Тамдын Салбакмаа: «Сөбүлээтэхпинэ, үлэлии хаалыам»

Ааптар: 
16.11.2020
Бөлөххө киир:

Быйылгыттан дойду үрдүнэн “Земскэй учуутал” бырагыраама олоххо киирэн үлэлээн эрэр. Саха сиригэр 2020 сылга тустаах бырагырааманан 19 вакансия көрүллүбүтэ. Учууталлар аҥаардара өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн кэллилэр. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт — Эдьигээн оскуолатын математикаҕа учуутала Тамдын Салбакмаа.

edersaas.ru

Тыва Өрөспүүбүлүкэтиттэн

— Тамдын Севээновна, ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэрэ түһэриҥ буоллар.

— Тыва Өрөспүүбүлүкэтин Чадан куоратыгар төрөөбүтүм. 1984 сыллаахха оскуоланы бүтэрээт, Кызыл судаарыстыбаннай педагогическай институтун физикаҕа, математикаҕа факультетыгар үөрэнэ киирбитим. 1989 сыллаахха бүтэрээт, министиэристибэ анааһынынан Тандин (Тандинский) оройуон Бай-Хаах сэлиэнньэтин оскуолатыгар үлэлии тиийбитим. Ити күнтэн ыла харыс даҕаны халбарыйбакка, Бай-Хаах оскуолатыгар учууталлаабытым.

Быйыл тохсунньуга “Земскэй учуутал” бырайыак федеральнай бырагырааматын саайта үлэлээбитэ. Бырайыак усулуобуйатынан, учууталлары 55 саастарыгар диэри ылаллар. Мин хапсар эбиппин диэт, кэллиэгэбин Эрика Руслановна Эртинени кытта бырайыакка кыттарга сайаапкабытын, онтон салгыы докумуоннарбытын ыыппыппыт. Ыам ыйыгар куонкурус түмүгэ биллибитэ, кыайыылаах тахсыбыппыт. Биллэн турар, олус үөрбүтүм.

— Дьиэ кэргэниҥ, бииргэ үлэлиир дьонуҥ хайдах ылыннылар?

— Миигин кытта тэҥҥэ үөрбүттэрэ. От ыйыгар бирикээс тахсыбытын кэннэ, Саха сиригэр көһөр туһунан толкуйдааһын буолбутугар кыратык долгуйан ылбытым. Туох да диэбит иһин, отут сыл устата биир оскуолаҕа үлэлээтэҕим, ханна даҕаны ыраах тэлэһийбэтэҕим, оҕолорум бэйэлэрэ хаалаллар…

Үс оҕолоохпун. Улахан кыыһым устудьуон, Алтайскай кыраайга омук тылын учуутала идэтигэр үөрэнэр. Мин суолбун батыһан, педагог буолар баҕа санаалаах. Орто кыыһым технология учуутала идэлээх. Билигин оҕолонон олорор. Кыра уолум психолог, Хакасия Өрөспүүбүлүкэтигэр олорор. Хакасия университетын бүтэрэн онно үлэлии хаалбыта.

— Оҕолоруҥ Саха сирин көрүөхтэрин баҕарбаттар дуо?

— Улахан кыыһым үөрэхпин бүтэрдэхпинэ, Саха сиригэр барарым дуу, диир. Бүтэрдэххинэ көстөн иһиэ, диибин. Мин дуогабарынан Эдьигээҥҥэ биэс сыл үлэлиэхтээхпин. Сөбүлээтэхпинэ, баҕар, салгыы хаалыам диибин.

 

Тоҕо Саха сиригэр?

— Бары атын-атын эрэгийиэҥҥэ олорор эбиккит дии. Ону ааһан, педагог дьиэ кэргэнэ. Тоҕо Саха сирин, тоҕо чопчу Эдьигээни талбыккыный?

