Куйаастан сынньана таарыйа Баһылай кэпсээнин ааҕыҥ.
Арай былыр Нэттэгээйэп Баһылай диэн ааттаах тоҥ тоҥус бэрийэр бэрдин кытары иилиҥкэйдэһэн тайахсыт аатын ылан, биир күһүн хара тыаны,тайҕаны кэтэн, тайах ааһар кэмигэр, Түргэн диэн ыппынаан уонна Тумустакый диэн сиэр атынан Баһылайбын сырсан маах көтүтүүнэн сылдьыспытым ээ. Киһим кэтэх ата туохха тэҥнээх буолуой, доҕор эмньик ат бэйэтэ бэйэтиттэн тэбиэһирэн барар кыахтаах ат этэ, дьэ, ама да сырыылаах көлө эбит этэ, айаккалаах айаннаах уһун киэҥ сүүрүүлээх эмиэ иччитин курдук Элэс Хара дэппит ат. Ыта Сиэбэр диэн кыра ньахчайбыт ыт аата эмиэ дьэ иччитин баттаабат унньуктаах сүүрүүлээх, хайдахтаах да тайаҕы күөйэн эргитэр булчут ыт этэ. Ээ, мин хара Түргэним да хаалсыбат сырыылаах, өссө ордук курдук буолааччы. Ол ытым эмиэ сорсуннаах сонордьут,тайахсыт араас булка барытыгар дэгиттэр булка барар үйэбэр биирдэ үөскээбит ытым этэ ол Түргэн. Биһиги, дьэ, Хапчаанынан эҥсэн бэттэх Куруҥ Үрэхтэн биир тайаҕы ыттарбыт үрэннэр киһим баран ытан ону астаан, онно хоммуппут. Күһүҥҥү халлаан кылгас буолан уонна үрэххэ аттарбытын хабыалата түһээри, тыал-куус үрбэт сиригэр хоннубут. Эт үөлэн уонна күһүҥҥү тайах очоҕоһун уокка үтэн, саллан сиибит. Уот чоҕурдаҕына сыалаах очоҕоһу сыатын иһирдьэ кына тиэрэн баран уоттаах чоххо быраҕаҕын. Ол аата очоҕос саллан сиэбиппит диэн. Мин оҕо сырыттахпына арай ийэм оһоҕо чоҕурдаҕына тахсан хочуоҥкаттан сүөһү очоҕоһун киллэрэн ол уоттаах чоҕор үтээччи. Ону «Ийээ, тугу хоруоттуҥ»- диэтэхпинэ: «Хоруотуом дуо, очоҕос салла олоробун, хата, кэлэн сиэ,»- диэччи. Дьэ, онтуҥ бэйэтэ туһунан минньигэс ас буолар, өссө эмис очоҕос олох бырдырҕаччы ыстаан сииргэ олох үчүгэй. Сыа бырдыргыы сылдьар буолар, дьиҥнээх сахалыы ас уонна буһара да түргэн. Ийэм кыратык кэриэрдэ түһээччи, ол, дьэ, үчүгэйэ бөҕө. Кэлин өссө сиэри: «Ийээ, хаһа очоҕос саллан сиибитий”,— диэтчибин ээ мин.
