«Талбан» көрөөччү интэриэһин тарта

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ  «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа айар үлэһиттэрэ «Талбан» диэн бэрт интэриэһинэй, сонун биэриини бэлэмнээн таһаардылар.

edersaas.ru


Биэрии ыытааччыта — араадьыйа уонна тэлэбиидэнньэ суруналыыһа, истээччилэр уонна көрөөччүлэр куттарын туппут Олег Колесов-Талбан.  Айар үлэһит бу уочараттаах биэриитэ кини бэйэтэ ыытар булугас өйдөөхтөр «ТОК»-шоуларын кытта  «Туһаан» биэриини холбуу туппут курдук буолла.

Суруналыыс Олег Колесов-Талбан бу туһунан маннык кэпсиир:

Үгэс быһыытынан, Саҥа дьыл кэнниттэн биэрии «сиэккэтэ» уларыйар. Ол кэмҥэ түбэһиннэрэн биһиги: «Дьон күннээҕи үлэтиттэн сынньанарыгар аналлаах биэрии наада», — диэн сонун биэриини истээччилэрбитигэр бэлэх уунарга санаммыппыт. Көрөөччүнү сэҥээрдэргэ дьулуһабыт. Ол эбэтэр, үлэ нэдиэлэтин устатыгар дьон уоһуттан түһэрбэккэ кэпсии сылдьар сонуннарын иһитиннэрэбит, социальнай ситимнэргэ тарҕанар сурахтар  төһө кырдьыктарын-сымыйаларын ырытабыт. Биэрии 13-түү мүнүүтэлээх 5 түһүмэхтэн турар, уопсайа 75  мүнүүтэлээх. Бастакы түһүмэх —  буруолуу сылдьар күннээҕи сонуннар, иккис түһүмэх — үлэһит дьону билиһиннэрии. Онтон салгыы — көрөөччү интэриэһин тардар биэриилэр. Бастакы биэриибитигэр — үлэ киһитин арыйыыга — атыыһыт, оҕо төрүүр дьиэтин акушера кыттыыны ылбыттара. Ити курдук, Марина Трофимова эрэдээктэрдээх уонна Саймон Сергеев режиссердаах «Талбан» биэриигэ Сахабыт сирин  олоҕун-дьаһаҕын, үтүө үлэһит дьонун көрдөрүөхпүтүн баҕарабыт.

Сүрүн уратыбыт — быһа холбонуу баар буолуоҕа. Табылыннаҕына, атын да улууска тиийэн холбонуохпут. Кэрэспэдьиэннэр Екатерина Эверстова уонна Софья Наумова сэргэх тэрээһиннэри, холобурдары, интэриэһинэй дьону булан быһа эфиргэ тахсыахтара.

Суруналыыс биэрии аатыгар санаата маннык:

«Талбан» диэн өйдөбүл талба талаан, талба (бастыҥ) диэн ис хоһоонноох. Биһиги биэриибитигэр талба талааннаах дьон кытталлар, ыалдьыттыыллар.

Дьэ, онон ааспыт нэдиэлэҕэ үс күн устатыгар көрөөччү болҕомтотун номнуо тардыбыт «Талбан» диэн бэртээхэй биэриини күн аайы эрэнэ кэтэһэбит.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Олег Колесов-Талбан архыыбыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0