Үлэ Дьоруойа М.Н.Готовцев аатынан Танда орто оскуолатын 125, тустуу филиала 30 сылларыгар анаммыт көҥүл тустуу түһүлгэтигэр 25 киилэттэн саҕалаан 64 киилэлээхтэри киллэрэн туран, төрөөбүт сылларынан араартаан, барыта, улуус 9 нэһилиэгиттэн 93 тустуук кэлэн күөн көрүстэ.
Манна эрдэлээн эттэххэ, тустуу 13 ыйааһыҥҥа буолбутуттан, тандалар 10 ыйааһыҥҥа 11 мэтээли ыланнар, кыайыы өрөгөйүн дьэ, дьиҥ-чахчы биллилэр. Бу үбүлүөйдээх түһүлгэ кыайыылаахтарынан уонна призердарынан буоллулар:
25 кг: Княжев Олег – Мындааба, Егоров Кеша – Танда, Колодезников Егор – Сыырдаах, Перевалов Володя – Кэптэни. (туһааннааҕынан I-кы, II-с, III-с миэстэлэр).
30 кг: Сивцев Семен – Мындааба, Винокуров Вадим – Сыырдаах, Саввин Артем – Танда, Константинов Эрсан – Найахы.
35 кг: Карамзин Дима – Мындааба, Слепцова Лена – Бороҕон, Махарова Виолетта – Бороҕон, Чикачев Марат – Тулуна.
40 кг: Гоголев Дьулус – Мындааба, Румянцев Андрей – Мындааба, Сивцев Костя – Найахы, Соловьев Саша – Кэптэни.
45 кг: Петров Платон – Мындааба, Находкин Өркөн – Танда, Заболоцкай Вася – Сыырдаах, Спиридонова Сайаана – Суотту.
2007-2008 с. төрөөбүт 30 киилэлээх тустууктарга: Румянцев Вася – Найахы, Иванов Коля – Сыырдаах, Сивцев Дьулустаан – Бороҕон, Сивцев Айтал – Мындааба.
36 кг: Васильев Сема – Тулуна, Бурнашев Арсен – Бороҕон, Аргунов Сарыал – Бороҕон, Готовцев Арсен – Танда.
45-тэн үөһээ кг: Черноградскай Ваня – Танда, Белолюбскай Толя – Суотту.
2003-2004 сс. төрөөбүттэргэ 35 кг: Заболоцкай Коля – Танда, Максимов Алеша – Мындааба, Атласов Антон – Кэптэни, Авакумов Архип – Мындааба.
38 кг: Петухов Андрей – Танда, Борисова Күндүүнэ – Бороҕон, Максимов Петя – Мындааба, Омукчанов Ян – Бороҕон.
2000 сыллаахха төрөөбүт оҕолорго 48 киилэлээхтэргэ: Вензель Егор – Танда, Слепцов Айхал – Мындааба, Находкин Гоша – Мындааба, Андросов Валера – Суотту.
54 кг: Софронов Кирилл – Танда, Ушницкай Валера – Мыдааба, Андросов – Андрей, Сокорутова Юлия – Бороҕон.
64 кг: Бочкарев Илья – Суотту, Андросов Саша – Танда, Алексеев Артем – Мындааба, Старостин Спиридон – Мындааба.
Болҕомтолоох ааҕааччылар сорох ыйааһыннарга кыргыттар миэстэлэспиттэрин өйдөөн көрдүгүт ини? Бу күрэхтэһии уратыта диэн, кыргыттар ыйааһыннарыгар бэйэ-бэйэлэрин кытта буолбакка, уолаттары кытта тэҥҥэ туһуннулар. Көрөөччүлэр бары да соһуйдубут, маннык күрэхтэһиини, кыыс уолу кытта тустарын аан бастаан көрүүбүт буоллаҕа. Мин, маны чуолкайдаары, кыргыттары тустууга эрчийэр ССРС спордун маастара С.П.Черкашинтан “Тоҕо маннык туһуннардыгыт?” диэн ыйыталастым. Онуоха Семен Петрович маннык хоруйдаата:
—Бүгүҥҥү күрэхтэһиигэ уолаттары кытта тустууга 8 кыыс күүһүн холонно уонна 5 кыыс иккис-үһүс миэстэлэри ылаттаан, куһаҕана суох көрдөрүүлэри ситистилэр. Сотору кэминэн олимпийскай чөмпүйүөн Павел Пинигин бирииһигэр улахан күрэхтэһии буолуохтаах. Биһиги онно бэлэмнэнэ уонна кыргыттарбытын тургутан көрө уолаттары кытта туһуннардыбыт. Бу күрэхтэһии үрдүк таһымнаахтык барда, бэл сорох улахан дьон күрэхтэһиилэринээҕэр даҕаны ордук курдук диэм этэ.
