ТАБЫЛЛЫБАТАХ КҮН

Ааптар: 
19.08.2024
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын сылаас уу нуһараҥ күннэрэ турбуттара. Ардах түспэтэҕэ быданнаабыта эрээри, оҕо аймах хайа түбэһиэх ууга — үрэххэ, күөлгэ кэм да чалбааттанара. Дьиҥэр, урут баччаларга халыҥ таҥастарын бөхсүнэллэрэ, оттон даачаҕа, бэл, оһохторун оттуналлара.

Биир оннук ылааҥы күн холуобунай ирдэбил үлэһитэ Владлен Димов, хойуу кофены сыпсырыйан кэбиһэ-кэбиһэ, тэлэбиисэргэ сөбүлүүр биэриилэрин көрөн астына олорбута. Кырдьыга баара, өрөбүл күнэ анаан туран биэрбит курдуга, эбиэккэ диэри даҕаны ороҥҥо таралыйыахха биитэр уола Өлүөскэни кытта тугу эмэ дьарыктаныахха сөбө.

Ол эрээри итини барытын төлөпүөн соһуччу тыаһа туора соппута. Ис дьыала министиэристибэтин эппиэттээх дьуһуурунайа, хаһааҥҥыта эрэ Владлены кытта бииргэ оперативниктаабыт Симонов төлөпүөннүүр эбит. Сыылба, нэс соҕус буолан, Симонов оперативнай үлэни ыарырҕаппыта, буруйдаах ир суолун ирдиириҥ, бэйи, сыанан-арыынан аҕаабат, ол иһин эрэйэ бэрдиттэн дьуһуурунай чааска көһөргө тиийбитэ. Онтон ыла суоллара атырдьах салаатыныы арахсыбыта.

— Владлен… — диэн баран, киһитэ чочумча тохтоон ылбыта. — Эйигин шеф ыҥыртарар.

Владлен министиэристибэҕэ ыар буруйу арыйыы отделыгар начаалынньыктыыра. ¥лэтин сүнньэ киһини өлөрүүнү, ыараханнык эчэтиини, суола-ииһэ суох сүппүт дьону ирдээн арыйыы этэ.

Симонов туох сыаллаах-соруктаах төлөпүөннээбитин өйдөөбөккө, Владлен ыйытарга тиийбитэ:

— Туох диигин, ханнык шеби этэҕин?

Онуоха биирдэрэ чиҥ-чаҥ куолаһынан:

— Шефпит биир — миниистир… — онтон тохтуу түһэн баран, — эйиэхэ массыына ыытабын дуо? — диэн тыыммахтыырын быыһыгар ыйыппыта.

— Ол эмиэ туох быһылаана буолла? — хаарыаннаах күнэ, били, эбиэт кэнниттэн уолун кытта пааркаҕа барыах буолбута ханна баарый?! Бэҕэһээ киэһэ хайа эрэ сиртэн араас кыылы, бэл, зебраны аҕалбыттар үһү диэн истибитэ. Уола барахсан кинигэни була охсон зебраны ыйа-ыйа «зебла, зебла» диэхтээбитэ уонна сарсын пааркаҕа тиийэн, илэ көрүөх буолан үөрбүтэ-көппүтэ.

— Билбэтим, — туруупкаҕа Симонов куолаһа аҥааттара.

— Оттон субуоккаҕа туох эмэ ыар буруй тахсыбыт диэн импэрмээссийэ суох дуо? — Владлен устунан кыынньан, тымтан барыах курдук буолбута.

— Севернэй бөһүөлэктэн 300 биэрэстэлээх Адыаччы өрүс кытылыгар көмүс сууйааччылары өлөрбүттэр, көмүстэрин ылбыттар.

— Оо, дьэ! Мааҕыҥҥыттан инньэ диэххин. Сөп, массыынаны ыытыма, сотору тиийиэм.

Владлен таҥна сатыы турдаҕына, оҕото сүүрэн туораахтанан кэлэн, бачыыҥкатын ылан биэрбитэ: аҕата ити курдук соһуччу үлэтигэр барарыгар үөрүйэх этэ.

— ¥лэҕэл балдыҥ дуу? — диэн тоотоллон туран чуопчаарбыта. — Маамабын кытта күүтүөхпүт.

