Таймылыыр сэлиэнньэтэ Булуҥ улууһугар, Өлөөн өрүс хаҥас биэрэгэр, Тиксии бөһүөлэгиттэн 285, Дьокуускай куораттан 3700 килэмиэтири ыраах сытар. Төрүт олохтоохтор сүрүннээн булдунан, балыгынан дьарыктаналлар. Хоту дойдуга ыраас санаалаах, көрсүө-сэмэй, хоһуун үлэһит дьон олорор буолан, тыйыс тымныыны кыайаллар, олоҕу сырдаталлар, айаллар-туталлар.
Төрүт дьарыгы утумнаабыт дьоһун ыал
Александр Николаевич Винокуров төрүттэрэ Станнаах хочоттон силис тардыбыт, бары удьуор булчут, балыксыт дьон. Дьонун утумнаан, оҕо эрдэҕиттэн сиргэ-уокка сылдьыһан, айылҕаны истэ-билэ үөрэнэн, Александр кадровай булчут буолбута. Бэриллибит былааны куруук толорор эппиэтинэстээх үлэһит буолан, “Тыа хаһаайыстыбатын туйгуна” ааты сүкпүтэ. Ыччат настаабынньыга билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа да олордор, “Таймылыыр” МУП кытта дуогабардаһан балыктыыр, бэйэтин уопутун ыччакка үллэстэр.
Кэргэнинээн олохторун холбоон ыал буолан олорбуттара 37 сыл буолбут. Елизавета Владимировна төрөппүттэрэ үөрэхтэрин бүтэрээт, хоту дойдуга ананан тиийэн, ийэтэ учууталынан, аҕата Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбиттэр. Ийэтэ барахсан кыысчаан оскуоланы бүтэрээри сырыттаҕына эрдэ өлөөхтөөбүт, аны аҕата өлөн, икки быраатынаан тулаайах туран хаалбыттар. Инньэ гынан, бырааттарын көрөн улаатыннараары, үөрэххэ дьоҕурдаах кыыс үөрэнэ барбакка, почта таһааччынан үлэлии киирэн хаалбыт. Бу олоҕун олус ыарахан кэмнэригэр күүс-көмө буолбут үтүө санаалаах дьонун наһаа истиҥник ахтар.
—10 оҕолоох Анна Петровна, Егор Никитич Михайловтар бэйэлэрин төрөппүт оҕолорун курдук көрөн-истэн, дьиэ-уот тэрийэн көмөлөһөн, наһаа да абыраабыттара. Татьяна Васильевна, Константин Павлович Скрыбыкиннар тирэх буолан, эрэл эбэн көмөлөспүттэрин умнубаппын. Кинилэргэ махталым муҥура суох, билигин бу олохтон туораабыттарын да иһин, куруук махтана ахтабын, — диэн кэпсиир.
1978 сыллаахха Түмэти сельсоветын сэкиритээринэн талыллан, А.И. Никифоровтыын үлэлээбиттэрэ 40 тахса сыл ааспыт. Дьэ, бу сыллар устата Елизавета Владимировна биир дойдулаахтарын түмэр, түстүүр, салайар, сүбэлиир-амалыыр, көмөлөһөр, тирэх буолар үлэтигэр бары сыратын уурар, олохтоох дьаһалта солбуллубат тутаах үлэһитэ. Үлэтэ үрдүктүк сыаналанан, элбэх Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаланан, “Муниципальнай сулууспа туйгуна”, “Муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ”, үлэ бэтэрээнэ, Булуҥ улууһун Бочуоттаах олохтооҕо аатын ылбыта. Нэһилиэккэ ыытыллар бары тэрээһиннэри көҕүлээччи, тэрийсээччи.