— Тоҕо Саха сирин таллым? Сайаапка биэрэрбэр, бастатан туран, үп-харчы өттүн көрбүтүм. Арассыыйа атын сирдэригэр бырайыак кыттыылаахтарыгар биирдии мөлүйүөн көрүллэр эбит буоллаҕына, Уһук Илин уокурукка — 2 мөлүйүөн солкуобай. Иккиһинэн, сахалар, тувиннар тас дьүһүммүтүнэн да, тылбыт даҕаны майгыннаһар, түүр төрүттээхпит. Тоҕо Эдьигээҥҥэ кэллим? Дьүөгэбин кытта иккиэн биир оройуоҥҥа үлэлиэхпитин баҕарбыппыт. Ол эрээри, куонкурус усулуобуйатынан биир улууска биир эрэ учуутал барара көҥүллэнэр. Эрика Руслановна Алдан куораты талбыта быданнаата. Кэргэнин, уолун кытта көһөн кэлбиттэрэ. Кэмиттэн-кэмигэр төлөпүөннэһэбит. Мин улуус киинэ диэн Эдьигээни талбытым.

— Саха сирин хайдах дии санаатыҥ?

— Биллэн турар, оҕолорбун хаалларан, ыраах кэлэр уустуктардааҕа. Атырдьах ыйын 21 күнүгэр Кызыл куораттан оптуобуһунан Красноярскайга кэлэн эмиэ биһиги оскуолабытыттан Саха сиригэр “земскэй учууталлыы” баран иһэр Куулар Шивит Казак-ооловиһы көрсүбүтүм. Кини билигин Булуҥ оройуонугар физика биридимиэтин биэрэр. Кэмиттэн-кэмигэр сибээстэһэбит.

Дьокуускайга биһигини олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, гостиницаҕа түһэрбиттэрэ. Икки хонон баран коронавируска анаалыс туттаран үлэлиэхтээх улуустарбытынан тарҕаспыппыт. Эдьигээҥҥэ эмиэ истиҥник көрсүбүттэрэ, дьоно-сэргэтэ бэрт эйэҕэс, болҕомтолоох.

Саха сиригэр — үс учуутал

— Оччотугар, эһиги оскуолаҕытыттан “Земскэй учуутал” бырагырааманан элбэх учуутал барбыт эбит дии. Тоҕо?

— Мин санаабар, бастатан туран, киһиттэн бэйэтиттэн, иккиһинэн, үптэн-харчыттан тутулуктаах буолуо. Анараа үлэлиир оскуолабытыгар хамнаспыт маннааҕар икки бүк кыра этэ эрээри, сыана эмиэ икки бүк намыһах. Онон улахан уратыны көрбөппүн. Холобура, Эдьигээҥҥэ килиэп 61 солкуобай, биһиэхэ 24–25 солкуобай, үүт манна 116 солкуобай, антах 54 солкуобайга тэҥнэһэр.

“Тылбыт майгыннаһар”

— Саха сирэ Тываттан туох уратылаах эбитий? Олоруохха сөп дуо?

— Тываҕа эмиэ тымныы эрээри, манна эрдэ тымныйар эбит. Алтынньыга номнуо кыһын кэлбитэ диэххэ сөп, олохтоохтор өссө икки нэдиэлэ курдук хойутаата дэһэллэр. Биһиэхэ кыһын тыына сэтинньи ортотугар биллэр. 44–45 кыраадыс тымныыга Тываҕа оскуола оҕото бары үөрэммэт.

Оттон тылбыт туһунан эттэххэ, түүр төрүттээх омук буоларбыт быһыытынан, тылбыт майгыннаһар. Сороҕор оҕолор сахалыы хоруйдаатахтарына өйдүүбүн. Ордук сыыппараларбыт майгыннаһаллар, холобур, “бир” — “биир”, “ийи” — “икки”, “үш” — “үс”, “дөрт” — “түөрт”, “беш” — “биэс”, “алды” — “алта”, “чеди” — “сэттэ”, “сес” — “аҕыс”, “тос” — “тоҕус”, “он” — “уон”…

Маҕаһыыҥҥа кэлэн нууччалыы ыйыттахпына, сахалыы хоруйдууллар. Бука, саха дии саныыллара буолуо. Мичээрдээн баран “сахалыы өйдөөбөппүн” диэтэхпинэ, нууччалыы быһаараллар.

— Тываҕа оҕолор төрөөбүт тылларын бары билэллэр дуо?

