Таилаҥҥа хаайтарбыт оҕолор сырыылара пресс-кэмпириэнсийэнэн түмүктэннэ

Ааптар: 
14.02.2018
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ социальнай ситимнэргэ Таилаҥҥа фольклор бэстибээлигэр тиийэн баран, онно хаайтарбыт «Мичээр» үҥкүү фольклорнай бөлөҕүн салайааччыта Юлия Семенова уонна  «Хотугу сулус» оҕо айар куонкуруһун салайааччыта Татьяна Гоголева тустарынан араас сурах-садьык туолла. edersaas.ru

Усуйаана улууһун Казачье нэһилиэгиттэн «Мичээр» оҕо фольклорнай үҥкүү бөлөҕүн 20 оҕото Таилаҥҥа Сурин уонна Корат куораттарга ыытыллыбыт бэстибээлгэ кытта тиийбиттэр. Олунньу 6 күнүгэр дойдуларыгар көтөөрү, аара массыына «пробкатыгар» түбэһэн, сөмөлүөттэригэр хойуутаан хаалбыттар. Арааһа, ыраах айаҥҥа араас түбэлтэҕэ түбэспэтэх киһи суоҕа буолуо.  Бу түбэлтэ миэстэтиттэн тутатына иһитиннэрии кэмчититтэн, иһитиннэрэр-биллэрэр тиһиктэргэ күүркэтиллэн,  аата-суола суох дьон комментарийдарынан урукку-хойукку холобурдары аҕалан, «Хотугу сулус» («Полярная звезда») куонкурус тэрийээччитэ Татьяна Гоголеваҕа аҥардастыы «саба түһүү» буолла диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Уопуттаах салайааччы бэйэтэ суруналыыс быһыытынан сөптөөх суолу тутуһан, дьыала ис дьиҥин тустаахтартан билэр  гына «Мичээр» үҥкүү  бөлөҕүн салайааччытын Юлия Семенованы уонна ансаамбыл оҕолорун кытыннаран, «сылааһына» суруналыыстарга пресс-кэмпириэнсийэ тэрийдэ.

Тэрээһини сүрүннээччи  суруналыыс Альбина Тарабукина тылы бастакынан Усуйаанаттан төрүттээх Ил Түмэн депутатыгар Александр  Слепцовка биэрдэ.

Усуйаана улууһун саамай ыраах кытыы нэһилиэгэр Казачьеҕа 1, 5 тыһ. тахса киһи олорор. Бу  булчуттар, табаһыттар, балыксыттар  олорор нэһилиэктэрэ. Ыраах хоту дойдуга олорор «Мичээр» фольклорнай үҥкүү бөлөҕө Таиланд курдук сиргэ тиийэн, норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ төрөөбүт Казачьеларын, Саха сирин бүттүүнүн эрэ буолбакка, дойдубутун Арассыыйаны дорҕоонноохтук ааттатта. Онон оҕолорбутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит, — диэн кэпсэтиини саҕалаата.

2000 сыллар саҥаларыттан тэриллиэҕиттэн ыла  оҕо сайдыытыгар туһуламмыт «Хотугу сулус» телеараадьыйа академията төһөлөөх үгүс ыччаты ырыаҕа уонна үҥкүүгэ уһуйан, көрөөччүгэ биһирэнэр ырыаһыттары, үҥкүүһүттэри иитэн таһаарбыта буолуо?

— Тэриллиэҕиттэн ыла айар академия көҕүлээһининэн өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан айар кэлэктииптэр сүүрбэттэн тахса норуоттар икки ардыларынааҕы араас  таһымнаах куонкурустарга кыттыыны ыллылар. Ол курдук, талааннаах оҕолор Скандинавия, АХШ, Европа, Азия таһымнаах улахан тэрээһиннэргэ кыттан кэлбиттэрэ. Бу сүүрбэччэ сыл тухары ааспыт нэдиэлэтээҕи курдук сытыы боппуруос үөскүү сылдьыбыта дуо? — диэн Альбина Тарабукина ыйытыытыгар «Хотугу сулус» телеараадьыйа академия салайааччыта Татьяна Гоголева маннык хоруйдаата:

Быйыл «Хотугу сулус»  куонкурус  22-c сезонун арыйар. Бу тухары 23  тыһ. оҕо кыттыыны ылла. Ол кэм устата оҕолор аан дойдутааҕы араас таһымнаах куонкурустарга кыттыыны ылаллар. Биллэн турар, «мичээрдэр» курдук оптуобустара рейстэрин куоттараары гынар түгэннэрэ , ол балаһыанньаттан араастаан тахсыы баар буолара.  Юлия Семенова  салайар үҥкүү бөлөҕө «Хотугу сулус» куонкуруска чаастатык кыттар. Ол иһин араас таһымнаах куонкурустарга актыыбынайдык кыттар буолан,  ЮНЕСКО көҕүлээһининэн ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ кытта тиийбиттэрэ. Бэстибээл кэмигэр аһылыга, хонуга — барытын тэрийэр кэмитиэт уйуммута. Оҕолор төрөппүттэрэ Дьокуускай куораттан Бангкокка дылы уонна бэстибээл ыытыллар сиригэр айаны төлөөбүттэрэ. Бастаан утаа, эдэр салайааччы ыксаллаах балаһынньаҕа түбэһэн, уолуйара чахчы. Ол эрээри Юлия Кирилловна эдэр киһи быһыытынан түргэнник хомуллан, Омуктар дьыалаларын министиэристибэтин сайтарын интернетинэн булан, кыһалҕатын быһаартара охсубута.  Киниэхэ МИД исписэлииһэ Владимир Соснов улаханнык көмөлөспүтэ. Кини киһи быһыытынынан ыраах кэлбит оҕолор түбэспит балаһыанньаларын өйдөөн, иккилии миэстэлээх хостордоох, күҥҥэ үстэ аһатар  гостиницаҕа оҕолорбутун олордон сүрдээҕин өйөөбүтэ. 

Араас сурах тарҕанарыгар төрүөт баара дуо? Бу туһунан «Мичээр» оҕо үҥкүү фольклорнай бөлөҕүн салайааччыта Юлия Семенова бу курдук кэпсээтэ:

Мин үҥкүү бөлөҕүн оскуола иһинэн 2006 сыллаахха тэрийбитим. 2009 сыллаахха «Хотугу сулус» оҕо айар куонкуруһугар холонон көрөргө санаммыппыт. Онно биһигини бастакы сырыыбытыттан бэлиэтии көрөн, Кытайга оҕо бэстибээлигэр кыттарга путевканан наҕараадаламмыппыт. Ити курдук, бастакы аан дойдутааҕы тэрээһиҥҥэ кыттыыбыт биһиэхэ эрэлэ кыымын саҕан, маннык таһымнаах куонкурустарга кыттарга суолбут аһыллан барбыта. Таилаҥҥа кыттыыбыт эмиэ «Хотугу сулуска» өр кэмҥэ кыттыбыт кыайыыбыт наҕараадата этэ. Манна 15 араас дойдуттан оҕолор ансаамбыллара кэлэн кыттыыны ылбыттара. Арассыыйаттан биһиги фольклорнай бөлөхпүт соҕотох этэ. Онон Арассыыйа Хотугу регионун бэрэстэбиитэллэрин быһыытынан национальнай таҥаспыт, ырыабыт-тойукпут, фольклорбут уратытын көрдөрдүбүт. Үөрүүлэҕэ баар, ханна сылдьарбыт тухары биһигини сибэккинэн, ытыс тыаһынан көрүстүлэр, үҥкүүбүтүн, фольклорбутун олус сэргээбиттэрин биллэрдилэр. «Мичээрдэр» үҥкүүлээн бүттүлэр да, туох да омуна суох, мин оҕолорбуттан автограф ылаары, хаартыскаҕа түһээри  саала аҥаара сцена кэтэҕэр мустар. Интэриэһинэйэ диэн, араас омук оҕото «гугл-тылбаасчыт» нөҥүө наһаа түргэнник кэпсэтэллэр, уопсай тылы була охсоллор. 

Оттон мүччүргэннээх сырыыбытыгар тохтоотоххо, мин аан бастаан балаһыыанньабытын быһааран, салайааччыбытыгар Татьяна Гоголеваҕа эрийбитим. Онтон турфирмаларга тахсан көрбүппүт. Суруйалларын курдук биһигини ханнык да турфирма албыннаабатаҕа. Оптуобус «пробкаҕа» түбэһэн, сөмөлүөппүтүн куоттарбппыт. Онтон толкуйдаан баран, Таилаҥҥа баар Арассыыйа посольствотыгар эрийбитим. Онно Владимир Соснов диэн посольство  үлэһитэ биһиги кыһалҕабытын бэйэтин болҕомтотугар ылбыта.   Ону тэҥэ Таилаҥҥа баар Нуучча Православиетын общината гостиницабытын булан биэрбитэ, аспытын хааччыйбыта уонна музейдарга, тыйаатырыдарга сырытыннарбыта.

