Өрүс суол туран уонна Саҥа дьыл чугаһаан ыраах улуустартан Дьокуускай куоракка дьон кэлиитэ-барыыта биллэрдик элбээтэ. Ыраах айаҥҥа үксүн таксыы өҥөтүн туһаналлар. Билигин сыана хайдаҕый?
Сыана араастаһар?
Хас улуус ахсын таксыы өҥөтүн сыаната араас. Холобур, Дьокуускайтан Таатта улууһа 260-тан тахса км ыраах сытар, бырайыас, ортотунан, 2000 солк. Оттон Ньурбаҕа диэри 4500 солк. Тоҕо маннык сыана араастаһыыта үөскүүрүй? Бастатан туран, улуус киин куораттан төһө ыраах сытарыттан тутулуктаах. Биллэн турар, чугас оройуоннарга диэри сыана быдан удамыр. Ол курдук, Уус Алдан, Нам, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар диэри сыана, ортотунан, 1000-тан саҕалаан 1500 солк. диэри халбаҥныыр. Онтон Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгэр диэри Дьокуускайтан 1000 км кэриҥэ ыраах. Таксыы өҥөтүн сыаната быдан үрдүк, 12 000 солк. тэҥнэһэр.
Бүлүү бөлөх улуустарын ылан көрөр буоллахха, Бүлүүгэ диэри 2000, Үөһээ Бүлүүгэ диэри 2500-3000, Ньурбаҕа диэри 4000-4500, Сунтаарга диэри 4500-5000, Мииринэйгэ диэри 6000-6500 солк. буолан турар.
Чурапчыга 3-4 чааһынан тиийэллэр
Олохтоох дьон сыл ахсын таксыы тарыыба үрдээн иһэр диэн бэлиэтииллэр. Холобур, аҕыйах сыллааҕыта Тааттаҕа диэри 1000 солк. этэ, билигин аччаабыта 1500 солк. буолар. Тарыып сыаната тоҕо үрдүүрүй? Билигин федеральнай суоллар уруккута буолбатахтар, быдан тупсан тураллар. Холобур, Чурапчыга диэри аспаал суол үлэҕэ киирбитэ. Сотору кэминэн Тааттаҕа диэри ууруллуоҕа. Бүлүү федеральнай суолугар эмиэ сөптөөх өрөмүөн ыытыллар. Бүлүү куоракка диэри улахан аҥаара аспаалланан сытар. Бэрдьигэстээххэ диэри (178 км) аспаал суол дыргыйар. Онон массыына суолга алдьанара-кээһэнэрэ лаппа аҕыйаабыта чуолкай. Ону таһынан, суол тупсан билигин айан бириэмэтэ быдан түргэн. Тааттаҕа, Чурапчыга урукку кэмнэргэ 5-6 чаас айанныыр буоллахха, билигин 3-4 чааһынан тиийэллэр. Бүлүү куоракка диэри суол оҥоһуллуон иннинэ аччаабыта 9-10 чаас айанныыр буоллахтарына, билигин, ортотунан, 6-7 чаас эрэ барар. Онон билиҥҥи балаһыанньа итинник.
Сыана тоҕо үрдүүрүй?
Таксыы суоппардара этэллэринэн, тарыып сыанатын үрдээһинэ сыл ахсын бу өҥөнөн туһаныы элбээн иһэрин кытары сибээстээх. Айанныыр дьон элбэх, онон хас биирдии миэстэ былдьаһык дииллэр. Онон наадыйыы (спрос) баарын тухары, сыана түспэккэ үрдүү туруоҕа. Ону таһынан, уматык сыаната эмиэ улаата турар. Бу эмиэ тарыып сыанатыгар охсор дииллэр.
“Таксыыстар наһаалаатылар диир дьон баар. Ол гынан баран, өйдүөххэ наада, билигин туохха барытыгар сыана үрдүү турар. Нолуокка, уматыкка, итиэннэ массыына саппаас чаастарыгар эмиэ. Онон биһиги сыананы мээнэ улаатыннарбаппыт, барытын учуоттаан оҥоробут”, – диэн таксыыс Павел Иванов бэлиэтиир.
Саҥа дьыл иннинэ сыана үрдүөҕэ
Саҥа дьыл бырааһынньыга чугаһаата. Мантан ыла дьон барара-кэлэрэ өссө элбиэҕэ. Онон таксыы сыаната 1000-1500 солк. үрдүөн сөп. Ол курдук, былырыын Ньурбаҕа диэри бу кэмҥэ айан 5000-5500 солк. диэри үрдээбитэ, ол иннинэ 4000 солкуобай этэ. Маннык курдук илин эҥээр диэки хайысхаларга сыана 250-500 солк. үрдээн турбута. Онон быйыл Саҥа дьыл иннинэ тарыып үрдүүрэ чуолкай.
