Таха Акгуль — аан дойду саамай күүстээх бөҕөһө

14.10.2016
Бөлөххө киир:

Риоҕа ыытыллан түмүктэммит XXXI Олимпийскай оонньуу көҥүл тустууга 125 кг ыйааһыҥҥа чөмпүйүөнэ турок Таха Акгуль – улуу тренер Д.П.Коркин кэриэһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы турнир бочуоттаах ыалдьытынан буолла. Күрэхтэһиигэ сылдьан көрөөччүлэри эҕэрдэлээн, кыайыылаахтарга наҕараада туттаран баран, кини салгыы СӨ спорка министрэ М.Д.Гуляевы, Дьокуускай куорат баһылыга А.С.Николаевы кытта көрүстэ, Олимпийскай эрэл училищетыгар эдэр бөҕөстөргө маастар-кылаас көрдөрдө.

Таха Акгуль Олимпиадаҕа кыайыытын кэнниттэн тас дойдуга бастакы сырыытынан биһиги өрөспүүбүлүкэбит буолла. Бэйэтэ этэринэн, хас даҕаны дойдуттан ыҥырыы баарын үрдүнэн, чопчу Саха сирин талан ылбыт. Ити кини сахалары түүрк тыллаах омук буоларбытын уруургуу көрөрүттэн уонна Д.П.Коркин аатынан турнирга туста сылдьыбытыттан буолуо диэн таайыахха сөп.

Тренердэрбэр куруук махталлаахпын

-Таха, эн хаһан, ханна төрөөбүккүнүй?

-Мин 1990 сыллаахха Сивас диэн куоракка төрөөбүтүм. Сивастан элбэх биллиилээх тустууктар тахсыбыттара. Ол курдук, олимпийскай чөмпүйүөннэр Ахмет Айык, Хамза Ерликайа. Бэйэбиттэн икки сыл аҕа убайбын кытта дьиэбэр наар тустан улааппытым. Аҕам эмиэ тустуунан дьарыктана сылдьыбыта. Ол иһин биһиги дьиэ кэргэммитигэр тустуу тыына куруук баар. Бииргэ төрөөбүт – үһүөбүт. Убайым Ясип эмиэ туста сылдьыбыта, билигин тренеринэн үлэлиир. Быраатым аата Фуркат.

-Спортсмен быһыытынан үүнэн тахсаргар ханнык тренердэр көмөлөспүттэрэй?

-Бастакы тренердэрбинэн Юсуп Кезкин уонна Ибрагим Унгор буолаллар. Оттон Измир куоракка үөрэнэр кэммэр Ремзи Мусаоглу салалтатынан дьарыктаммытым. Кинилэр миэхэ улахан өҥөлөөхтөр, мин бу тренердэргэ куруук махталлаахпын. Салгыы Турция киин куоратыгар Анкараҕа көспүтүм. Онно Абдуллах Чакмар миигин алта сыл эрчийэн, олимпийскай чөмпүйүөн буоларбар көмөлөстө.

-Таха, тустууга бастакы ситиһииҥ хаһан буолла этэй? Ханна, туох күрэхтэһиигэ?

-Аан дойду таһымнаах бастакы ситиһиим 2010 сыллаахха Венгрияҕа ыытыллыбыт ыччаттарга аан дойду чөмпүйэнээтигэр иккис миэстэҕэ тахсыым этэ. Ити мин маҥнайгы дьоһун көрдөрүүм.

Сахалар уонна туроктар уруулуу омукпут

-Эн, биһиги куораппытыгар өссө алта сыллааҕыта аан маҥнай кэлэн тустубутуҥ. Ол кыттыын туһунан тугу этиэҥ этэй?

-Ол, эмиэ Коркин аатынан турнирга этэ. Мин уопутум суоҕа. 120 кг ыйааһыҥҥа кыттыбым. Бастакы эргииргэ Сослан Гаглоевка хотторбутум. Ол кэнниттэн улахан таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыайыыларым саҕаламмыттара. Итинтэн ыла хас биирдии күрэхтэһиибэр эбиллэн, сайдан испитим. Миигин, Дмитрий Коркин турнирыгар туста сылдьыбыппын өйдүүллэриттэн астынабын.

-Ол аата, аан дойду таһымыгар тахсаргар Дмитрий Петрович Коркин аатынан турнир эйиэхэ улахан үктэл буолбут эбит. Оннук дуо?

-Оннук, сөпкө этэҕин. Уопсайынан, саха тустууга оскуолата күүстээҕин билэбин. Эһиги турниргыт үрдүк таһымнаах. Манна кэлиэм иннинэ Саха сиригэр тустууну сэҥээрэллэрин, өрө туталларын билэр этим. Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпытына, история уруогар Саха сирин туһунан кэпсиир буолаллара. Сахалар уонна туроктар хаан уруу омуктар буолабыт. Эһиги тустууктаргытын ытыктыыбын, кинилэр ситиһиилэрин билэбин. Бу биһиги бүтэһик көрсүһүүбүт буолбатах, өссө даҕаны кэлиэхпит, бииргэ үлэлиэхпит.

-Турнир тэрээһинин уонна көрөөччүлэри хайдах сыаналыыгын?