Оҕотун лоппоҕор сүүһүттэн сык гына сыллаан баран, Димов таһырдьа тахсыбыта. Тыал итиинэн биэртэлээн, суол кытыытынааҕы сыыһы-буору өрүкүнэтэрэ. Саҕахха ыанньыйбыт хараҥа былыт тахсан эрэрэ. «Ардыыһы, барыта наар аанньа буолан түһэн, пааркаҕа барарбыт тохтуур буолбут», — дии санаабыта Владлен.

Министиэристибэҕэ сатыы барарга быһаарыммыта. Суолун ортолоон иһэн, сиртэн быган турар дьэбиннээх турбаҕа саайыллан, тобугун өлөрбүтэ. «Туох ааттаах табыллыбатах күнэй?!» диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ, министиэристибэҕэ киирбитэ, дьуһуурустубатын туттаран, бэркэ астыммыт дьүһүннээх Симонов, дьиэлээри, сирэйэ бу мэлтэйэн иһэрэ.

— Дьэ, Симон, бэҕэһээ аньыыны оҥоһуннуҥ быһыылаах «жмуриктары» быраҕан биэрэҥҥин, — диэн баран, Димов Симонов бэллэҕэр иэдэһиттэн тардыалаабыта. — Биирдэ баҕас киһилии сынньаныам диэбитим ханна баарый. Ити барыта эйигиттэн!

Киһитэ мас көнөтүн, боростуойун билэр буолан, Владлен, чахчы, кыыһырбыт курдук туттубута.

— Мин туох буруйдаах буолуомуй? Миниистир хара сарсыардаттан баар. Өссө хайа эрэ гражданскайдар киирэн олороллор, эйигин кэтэһэллэр.

Өрөбүл буолан, приёмнайга киһи суоҕа. Долгуйбутун биллэримээри, тыастаахтык өрө тыынан баран, Владлен миниистир кэбиниэтигэр киирбитэ. Хоско миниистири таһынан бэйэтин салайааччыта полковник Веденееви кытта икки билбэт дьоно бааллара.

Урут, сэбиэскэй саҕана, Веденеев лэгиэндэҕэ киирбит сыщик этэ. Ол эрээри саас баттаан, уруккута буолбатах, саҥа кэм иирбэтэ-таарбата сүрдээх, онон хайдах эмэ гынан холкутук биэнсийэҕэ тиийбит киһи диэн санаалааҕа. Миниистир ону билэрэ, ол иһин полковнигы төһө да ытыктаатар, сороҕор эдэр үлэһиттэри кытта алтыһарын ордороро.

— Здравия желаю, товарищ генерал! — диэн баран, Владлен кэбиниэккэ баар дьону кытта дорооболоспута.

— Билсэн кэбиһиҥ — ыар буруйу арыйыы отделын начаалынньыга Владлен Семенович Димов. Улахан быһылаан тахсыбытынан сибээстээн, бэрэсидьиэн сүбэһитэ Ким Сергеевич уонна геология бэрэстэбиитэлэ табаарыс Меркулов кэлэн олороллор, — диэн миниистир билиһиннэрбитэ. — Аҕыйах хонуктааҕыта Адыаччы өрүскэ баар бириискэҕэ аҕалыы-уоллуу икки көмүс сууйааччыны өлөрбүттэр, көмүстэрин уорбуттар. Бириискэҕэ тохсуо буолан үлэлээбиттэр. Бары — промсезон бүтүөр диэри көмүс хостуур дуогабардаах геология дьоно. Бу дьон быыһыгар икки горняк-устудьуон баар: аҕаларын кытта кэлбиттэр. Олортон биир устудьуону аҕатын кытта өлөрбүттэр. Бу быһылаан өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын аймаата. Буруйдаах тутулла илик. Биир дуу, хаһыа дуу буолаллара биллибэт. Онон көмүс хостуур атын да бириискэлэргэ куттал суоһаата. Түмүгэр көмүс хостуур былаан туолбат кутталлаах, — диэн генерал кэпсээнин түмүктээтэ.