Бу үтүө холобур буолар тутаах ыал биир уратыта — төрөппүт 2 оҕолорун таһынан 5 оҕону иитэн-такайан таһааран, олох киэҥ аартыгар бигэтик үктэннэрбиттэрэ буолар. Чөл олоҕу тутуһар, өрө тутар, иллээх-эйэлээх, дьоҥҥо истиҥ сыһыаннаах ыал оҕолорун сайдам санаалаах, элэккэй майгылаах буолуҥ, дьоҥҥо көмөлөһө-туһалыы сылдьыҥ диэн үөрэтэн улаатыннарбыттара. Алтыан идэлэрин баһылаан, үлэттэн чаҕыйан турбат туруу үлэһиттэр. Володя диэн уоллара устудьуоннуу сылдьан ууга былдьанан, олоҕун суола эрдэ быстаахтаабыт…
Елизавета Владимировна, Александр Николаевич оҕолорун, сиэннэрин ситиһиилэринэн дьоллонон, сэмэйдик үөрэллэр, иллэҥ кэмнэригэр тутуспутунан айылҕаҕа сылдьалларын сөбүлүүллэр. Сайынын хоту дойду тыйыс усулуобуйатыгар хаһаайка дууһатын сылааһынан угуттаан оҕуруот аһын олордон, дэлэй үүнүүнү ылан сөхтөрөр, сиэдэрэй сибэкки үүннэрэн үөрдэр.
Олох ыарахаттарыттан чаҕыйбакка, хардарыта өйөһөн-өйдөһөн, чөл, бигэ суолу тутуһан, олохторун сөпкө салайыммыт хоту дойду хоһуун дьоно биир дойдулаахтарыгар, ыччакка үтүө холобур, бигэ тирэх буолаллар.
Ытык ийэ
Евдокия Иннокентьевна Стручкова 1936 сыллаахха Булуҥ улууһун Чекуровка нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Оонньоммотох оҕо саастаах, сэрии ыар сылларын оҕото буолан, Чурапчыттан көһөрүллэн кэлбит дьону көрсөн, дьукаахтаһан олорбуттарын, муҥхалааһыҥҥа көмөлөһөллөрүн, күнү быһа кыра оҕолору көрөллөрүн, оччотооҕу хам аччык, дьулаан сылларын биирдэ эмэ санаан ааһар. Ийэтэ Христина Христофоровна олус талааннаах иистэнньэҥ буолан, кыыһын кыра эрдэҕиттэн үөрэтэн, удьуору салҕаан, иистэнньэҥ бэрдэ.
Кыра эрдэҕиттэн кыһалҕаны көрө-билэ, үлэни өрө тута улааппыт буолан, аламаҕай дууһалаах, сайаҕас санаалаах, үтүө мааны майгылаах кэрэ киһи буолар. Кини өр сылларга оҕо саадыгар ньээҥкэнэн үлэлээн, үгүс оҕону көрөн улаатыннарбыта. Сайын уһуйаан үлэлээбэт да кэмигэр кини тиэргэнин иһэ оҕо чаҕаарар саҥатынан туолара, ыалдьытымсах дьиэтигэр элбэх ыалдьыт тохтоон, сынньанан, кэпсэтэн, хонон ааһаллара. Эппиэтинэстээх, дьон кыһалҕаларын чугастык ылынан көмөлөһө сатыыр киһини биир дойдулаахтара нэһилиэк депутатынан таланнар, кыаммат-түгэммэт дьоҥҥо көмөлөспүтэ элбэх.
Үлэ, тыыл бэтэрээнэ Евдокия Иннокентьевна сирдээҕи аналын толорон, ыал буолан, 4 кыыс оҕону төрөтөн, кэргэнэ эрдэ өлөн хаалан, бэйэтэ бүөбэйдээн, иитэн, атахтарыгар туруоран, үтүө үлэһит дьон оҥортообута.
Улахан кыыһа Антонина Ивановна 45 сыл ыстаастаах, РФ Үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ. “Олохпор ситиһиим — бу ийэм үтүөтэ, кини үөрэттэрэн, сырдыкка-кэрэҕэ талаһарга сирдээн, такайан, билиҥҥэ диэри үлэлии-хамсыы сылдьабын”, — диэн санаатын үллэстэр. 3 оҕо ийэтэ, 9 сиэн эйэҕэс эбэтэ ийэтиттэн уран дьоҕурун утумнаан, иистэнэрин сөбүлүүр.
