Таисия Иванова: «Самаан сайын кэрэтэ»

Ааптар:  Таисия Иванова
Бөлөххө киир:
Хаартыска: edersaas.ru

Самаан сайын кэллэ
Сайа тыалын ыста,
Күммүт уота күүһүрдэ
Күлүмүрдүү мичийдэ.

Самаан сайын кэлэн
Сылаас тыынын илгийдэ,
Ойуур тыаҕа кэҕэбит
Этэн-тыынан кэҕийдэ.

Самаан сайын буолан
Сыһыы кэрэ кырдала
Ситэн-тупсан, көҕөрдө,
Сибэккинэн тэлгэннэ.

Самаан сайын оройо
Итии уотунан үрдэ,
Оҕо аймах үөрдэ
Сөтүөлүүр кэмэ үүннэ.

Самаан сайын этиҥэ
Самыыр, ардах түһэрдэ,
Ходуһаҕа оттуурга
Хотуур суолун таһаарда.

Самаан сайын барахсан
Сылаас күнүн уотунан
Сир аһын арааһын
Сырылаччы буһарда.

Самаан сайын бүтүүтэ
Күммүт уота уҕараан,
Көлүйэ күөлбүт тула
Көтөр-сүүрэр муһунна.

Самаан сайыны атаара
Көмүс күһүнү көрсө,
Айылҕа баайын, кэрэтин
Айхаллыаҕыҥ, уруйдуоҕуҥ!

Иванова Таисия Ивановна, Ньурба, Күндээдэ

+1
6
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0