— Эһэ-бөрө дойдута, чугастааҕы нэһилиэнньэлээх пуун ити сиртэн 300 биэрэстэ, — диэн Меркулов эбэн биэрдэ, — билигин итиннэ бөртөлүөтүнэн эрэ тиийиэххэ сөп. Импэрмээссийэ олус кэмчи, итини араассыйанан биллэрбиттэрэ.

— Быһылаан тахсыбыт сиригэр үлэһиттэргитин суһаллык  ыытыаххытын наада. Бэрэсидьиэҥҥэ туох дьаһалы ылбыккытын түргэнник дакылааттыах тустааххыт. Бөртөлүөккүт хайдаҕый, табаарыс генерал? — бэрэсидьиэн сүбэһитэ дьаһайан киирэн барбыта.

Миниистир, ити курдук оруо маһы ортотунан орооһоллорун сөбүлээбэтэр да, дьуһуурунайга эрийбитэ:

— Бөртөлүөччүктэртэн хайаларын эмэ суһаллык була охсуҥ.

Бу дьыалаҕа таныктаах сибидиэнньэ суох буолан, кэпсэтии аанньа тахсыбатаҕа. Салалта бу өрө мыҥаан олороруттан тыына да хаайтарыах курдуга, ол иһин Владлен генералга туһаайан:

— Табаарыс генерал, бөртөлүөччүктэр кэлиэхтэригэр диэри бу дьыалаҕа матырыйаал хомуйарбын көҥүллээ, — диэбитэ.

Генерал түргэн-тарҕан туттуулаах, суохтан да наадалаах сибидиэнньэни баар гынар, онон буруйу арыйыыга улахан дьоҕурдааҕын иһин Димовы убаастыыра. Туох эмэ ыксаллаах иһитиннэрии наадата тирээтэҕинэ, бэл, буруйу оҥорууттан чыҥха атын да дьыалаҕа, холобур, бэрэсидьиэҥҥэ, бырабыыталыстыбаҕа дакылааттыырга Димовы соруйара.

— ¥чүгэй, Владлен. Бөртөлүөтчүктэр кэлиэхтэригэр диэри кытаат, онтон көрсүөхпүт, — диэн судургутук хардарбытыгар бэрэсидьиэн сүбэһитэ өрө көрөн кэбиспитэ.

Көрүдүөргэ Димовы Веденеев ситэн кэлэн: «Миэхэ киириэх, сүбэлэһиэхпит, уолаттары ыҥырыахпыт», — диэбитэ. Владлен абаккатыттан үөһэ тыыммыта. Маннык ыксаллаах кэмҥэ тойонун кытта кэпсэтии сүрдээх эрэйдээх буолар чинчилээҕэ. Түргэнник өйдөөн быстыбат, тосту-туора ыйытыылары биэрэр, түмүгэр хаарыан былааны алдьатан кэбиһэр үгэстээҕэ. Сөбүлээбэтэр да хайыай, начаалынньыгын батыһарыгар тиийэр.

Быһылаан тахсыбыт сирэ Севернэй диэн кииннээх хоту баар оройуон этэ.

— Райотдел сыщиктарын кытта сибээстэһиэххэ, чахчы, тугу эмэ билэр буолуохтаахтар, — диэн Владлен этии киллэрбитэ.

— Бастаан начаалынньыктарыгар төлөпүөннүөххэ, — диэн Веденеев сөбүлээбэтин биллэрбитэ. — Барытыгар бэрээдэк диэн баар буолуохтаах.

Миниистир кини баарыгар кыһаммакка, Владлены кытта истиҥник кэпсэппититтэн Веденеев кыйыттыбыта куолаһыттан биллэрэ, ол иһин эдэр киһини сулууспа ээтикэтигэр «үөрэтэ түһэр» санаалааҕа. Оттон Владлен, тугунан эмэ дэбдэтинэри ис-иһиттэн сөбүлээбэтэ, уопсайынан даҕаны, итинник сыһыан үлэҕэ буортуттан атыны аҕалбат диэн бигэ өйдөбүллээҕэ.

«Сөп», — диэн баран, райотдел дьуһуурунайыгар эрийэн эрдэҕинэ: «Кэбис-кэбис, дьуһуурунайга төлөпүөннээмэ, быһа начаалынньыкка тарт, билигин кэбиниэтигэр баар», — диэбитэ. Владлен ах баран хаалбыта. Веденеев миниистиргэ киириэн иннинэ райотдел начаалынньыгын кытта хайыы үйэ кэпсэппит эбит. Ол гынан баран генералга ити туһунан тугу да эппэтэх. Оччотугар РОВД начаалынньыга Веденеевкэ дуоннааҕы тугу да кэпсээбэтэх буолан тахсар.

Отдел начаалынньыга, чыначчы туттубут, тос курдук сананар, подполковник Сомов этэ. Ис дьыала министиэристибэтин сүбэ мунньаҕар, кэллиэгийэҕэ кэллэҕинэ, сынньалаҥ кэмигэр миниистир солбуйааччыларыгар эрэ киирэрэ. Боростуой үлэһиттэри кытары кэпсэтэрин наадалаахха аахпат этэ. Салайар отдела көмүһү уорууну арыйыыга үчүгэй көрдөрүүлээҕэ, онтун түөһүн өтөтөн туран дакылааттаатаҕына, кэллиэгэлэрэ олус ымсыыра истэллэрэ.

Владлен, Сомов курдук бэрдимсик начаалынньыктары сөбүлээбэтэр да, бу подполковник үлэни тэрийэринэн баҕас, чахчы, сатабыллаах салайааччы буоларын, ол да иһин үрдүкү салалта далбарыгар сылдьарын билэрэ.

Сомов туруупканы ылбытыгар Веденеев аппарааты селекторнай мунньах эрэсиимигэр туруоран биэрбитэ.

— Владимир Алексеевич, бу миниистиртэн тахсан олоробут.  Аттыбар убойнай отдел начаалынньыга Димов баар. Өлөрүү туһунан эбии туох эмэ импэрмээссийэ баар дуо?

— Бакаа туох да суох, — Сомов чиҥ-чаҥ куолаһынан хоруйдаабыта, — бөртөлүөт эрэ тиийэр сирэ.

— Бөртөлүөтү быһаара сылдьабыт. Эйиэхэ туох көмө наадатын билиэхпитин баҕарабыт. Хас оперы ыытабыт? — Веденеев чуолкайдаһар киэбинэн ыйыппыта.

— Хаһан да үктэнэн көрбөтөх сирдэригэр ол эн опердарыҥ тугу гынаахтыахтарай, хата, кинилэри кытары бодьуустаһартан да ордуохпут суоҕа. Бэйэбит да быһаарыахпыт, агентурабыт үчүгэй, начаас арыйыахпыт, — Сомов бу дьыалаҕа Веденееви ырааҕынан баһыйар курдук саҥарара.

Веденеев итини астына истибитэ уонна Димовы сэтэрээбиттии көрөн баран: «Чэ, үчүгэй, миниистиргэ ити курдук дакылааттыам, онон бөртөлүөтү күүт», — диэбитэ. Димов үөдэн түгэҕэ дойдуга барбат буолбутуттан иһигэр үөрэ санаабыта, хата, өрөбүлүн дьонун кытта бэркэ атаарыаҕа.

— Оччоҕо кэбиниэппэр олорон миниистир ыҥырарын кэтэһиэм, — диэн, Веденеевкэ этэн баран, Владлен, хоһугар киирэн хабархай амтаннаах боростуой кофетын иһэ-иһэ, иэдээннээх быһылаан туһунан саныы олорбута. «Буруйу арыйбатахтарына, кураатар киһи быһыытынан эппиэти син биир мин сүгэбин, онон төрдүн-төбөтүн хайаан да ыйыталастахха сатанар» дии санаат, Севернэйгэ холуобунай ирдэбил оперативнига Рогов Валерий төлөпүөнүгэр эрийбитинэн барбыта.

