сүһүөх ыарыыта сааһырбыт дьоҥҥо өтөн тахса турар. Маны массаас көмөтүнэн, илбийэн эмтиибин. Куһаҕан дьаллыкка ылларбыт дьону транска киллэрэн, хомус дьүрүскэн тыаһынан эмтиибин. Стресскэ ылларбыт, сатаан утуйбат буолбут дьону куттарын ыраастаан, бөҕөргөтөбүн. Маны тэҥэ, сүтүктээхтэргэ көмөлөһөбүн, инникилэрин билиэн баҕалаахтарга кинилэри туох күүтэрин этэбин, сэрэбиэйдиибин.
10-тан тахса сылы быһа оҕо үөскээбэтэх дьахтарыгар оҕо уйатын тутаммын, билигин бу ыал хас даҕаны оҕолонон, быр-бааччы олороллор. Хас биирдии эмтэммит дьоммун сураһан, хайдах сылдьалларын, доруобуйаларын туруга хайдаҕын истэ-билэ олоробун. Кинилэр үтүөрэллэриттэн, көнө суолга үктэнэллэриттэн сыралаах үлэм мээнэ ыытыллыбатах эбит диэн үөрэбин.
— Эмтэнэ кэлбит киһи туга ыалдьарын көрөн олорон, тута сэрэйэҕин дуу, имэрийэн билэҕин дуу?
— Түһүүбүн. Мин кыра эрдэхпиттэн түүллээхпин. Ким кэлэрин, тугунан ыалдьарын, хайдах оһолго түбэспитин түһээн көрөбүн. Ардыгар, түүлбэр быһылаан тахсыбыт сиригэр тиийэн, хайдах буолбутун, туохтан иэдээн тахсыбытын илэ көрөбүн. Эмтэнэ кэлбит киһибин утары олорон, харахпынан “УЗИ” курдук, курдары көрөбүн. Ол эрэ кэннэ, дьэ, эмтээн саҕалыыбын.
— Киһини төлөпүөн нөҥүө быдьар тылынан саҥарбыттара, кыраабыттара бу киһиэхэ тиийиэн сөп дуо?
— Тиийиэн сөп. Киһи кута олус чараас, уйан. Ордук бэйэтэ санааҕа ыллара сылдьар киһи манныкка олус бэринимтиэ буолар. Этэллэр дии, «киһи тыла сүгэтээҕэр сытыы» диэн, маны өйдөөн туран, хас биирдии саха киһитэ тулалыыр эйгэҕэ, чугас дьонугар сыһыанын көрүнэ, бэйэ-бэйэни харыстаһа сылдьыах тустаахпыт.
Киһи дьылҕата ыйыллан турар
— Айылҕаттан айдарыылаах киһи дьону эмтииригэр аан бастаан тугу билиэн нааданый?
— Мин санаабар, айылҕаттан бэриллибити хайдах да утаран, өрөлөһөн кыайбаккын, баар баара өтөн тахса турар. Мин маны тус бэйэм эппинэн-хааммынан билэбин. Кимтэн да көрдөөн-көрдөһөн ылбыт дьылҕам буолбатах — аналым, ыйааҕым. Онон, хас биирдии киһи айылларыгар, сэрэбиэйэ түһэригэр инники дьылҕата ыйыллан турар аналлаах.
Айталы Куо ЕГОРОВА.
Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева.