Бүгүн, олунньу 23 күнүгэр, СӨ норуодунай артыыската, САССР үтүөлээх артыыската, Ньурбатааҕы көһө сылдьар судаарыстыбаннай академическай тыйаатыр артыыската Валентина Пантелеймоновна Николаева 80 сааһын туолар.
Валентина Пантелеймоновна М.С.Щепкин аатынан Москватааҕы тыйаатыр үрдүкү училищетын бүтэриэҕиттэн, 1966 сылтан Ньурбатааҕы дыраама тыйаатырыгар ситиһиилээхтик үлэлээн кэллэ. 60-тан тахса кэрэхсэбиллээх оруоллары толорон, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин, тапталларын ылар. Тыйаатыр режиссердара киниэхэ анаан испэктээкиллэри туруораллар. Норуодунай артыыска биир үбүлүөйдээх сааһыгар В.Дельмар «Дальше -– тишина» испэктээкили режиссер, СӨ култууратын туйгуна Алгыс Макаров туруорбута. Испэктээкил тылбааһын артыыска Валентина Николаева бэйэтэ оҥорбута кини дэгиттэр талааннааҕын этэр.
Куорат олохтоохторо ардыгар ньурбаларга ымсыырар түгэннэрбит эмиэ баар буолар. Холобур, аҥаардас Валентина Пантелеймоновна оонньуурун көрөөрү төһөлөөх баҕарарбыт буолуой? Үксүгэр Ньурба тыйаатыра Дьокуускайга саас гостуруоллуу кэлээччи. Биир оннук саас «Тайахтаах таптал» сэһэнинэн испэктээкил туруорбуттарын туһунан сурах тилийэ көппүтэ. Сааһыра барбыт кэрэ аҥаар (артыыска Валентина Николаева) уонна эдэркээн уол (артыыс Руслан Семенов) тапталларын көрөөрү Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттар (улуустартан эмиэ кэлбит этилэр) тоҕо анньан кэлбиттэрин өйдүүбүн. Испэктээкил олус ситиһиилээхтик барбыта. Ити испэктээкили туруорар оччотооҕу кэмҥэ бэйэтэ хорсун быһыы этэ!
Үгүс оруолларыттан сорохторун ааттаатахха, «Күкүр Ууска» -– Күннэй, «Эдэр гвардияҕа» -– Ульяна Громова, «Бүлүү хаайыылааҕар» -– Ольга Сократовна, «Отеллоҕо» -– Дездемона, «Манчаарыга» -– Маарыйа, «Кыһыл Ойууҥҥа» -– Оруос Баай, «Тыгын Дьаҥхалаах дьолуо» -– Аан Далбар, «Ньырбакааҥҥа» -– Ньырбакаан уо.д.а.
Бүгүн СӨ норуодунай артыыската Валентина Николаева туһунан философия наукатын доктора, бэрэпиэссэр Ксенофонт Дмитриевич Уткин-Нүһүлгэн өссө 1991 сыллаахха суруйбутун билиһиннэрэбит.
Биирдэ Валентина Николаевнаттан: — Аан бастаан артистка быһыытынан бэйэҕин өйдөөбүт обраһыҥ ханныгый? — диэн туруору соҕус ыйытык оҥордум.
Онуоха Валя чочумча соҕус таалан олорбута уонна оргууй аҕай саҥа таһааран: — Чингис Айтматов «Кыһыл былаахтаах тэтиҥчээнигэр» Асель обраһа -– бастакы дипломнай үлэм этэ. Арааһа, ону ааттыам эбитэ буолуо… -– диэн наҕыл баҕайытык ахтан аһарбыта.
Кырдьыга, ол киэһэ сцена сабыыта сыыйа арыллан үгүс сылга аанньал оҥостубут күндү көрөөччүлэрэ кэрэниистии кэчигирээн чуумпуран олороллоро. Тылынан этиллибэт кэрэ түгэн кэтэһэн турара. Артистка көрөөччүлүүн көрсүспүт бастакы өрүкүйүүтэ өй-сүрэх чүөмчүтэ буолан, билиҥҥэ диэри тыыннаах сырыттаҕа… Онтон ыла уҕараабат уххан айанын көтөлө биллибэккэ аастылар.
Валентина Николаева сезон аайы саҥаттан-саҥа уустук оруолу өй-сүрэх мөккүөрэ оҥостон тиийэн кэллэ. Хас да тырым тыыннаах сырдык образтар артистка биографиятыгар кыһыл строканан суруллан киирдилэр. Олор истэригэр үгүс көрөөччүлэр Нэркэс, Луиза уонна Саарка образтарын ааттыыр буолуохтаахтар.
Көрөөччү быһыытынан өлүүкэ санаабар: Валентина Николаева артистка быһыытынан арыллан тахсыыта, талба талаанын күлүм көстүүтэ Саарка обраһыгар ордук көһүннэ диэн бүк саныыбын. Ол иһин артистка Николаева Саарка оруолугар сценаҕа тахсан оонньообут түгэннэрин, маннык бэлиэтээһиннэринэн этиэхпин баҕарабын.
А.Балакаев «Ийэ сүрэҕэ» диэн драматическай айымньыта Күн ийэҕэ ытыктабылы иҥэрэр гуманистическай идеаллаах норуот айбыт үһүйээнэ буолар. Маннык теманы хайа да омук чугастык ылынар, оонньуур дьоҥҥо ордук үөрүүлээх түгэни үөскэтэр. Ити өртүгэр улахан болҕомтобун уурбаккабын, бу айымньы артистка Николаеваҕа сырдык ыратыныын көрсүспүт дьоллоох түгэнэ буолбутун бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Артистка образ тылын-өһүн, тас номоҕон көстүүтүн дьоһун ойуулааһынынан муҥурдамматаҕа. Иһирэх иэйиитин, этин-хаанын кытары кытыннарбыта. Ис сүрэҕиттэн умсугуйан, баҕаран үлэлээбитэ. Итини барытын театральнай публика сөбүлээн көрбүтэ, иһирэхтик ылыммыта.
Иккиһинэн, «Ийэ сүрэҕэ» норуот номоҕон остуоруйата буолан артистка историческай өртүнэн ханнык да хаарчахтааһынын оҥорботоҕо. Онон уопсай ансамбылтан туораабакка туран оонньуур оруолун сөбүлүүрүнэн, дьоһун сэбэрэ ойуулаан ситэри симээбитэ, киэргэппитэ. Николаева Саарка оруолун оонньоотоҕун ахсын байыта, эбэ-көҕүрэтэ, уларыта сылдьыбыта.
Спектакль хаамыытыгар хотун Саарка араастаан уларыйар. Арыт көрүөхтэн эрэ күлүмнэс буолар. Дуй курдук туналыйа тупсар. Сороҕор үүт курдук үллэ мөлбөйөр, чысхаан курдук чыһыыра тымныйар. Эбэтэр симэхсин курдук сиэмэх, үөдэн курдук өһөгөй буолар. Санаата да күн киһитин өйүн туймаардар, көнө сүрэҕин кэдэрги иэҕэр. Тулаайах ийэ соҕотох уолун Пурвээни таптыыр кыыһа Миндьээттэн быллаҕай курдук былдьаан ылар. Таҕылын тарҕатар дьалына киирэн уолан киһи сүрэҕин өрүкүтэр. Онуоха астыммакка өссө эбии ииригирэ илбиһирэр.
Эдэр сааһын эргитиэн баҕарар. Ийэ эрэйдээх төлөн сүрэҕин түөһүн иһиттэн хостуон саныыр. Истиэп хотойун күүһүн тоһутаары Пурвээ уолунан утары охсуһуннарар. Ыар айыыны соруйан оҥотторон дириҥ далайга кинини үтэйэр. Итилэр бары көрөөччү хараҕар өрүкүйүү, долгуйуу ухханын тыына буоланнар көстөн олорбуттара. Бухатыыр таҥаһын тиирэ кэппит Миндьээ кыыстыын Хотун баһылык өргөс батас өтөрү түсүһэн уот курбуунан охсуһан бараллара, кыйадыйа кыынньар дьалаҕай үҥкүүтэ -– артистка Николаева сценаҕа сылдьыы бары ньыматын кыайа туттарын дьүһүннүүр-ойуулуур ньымалара дэлэгэйин, дэлгимин бигэргэтэллэр. Уопсайынан, охсуһуу уонна үҥкүү сценалара пьесаҕа киирбэтэх режиссерунан, актерунан булуллубут эбиискэлэр буолаллар. Бу пластическай лоскуйдары ойо быһан суох гыннар спектакль тутула, ситимэ ыһыллаҕас, тыҥааһына, тас көстүүтэ тутах, иинэҕэс буолуох этилэр.
Валентина Николаева -– Саарка обраһыгар актер уонна личность быһыытынан түмүллэн көһүннэ. Дууһа ис аймалҕанын бүтүннүү таһааран, сценаҕа туттуу, хамсаныы техникаларын барытын баһылаан публика иннигэр астыктык көстүбүтэ.
ххх
Урукку да, кэнники да үлэлэрин сэргэ тутан аттара санаатахха, Николаева айар маастарыстыбата уустук уонна бөдөҥ образтарга ордук көстүбүтэ. Баларга кини бэриллибит оруолун үтүктэ, оонньуу сылдьыбатаҕа, бэйэтин өлүүкэ санаатын кытары эппитэ. Сороҕор ол таайтаран бэриллэрэ. Үксүгэр оонньуур майгынан, куолас оонньооһунунан, дьүһүн уларыйыытынан араастаан бэриллэр. Ол иһин образ туһунан сүрүн өйдөбүлү режиссер, актер уонна автор толкуйдарын билсэн эрэ баран, ол таһыгар спектаклы бэйэтин көрүү кэнниттэн биирдэ боччумнаах өйдөбүлү ылыахха, сэрэйиэххэ сөп. Валентина Николаева -– Саарка обраһыгар уйан уйулҕатын, эстетическэй көрүүлэрин араастаан эппитэ.
Туох-ханнык иннинэ сценаҕа көстөр Хотун Саарка -– бу кэрэ, кэрэмэс дьахтар. Кини олоххо көстөр нарын, номоҕон дьахтартан өссө ордук тупсарыллыбыт, театрга, сценаҕа анаммыт кыраһыабай дьахтар. Ону чараас гримэ, кулуһун уҥуоҕа, кэрэ мөссүөнэ бары кэпсииллэр. Санаатаҕын аайы сөбүлүүрүнэн уларыттар күлүм-күндэлэс киэргэллээх, оонньуур ойуу халааттаах, чааскылаах уу дьалкыйбатын курдук сценаҕа сылдьан кубалыы устар. Алтын-Богдо дьикти дойду Хотун Баһылыга буоларын таһынан Николаева -– Саарка ханна барытыгар: дьахтар нарын, талба буолуохтааҕын кытары эппитэ. Биһиги төһө даҕаны испитигэр абааһы дьахтарын сидьиҥ, кэдэрги майгытын сирэ олордорбут бу кэрэ көстүүнү, күндү симэҕи сөҕө көрбүппүт.
Николаева оонньообут обраһынан дьахтар диэн айгыр айылҕа айыыта буоларын, киһини умсугутар үтүө, кэрэ өрүттэрдээҕин эмиэ санаппыта. Чопчу турбут соругун таһынан, уопсай эстетическэй соругу эмиэ толорбута.
Спектакль диэн искусство айымньыта, тыыннаах хартыына, оонньуу буолар. Артистка бу обраһынан театр диэн умсулҕаннаах оонньуу, дьоллоох түгэн буоларын эмиэ эппитэ. Саарка кэдэрги кэмэлдьитин төһө да саралыы тардыбытын иһин киһилии тапталга наадыйарын, эдэр саас эгэлгэтигэр ымсыырарын, төһө даҕаны сыала, ньымата мөкүтүн иһин киэргэли, кэрэни сөбүлүүрүн киэҥ көрөөччүгэ сиһилии кэпсээбитэ.
