Улуус олоҕун туһунан сурунаалы таһаарыыны 2012 сыллаахха уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн Анна Канаева көҕүлээбит.
edersaas
— «Талба Таатта» өҥнөөх сурунаалы өрөспүүбүлүкэ улуустарын хаһыаттарын иһинэн биир бастакынан төрөөбүт ытык сирбит баай историятын билиһиннэрэр уонна үтүө -мааны дьонун кэскиллээх үлэлэрин билиһиннэрэр, сырдатар соруктаах төрүттээбиппит номнуо бэһис сыла.Сурунаалбытын сылга иккитэ — Ыһыахха уонна Саҥа дьылга тиэмэлэргэ арааран таһаарабыт.
Холобура, биир нүөмэр барыта ытыктанар эр дьоҥҥо аналлаах эбэтэр гражданскай көҕүлээһиҥҥэ кыттар уопсастыбаннай түмсүүлэр, улуус талааннаах дьоно, онтон да атын ис хоһоонноох буолуон сөп. Матырыйааллары булууга, суруйууга уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэр көмөлөһөллөр.
Тиражпыт 300-500 уст. Матырыйаалларбытын икки-үс буолан бэлэмниибит. Атын улуустартан, тэрилтэлэртэн нууччалыы-сахалыы сакаастары ылыахпытын сөп, — диэн кэпсиир «Таатта» хаһыат редактор-директора, сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ Анна Посельская.
Кэрэхсэбиллээҕэ баар, эрэдээксийэ үлэһиттэрэ бэчээттиир кинигэлэрин, бу сурунаалларын туппутунан бары быыстапкаларга уонна тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар.
Буолумуна, бэйэ оҥорон таһаарыыта болҕомтоҕо ылыллыбыт кэмигэр олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсан истэхтэрэ!
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.