Роговы кытта уруккуттан доҕордуу этилэр. ¥лэлэрин иккиэн Дьокуускайга ботуруултан саҕалаабыттара, онтон холуобунай ирдэбил отделениетыгар көспүттэрэ. Буруйу оҥорбут уонна сураҕа суох сүппүт дьону көрдүүллэрэ. Биирдэ эдэр дьон буруйдааҕы көрдөөн хайа эрэ кыбартыыраҕа киирбиттэрэ. Дьиэлээх хаһаайканы кытта кэпсэтэ турдахтарына, дьахтары кинилэргэ умса анньан баран, остуора кэнниттэн биир киһи ойон тахсыбыта уонна саатын Владлен түөһүгэр тирээбитэ. Владлен соһуйан хаалан, тугу да гыныаҕын билбэккэ турдаҕына, Валера икки ардыларыгар бүөлүү түспүтэ уонна холку баҕайытык кэпсэтэн барбыта. Кылгас кэпсэтии кэнниттэн били киһи саатын ууран биэрбитэ, бэриммитэ. Бу түбэлтэ кэнниттэн Владлен Роговы убаастыыра күүһүрбүтэ.

Уонча сыл анараа өттүгэр Валера тапталын көрсүбүтэ уонна кэргэнин дойдутугар көспүтэ. Бастаан утаа валюта отделениетыгар опердаабыта, көмүһү уорууну кытта охсуспута, онтон бу отделение начаалынньыга Тарасюгу кытта сатаспакка, холуобунай ирдэбилгэ көһөргө күһэллибитэ.

Владлен доҕорун «валютаҕа сыһыаннаах буруйу оҥоруу туһунан тугу эмэ билэр буолуохтаах, өссө «сиэмэхтэр» (кистээн көмүс сууйар дьон) быыстарыгар агентуралааҕа чахчы» диэн бигэ санаалааҕа.

Рогов дьиэтигэр баар буолан биэрбитэ.

— Привет, бу — мин, Владлеммын.

— Оо, доҕор, дорообо-дорообо! Көрсүбэтэх да ыраатта. Ханна бааргыный, тоҕо сүтэн хааллыҥ, туохха наадыйдыҥ? — Валера үөрбүтүн омунугар үрүт-үрдүгэр ыйыт да ыйыт буолбута.

— Эһиэхэ туох буолла? Көмүс сууйааччылары өлөрүү туһунан тугу эмэ этэр кыахтааххын дуо? — Владлен уһата-хайыы барбакка, быһаарсыбытынан барбыта: миниистир субу ыҥырдаҕына да көҥүлэ.

— Тохтуу түс эрэ… — Валера туохтан эрэ иҥнибит курдук, — төлөпүөнүҥ нүөмэрин эт эрэ, онтон эйиэхэ эрийиэм.

Владлен түргэн үлүгэрдик төлөпүөнүн нүөмэрин эппитэ уонна доҕоро хаһан эрийэрин кэтэһэн, хайдах да буолуон билбэтэҕэ. Уонча мүнүүтэ кэриҥинэн Валера, дьэ, төлөпүөннээбитэ уонна долгуйбут куолаһынан:

— Миигин иһиллиэхтэрин сөп, манна ол сонун буолбатах, ол иһин эрэллээх нүөмэртэн эрийэбин, — диэн чабырҕахтыыр кэриэтэ субуруппута. Олус долгуйбутуттан куолаһа илигирээн ылара. — Манна бары биир сапка тиһиллэ сылдьаллар — биһиэннэрэ, «фэйстэр, борокуратуура, суут. Сиэбиттэрин да билиэхтэрэ суоҕа. Быһата, хараҥа, иһэ истээх дьыала. Көмүсчүттэри өлөрбүт сиргэ Пугачёв диэн Тарасюк киһитэ сылдьыбыта, — Рогов холкутуйан, салгыы кэпсээн барбыта. — Отраднай диэн иччитэх бөһүөлэккэ олорор «сиэмэхтэри» кытта кэпсэтэ сылдьыбытым. Онно урукку агентурам хаалбыта. Дьэ, иһит, Пугачёв онно сылдьыбыт, «сиэмэхтэри» халыахха диэн, мин киһибин тыаҕа кучуйа сатаабыт. Валюта отделениетын начаалынньыга Тарасюгу бэркэ билэбин, туох эмэ буоллаҕына да, ууттан кураанах таһаарыаҕа диэн аҕытаассыйалаабыт аҕай. Киһим онуоха аккаастаабыт. Былырыын Пугачёв үс бырадьааганы кытта тыаҕа баран баран, сыл кэриҥинэн соҕотох төннүбүтүн билэр буоллаҕа дии. Ол дьон ууга тааһы бырахпыттыы сүппүттэрэ.