Биһиги сарсыныгар туран аһаан-сиэн, салгыы өрө диэки айанныыбыт. Тайахпыт этин лаабыс курдук оҥорон онно ууран кэбиспиппит. Оттон сиргэ икки тиити суулларан баран сиэрдийэнэн муосталанар, онтон хопто курдук модьу мастарынан эркиннээн, эттэри онно уурталаан баран, эмиэ сиэрдийэнэн үрдүлээн кэбиһиллэр. Сиртэн биир модьу лэкэчик саҕа үрдүлээх гыналлар этэ. Кыра быыһын элбэх гыналлар, салгын оонньуур буолуохтаах. Оттон оннук оҥорооччу Нэттэгээйэм. Сороҕун үрдүк тииттэн тииккэ ампаар охсон оҥорооччубут. Эмиэ итинник хопто курдук үрүттээн эҥин. Үрдүнэн баттаталлар, ол-бу кыыл ыспатын диэн. Биһиги икки күнү быһа бар да бар. Айаккалаах айан, онно көрбүтүм ,дьэ, үрдүк халдьаайыны. Уу үөһэттэн киһи хараҕа ылбат ырааҕа ытыска уурбуттуу көстөр этэ. Оо, өссө бинокулунан көрдөххө өссө үчүгэй. Биһиги да Хорулабыт тайҕатыгар кэрэ, үчүгэй даа сирдэр бааллар эбит этэ. Ол үрдүк халдьаайыга үөһэ оройугар сылдьар эбиппит. Халдьаайынан айаннаан иһэриҥ биллибэт, эмискэ оннук эмпэрэ үрдүк сирдэр кэлэллэр. Сөҕүмэрдээх үрдүккэ сылдьаргын итэҕэйбэккин. Мин ону бинокулунан көрө олордохпуна Баһылайым :»Олорума, кэлэн аһаа,»- диэтэҕинэ өссө көрөөрү олорболуу түһэр этим. Киһим аһын бэлэмнээн, тоҥ лэппиэскэни үчэһэҕэ үөлэн, уокка сылытан сиибит. Ирбитин сии олороҕун, тоҥ буспут тайах этин эмиэ кутааҕа сылытан сиигин. Бэрт баҕайы. Сиргэ ол иһин киһи талаһар, сир-уот үчүгэйиттэн дуоһуйаары, айылҕа араас кэрэтин көрөөрү, дойду үтүө сураҕын сэргээри, булт алт сырыытын таайан билэр буолаары. Иккис күммүтүгэр түөртүүр саҕана иннибитигэр ыттар үрдүлэр. Биһиги ыттарбыт диэҕи модьу куоластаахтар, биһиэттэрэ ньааҕынас соҕус уһатыылаан үрээччилэр. Киһим тохтуохха, иннибитигэр дьон баар эбит, аны киһини ытан кэбиһиэхтэрэ диэн тохтоотубут. Иһиллиибит, ыттар үрэллэр син чугас, онтон биһиэттэрэ тийдилэр быһыылаах, биир кэм ыттар үрүүлэрэ бөҕө, тайҕа иһин толорон кэбистэ. Онтон иккитэ саа тыаһаата да, ыттар хам баран хааллылар. “Чээ,барыахха дэһэн”, — ол саа тыаһаабыт сирин диэки баран истэхпитинэ буруо сыта кэллэ. Аттарбытын соруйан биэрдибит. Мин киһим кэнниттэн батыһан иһэбин. Арай көрбүппүт икки ат бааллан турар, икки киһи тайах астыы сылдьар. Биһигини көрөөт, тохтоон уоттарыгар кэллилэр. Онтубут убайдарбыт Эрийээһин Баһылайы кытта Сымыытап Миитэрэй эбиттэр. Биһигини көрөөт, соһуйуу бөҕө.
«Оо, хайа, бу ааттаах тоҥус үс күлүктээҕин хайа бу бырааппыт котоку сырсан элимтэхтэнэ сылдьар эбит буолбат дуо. Бээ, бу бырааппыт тоҥус илээтин хайдах ситэн сылдьаҕыный,»- диэннэр миигин көрө-көрө күлүү бөҕө убайдарым. Ол, дьэ, мин Баһылайы сырсан элэ сэниэм эстэн, эгэ дьүккэ баранан иһэр буоллаҕым дии. Били хас аһылык аайы уокка ас сылыттан аһыы сатааммын сирэйим хап-хара буоллаҕа. Убайдарым иккиэн да Акыыдалар буоллаҕа, оо, күлэн бөҕөлөр, олох истэрин тутталлар. «Дьэ, баар суох бырааппыт Акыыдабыт ылгын уола, көр эрэ, бу ааттаах хоту дойду хоһуунун кытта эрбии тииһинии эрийсэн иһэрин көрүҥ эрэ, дьэ эр эбиккин дии, бырааппыт,Чокуур тамаҕа, Боһомо силиитэ, Дуйаҥ иҥиирэ. Сөллүр күүһэ бу сатанаҕа баар эбит буолбат дуо, доҕоор,»- диир Миитэрэй. Ааттаах эмис баайтаһыны астастыбыт ээ. Үөрүү-көтүү бөҕө, сэһэн-сэппэн ыраатта. Кутаа тула бэйэм аҕа саастаах хаан убайдарбын кытта тайҕа ортотугар олоро биир-биир умнуллубат кэрэ түгэн буоллаҕа. Бу бырааппыт, Акыыдабыт ааттааҕа диэбиттэрэ миэхэ үрдүк чиэс, наҕараада курдук буоллаҕа, улуу булчут убайдарым тыллара.
