Таисия Десяткина: Айсен Николаев үлэлээбит уопутун өрөспүүбүлүкэни салайарыгар көдьүүстээхтик туһанар

Ааптар: 
27.05.2019
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин былырыын баччаларга, ол эбэтэр 2018 сыл ыам ыйын 28 күнүгэр, Дьокуускай куорат дьаһалтатын баһылыгынан үлэлии олорор Айсен Николаевы өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын эбээһинэһин толорооччунан анаабыта.

Балаҕан ыйыгар ыытыллыбыт быыбарга Айсен Сергеевич 71 % куолаһы ылан, Ил Дарханынан талыллыбыта. Биир сыл ааста. Бу кэм устата Айсен Сергеевич үлэтин-хамнаһын туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун Доллу нэһилиэгин “Тумул” кэпэрэтиип салайааччыта Таисия Десяткина маннык сыаналыыр:

– Күн-дьыл түргэнин эриэхсит, Айсен Николаев Ил Дархан солотун тутуоҕуттан номнуо биир сыл ааһа охсубут. Кини Үп миниистиринэн, норуот дьокутаатынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччытынан, киин куорат баһылыгынан үлэлээбит уопутун өрөспүүбүлүкэни салайарыгар көдьүүстээхтик туһанар.

Элбэххэ тэнийэ барбаккабын, тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр таһаарбыт дьаһалларын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Бастатан туран, ол – тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын стратегическай хайысхаларын туһунан ыйаах. Бэйэ бородууксуйатын оҥоруу таһымын үрдэтэр сыалы туруоран, үлэ эбийиэктэрин тутууга, сири оҥорууга, тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын тупсарыыга улахан хайысха ылан, бу ыйаах биһигини элбэххэ эбээһинэстээтэ, таһаарыылаах үлэҕэ көҕүлээтэ, улахан эрэли үөскэттэ.

Ил Дархан иккиһинэн, Сайылык күнүн олохтоон, саха олоҕун укулаатыгар сайылык суолтатын чорботто. Онон, тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһин аччатыллыбата, хата, бу ыйаахтарга тирэҕирэн, араас бырагыраамалар чэрчилэринэн, лаппа эбиллэр кыахтанна.

Бу ыйаахтары тыа хаһаайыстыбатыгар эрэ сыһыаннаах курдук саныыр тутах. Билигин оскуолалары сарбыйар туһунан бар дьону долгуппут “бырайыактан” тыа сирин нэһилиэктэрин сүрүн көмүскэлэ чуолаан, бу ыйаахтарынан тэриллэр үлэ-хамнас, дьону олохсутуу буолуоҕа.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0