-Бу улахан суолталаах күрэхтэһии. Болгария, Польша, Грузия, Казахстан курдук дойдулар саҥа тахсан эрэр тустууктарын кытыннараллар. Манна уопут ыла, күүс эбинэ кэлэллэр. Турцияттан эмиэ хамаанда кэлиэхтээх этэ. Ону визаҕа кыһалҕалары көрсөн, тустууктарбытын кыайан аҕалбатыбыт. Инникитин син биир кыттыахпыт. Уопсайынан, бу күрэхтэһии – саҥа тахсан эрэр ааттарга улахан үктэл буолар. Биллиилээх тренер аатынан турнирга кыттыбыппыттан, дьылҕабар махтанабын. Мин бу сырыыга тустуук быһыытынан буолбакка, бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан кэллим. Түгэнинэн туһанан, истиҥник көрсүбүттэригэр махтанабын. Саха сиригэр кэлбиппиттэн үөрэбин.

Айаал Лазаревтыын бииргэ эрчиллиэхпит

-Спорт министрэ Михаил Гуляевы кытта сирэй көрсүүгэ туох кэскиллээх боппуруостары быһаарыстыгыт?

-Онно икки өттүттэн өйдөһүү оҥоһулунна. Мантан-антах Айаал Лазарев Турцияҕа баран үөрэтэр-эрчийэр түмсүүгэ кыттыахтаах. Уопсайынан, кини эрэ буолбакка, Саха сирин уонна Турция тустууга хамаандалара доҕордуу сыһыаҥҥа бииргэ үлэлэһэллэригэр кэпсэтистибит. Ол курдук, күрэхтэһиилэргэ уонна эрчиллиилэргэ кыттыы, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү. Чугастааҕы кэмҥэ хамаанданан табаарыстыы көрсүһүү тэриллэригэр этии оҥоһулунна. Онон спорт бу көрүҥэ салгыы сайдыытыгар олук охсулунна. Турция федерациятын аатыттан министргэ Махтал суругу уонна өйдөбүнньүк бэлэҕи туттардым.

-Саха бөҕөһө Айаал Лазарев туһунан тугу этиэххин сөбүй?

-Кини аан дойдуга биир улахан күүстээх тустуук. Биһиги бэйэ-бэйэбитин билсэбит. Тустуутун кэтээн көрөөччүбүн. Айааллыын туста уонна бииргэ эрчиллэ сылдьыбыппыт. Мантан инньэ өссө бииргэ дьарыктаныахпыт, ол – киниэхэ да үчүгэй, миэхэ даҕаны үчүгэй буолуо. Доҕордуу тустуук быһыытынан, икки өттүттэн сайдыахпыт.

Мин кыһыл көмүһүм – Турцияҕа күндү бэлэх

-Олимпийскай чемпион буолан кэлэргэр эйигин дойдугар хайдах көрүстүлэр? Туох наҕараадалары туттардылар?

-Риоҕа ыытыллыбыт Олимпиадаҕа мин Турцияттан соҕотох чемпиоммун. Уопсайа, аҕыс мэтээллээхпит: 1 кыһыл көмүс, 3 үрүҥ көмүс уонна 4 боруонса. Итинтэн биэһэ – тустууга. Мин ситиһиибэр дойдум аҕа баһылыга, премьер-министр улахан суолта биэрбиттэрэ. Наҕараада, бэлэх туттарбыттара. Төрөөбүт куораппар Сиваска эмиэ улахан чиэстээһин тэриллибитэ. Онон мин кинилэргэ улахан махталбын биллэрэбин. Олус үөрэбин, олус долгуйабын. Кыһыл көмүс мэтээл суолтатын Турцияҕа бары өйдүүллэр. Биһиэхэ, олимпийскай чемпиоҥҥа харчынан бириэмийэни тыыннаахпыт эрэ тухары буолбакка, үйэбит тухары биэрэллэр. Холобур, суох буолар да түгэҥҥэр ол үп кэргэҥҥэр, эбэтэр оҕолоргор бэриллэр. Дойдубар Сиваска уонна Анкараҕа мин ааппын спорт саалаларга иҥэрдилэр. Ону тэҥэ улахан кыбартыыра анаатылар.

-Тустууну таһынан иллэҥ кэмҥэр сөбүлүүр дьарыгын тугуй? Хоббилааххын дуо?

-Улахан хоббим диэн миэхэ – футбол. Биллэн турар, бэйэм дойдум хамаандатын өрө тутабын. Ол быһыытынан, “Сивасспор” диэн футбол кулуубун сөбүлүүбүн. Өскөтүн тустуук буолбатаҕым эбитэ буоллар, футболист буолуом этэ. Саамай сөбүлүүр футболиһым – Леонель Месси.

-Таха, эн туох үөрэхтээххиний уонна спорт кэнниттэн туох исписэлиис дуу, үлэһит дуу буолуоххун баҕараҕыҥ?

-Мин физическэй култуура уонна спорт институтун үөрэнэн бүтэрбитим. Билигин аспирантураҕа киирэн эрэбин. Спортан бүттэхпинэ аҥардас тустууга эрэ буолбакка, спорт бары көрүҥнэригэр туһалаах салайааччы буолуохпун баҕарабын.

Сэһэргэстэ Петр ПАВЛОВ.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

PS: СӨ Тутааччыларын сойууһун генеральнай дириэктэрэ Айхал Габышевка турок тылыттан сахалыыга тылбааһын иһин улахан махтал!

Таха Акгуль – Турция 1990 сыллаахха сэтинньи 22 күнүгэр төрөөбүтэ. Көҥүл тустуунан 12 сааһыттан дьарыктанар. Тренерэ – Абдуллах Чакмар. Билигин үрдүгэ – 192 см, ыйааһына – 120 киилэ. Бастыҥ ситиһиилэрэ: Европа чөмпүйүөнэ (2012,2013), аан дойду чөмпүйүөнэ (2014, 2015), Европа дойдуларын оонньуутун кыайыылааҕа (2015), олимпийскай чөмпүйүөн (2016).

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0