Итиннэ мин, кырдьык, ыран, быстан испитим. Мээнэ киһи Нэттэгээйэп Баһылайы кытта сылдьыбат. Кытаанах сырыылаах, туттуулаах-хаптыылаах ураты сырыылаах киһи этэ. Эгэ, миигин быстыа диэн арыый налыйа түһээччи аһыырга. Мин диэн аһыырым бытаана, кырата сыттаҕа дии. Начаас саҥа айаннаан иһэн аччыктаан барааччыбын. Ити бастакы сиргэ сырыым этэ, онон билбэтим-көрбөтүм наһаа элбэх буолааччы. Үрэхтэри эҥин туорааһыҥҥа эрэй бөҕөнү көрөөччүбүн. Сиргэ, тайҕаҕа сылдьа үөрүйэҕэ суоҕум миигин атахтааччы. Ситэ кыайан да аһаабакка онон киһи быстарар, мин саҥа оттолуу аһаан эрдэхпинэ киһим номнуо аһаан бүтэн, хомуна олорор буолааччы. Ону онно аһаан ньаххаҥныы олоруоҥ, дуо айаххар ас симтэ сатыы-сатыы хомунан бараҕын. Мин саҥа хомунан бүтэрбэр киһим атын сиэтэн кэлээччи. Оннук түргэн-тарҕан аһылыктаах, сырыылаах киһи этэ.
Биирдэ Чуукаарга баран иһэбит Нэттэгээйэптиин. Аттарбытын миинэн баран Бэс Үрэҕинэн айаннатан дипситии. Мас көтөрө бөҕө ону ытан иһэбит. Ыттарбыт уопсайа түөр кииһи үрбүттэрин бултаабыппыт. Иккилии киистээх кэлбиппит Чуукаартан. Онно үрэҕи туоруурга мууһунан уйдаран истэхпитинэ киһим ата муустаах ууну дьөлө үктээн, аттыын бэйэлиин уулаах хооҥкуга түһэн хаалбыта. Киһим атын миинэн олорор, төбөтө эрэ көстөр. Мин салынным. Атым атын сиринэн тумнан барда. Хаара суох килэҥ муус аны. Халтарыйа-халтарыйа атым үөс диэки киирэр. Ол сырыттахпытына киһим ата кистээн дьырылатта да, киһилиин- баҕастыын ойон тахсан, биирдэ үөһэ мууска дьирэс гына түстэ ээ. Оо, кистээн бөҕө аны, муҥнаах үөрүүтүттэн. Аны биэрэккэ астарбыппыт туруору баҕайы. Баһылайым атын быһа биэрбитэ туруору биэрэги өрө дабайа турдулар, мин атым эмиэ ол кэнниттэн түһүнэн кэбистэ. Һуу, хата, үөһээ биэрэккэ тахсан баран үөрбүппүөн. Дабайдыбыт диэн атым муҥнааҕы муннуттан сыллаан ылбытым. Дьэ, кытаанах сырыы этэ, айаккабыын, билигин оннук хайдах да сылдьыллыбат. Киһим ата муус кыаһаан буолан Көлгөөнөйгө дылы барыта маах айанынан барбыппыт.