Кырдьык, Семен Петрович. идэлээх тренер эппитинии, Тандатааҕы түһүлгэҕэ сорох-сорох тустууктар аан бастаан таҕысталлар даҕаны, тустууну таптыылларын, кыһаллан-мүһэллэн тусталларын көрдөрдүлэр. Бэл сорох кыргыттар уолаттары хам баттаабыттарын көрөн сөхтүбүт. Ол быыһыгар хотторуу хомолтотун билэн, уолаттар харахтара ууламмыта да баар… Бүгүҥҥү күрэхтэһии кылаабынай судьуйатынан аан дойдутааҕы кылаастаах судьуйа Соловьев Петр Афанасьевич үлэлээтэ.
Бу күрэхтэһиини тэрийбит дьоннорунан буолаллар: СӨ Олимпийскай эрэл училищатын дириэктэрин солбуйааччы Ф.Ф.Мигалкин, аан дойдутааҕы кылаастаах спорт маастара, улуус тустууга федерациятын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы А.И.Заболоцкай, Танда орто оскуолата (дириэктэр Н.М.Егорова, солбуйааччы Г.А.Готовцев), улуустааҕы оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэрэ Н.Н.Готовцев, уо.д.а.
Афанасий Иванович Заболоцкай аатынан тустууга бастакы күрэхтэһии Тандаҕа өссө 2003-2011 сыллардаахха ыытыллан баран, билигин өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсан ыытыллар.
Эдэр тустууктары Үлэ Дьоруойа М.Н.Готовцев, Байаҕантай нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга И.Н.Иванов, Ф.Ф.Мигалкин, А.И.Заболоцкай, Г.А.Готовцев, Н.Н.Готовцев уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр. Федот Федотович бу күннэргэ Россияҕа тиийэн Саха сирин чиэһин көмүскүүр Коля Заболоцкайга Москваҕа тиийэ көтөр сөмөлүөккэ билиэтин күргүөм ытыс тыаһын ортотугар туттарда. Коляҕа ситиһиини баҕарыаҕыҥ!
Бу күрэхтэһиигэ элбэх бириистэри туттардылар. Оскуола, нэһилиэк, тустуу филиалларын таһынан, бириистэри туруордулар: Ф.Ф.Мигалкин, А.И.Заболоцкай, ини-бии Петр, Василий Матвеевтар, С.С.Жирков, С.И.Егоров, М.А.Слепцов (тустуу тренерэ), Г.А.Готовцев (филиал урукку иитиллээччитэ, оскуола билиҥҥи завуһа), И.И.Аммосов (улуус култуураҕа отделын начаалынньыга) Танда с. тэрилтэлэрэ, олохтоох түөлбэлэр, оскуоланы 1990 уонна 2000 сыллардаахха бүтэрбиттэр, улуус киинигэр олорор тандалар, “Дьиэрэй” норуодунай ансаамбыл, “Хотууна” дьахталлар түмсүүлэрэ, Тандатааҕы тустуу филиалыгар араас сылларга эрчиллибит иитиллээччилэр, Танда предпринимателлэрэ, олохтоохтор уо.д.а.
Дьэ, ити курдук хас биирдии кыайыылаахтарга, призердарга – тустууга кыайыыларын туоһулуур мэтээллэри, олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев туһунан брошюра-кинигэни уонна сыаналаах бириистэри туттардылар.
Тустуу биһиэхэ, сахаларга, хааммытыгар баар спорт көрүҥэ. Онон маннык филиаллар үлэлэрин сөҕүрүппэккэ өссө үчүгэйдик үлэлээн, үрдүк таһымнаах спортсменнары таһаарыахтара диэн эрэниэҕиҥ!
Уйбаан БАХСЫЛЫЫРАП, суруналыыс. Уус Алдан.
ЫСПЫРААПКА
Мигалкин Федот Федотович
Ааспыт үйэ 70-с уонна 80-с сылларыттан Сахабыт сирин оройуоннарыгар спорт араас көрүҥнэригэр хайысхалаах оҕо спортивнай оскуолалара аһыллыбыттара. Маннык спортивнай оскуола тустууга филиала оруобуна 30 сыллааҕыта Байаҕантай нэһилиэгэр Танда c. аһыллан, оччотооҕу оторой-моторой уолаттар үксүлэрэ тустуунан үлүһүйбүттэрэ. Тандаҕа тустуу оскуолатын филиалын төрүттээбитэ, байаҕантайдар бэйэлэрин уоллара, тустууга спорт маастара, ол саҕана оскуолаҕа физкултуура учууталынан үлэлиир Ф.Ф.Мигалкин этэ. Федот Федотович бэл оччолорго кэпсэтэн-ипсэтэн, үп-харчы булан оҕолорун соҕуруу уобаластарга тиийэ илдьэн туһуннарбыт киһинэн буолар. Бу күрэхтэһии кини бирииһигэр ыытылынна.