Фокус көрдөрөр уол (Видео)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

“Аптаах дьон биһиги ортобутугар бааллар дуо?”

Мин итинник ыйыттахтарына, харахпын симэн баран: «Баар. Кини аата Дьулустаан Павлов», — диибин. Имигэс илиилээх, талааннаах тарбахтаах, кэскиллээх иллюзионист Дьулустаан Павлов күн ахсын киһини соһутар нүөмэрдэрин социальнай ситим нөҥүө таһааран дьон-сэргэ кэрэхсэбилин ылыан ылар.

  

Дьулустаан  Павлов – Култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы институтугар (АГИКИ) үһүс кууруска үөрэнэр. Ньурба улууһун Маар сэлиэнньэтиттэн сылдьар. 2017 сыллаахха бастаан ыытыллыбыт фокусниктар күрэстэригэр “Саха сирин бастыҥ фокуснига” диэн ааты ылан, Гран При хаһаайынынан буолбута.

—“Аптаах эйгэҕэ” айаныҥ хаһан уонна хайдах саҕаламмытай?

— 2012 сыллаахха күөх экраҥҥа Стивен Фрейн – Динамо диэн иллюзиониһы көрбүтүм уонна ис сүрэхпиттэн фокуһунан дьарыктаныахпын баҕарбытым.  Кини курдук араас биллиилээх дьону кытары билсэн, дьону-сэргэни соһутар, сөхтөрөр видеолары устуохпун  баҕарабын. Фокуһунан дьарыктаммытым номнуо тохсус сылыгар барда. Маҥнай утаа көрөр, үөрэтэр этим. Онтон уон түөрт сааспыттан сыанаҕа тахсан фокустарбын дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөн саҕалаабытым.

Пандемия буолуон иннинэ, Инстаграмҥа биирдэ эмэ бэйэм көрө сылдьарбар диэн фокустарбын видеоҕа устан таһаарар этим. Харантыын  биллэрбиттэригэр дойдубар Маарга кэлбитим. Итиэннэ харантыын кэмин туһалаахтык атаарыахха диэн санааттан, фокустарбын видеоҕа устан Инстаграмҥа таһааран барбытым. Москва, тас дойду олохтоохторун кытары быһа биэриигэ тахсан трюктарбын көрдөрөбүн. Аҕыйах кэм иһигэр балачча элбэх сурутааччыны хомуйдум. 

—Фокус диэн харах баайыыта дуу, тарбах талаана дуу? Эбэтэр айылҕаттан дьоҕур эмиэ наада дуу? Көннөрү киһи фокусник буолуон сөп дуо?

— Ис сүрэҕиттэн фокус көрдөрүөн баҕалаах, дьаныһан туран элбэхтэ дьарыктанар эрэ киһи буолара буолуо диибин. Дьиҥинэн маннык харах баайар ап, хомуһун (магия) киһиэхэ барытыгар баар. Ону күүскэ эрчийэн биэрдэххэ, сайыннардахха баҕалаах киһиэхэ табыллар дии саныыбын. 

 Мин тыа сирин оҕото буоларым быһыытынан оттуурбун-мастыырбын, айылҕаны кытары алтыһарбын олус сөбүлүүбүн. Оччоҕуна элбэх саҥа идея киирэр.  Хаартыны арааһынайдаан булкуйарбар, тамныырбар, эргитэрбэр илии имигэһэ хайаан даҕаны наада буолар. Фокуска ап, хомуһун (магия), иллюзия, тарбах талаана барыта да баар курдук. 

— Бастакы нүөмэриҥ туһунан кэпсээ эрэ.

— Манньыат көмөтүнэн оҥоһуллар фокус этэ. Ютуб ханаалыгар көрөн үөрэммитим. Кичэйэн бэлэмнэнэн баран ийэбэр, бырааппар, доҕотторбор көрдөрбүтүм. Онтон таһырдьа тахсан атын оҕолорго көрдөрбүппүн биир оҕо: “Мин ити фокус кистэлэҥин билэбин ээ, Ютуб ханаалыгар баар этэ”, — диэбитэ. Онно олус хомойбутум, бэл, хас да күн дьиэбиттэн тахсыбатаҕым. Ол кэнниттэн сыта-тура санааларбын сыымайдаан баран “арай, хантан даҕаны үтүктүбэккэ, көрдөрөр фокустарбын бэйэм толкуйдаатахпына” диэн санаа киирбитэ. Дьэ ол күнтэн ыла ханна даҕаны, ким даҕаны көрбөтөх фокустарын бэйэм толкуйдаан, тугу эрэ эбэн-сабан, тугу эрэ уларытан, төһө кыалларынан сайыннаран араас фокустары көрдөрөр буолбутум.

— “Магия нөҥүө сулустарга“ бырайыак туһунан сырдат эрэ.

— Инстаграмынан фокустарбын араас рубрикаларынан көрдөрөбүн. Биир саамай дьон сэҥээрэр рубрикатынан  “Магия нөҥүө сулустарга” буолар. Бу рубрикаҕа биллэр-көстөр дьону, артыыстары кытары быһа сибээскэ тахсабын уонна кинилэргэ тугу сатыырбын, араас трюктарбын көрдөрөбүн. Хас биирдии нүөмэрбин кичэйэн кыһаллан туран бэлэмниибин. Тылбын-өспүн элбэхтэ хатылыыбын, бэлэмнэнэбин онтон биирдэ дьоҥҥо көрдөрөбүн.

—Нүөмэрдэргин көрдөрөргөр төһө долгуйаҕын? Биир фокуһу быһа холоон төһө өр бэлэмниигин?

— Долгуйабын. “Баҕар сатаныа суоҕа” диэн санаалар киирэллэр. Ол иһин элбэхтэ эрчиллэбин. Нүөмэрдэрбин бэйэм бэйэбэр хос-хос көрдөрөбүн. Оччоҕуна, долгуйарбын кыайабын уонна көрөөччүлэргэ тахсабын.    

   

                Фокустарбын, трюктарбын арааһынайдык үөрэтэбин. Чэпчэки өттө биир күнүнэн сатанан хаалыан сөп, сороҕор олох даҕаны икки чаас иһигэр үөрэтэн кэбиһиэхпин сөп. Оттон ыарахан трюктары уһуннук үөрэтэбин, холобур, биир трюгу үөрэппитим номнуо иккис сылыгар барда. Киһи ылла даҕаны дөбөҥнүк сатаабат ыарахан трюга. Киһи этэ тардар кутталлаах, ыарахан нүөмэрдэрин үөрэтэ сылдьабын. Эрчиллибитим  биир-икки сыл буолла, кэмэ кэллэҕинэ, табылыннаҕына көрөөччүлэрбэр таһаарыам. 

 “Эдэр саас” саайт нөҥүө Сахам сирин дьонугар-сэргэтигэр Саҥа дьылынан, саҥа сылынан эҕэрдэбин тиэрдэбин!

Надежда ИЛЬИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0