Кыһын буолан, таксилар сыыдамсыйдылар. Сыана араас. Дьокуускайтан Сунтаар 900-тэн тахса км ыраах сытар, бырайыас, ортотунан, 5000 тыһ. солк. Оттон Уус-Ньараҕа диэри 9000 солк.
Сайынын Сунтаарга диэри айанныырга Бүлүү өрүһү үстэ, Марханы биирдэ паромунан туоруугун. Ол кэтэһиитэ-манаһыыта эбиллэн, айан бириэмэтэ уһаан биэрэр. Оттон Өймөкөөн улууһун Уус-Ньара бөһүөлэгэр диэри Дьокуускайтан 1000 км кэриҥэ. Ол эрэн такси өҥөтүн сыаната быдан үрдүк, 8000-9000 солк. тэҥнэһэр. Таксистар Өлүөнэ уонна Алдан өрүстэри паромунан туорууллар. Сунтаарга барардааҕар парому кэтэһии-манаһыы эмиэ да аҕыйах курдук.
Тоҕо маннык сыана араастаһыыта үөскүүрүй? Бүлүү бөлөх улуустарыгар сылдьар таксистар этэллэринэн, бу маршрутка элбэх суоппар дьону тиэйиинэн дьарыктанар. Холобур, чааһынай массыыналаахтар бензиннэрин сыанатын төлөттөрөөрү кыра сыананы этэн, биирдиилээн дьону эмиэ илдьэллэр.
Оттон Өймөкөөн улууһугар үлэлиир таксистар ити чааһыгар кытаанахтара иһиллэр. Бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса билсэллэр. Чааһынай дьону бэйэлэрин кэккэлэригэр киллэрэ сатаабаттар. Онон түбэһиэх суоппар бу өҥөнөн дьарыктаммат. Ол иһин сыаналара түспэт. Дьиҥэр, биир өрөспүүбүлүкэҕэ олорорбут быһыытынан сыана арыый да тэҥ соҕус буолуохтаах этэ.
Александр Тарасов
Дьокуускайтан улуустарга сылдьар таксилар билиҥҥи сыаналара
Км |
сыаната (солк) |
|
Горнай | 182 | 500 |
Бүлүү | 572 | 1500-2000 |
Үөһээ Бүлүү | 656 | 2500 |
Ньурба | 787 | 3500 |
Сунтаар | 955 | 5000 |
Мииринэй | 1154 | 6000 |
Чурапчы | 194 | 1000 |
Амма | 180 | 1000 |
Таатта | 260 | 1200 |
Мэҥэ Хаҥалас | 66 | 300 |
Уус Алдан | 127 | 500 |
Өлүөхүмэ | 651 | 4000 |
Томпо | 423 | 2000-2500 |
Нам | 84 | 300-350 |
Өлөөн | 2000 | 8000-9000 |
Өймөкөөн | 984 | 8000-9000 |
Кэбээйи | 395 | 3500-4000 |
Алдан | 542 | 2500 |
Нерюнгри | 813 | 3500 |
[vc_separator]