Урукку сценическэй үлэлэригэр артистка образ сырдык өрүттэрин хото бэлиэтиирин, иэйэр, айманар түгэннэрин күүркэтэн оонньуурун санаан ыллахпытына, Валентина Николаева «Ийэ сүрэҕэр» ити эстетикатын уларыппатаҕын көрбүппүт.
Спектакль коллективнай айымньы буоларын быһыытынан уонна биир, уус-уран, идейнэй соругу толорорунан даҕаны образтар эт-хаан өттүнэн сыстыһа сылдьыахтаахтар. Оччоҕо ырыаттан тылын быраҕар сатамматын кэриэтэ, хайа да артист ойуччу хайысхаҕа үлэлиэ суоҕа. Ити биирэ.
Иккиһинэн, артист сценаҕа толоруута айар үлэ албаһа буоларынан мунуулаах-тэниилээх даҕаны, сороҕор, умсугутуулаах, өрүкүтүүлээх даҕаны үгүс өрүттэрдээх. Үлүһүйэн, образ ис ухханыгар олус уйуһуйан айанныыр аартыгыттан туоруон сөп. Оччоҕо тус-туһунан араас образ ситимэ, утаҕа быстыа. Спектакльга ансамбыл баар дуу, суох дуу? диэн боппуруос үөскүө. Саарка обраһа айымньы этигэр-хааныгар сыстар дуо?
Саарка оруолун уус-уран уратыта, оонньоммут хайысхата барыта -– уопсай сорукка бас бэриллэриллэн ансамбылга үлэлиир. Кинини туспа тутан монолог оҥорор эбэтэр ойуччу таһааран бэйэтин оонньотор сатаммата чахчы. Спектакль хаамыытыгар арыалдьыт кыргыттарыныын араастаан халаахтаһар, ардыгар хадьардаһар, Пурвээ уоллуун, Миндьээ кыыстыын кырыктаахтык кыргыһар. Сороҕор сылаанньыйа сымнаан налыйар кэмигэр Саарка характера араастаан арыллар, дьүһүн-көстүү ойууланар.
Баһылаабытын баттыы, өһөгөйдөөбүтүн өһүөннүү, биһирээбитин мэҥиэстэ сатыыр сатаҕай дьалыҥнара спектакль барар тыҥааһынын, драма ис туругун күүһүрдэн биэрэллэр. Саарка обраһын улаатыннарар, дарбатар түгэннэрэ Пурвээҕэ, Миндьээҕэ кытары көстөллөр. Итинник хайысха музыкальнай киэргэтиигэ, ойуулуур-дьүһүннүүр декорацияҕа, таҥаска-сапка, бутафорскай оҥоһуктарга барыларыгар баара. Саарка да, атын да образтар өртүлэриттэн ансамбылы кэһэр биирдиилээн түбэлтэлэр тахсыбытахтара.
Бу өртүнэн көрдөххө, Николаева Саарка тустаах соругун ситиһиилээхтик толорбутун таһынан, драма икки хайысхатын: ийэ уонна таптал темаларын таба быһаарарга кырата суох оруолу оонньообута. Төһөнөн Алтан-Богдо хотуну абааһы көрөҕүн да, соччонон Ийэ барахсан мөссүөнүгэр нөрүөн нөргүйэҕин, туҥуй сүрэхтэр уйан тапталларын сырдык туналыгар күлүк түспэтин, хаһыҥ хаарыйбатын туһугар барыны оҥорорго ытык санаа чувствотын иҥэринэ, иитиэхтии олороҕун.
Артист маастарыстыбата, художник быһыытынан айар мөссүөнэ, кини тус бэйэтин олоҕун опытыттан, общественнай уонна культурнай активноһыттан силис тардан сайдан тахсар. Николаева талааннаах артистка диэн үгүс көрөөччүгэ иһиллибит буоллаҕына, ол кистэлэҥэ кини айылҕаттан уйан, намчы уйулҕалааҕар, долгуйуу, өрүкүйүү дьиктилэрин эт сүрэҕинэн иҥэринэн билбитигэр сытар дии саныыбын.
