“ТАБЫС” ыччат бэстибээлигэр аан бастакытын “Култуура десана” аахсыйа ыытылынна

Ааптар: 
16.07.2019
Бөлөххө киир:

Хаҥалас улууһун Орто Дойду сиригэр-уотугар от ыйын 12 күнүттэн 14 күнүгэр диэри Сомоҕолоһуу сылыгар анаммыт Ыччат маҥнайгы бэстибээлэ ыытылынна.


Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ салайар тэрилтэлэрин эдэр үлэһиттэрэ күүстэрин холбоон, ыччат бэстибээлигэр “Култуура десана” диэн аахсыйа тэрийэн ыыттылар. Аахсыйаҕа Саха сирин норуоттарын муусукаларын уонна фольклордарын түмэлин, “Россия – мин устуоруйам” (“Россия – моя история”) мультимедийнай паарка, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, СӨ Национальнай уус-уран түмэлэ, Ем. Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна култуураларын холбоһуктаах Саха судаарыстыбаннай түмэлэ кытыннылар.

Хас биирдии тэрилтэ бэстибээл бары кыттыылаахтарыгар уонна ыалдьыттарыгар анаан көһө сылдьар быыстапкатын туруорда, оонньууларын уонна айар-тутар маастар-кылаастары ыытта.

Сэбиэскэй кэмҥэ олус үчүгэй көҕүлээһин баара. Ол курдук култуура үлэһиттэрэ Саха сирин кэрийэ сылдьан, кытыы сытар сирдэринэн араас кинигэлэри илдьэллэрэ, кэнсиэрдииллэрэ, саҥа тахсыбыт киинэлэри, хартыыналары көрдөрөллөрө. Онон нэһилиэнньэ култуура сыаннастарыгар куруук чугас буоларын хааччыйаллара. Маннык идиэйэ, көҕүлээһин наһаа үчүгэй дии саныыбын. Билигин даҕаны култуура үгүс тэрилтэлэрэ улуустарынан сылдьан гастроллууллар, быыстапка да илдьэн туруораллар. Ол эрээри бары улуустары хаппаттар. Ол иһин бу курдук араас тэрилтэлэртэн дьону түмэ тардан, сэргэх тэрээһини өрөспүүбүлүкэ ханнык баҕарар муннугар тиийэн сырдатар култуура десанын тэрийэргэ санаммыппыт. Онон маҥнайгы холонуубут ыччат бэстибээлэ буолла. Түргэн-түргэнник түмсүбүппүт, десант кыттыылаахтара кэлэргэ-барарга, айанныырга үөрэммит дьон”, — диэн аахсыйа көҕүлээччитэ, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин үлэһитэ Галина Кутугутова кэпсээтэ.

Аахсыйа иитинэн бэстибээл түһүлгэтигэр #bookfaceyakutia – «Сделай небанальное фото с книгой!» диэн хаартыскаҕа түһэр сир оҥоһуллубута, «СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин кыра кинигэлэрэ» («Коллекция миниатюрных книг Национальной библиотеки РС (Я)») диэн быыстапка турда, СӨ Национальнай уус-уран түмэлэ «Yakutia Art Museum» диэн мобильнай сыһыарыыны туттан, «Саха сирин графиката», Ем. Ярославскай аатынан түмэл интерактивнай быыстапката турдулар.

Хас биирдии киһи Электроннай бибилэтиэкэҕэ онлайн-сурутууну ааһыан сөбө, ону таһынан СӨ Национальнай бибилэтиэкэ пуондатын буккросингатыгар кыттар кыахтаммыттара.

Дьон-сэргэ худуоһунньук Сардаана Хохлованы кытта скетчинг диэн уруһуй аныгы көрүҥэр кыттыстылар. Ол курдук айар бөлөххө киирэн, ойуурга олорон бэйэлэрэ уруһуйдаатылар. Худуоһунньук скетчиҥҥэ туттуллар матырыйааллары, ньымалары кэпсээтэ, уопутун үллэһиннэ.

Ону таһынан Саха сирин муусукатын уонна фольклорун түмэлэ “Хотугу норуоттар оонньуулара” диэн интерактивнай дьарыгы ыытта. Манна наартаны ойдулар, оҕунан ыттылар, онтон да атын сэргэх оонньуулары тэрийдилэр.

«Устуоруйа туһунан сэргэх кэпсээннэр” ( “Говорим об истории интересно”) диэн опен-лиэксийэ ыытыллыбытын дьон олус сэргээн иһиттэ. Лиэксийэни “Россия – мин устуоруйам” мультимедийнай түмэл исписэлииһэ ыытта.

Оттон Ярославскай аатынан түмэл үлэһиттэрэ былыргы ньыманан куукула, брошь оҥорорго маастар-кылаас көрдөрдүлэр.

“ТАБЫС” Саха сирин ыччатын бастакы бэстибээлигэр 20 улуустан барыта 600 кыттааччы кэлэн барда. Эдэр дьон дьыалабыай оонньууларга, спортивнай туризмҥа, тыйаатыр туруоруутун куонкуруһугар, кроссфит күрэҕэр илин-кэлин түһүстүлэр, маастардар оҥоһуктарын көрдөрүүгэ туруордулар, гитаранан доҕуһуоллатан, көрү-нары өрөгөйүттэн туттулар.

Сайыына Кларова, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0