— Үгүстэрэ билэллэр. Төрөөбүт тылы, литэрэтиирэни маҥнайгы кылаастан үөрэтэллэр. Биллэн турар, кыраларыттан нууччалыы тылламмыт оҕолор эмиэ бааллар эрээри, бэрт аҕыйахтар. Мин оҕолорум, сиэннэрим төрөөбүт тылларын үчүгэйдик билэллэр, саҥараллар.

— Уруогу тувинныы быһаараллар дуу?

— Биһиги оройуоммутугар тувин тылын, литэрэтиирэтин уруогар төрөөбүт тылларынан кэпсэтэллэр. Онтон атын биридимиэккэ маҥнайгы кылаастан нууччалыы үөрэнэллэр. Мин эмиэ математиканы нууччалыы үөрэтэбин.

“Олорорго, үлэлииргэ усулуобуйа баар”

— Ханна түһэрдилэр?

— Түөрт мэндиэмэннээх дьиэҕэ иккис этээһигэр хос көрбүттэрэ. Кыһын тымныы буолуо диэн, иккис ыйбар утары турар дьиэ төрдүс этээһигэр көһөрбүттэрэ. Барытын хааччыйдылар, олоруохха сөп.

Мин 5‑с “в”-ларга кылаас салайааччытынан ананным. Быйыл саҥа инженернэй кылааһы арыйдылар, 19 оҕо үөрэнэр. Инженернэй кылаас буолан, интерактивнай комплекс, хас биирдии үөрэнээччи кылааска туһанарыгар ноутбук көрдүлэр. Төһө кыалларынан туһанабыт, уруокка элбэҕи ситиһэбит.

— Эдьигээҥҥэ интэриниэт хайдаҕый?

— Манна сибээс олус үчүгэй буолбатах, оскуолаҕа балачча күүстээх интэриниэт холбонон турар, вай-файдаах, информатика кэбиниэтигэр үчүгэй. Дьиэбэр интэриниэт холбото иликпин, сотору киирэр ини.

— Күҥҥэ хас уруоктааххын?

— Нэдиэлэҕэ 27 чаастаахпын. Сарсыардаттан оскуолаҕа, ону таһынан, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору дьиэлэригэр үөрэтэбин, эбиэт кэнниттэн икки кылаастаахпын уонна уруокпар бэлэмнэнэбин, тэтэрээт бэрэбиэркэлиибин.

— Маннааҕы бүлүүдэлэри амсайдыҥ дуо? Хайдах эбитий?

— Олохтоохтор таба этэ, балык, ынах арыытын бэрсибиттэрэ. Олус минньигэс эбит. Ынах арыыта арыый атын амтаннаах, дьиҥнээх, киһи айаҕар киирэн ууллан хаалар.

Бырайыак “бастакы хараҥаччылара”

— “Земскэй учуутал” бырайыак, эн санааҕар, хайдаҕый? Инникитин тугу учуоттуохха сөп дии саныыгын? Эһиил бырайыакка кыттыан баҕалаах дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?

— Мин санаабар, бэртээхэй бырайыак. Биһиги устуоруйаҕа “Земскэй учуутал” федеральнай бырайыак бастакы кыайыылаахтарын быһыытынан киириэхпит турдаҕа. Ыраах, суола-ииһэ суох сиргэ ыччат баран үлэлииргэ таласпат. Онон ыраах нэһилиэнньэлээх пууннары каадырынан хааччыйарга үчүгэй бырайыак.

Икки ыйтан ордук үлэлээтим. Үлэлиир, олорор усулуобуйа баар. Улуустааҕы үөрэх управлениетын, оскуолабыт салалтатын кыһамньылара буоллаҕа. Түгэн тосхойбучча, махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Олохтоохтор бэрт үтүө майгылаахтарын хара маҥнайгыттан бэлиэтии көрбүтүм, сэмээр үөрэбин.

Бырайыакка кыттыан баҕалаах учууталларга сүбэлиэм этэ — ыраах диэн куттанымаҥ, интэриниэт мөлтөх диэн толлумаҥ, иннигит диэки дьулуһан иһиҥ.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0