— Бу дьыала туһунан сиһилии билиэххин сөп дуо? — Владлен дьыала силистэнэн-мутуктанан барбытын өйдөөбүтэ. — Ол эрээри көрдөһөбүн, олус киирэ-тахса сатаама, биллибэт-көстүбэт курдук кыһан.

— ¥чүгэй, бэйэм даҕаны бу саайканы ыраас мууска ууран биэрэр санаалаахпын, — Валера сүргэтэ көтөҕүллэн хоруйдаабыта. — Дьоммун кытта көрсөн кэпсэтиэм, баҕар, тугу эмэ билиэм. Болдьообут курдук, уоппускам кэмэ.

— Чэ, сэрэнэн сырыт, — диэн хатылаан баран, Владлен туруупканы уурбута. Дьыала эриллэн-буруллан, улам умсугутан киирэн барбытын өйдөөбүтэ. Кутталлаах бүрүстүүпүнньүк ыырыгар үктэммит сыщик санаата хайдаҕын элбэх оперативник бэркэ билэр буолуохтаах. Дьэ, оннук түгэҥҥэ сыщик төбөтүгэр араас кэмбинээссийэ ытыллан олорор, туохха да аралдьыйбат, бэл, тылыттан матар, атыны тугу да сатаан истибэт турукка киирэр. Мындыр булчут ыта кыылы суоллууругар мээнэ ускайдаабатын курдук, үчүгэй начаалынньык үлэһитин солуута суох сэмсээкэйинэн түбүгүрдүбэт.

Владлен ити курдук санааҕа үүйэ-хаайа туттарбыта. «Кырдьык  даҕаны, «сиэмэхтэри» өлөрөн баран көмүстэрин ыллахха, ким даҕаны милииссийэҕэ тыллаабата чахчы. «Сиэмэхтэр» диэн төрдө-ууһа суох хаамаайы буоллахтара, ким кинилэри ирдэһиэй. Оччотугар Пугачёв көмүс сууйааччылары «сиэмэхтэр» диэн бутуйан, тыыннарын иһиллээтэҕэ». Төлөпүөн омуннаах тыаһа ити санаатын быһан кэбиспитэ. Дьуһуурунай бөртөлүөтчүктэр кэлэн, миниистиргэ киирдилэр диэн иһитиннэрбитэ.

Миниистир кэбиниэтигэр икки пилот, Веденеев уонна геолог Меркулов бааллара. Бэрэсидьиэн сүбэһитэ суоҕун көрөн, Владлен чэпчээбиттии үөһэ тыыммыта. Веденеевкэ, киһи сэргиэх иһитиннэриитэ суох буолан, үрдүттэн саба быраҕан:

— Ыар буруй таҕыста. Бу дьыаланы түргэнник арыйыахпыт дии саныыбын, олохтоох оперативниктар бэркэ үлэлииллэр, начаалынньыктара Сомов уопуттаах, — диэн баран, Веденеев, олоппоһуттан туруохча гына-гына, манныгы эбэн биэрдэ, — уопсайынан даҕаны, бу дьыала биригээдэ иһигэр иирсээнтэн тахсыбыт дии саныыбыт, туох-ханнык иннинэ кинилэри кытта быһаарсыахха наада.

— Хантан ылан итинник этэҕин?! — Меркулов оргуйан турбута. — Уопсайынан, биригээдэ дьонун билэҕин дуо? Бары бэрээдэктээх, дьиэлээх-уоттаах дьон. Ити курдук санаанан буруйу, дьэ, түргэнник «арыйаргыт» буолуо.

Владлен, начаалынньыга туох толкуйдааҕын билээри, сирэйин-хараҕын кэтии олордоҕуна, миниистир быһа түһэн:

— Димов, эн эмиэ итинник саныыгын дуо? — диэбитэ.

Владлен соһуйан, ходьох гына түспүтэ уонна ойон туран:

— Табаарыс миниистир, биһиги араас биэрсийэни тутуһабыт. Оттон ити истибиккит олортон биирдэстэрэ буолар, — диэн үөскээбит быһыыны-майгыны сымната сатаан хоруйдаабыта, — быһылаан миэстэтин көрдөхпүтүнэ, чопчу туох биричиинэттэн өлөрүү буолбутун билиэхпит.

