«Талбаҥҥа» — оҕо күүтэр ийэҕэ коронавирус дьайыытын туһунан

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Талбан» биэрии ыытааччыта Олег Колесов-Талбан  бүгүҥҥү биэриитин оҕо күүтэр ийэҕэ уонна кини оҕотугар коронавирус сыстыгыннаах дьаҥа дьайыытын туһунан тиэмэҕэ анаата. 

edersaas.ru

«Саҥа хат буолбут дьахтар «ковидтаатаҕына» эбэтэр саҥа оҕолонон тахсыбыт ийэ сыстыганнаах дьаҥҥа хаптардаҕына, оҕотун сайдыытыгар дьайыылаах дуо?» диэн ыйытыы дьону ордук долгутара билиннэ. Ыйытыыларга хоруйу  өрөспүүбүлүкэтээҕи перинатальнай киин  бырааһа Сардаана Такырова биэрдэ:

Оҕо күүтэр дьахтар бастакы ыйдарыгар ыалдьара саамай кутталлаах кэм. Хат дьахтар эми иһэриттэн туттунуон наада. Биһиэхэ биэрэр ковиды эмтээһиҥҥэ «8-с версия» сүбэлииринэн,  оҕо күүтэр дьахтар (ыарахан сылдьан) 12-с нэдиэлэтигэр диэри күүстээх эмтэри испит буоллаҕына, оҕону түһэрэр боппуруос  туруон сөп. Улахан болдьохтоох  хат дьахталларга итинник боппуруос турбат. Биһиги итинник ыарыһахтары эмтиибит. Аҕыйах хонуктаах оҕо инники сайдыытыгар дьайыыта ыарыы төһө ыараханнык киирэриттэн тутулуктаах. Ыараханнык ааспыт сэбиргэхтэтии (пневмония) оҕо сайдыытыгар да, ийэҕэ да дьайыан сөп. Кыһыл оҕо сибикитэ суох ыалдьыан, анаалыһа «положительнайы» биэриэн сөп. 14 хонуктаах оҕо ыалдьыбыт түбэлтэтэ баар. Тахсан баран хантан баҕарар сыстыан сөп. Ийэ буолаары сылдьар дьахталлар харыстаныахтарын наада. Улахан наадата суох дьон мустар сиригэр сылдьыбаттара ордук.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0