— Арааһа, биэс саастаахпар быһыылаах этэ, -– диир Валентина Николаева. -– Биһиги Балаҕаннаахпытыгар, Үөһээ Бүлүүгэ атын сиртэн кэлэннэр концерт көрдөрбүттэрэ. Миигин көтөҕөн ылан сцена муннугар олордубут тетям ол киэһэ араастаан ырыа, үҥкүү толорбута. Урут хаһан да көрө илик киһиэхэ дьикти да этэ. Кэлин өйдөөбүтүм: Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ М.И.Константинова музыкальнай училищеҕа сылдьан концертка кэлэн кыттыбытын өйдөөн хаалбыт эбиппин.
Николаева кэлин ахсыска үөрэнэ сылдьан, Үөһээ Бүлүү театрын оччотооҕу артиһа, билигин Ньурбатааҕы государственнай драматическай театр режиссера С.И.Слепцов тэрийбит драматическай куруһуогар театр туһунан бастакы уруоктары ылбыта. Орто оскуоланы бүтэрээт, бу театрга үөрэнээччи артистканан үлэҕэ киирбитэ. Бастакы дебюттара табаарыстарын уонна көрөөччүлэрин болҕомтотугар бигэтик хатаммыттара. Онтон салгыы — Москваҕа үрдүкү театральнай училище иһинэн үлэлиир саха студиятыгар үөрэнии үрдүк үктэллэрин дабайар сыллара утуу-субуу субуруһан ааспыттара. Ити барыта ийэ тылы обраһы кытта тэҥҥэ уһаарар оскуола, айар мастарыскыай уонна үлэлиир лаборатория буолтара.
Валентина Николаева Саарка оруолугар үлэлээһинигэр, үөһэ эппиппит курдук, имигэс хамсаныы кырата суох миэстэни ылара. Инники этэн аһарбыт үҥкүүлэргэ иэмэхтэнэр, эриллэ, буралла урбачыйар эрчимнээх түгэннэр артисткаттан көннөрү үтүктүүнү эрэ буолбакка, дьиҥнээх хамсаныылары, музыкальнай ритмы чуолкай тутуһуулары кытары ирдииллэрэ. Концертка таҕыстаҕына Николаева, сэдэх да буоллар лирическэй эбэтэр характернай үҥкүүлэргэ эмиэ кыттааччы. Онон артистка драматическай тренажеры кытта сэргэ үҥкүү пластикатыгар суолта биэрэрин, эрчиллэрин эмиэ өйдөөбүппүт. Кини өссө төрдүс кылааска үөрэниэҕиттэн ыла орто оскуоланы бүтэриэр диэри гимнастическай секцияҕа сылдьыбыта үтүө көмөнү оҥорбут эбит.
Саха АССР үтүөлээх артистката Валентина Пантелеймоновна Николаева үйэ чиэппэрэ Ньурба театрыгар турбут бары спекталларга сүрүн даҕаны, ойоҕос даҕаны араас оруолларга үлэлээн кэллэ. Ол иһигэр, үөһээ кэпсээбит Саарка обраһыттан В.Шекспир «Отеллотыгар» Дездемона обраһа кытта бааллара. Бырааттыы омуктар да, саха да драматургиятыгар элбэхтик үлэлээтэ. Ону барытын аахпакка эрэ бу биир табыллыбыт обраһыгар анаан-минээн соруйан тохтоотум.
Валентина Николаева туруорааччы-режиссер уонна тылбаасчыт быһыытынан театр олоҕор эмиэ кыттыбыта.
Артистка билигин республикаҕа биллэр айар үлэһит. Опытырда. Ол эрэн, күүстээх, күлүмнэс характердар кини остуолугар ууруллаллара буоллар, эмиэ эдэр эрдэҕинээҕи Нэркэһин курдук тэтэрэ, тылла түһэн күнү көрдөрүө, сценаҕа тахсан үгүс көрөөччүнү соһутуо этэ.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru
Хаартыскалар: Ньурба тыйаатырын архыыбыттан