— Оннук, бастаан тиийэн көрүҥ, дьэ, ол кэнниттэн биирдэ түмүктэ оҥоруҥ! — диэн Меркулов кэм да уоскуйа илик быһыынан өс саҕа буолбута.

Владлен Роговы кытта кэпсэппитин миниистиргэ дакылааттыан туттуммута. Тоҕо диэтэххэ, Веденеев ону Сомовка иһитиннэрэрэ чуолкай этэ, оттон ол Роговка тугунан диэлийэн тахсара сэрэйиллэр. Владлеҥҥа ол наада үһү дуо?!

Миниистир Веденеев быһымах хардатын сөбүлээбэтэҕэ, ол иһин сүбэ мунньаҕы түргэнник бүтэрэр инниттэн пилоттарга:

— Сарсын сарсыарда лоп курдук 10 чааска бөртөлүөтү бэлэмнээҥ, морсуруутун толкуйдааҥ, сапыраапкатын быһаарыҥ. Биһигиттэн Димов көтүөҕэ.

Кэбиниэтигэр түөһүллэн олорон, Веденеев пилоттарга туһаайан уҕалдьыта сатаабыта:

— Ити геолог төрүт өйдөөбөтө, мин сабаҕалааһыммын эрэ эппитим.

Онуоха бары сөбүлэспит курдук, төбөлөрүн кэҕиҥнэппиттэрэ эрээри, дьиҥэр, туох биэрсийэтэ кэлээхтиэй, биригээдэ иһигэр иирсээн тахсан, өлөрсүү төрүөтэ ол буолбут диэн малтаччы эппитин кэннэ.

Начаалынньыга Владлеҥҥа туһаайан:

— Барарга бэлэмнэн, сылаастык таҥнаргын умнума, ол дойдуга түүнүн сүрдээх тымныы буолар. Билигин сыалай бөлөх көтөрүн бэлэмнээҥ диэн дьаһайыам.

Владлен дьиэлээн иһэн арааһы бары эргитэ санаабыта. «Веденеев үчүгэй киһи, ол эрээри кэмэ аастаҕа. Уопсайынан, бириэмэтигэр уурайан хаалыахха наада. Холобур, ити миэхэ уруок — кэмим кэллэ да, сонно уурайыам». Ити курдук саныы иһэн, дьиэтигэр кэлбитин билбэккэ да хаалбыта.

— Улаа, паапам кэллээ! — диэн чаҕаарбытынан, уола сүүрэн тооспоруйан кэлэн кууһа түспүтэ. — Зебланы көлө балыах!

¥с чааһы саҥардыы ааһан эрэрэ. Владлен оҕотун кытта пааркаҕа холкутук күүлэйдииһи уонна сарсыҥҥы айаныгар бэлэмнэнииһи. Пааркалаан истэхтэринэ, хараҥа былыттар халлааны бүтүннүү сабардаабыттара эрээри, ардах түһэр сибикитэ суоҕа. Ол быыһыгар тымныы тыал күһүн бу кэлбитин биллэрэн ааһара.

«Сайыммыт бүтээхтээтэҕэ, — Владлен, уолчаанын ытыһын ыга тута-тута, ити курдук санаабыта, — эбиэккэ диэри — сайын, оттон эбиэттэн киэһэ — күһүн».

Араас кыылы астына көрөн, пааркаҕа дуоһуйа күүлэйдээн баран, уолун кытта дьиэлэригэр кэлбиттэрэ. Владлен сарсыҥҥы айаныгар — ыар буруй тахсыбыт сиригэр — барарга бэлэмнэммитэ. Соччо бэрдэ суох саҕаламмыт күнэ таптыыр дьонун сылаас эйгэтигэр, уу нуһараҥ киэһэҕэ түмүктэммитэ.

Виталий ЕГОРОВ

Сиһилии “Бичик” кинигэ кыһатыгар тахсыбыт “Адыаччы аймалҕана” кинигэҕэ ааҕыҥ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
3
+1
0
+1
0
+1
5