Хаалбыппыт өссө үчүгэйдээх эбит. Бастаан утаа хаһан көтөр күммүт кэлиэр диэри наар гостиницаҕа олоруохпут дии санаабыппыт. Онтон күн аайы экскурсияҕа, тыйаатырга сылдьан барбыппытыгар, аны ким бүтэһик көтөрүн былдьаһан барбыппыт. Оннук күнтэн күн интэриэһинэй этэ. Таилаҥҥа тиийэн мүччүргэннээх сырыыга түбэһэн баран, биһиги биири өйдөөтүбүт: бастатан туран, биһиги английскай тылы үчүгэйдик билиэхтээх эбиппит, — диэн кэпсиир «Мичээр» үҥкүү бөлөҕүн кыттааччыта Лиза Васильева.

Пресс-кэмпириэнсийэҕэ Саха сирин суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева санаатын үллэһиннэ:

Тустаах иһитиннэрии суоҕуттан араас сурах-садьык тарҕанар. Социальнай ситим хонтуруолламмат: ким хайдах санаабытынан, сатаабытынан суруйар. Ол эрээри оҕолор тустарыгар ыалдьан бу ыраах айан тиэмэтин ырыттылар, эбии сытыырхаттылар. Тэрээһини сүрүннээччилэр сыыһа-халты туттубуттарыттан оҕолор маннык балаһыанньаҕа түбэстилэр быһылаах диэн санаа үөскүү сырытта. Бу курдук араас түбэлтэҕэ киһи үксэ түбэһэр. Дьиҥэр пресс-кэмпириэнсийэ курдук тэрээһини тэрийбэккэ эрэ, оҕолор бары этэҥҥэ дьиэлэрин буллулар диэн иһитиннэриинэн бу кэпсэтиини түмүктүөххэ сөп этэ. Ол эрээри Татьяна Афанасьевна оҕолор уонна кинилэр салайааччыларын дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөн, кинилэр санааларын этэллэрин киэҥ эйгэҕэ таһаарбыта эмиэ да сөп. Биһиги, бу олорооччулар, тустаахтары барыларын истэн, дьыала ис дьиҥин төрдүттэн биллибит. 

Оттон саха эстрадатын сулуһа Анатолий Горохов: «Ыарахаттартан толлубакка, дойдугутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлбиккитигэр, кыраныысса таһыгар тахсан төрөөбүт Усуйаанаҕытын эрэ буолбакка, бүтүн Саха сирин уонна Арассыыйа аатын ааттаппыккытыгар барҕа  махтал, — диэн  биир дойдулаахтарыгар санаатын тиэртэ.

Пресс-кэмпириэнсийэ түмүгэр Татьяна Гоголева  Бангкогтан «Мичээр» ансаамбыл оҕолорун бөлөҕүн Новосибирскайга көрсөн Дьокуускайга атаарбыт Усуйаанаттан төрүттээх Дмитрий Ворогушиҥҥа, Үөрэх министиэристибэтигэр (миниистири солб. Феодосия Габышева) балаһыанньаны тута өйдөөн, оҕолор билиэттэрин уларытан уонна бырайыастарын уйунан, улахан көмөнү оҥорбуттарыгар истиҥ махталын тиэртэ.

— Ханна да сырыттарбыт, биири өйдүөхпүтүн наада — бары бэйэ-бэйэбитигэр үтүө сыһыаннаах буолуохтаахпыт. Киһи үөрүөҕэ, атын омук дьоно үтүө санаалаахтарын көрдөрдүлэр. Мин бииртэн хомойобун: оҕолор Таилаҥҥа хаайтарбыт балаһыанньалара олох атын өттүнэн хаарыллан таҕыста. Мин кимниин да сууттаһа, аахса барбаппын. Эппит-тыыммыт дьон суобастара, култууралара — бэйэлэригэр. Бу кэмпириэнсийэни тэрийэн, Таилаҥҥа сылдьыбыт оҕолор этэҥҥэ эргийэн кэлбиттэрин көрдөрөн, кинилэр кэпсээннэрин иһитиннэрэн, Саха сирин олохтоохторугар тустаах эппиэппин биэрдим дии саныыбын, — диэн «Хотугу сулус» телеараадьыйа академия салайааччыта Татьяна Гоголева бэйэтин санаатын үллэһиннэ. 

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха cирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0