Кыыһа Сардаана Ивановна Шарина филологическай наука кандидата, Гуманитарнай чинчийэр институт хотугу филология салаатын сэбиэдиссэйэ, оҕо сааһын маннык ахтар:
—Эбэбит биһигини кытта олорбута, сиэннэрин төбөбүтүттэн атахпытыгар диэри тирии таҥаһы араас сиэдэрэй ойуулаан, тигэн таҥыннарар этэ. Кини тикпит таҥастарын, малларын Ленинградтан этнографическай музейтан кэлэн атыылаһан барбыттарын өйдүүбүн. Ийэбит кинини кытта тэбис-тэҥҥэ иистэнэр этэ. Эбэбит иистэнэр кэмигэр киэһэ аайы дорҕоонноохтук ааҕыы диэн үгэс баара. Эдьиийдэрим Тоня, Люда олус үчүгэйдик, дьиҥнээх артыыс курдук оруолларынан арааран ааҕалларын сөбүлээн истэр буоламмын, оскуолаҕа киириэм инниттэн саха суруйааччыларын айымньыларын үгүстэрин кэриэтэ билэр этим.
Нууччалыы суругу-бичиги ааҕарга, таптыырга аҕабыт Иван Алексеевич оруола улахан дии саныыбын. Ааҕыыга таптал онтон үөскээн, билигин бары кинигэни сэргиир, тута сылдьар дьоммут. Сүктэриллибит соругу эппиэтинэстээхтик толорорго эмиэ оҕо эрдэхтэн үөрэммиппит. Холобур, субуота күн оҕолорго кулуупка киинэ көрдөрөллөр этэ. Бу күн биһиги дьиэҕэ сууйуу-тарааһын, субуотунньук түбэһэрэ. Дьэ, киинэҕэ барыаххын баҕарар буоллаххына, үөрэх кэннэ дьиэтээҕи ис-тас үлэни барытын оҥордоххуна, кыайдаххына эрэ сылдьар кыахтанаҕын. Төрөппүттэрбит оҕо сааспытыттан үөрэппит олуктара биһиги олоххо чиҥник үктэнэн, бэйэбит суолбутун буларбытыгар бигэ тирэх буолбута. Билигин бэйэбит ыччаттарбытын эмиэ оннук иитэбит.
Людмила Ивановна СГУ бүтэрбитэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, сиэннэрин көрсөр.
Кыра кыыһа Туяра Ивановна Булуҥ улууһугар “Сахамедстрах” хампаанньа боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлинэн үлэлиир. Төрөөбүт дойдутугар дьон-сэргэ билэр, ытыктыыр, олоххо көхтөөх, сэргэх киһи. Тиксиигэ культурнай тэрээһиннэри иилээн-саҕалаан ыытар, куруук дьон туһа диэн сүүрэр-көтөр, айар-тутар талааннаах үтүө үлэһит, тапталлаах кэргэн, улахан ыал ийэтэ, эбэтэ.
Ийэлэрэ Евдокия Иннокентьевна кини улахан кыыһыгар, тапталлаах сиэнигэр олорор, хос сиэннэрин бүөбэйдиир, кинигэ ааҕарын сөбүлүүр. 4 кыыһын сэргэ 2 уол оҕону иитэн, үлэһит оҥортоон, элбэх оҕонон баай хоту дойду үтүө-мааны Далбар Хотуна билигин 86 сааһыгар да үктэннэр, таах олорбот.
Олох ыарахаттарыттан чугуйбакка, кэрэни кэрэхсээн кэскилин кэҥэппит, сырдык ыралаах ытык киһи чугас дьонун тапталларыгар, махталларыгар уйдаран, истиҥ сыһыаннарыгар угуттанан олорор.
Мария Егорова.
Хаартыска: суруйуу дьоруойдарын архыыптарыттан.