Аны кэпсээнтэн кэпсээн бара турар ээ. Һэ-һээ. Эрэҥдэҕэ сытан саас балык ыамын саҕана Борулдуолаахха илимнии бардыбыт, сарсыныгар дьиэбитигэр балык үөлэн илдьээри. Чиэрэс ыллыгынан истэхпитинэ суол кытыытыттан куртуйах көттө. Киһим атыттан түһэн онно барда уонна турар. Ону: «Хайа, Баһылаай, тоҕо турдуҥ?»-диэбиппэр: «Ээ, куртуйах уйата сытар, сымыыта бөҕө,»- диэбитэ. Мин саныы оҕустум: мас көтөрүн сымыыттаах уйатын булар куһаҕан, сэттээх дииллэрин истээччибин, ол иһин аппыттан түспэккэ олорон: «Доҕоор, Баһылай, хампы үктээн, тэпсэн кэбис, уйа суоҕун курдук гын,»- диэбиппин киһим: «Ээс, сүрэ бэрт, хата, төннөн иһэн сымыыттарын илдьэн сиэхпит,»- диэтэ. Ааһа турдубут. Борулдуолаахха тиийэн илим бөҕө үтэн, түүнү быһа балык үөлэн икки акка ыҥыырдан иһэн, били, маспыт көтөрүн сымыытын ылаары тохтоон, көрдүү сатаан кэбиспиппит да, булбатахпыт. Мас тоһуппут бэлиэбит баар, уйа да, сымыыт да суох. Үөлүллүбүт собо бөҕөнү ыырдан киирбиппит дьиэбитигэр.
Онтон, били, Хапчаан өрө сылдьан ол убайдарым ханна эрэ чугас үүтээннээхтэр быһыылаах этэ, биһиги онно барсыбатахпыт, киһим атын сиринэн илдьибитэ. Ол баран иһэн миэхэ этэр: «Доо, Баһылаай, манна чугас эһэ арҕаҕа баар, билигин киирбитэ буолуо, онно бара сылдьыахха,»- диэбитин төһө да куттаннарбын, куттас буолумаары- «Сөп,»— эрэ диэтим ээ. Оо, испэр иэдээнник саллан иһэбин. Ол хаһан эһэни бултаспытым баарай, арай, сыыһа-халты тутуннахха, иэдээн”, — дии саныыбын. Аккаастыахпын киһим барардыы иһэр, холкута да бэрт. Мин оттон идэһэ борооскуну сүүстээри уҥуоҕум хамсаан, титирэстээн, сыыһа дайбаан кэбиһээччибин. Онно холоотоххо, эһэ диэн, оо, саллымар кыыл буоллаҕа, онно сананан истэҕим диэн санаабыттан бэйэм салынным. Айабыын! Биир сиргэ тиийэн хоннубут.»Сарсын сырдыкка барыахпыт, аттары манна хааллартаан баран, мантан чугас,»- диир киһим. Мин куттанан титирэстээн: «Аһа,»- эрэ диибин. Кутаа тула эргичиҥнээн, утуйарга куһаҕан баҕайы, киһи нус-хас сынньаммат. Киһим тоҥмото сүрдээх, сытта да утуйар. Ама, олох тоҥмото буолуо дуо диэн сөҕөөччүбүн ээ. Сарсыарда туран: «Эн олох тоҥмоккун дуо, утуйан бөҕөҕүн, мин тоҥон утуйбатым,айа хаһан тийэбитий дьиэлээх сиргэ»-диибин. Ону: «Ээс,тоҥобун буоллаҕа, тулуйабын ээ, ити эйигин көрө сытабын,»- диир. Ону мин дьээбэни санаан: «Ол тоҕо маныыгын,утуйа сыттахпына дьууктуоҕа диэҥҥин дуо?»- диэн күлэн бөҕөтө. Дьэ, онтон били сирбитигэр бардыбыт, ыттар иннибитигэр элэстэнэн хааллылар. Биир бүдүө-бадыа үрүйэҕэ тиийэн киһим тохтоон: «Чэ,мантан чугас, сааҕын иитин, сүнньүөхтэргин чугаһат, быһаххын иннигэр аҕал, бэлэм ис, киһини ытаайаҕын, сэрэн «- диэтэ. Сирэйбин-харахпын көрөр. Хорсуммун киллэрэн «ыттайбыта» буоллум. Аа-дьуо баран истэхпитинэ: «Көр, арҕаҕа ол көстөр, бэттэх кэл, сэргэстэһэ,таҕыстаҕына иккиэн ытыахпыт,»- диир. Ыттар арҕастарын түүтүн туруоран баран арҕах таһыгар сылдьаллар эбит. Ол турдахпына киһим саҥата хомойбуттуу: «Паа,суох эбит дии, кэлбэтэх»- диэбитигэр үөрэн «Һуу, хата, суох эбит, бу дьолу, бардын, бардын, кэлбэтин, эһэтэ да суох сылдьыахпыт,»- диэн саҥам көбдьөөрөн, эһэ суоҕуттан үөрдүм да этэ.
