Хамсык кэмигэр дьаҥҥа хаптарбыт киһи тугу гыныан сөбүй?
Ыарыы сибикитэ билиннэ да, уһаппакка-тэниппэккэ, дьиэҕэ “бэйэтэ быраастыы” олорбокко бырааһы ыҥырыахтаах. Дьокуускайга учаастак быраастара күҥҥэ 60 тахса ыарыһахха сылдьаллар дииллэр.
Ыарыы сибикитэ билиннэ да, тэтэрээт илииһигэр эбэтэр А4 кумааҕыга халандаар курдук табылыыссата оҥостуҥ. Онно сибики биллибит күнүттэн саҕалаан, барытын бэлиэтээн иһиҥ. Холобур, сибики саҕаламмыт күнүн, быраас кэлбитин, дьаҥ анаалыһын хаһыс чыыһылаҕа биэрбиккин, ол анаалыс хаһыс чыыһылаҕа биллибитин. Ковид бигэргэммит буоллаҕына, ол бигэргэммит күҥҥүтүгэр таблицаҕытыгар бэлиэтээҥ. Ону сэргэ, дьаҥтан сылтаан температураҕыт тахсар буоллаҕына, ону суруйан иһиҥ. Төбөм ыалдьар эҥин диэн. Уопсайынан, ыарыыгытын кытта сибээстээх сибидиэнньэлэри сурунаргыт ордук. Аны туран, эмп анаммыт күнүттэн иһэр эмкитин анаммыт күнэ бүтүөр диэри эмиэ тиһиҥ.
Дьэ, онтон сөптөөх хонугунан кэлэн хос бастакы анаалыс, иккис анаалыс ылбыт күннэрин эмиэ. Ол балыыһалар колл-кииннэриттэн анаалыскыт түмүгүн туоһулаһаргытыгар олус туһалаах. Оператор хас чыыһылаҕа туттарбыккын ыйытыаҕа, онно хоруйдуургутугар. Эмчиттэр, эмп көмөтүнэн сыыйа үтүөрэр аакка бардаххына, “отрицательнай” анаалыс кэлбит күннэрин эмиэ табылыыссаҕа киллэрэргит ордук. Үлэлиир киһи ыалдьыбыт буоллаҕына, хас чыыһылаттан бүлүтүөн илииһэ аһыллыбытын уонна сабыллыбыт күнүн ыйар эмиэ наада.
Онон ыарыыгытын, туруккутун бэйэҕит хонтуруолланаргытыгар эйиэхэ уонна бырааска бу табылыысса олус туһалаах. Сүрэҕэлдьээбэккэ, оҥостуҥ!
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова.