Бүгүн «Эдэр саас» сайтка Горнайга браконьердар ийэ-тайаҕы өлөрбүттэрин суруйбуппут. Үөрүүлээх сонун кэллэ — тайах оҕолоро иккиэн быыһаммыттар.
Александр ТАРАСОВ, https://edersaas.ru
Горнайдааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтигэр Бүлүү федеральнай суол 151-с км тайах өлүгэ сытарын уонна аттыгар икки оҕото сылдьалларын туһунан иһитиннэрии киирбитэ. Иниспиэксийэ үлэһиттэрэ тута тиийэн бэрэбиэркэни ыытан, тайах саанан ытыллыбытын быһаарбыттара. Икки нэдиэлэлээх оҕолоро чугас ырааппатахтар. Бастаан биирин эрэ туппуттар. Иккис айылҕатын быһыытынан куоппут. Бэс ыйын 7 күнүгэр түөрт киһилээх биригээдэ тахсан, анаан-минээн көрдөөн булбуттар.
Сахамин Афанасьев, айылҕа харыстабылын миниистирэ:
— Быраканьыардар ийэ тайаҕы «охторон», икки оҕотун өлүү суолугар хаалларбыттар. Бу кэрээнэ суох быһыы. Ол гынан баран, тустаах үлэһиттэр көмөлөрүнэн тайах оҕолоро тыыннаахтар. Билигин өрөспүүбүлүкэтээҕи зоопаркаҕа бааллар. Бэтэринээрдэр тугуттар туруктарын көрдүлэр-иһиттилэр. Биир ыйынан тайах оҕолорун кыыллары көрөр-истэр Кэҥкэмэтээҕи учаастакка илдьиэхпит. Тайаҕы көҥүлэ суох ким бултаабытын быһаарыыга Горнайдааҕы полиция кыттыста.
Александр ТАРАСОВ, https://edersaas.ru