Хоммут сирбитигэр кэлэн бу сиртэн тэскилии охсоору ыксал бөҕө. Аны эһэ кэлиэ диэммин. Хата, ыттарбыт иннибитигэр сылдьар буоланнар, үчүгэй этэ. Ээ, оттон онно ханан-ханан эргийэн кэлбиппитин туох да билбэт. Киһим ханна барар да, онно баран иһэбин буоллаҕа мин. Сиргэ үксүн хонобут, онон киһи ордук эстэр, быстар, сылайар этэ. Аттар да ньымньааран, хата, төргүүгэ эбиэстээх буолан онон эриһээччилэр. Ол эһэ арҕахтаах сиртэн үһүс күммүтүгэр киэһэ хараҥарыыта Ампаардаахха кэлэн хоммуппут. Онно Ампаардаах бэттэх үс тайаҕы бултаан лаабыстаан, эстэн -быстан дьиэбитин нэһиилэ булбуппут. Дьонум муҥнаахтар кыыл этэ,мас көтөрө эҥин амсайан үөрэн бөҕө буолааччылар. Оок, билигин санаатахха, дьиэни-уоту ахтан, ийэлээх аҕа истиҥ тылларын суохтаан, ахтан кэлэн, сылаас дьиэҕэ, ичигэс таҥаска , итии үүттээх чэйи иһэ олорор курдук үчүгэй, кэрэ, иэйиилээх туох баар буолуой. Ол эмиэ дьол ээ.
Оттон били мас көтөрүн сымыыттаах уйатын булар,көрөр куһаҕан, сэттээх дииллэрэ кырдьык курдук эбит ээ. Былыргыттан этэллэр мас көтөрүн сымыыттаах уйатын булбут, көрбүт киһи уһаабат дииллэр. Мас көтөрүн сымыыта мээнэ киһи хараҕар көстүбэт айылгылаах эбит. Ааттаах үлэһит,булчут, АтахтаахСадыҥҥа кини звенота хас да сыл окко бастаан,дьоруой отчут аатын ылан убаһанан биһирэммитэ, сүлүөтүнэн сылдьыбыта ээ Нэттэгээйэп Баһылай. Ол ити оһолго олохтон туораан хаалбыта.
Киһи сиргэ, тыаҕа, тайҕаҕа сырыттаҕына ис кута арыллар дииллэрэ кырдьык эбит. Киһи онно көрөр эҥин эгэлгэ үчүгэйи, айылҕаҥ эйиэхэ чугаһыыр, эн кутуҥ-сүрүҥ бу тулалыыр эйгэлиин чугастык сибээстэһэр. Ол иһин киһи дууһалыын, ис сүрэхтэн астына сынньанар, тулалыыр айылҕаҥ кэрэтиттэн үөрэн-көтөн, сүргэҥ көтөҕүллэн эргиллэҕин. Дьиэ-уот, -йэ аҕа ахтылҕана, кинилэри ахтан сыллаан ылаттыыр күндү да буоллаҕа, бу Орто дойду олоҕор.
Баһылай
Хорула.