Суобас диэн баар буолуохтаах
Ол эрээри, Саҥа дьыл эрэ чугаһаата уонна дьон барыыта-кэлиитэ элбээтэ диэнинэн эрэ салайтаран тарыыбы аһара үрдэтэр сыыһа курдук. Билигин үгүс таксыы, ол эбэтэр элбэх киһини ылар кыахтаах “Хайс” микро-оптуобустар гаас уматыгынан сүүрэллэр. Бары билэрбит курдук, гаас уматык сыаната бэнсииннээҕэр икки төгүл чэпчэки. Аны туран, бу уматыга атыылыыр тустаах сапыраапкалар сүрүн федеральнай суолларга элбэхтэр. Онон уматыкка оннук айылаах ороскуотуруу суоҕун кэриэтэ. Онон киһи аймах саамай күүтэр бырааһынньыгын, Саҥа дьыл иннинэ, таксыыстар сыананы оннук айылаах таһаарбаккыт буоллар диэн ааҕааччыларбыт ааттарыттан этэбит, көрдөһөбүт даҕаны. Бу этиини ылыныахтара диэн эрэнэбит.
Кыһын тарыып чэпчиэхтээх
Елена Павлова, Таатта улууһун олохтооҕо:
– Массыынам суох буолан, Дьокуускайга өрүү таксыынан киирэн тахсабын. Тарыып тоҕо үрдүүрүн олох өйдөөбөппүн. Эрдэ суолбут төһө да мөлтөх буолбутун иһин, 1000 солк. начаас куоракка киирэн тахсар этибит. Билигин маннык буолбатах. Сыана итинник үрдүү турарынан сылыктаатахха, бэрт сотору 3000 солк. тиийэрэ буолуо. Суолбут оҥоһуллар, олохпут-дьаһахпыт тупсар. Ол гынан баран, тарыып үрдүү турар. Мин санаабар, кыһыҥҥы суол баар кэмигэр тарыып төттөрү чэпчиэхтээх. Айан түргэтиир, бары-кэлии элбиир буоллаҕа.
Аны туран, Саҥа дьыл чугаһаата ээ. Таксыылааччылар дьон айанныыра элбээбитин туһанаары сыаналарын үрдэтиэхтэрэ турдаҕа ээ. Оннук айылаах үрдэппэттэрэ буоллар дии саныыбын. Онто да суох сыана барытыгар үрдүү турар, кыһарыйтарарбыт элбэх.
Таксыыстар үлэлэрэ эппиэтинэстээх
Александр Васильев, пассажир:
– Таксыыстар хас биирдии барааччыны-кэлээччини дьиэтигэр тиийэн ылар, малын-салын таһан көмөлөһөр. Бу эмиэ эбии хамсаныы-имсэнии, үлэ буоллаҕа дии. Сорох таксыыстар Аллараа Бэстээххэ дьон ас-үөл ыларыгар тохтоон кэтэһэллэр. Хас биирдии суоппар бэйэтин эппиэтинэһигэр кыһыҥҥы тымныыга, тумаҥҥа дьону илдьэр-аҕалар. Онон кинилэр үлэлэрин эмиэ убаастыахха наада.
Drivee сыһыарыы
Куораттан чугас сытар улуустар билигин Drivee сыһыарыы көмөтүнэн айанныыр буолбуттар. Бу таксыыны сакаастыыр Drivee саҥа сыһыарыы Дьокуускай куоракка уонна улуустарга быйыл бэс ыйын 13 күнүттэн үлэтин саҕалаабыта. Сыhыарыыны туһанааччылар сырыы бары усулуобуйатын быһаччы суоппары кытары быһаарсаллар. Ол курдук, пассажир бэйэтин сыанатын этэр, толорооччу сөбүлэһэр эбэтэр атын сыананы туруорсар. Маныаха суоппардар маршруту барытын көрө олорор буолан, бэйэлэригэр сөптөөх сакааһы талар кыахтаахтар. Онон дьон быдан удамыр сыанаҕа айанныыллара биллэр эрээри, Саҥа дьыл иннинэ тарыып хайдах буолуо биллибэт ээ. Чэ, көстөн иһиэҕэ.